Чучунаа-мүлэн туһунан

50-с сыллар саҥаларыттан бэчээккэ, киһиэхэ майгынныыр «хаар киһитин» сир араас муннуктарыгар көрбүттэрин туһунан омуннаах солуннар тарҕаммыттар. Онтон Саха сиригэр кыыллыйбыт киһи дуу, кыыл дуу баарын туһунан үһүйээн былыргыттан баара. П. Л. Драверт диэн учуонай күннүгэр ону маннык бэлиэтээбит: «Лена өрүһүнэн Булуҥ Күһүругэр устан истэхпинэ Дьааҥы хайаларыгар чучунаа-мүлэн диэн баарын кэпсээбиттэрэ. Дьугдьуур хайатын ааһаргар сэрэх буолуохтааххын, онно баар мүлэн киһини өлөрүөн сөп. Биһиги кинини «Дьугдьуур иччитэ» диэн бэлэх-туһах биэрэбит. Тохтоон уот отуннахха булчут курдук мастарынан хаххаланан үөмэн кэлэр. Орто киһиттэн намыһах, түү таҥастаах, олооччулаах, кыргыллыбатах баттахтаах, салаҥ чаачар саалаах, тамныыр таастаах, өттүгэр иилиммит быһыччалаах, чокуурдаах буолар. Саҥата диэн — ыҥырҕааһын. Чугаһаат, тохтоло суох чаачарынан ытыалыыр, тааһынан тамныыр уонна куотан хаалар. Олохтоох дьон кэпсииринэн: хаспахха олорор, таба үөрүн күрэтэр, ампаары халыыр. Ол иһин сорохтор кинини өлөрөн кэбиһэллэр эбит».

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...