Айар соргу кынаттара

БИЛИГИН ХАРТЫЫНАНЫ БЫЛЫРГЫ КУРДУК АҤАРДАС КИИСТЭНЭН, КЫРААСКАНАН СУРУЙБАТТАР. ТУОХ ААТТААХТАН БАРЫТЫТТАН ОҤОРОЛЛОР. БЭЛ, БЫРАҔЫЛЛАР БӨХТӨН. ОТТОН САХА КИҺИ, ИИСТЭННЬЭҤ ОМУК СЫДЬААНА БУОЛАН, ТАҤАҺЫ АТТАРАРЫН ОРДОРОР. СҮРДЭЭХ СЫРАЛААХ, ЭЛБЭХ КЭМИ-КЭРДИИНИ ЭРЭЙЭР, БИИР КИҺИЭХЭ КЫАЙТАРА ОХСУБАТ ҮЛЭ. ОНОН ХУДУОҺУННЬУК АЙАРЫН ААҺАН, ДЬОНУ ТЫЛЫГАР КИЛЛЭРЭР, ТҮМЭР, КӨҔҮЛҮҮР САТАБЫЛЛААХ БУОЛУОХТААХ. ОТТОН, БИЛЛЭРИН КУРДУК, АЙАР КИҺИ ИС ЭЙГЭТИНЭН ОЛОРОР. ДЬОНУ ТҮМҮӨХТЭЭҔЭР, ДЬОНТОН КУОТА СЫЛДЬАР БУОЛЛАҔЫНА ДАҔАНЫ, БАА СУОХ. ОНОН БУ СУРУЙУУ ИККИ ДЬОРУОЙДААХ, ИККИ КЫНАТТААХ. СЭРЭЙБИККИТ КУРДУК, ОЙУУҺУТ БЭЙЭТЭ – ӨҤ-ДЬҮҺҮН БУХАТЫЫРА УОННА ДЬӨҺҮӨЛДЬҮТЭ – ДЬОНУ ХАМНАТААЧЧЫ.

I. ИИС ХАРТЫЫНА

Былыр Үрүҥ тунах ыһыах тыына уһун кыһыны туоратан эрдэҕэ. Оттон миэхэ быйылгы Үөһээ Бүлүүтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа бүппэт сэһэним сылтаҕа буолла. Онно тиийбит биир улахан соругум диэн тигии хартыынаны илэ харахпынан көрөн, кинини оҥорбут иистэнньэҥнэри кытта кэпсэтии этэ. “Далбар хотун” сурунаалга бүттүүн суруттарбыттарын манньатыгар.

Дьэ, кырдьык, моҕол ураһаҕа тардыллыбыт икки кэлим кыбытыктаах аттааһык сөрүөлэри, аҥаардас кээмэйдэрин да көрөн, сөхтүм. Икки былаһы кыайа-кыайбат үрдүктээх, үс былас кэриҥэ кэтиттээх үлэлэр. Дьиҥнээх ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба жанрын тутуһан биирэ триптихтээх диптих, иккиһэ диптих ньымаларынан ойууланан, атын маныаха майгылыыр тигии хартыыналартан ойуччу көстөллөр. Иистэнньэҥнэр, ыһыах бүппэттэрээһинигэр сүүрэ-көтө сылдьар буоланнар, болдьоммут кэмҥэ бары кыайан түмүллүбэккэ,
үгүстэр хаартыскаҕа түһүспэтилэр. Кэлбит дьон ортотугар салайааччы дьахтары бу диэн кыайан быһаарбатым. Арай, таҥас-сап көннөрүнэн, киэргэл-той иилинэн барбыттарыгар көөртүм, хороҕор дьабака бэргэһэ кэтэн улаатан хаалбыт, буобура саҕынньаҕа толуу-мааны көрүҥнээбит мааны диэтэх дьахтар иэдэһинэн оонньоон, хаппахчы дьиэлин киэргэлэ буолан турар эбит! Сурутууну тэрийбит киһим кини сылдьар эбит диэммин, тута «Буобура тириитэ Хотойдоох сонноох Дьаһаллаах дьахтар Өрүүнэ» диэммин испэр сүрэхтээн кэбистим. “Дьэ, кэпсээн кэбис”, – диэн буолла. Ирина Васильевна Потатова, Үөһээ Бүлүү улууһугар баар бары түмсүүлэри иилиир-саҕалыыр түмэн, иҥнибэккэ-толлубакка бэрт кудуххайдык кэпсээн барда. Ис хааннарыттан дьоҥҥо тылларын ылыннарар, көҕүлүүр дьон баар буолааччы. Ханна даҕаны. Өрүүнэ олортон “хааннаах” киһи эбит. Бастаан 2012 с., хос сүгэһэр курдук, “Дьүөгэ” түмсүү салайааччытынан анаабыттар. Онтон, амтаһыйан, улуус түмсүүлэрин барытын салайыахтаах эбиккин диэн, култуура салалтатын иһинэн киниэхэ дуоһунас аһаннар, улуус үрдүнэн баар 38 түмсүүнү барытын иилиир-саҕалыыр хамнастаах үлэһит гыммыттар.

38 ТҮМСҮҮ ДИЭН ТОҔО ЭЛБЭҔЭЙ? ТӨҺӨ ТУҺАЛААХ ТЭРИЛЛИИ ДИИ САНЫЫГЫН?

– Түмсүүлэргэ бары кэриэтэ сынньалаҥҥа барбыт дьахталлар сылдьаллар. Тыа сиригэр хамнастаах үлэ аҕыйах. Эдэрдэргэ миэстэ таһааран 50 саастарыгар биэнсийэҕэ утааран кэбистэхтэринэ, атын үлэ көстүбэт, үксүгэр дьиэҕэ олорон хаалаллар. Күүстэрин үгэнигэр сылдьар дьахталлар үлэ кэлэктиибиттэн туораан хаалбыт, туһалара ааспыт курдук
сананаллар. Онон, түмсүүлээх буоллахтарына, олоххо тардыстыы иккис тыына арыллар диибин. Аҥаардас улуус киинигэр Үөһээ Бүлүүгэ 7 түмсүү баар. Үлэҕэ, дьиэ түбүгэр баттатан гыммакка хаалбыт баҕа санааларын толорон ким иистэнэр, ким ыллыыр, үҥкүүлүүр. Оҕуруот үүннэрэр, нэһилиэк устуоруйатын чинчийэр, кинигэ таһаарыытынан дьарыктанар бөлөхтөр эмиэ бааллар. Онон кэтэсиһиилээх, бэйэ-бэйэлэрин өйөнсүүлээх, бары өртүнэн туһалаах эрэ холбоһуктар буолаллар. Дьарыктара элбэх. Онтон 8-9 сүрүн хайысханы таһаарбытым. Биллэн туран, олортон, олох ирдэбилинэн, сахалыы иис чорбойдо. Биримээнэ, куоталаһа-куоталаһа үлэлээһин күүстээх. 2017 с. “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнэн ат симэхтэрин тигииттэн саҕалаан, тиһигин быспакка, аны Олоҥхо ыһыаҕар түһүммүппүт. Саха төрүт үгэстэрин сөргүтүү, эдэр көлүөнэни уһуйуу
диэн соругунан. Олоҥхо ыһыаҕа билбэтэх да үлэбитин билэргэ, сатаабатахпытын да сатыырга күһэйдэ. Холобур, ситии хатары эдэр дьахталлар хантан билиэхтэрэй? Биир эмит идэлээх эмээхсин эрэ сатыыра. Пахыай, быйыл бука бары хатабыт, доҕор! Сүһэн ылыы кылаастарын бөҕө бэрдэрдибит. Уҥуоргулар кыайан киирбэттэр диэн киинэҕэ устан ыытар этибит. Куһаҕан да үчүгэйдээх. Бүгүһүн сэтинньигэ дьаҥсык ыарыынан эмиэ дьиэҕэ хааллыбыппыт дии. Дьэ, ол хаппахтаммыт нэдиэлэбит устата тиһигин быспакка эрдэ уһултарбыт киинэбитинэн баһаам үөрэҕи ыыппыппыт. Аас тэллэх тигиитэ бөҕө буолта. Нэһилиэктэр бука бары алдьархай күүскэ үлэлээтилэр. Габардин туохха да наадата суох диэн, аны сукунанан олбох тиктибит. Ситии хатыыта бөҕө, хас биирдии нэһилиэккэ 300-түү миэтэрэ түһээн түһэриллибитэ. Ону кыайдыбыт. Туос тордукалаах, ыаҕайкалаах ситии саламалары бүтүннүүтүн оҥордубут. Ат симэхтэрин тэрийдибит. Онон түмсүүлэрбэр наһаа улахан махталлаахпын.

Сүрүн иистэнньэҥнэр Татьяна
Елисеева уонна Ольга Петрова

ТИГИИ СӨРҮӨ ОҤОРУУТА ХАНТАН ТӨРӨӨН ТАХСЫБЫТАЙ? ҮӨҺЭТТЭН СОРУДАХ ТҮСПҮТЭ ДУУ?
– Суох, дьэ ити бэйэлээх бэйэм толкуйум. 2017 сыллаахха “Манчаары оонньуулара” буоларыгар, түмсүүлэри салайа сылдьар киһи быһыытынан, туох-эмит ураты, бүттүүн үлэни көрдөрбүт киһи диэн санаанан олохтоох худуоһунньукпутугар Майя Саввинаҕа тиийбитим. Бэйэм да билбэппин, тугу баҕарарбын. “Элбэх киһини үлэлэтэр, түннүк-түннүк курдук кыччыгыйы холбоон таһаарар үлэ наада. Чэ, туох эрэ, биир умнаска, биир сүнньүттэн барыта тахсан кэлэри толкуйдаан уруһуйдууруҥ буоллар,” – диэн буккуйан-тэккийэн быһаардаҕа буолтум. “Ээ, өйдөөтүм, тугу баҕараргын”, – диэн Майя Васильевна “АалЛуукмас” оҥоронтаһаарбыта. Ол саҕана Баһылай Баһылайабыс Чоноохов “Манчаары оонньууларын өйүүр фонда” диэн тэрилтэ тэринэн, граннарга күрэхтэһии биллэрбитэ. Онуоха киирсиэхпин мин тугум да суох буоллаҕа дии. Бырайыак суруйаары Маайабын “ойуута оҥоро оҕус” диэммин ыксаппыппар: “Соннук ойуу тута-бааччы оҥоһуллубат. Тылгынан кэпсээтэҕиҥ дии, тугу баҕараргын”, – диэтэ. Дьэ, мин: “Сукунанан, кыбытык тигиини тилиннэрэн, улахан көбүөр курдугу тиктэрээри гынабын”, – диэн кэпсээн кутан-симэн кэбистим. Өс киирбэх 60 тыһ. биэрбиттэрэ. “Харчыланныбыт”, – диэн үөрэн-көтөн тиийбитим, хата, Майя Васильевна ойуута бэлэм. Үөрэн өлө сыстым. Дьыл түөрт кэмэ биир Аал Луук маска көстөр. Сир-дойду, халлаан барыта иччилээх буолуохтаах диэн айыылардаах, уустардаах, үөһээ-аллараа дойдулардаах. “Олоҥхо ырыата” диэн ааттаах кыбытыктаах тигиинэн иистэниллиэхтээх таҥас хартыына кумааҕыга айыллыбыт. Айабыын! 49 тоҕус өҥнөөх! Ону Майя Васильевна дизайнер үөрэхтээх кыыһа Сайаана Викторовна көмпүүтэргэ таҥмыт. Ити сөрүө тигиитигэр 10-ча түмсүү кыттыбыта. 45 иистэнньэҥҥэ сертификат туттарбытым.

 “ОЛОҤХО ЫРЫАТА” БАСТАКЫ ОҔОҔУТ КЭРИЭТЭ БУОЛЛАҔА. ТУОХ ЫАРАХАТТАРЫ КӨРҮСТҮГҮТ? КҮТҮР УУСТУГА БУ ЭБИТ ДИЭН ТУГУ ЭТИЭҤ ЭТЭЙ?
– Саахымат аттааһык эбитэ да буоллар үлэлээх буолуох этэ. Оҕордук кыбытыылаах тигии күтүр уустук иискэ киирсэр. Оттон биһиги сорукпут хартыына буолан, сурааһыннара көнө эрэ буолбатахтар: долгун диэн, төгүрүк, ньолбоҕор, эҥин быһыы барыта баар. Ону кыбытыылаан тигиэххэ диэтэххэ, кырдьык, уустуктан уустук. Аны, сукунаны эҥинник эрийэн туттахха, уунан, быһыытын сүтэрэн кэбиһэр эбит. Биир алдьархай уустуга – өҥ наардааһына. Аан бастааҥы кынаттаныыбыт Туобуйа нэһилиэгиттэн “Ситим” түмсүү (сүрүн иистэнньэҥ Калиста Васильева) тикпит “Саас” диэн кэрчиктэн саҕаламмыта. Өҥө да, тигиитэ да наһаа сатаммыт этэ. Ону көрөн баран триптих орто өлүүскэтин “Сайыннаах күһүнү” оҥорбут Үөһээ Бүлүү “Айылгы” түмсүү (салайааччы Ирина Степанова) иистэнньэҥэ Людмила Егорова “иккистээн тигииһикпин” диэн быһаарыммыта. Онтон аны Дүллүкү нэһилиэгин “Алгыс” түмсүүтэ (салайааччы Валентина Ксенофонтова) “Кыһынын” ортоку кэрчиккэ тэҥнээн, хаста да көтүрэн, тэҥилээн тикпитэ. Соннук хас өлүүскэ, кэрчик бэйэтин дьүөрэлэһэр өҥүн тардан ылар сокуоннаах эбит. Ону кэстиҥ да, хартыына ыһыллан хаалар. Онно дьэ, худуоһунньукпут Майя Саввина үлэлэстэ аҕай. Кичэллэн, ыраастык тигиллибит кэрчиккэ көтүмэх тигии олох кыайан ыалласпат, көтүттэрэргэр эрэ тиийэҕиҥ. Ол эрээри, саамай-саамай ыарахана, күтүр уустук үлэтэ холбооһуна эбит.
Элбэх киһи тикпит буолан, кэрчиктэр сөп түбэһиспэттэр. Сукуна уунан хаалан быһыытын сүтэрэр диэтим дии. Онон сүрүн холбооһунун оҥорбут Людмила Егорованы (“Айылгы” түмсүү) уонна Ирина Павлованы (“Көмүс сүүтүк” түмсүү) чорботон бэлиэтиэм этэ. Кинилэр иккиэн хартыына ис-тас күрүөлэрин оҥордулар. Хартыына ортото триптих, үөһээ-аллараа өртүлэрэ диптих буоланнар, кыбытыы дьураанан арахсаллар. Ирина Георгиевна сөрүө иһинээҕи ойуутугар кыттыспатаҕа. Ол оннугар алларааҥы таҥалай кэрдииһин, муннуктарын ахсын баар мандар ойууларын, тас тулааһынын, кэрчиктэри тэҥилии-тэҥилии, тикпитэ. Тас күрүө араама курдук хартыынаны бүттүүнүн биир кэлимсэ түмэр эбит.
Онон сүрдээх эппиэтинэстээх үлэ. Иккиэн да аһара кичэллээх, наһаа үчүгэй иистээх дьахталлар. “Мин баран көмөлөһөбүн дуо?” – диэн муҥнана сатаабыппын, “суох, суох” диэн буолта. Быычыкаайыктык тигээри гыннаххына, хонтуруол диэн кытаанаҕа. Биримээнэ сантымыатырын сантымыатырыгар сөп түбэһиннэрэн иһиэхтээххин. Ирина Георгиевна уруккута иистэнньэҥ диэн анал үөрэҕи ылбыт идэлээх киһи. Оҕолонон баран үргүлдьү олорон атын үлэҕэ үлэлээн сынньалаҥҥа тахсыбыта. Билигин бэйэтэтигэр панноларынан бүтүн Арассыыйаҕа бэлиэтэннэ. Оттон Людмила Егоровна туһунан эттэххэ, олох туспа талаан киһи. Билигин боолдьох сөрүөнэн күүскэ дьарыктанан, аан дойду таһымыгар таҕыста. “Боолдьох иэйиитэ” диэн иллэрээ сыл буолбут Бүтүн Арассыыйатааҕы куоталаһыыга грант при ылбыта. Онон кинилэр быйылгы ииспитигэр кыттыбатылар. Олоҥхо ыһыаҕар бэйэлэрэ туспа туруоруннулар. Холобур, Людмила Егорова “Ньургун Боотур” олоҥхоттон оҥорбут хартыыналара Олоҥхо балаҕанын киэргэттилэр. Ити оҕолор олоҥхолуу сылдьар сирдэригэр. Улахан үлэлэр. 150 см да 180 см кээмэйдээхтэр.

ОТТОН БЫЙЫЛГЫ ҮЛЭҔИТ ТУҺУНАН ТУОХ КЭПСЭЭННЭЭХХИН? ХАЙЫ-ҮЙЭ ҮӨРҮЙЭХ ДЬОН, НАЧААС ДА БҮТЭРДИГИТ ИНИ?
– Дьэ, эмиэ суох диирбэр тиийэбин. Түүннэри иистэнэ сатыы-сатыыбыт: “Оо, бу хаһан эрэ 22 сарсыарда буолан олорор буолабыт?” – диэн күлсэр этибит. “Хайдах эмит гынан ыһыах сарсыардата буолан олорор буолуоҕа. Чэ, кытаатыҥ, кыргыттар, олох санааҕытын түһэримэҥ!” – диэн бэйэ-бэйэбитин эгди гынсарбыт. Бүтэриэ суохпут диэн санаа хаста да киирэ сылдьыбыта да, олох тиһэҕэр диэри тикпиппит. Ыһыах аһыллыан биир күн иннигэр ситэрэн ыйаабыппыт. Бастакыбытыгар 49 өҥү туттубуппут диэбитим дии. Онтон субу манна, сэгэрим, 56 дуу, онтон элбэх дуу дьүһүн буолта. Онон өҥ көстүбэккэ бадьыыстаан. Майя Васильевналыын онон көрдөөн, манан көрдөөн. Итини булан салыбыратабын, ону аҕалан сыбыыбын. Дьэ таба тайанным диэн көрдөрөбүн – “суох, ити барбат” диэн буолар. Оҕордук эрэйбитин эрэйдээн баран, бүтэр уһугар бүгүһүн ылыллыбыт итиэннэ сатаныа суох диэн туоратан кээспит өҥмүт сытан эрэн “ситэн“ хаалбыт. Худуоһунньугум тутан-хабан көрөн баран: “Дьэ, бу барсыыһы”, – диэтэ. Иккис үлэбитигэр худуоһунньукпунаан бэйэ-бэйэбитин көҥдөй өйдөһөн, биир куомуннаах дьон буолпут. “Айабыын, олоҥхо буола илигиттэн “Олоҥхо ырыатын” айбыппыт, онон Олоҥхо ыһыаҕар күүстээх үлэни  оҥоруохха”, – диэммин синньэ иллэрээ сыл эппитим. “Тугу эмит толкуйдуохха баар этэ дии саныы сылдьабын”, – диэн хардарбыта. Соннук хайы-үйэҕэ толкуйа кэлбит этэ. Ыгылыппатарбын да, син-биир “идея зреет” диэн тиэмэҕэ эрийэн билсэр буоллаҕым дии. Санаата ситиэр диэри сайын буолта, онтон өҥө-дьүһүнэ дьэ ситэн күһүөрү ыҥырбыта. Бастаан көрөн бараммын, мэктиэтигэр, атыҥыраатым ээ: “Наһаа дьэрэкээн буотах дуо?” – диэтим. Онуоха: “Бу “Олоҥхо алыптаах туоната” диэн ааттаах хартыына. Орто дойду кэрэтин-эриэккэһин көрдөрөргө эгэлгэ өҥнөөх-дьүһүннээх үлэ буолуохтаах диэн оҥордум”, – диэн быһаарда. Дьэ, уонна таҥас булуутугар түһүннэхпит дии. Үөһээ Бүлүү маҕаһыыннарыттан оччону хантан булуохпутуй? Мин куоракка анаан-минээн иккитэ кырыммытым, Майя эмиэ икки төгүллээн киирэ сылдьыбыта.

ИИС ОЙУУТА ДИЭН КИИСТЭ-КЫРААСКА БУОЛБАТАХ. КЫРДЬЫК, БЭЛЭМ ДЬҮҺҮНҮ НААРДЫЫРГА БЭЙЭТЭ ТУСПА УУСТУКТААҔА СААРБАҔА СУОХ. АРАЙ ТИГЭ ҮӨРҮЙЭХ ИИСТЭННЬЭҤНЭРДЭЭХ БУОЛАҤҤЫН КЫАЙДАХХЫТ-ХОТТОХХУТ БУОЛУО? ХАЙА, УОННА, БАСТАКЫ ҮЛЭҔИТИТТЭН ЭЛБЭХХЭ ҮӨРЭННЭХХИТ ДИИ?
– Бастакыбытыгар, эппитим курдук, төннөрүү элбэх этэ. Маайа биһикки наһаа эрэйдэммиппит. Онон дьиҥнээхтик тигэр, сатыыр дьону булуохха диэн буолта. Ити бастакы уруокпут. Иккис курдук тугу өйдөөбүппүт диэн – иистэнньэҥ чугас баара ордугун. Сүбэ-ама да көрдүүрүгэр уонна тыаттан кэлэр-барар, үлэни илтэрэр-аҕалтарар уустук. Онон хартыына ортотугар баар Аал Луук маһы эрэ Мэйик нэһилиэгин иистэнньэҥэ Юлия Викторовна Федорова тикпитэ. Атынын барытын Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр бааллар иистэммиттэрэ. Үсүһүнэн, иккиспитигэр бэлэм быһыллыбыт ойуу кэрчигин буолбакка, таҥаһын кытта кумааҕы киэбин иистэнньэҥнэргэ бэйэлэригэр биэрбиппит. Оннук ордук эбит. Таҥас эрдэ кырыллан кытыыта сыыппарайданан хаалбат уонна кыра кэрчиктэрэ сүппэт-оспот. Тугу бэлиэтии көрбүтүм диэн, уопсай дьыала туһугар дьон-сэргэ улгум,
иннинэн буолбутун. Оҕордук: “Олоҥхо ыһыаҕар кылааппын киллэриэхпин баҕарабын”, – диэн, бастакынан тылланан кэлбит иистэнньэҥмит – “Көмүс сүүтүк” түмсүүттэн Васма Васильевна Иванова, дьоруой ийэ. Кини хартыына үөһээ өртүгэр баар алта айыыны тиктэ. Төһө да “биирдиилээн үөрүйэх иистэнньэҥнэринэн” диэбиппит иннигэр, соҕотох киһи илиитэ-атаҕа суох син-биир кыаммат эбит. Ону тута өйдөөн, Васма Васильевна бэйэтин бииргэ үөрэммит, хаһан да иистэнэн көрбөтөх дьүөгэ кыргыттарын Альбина Золотареваны, Екатерина Алексееваны, Наталья Иванованы, Раиса Казакованы: “Улахан үлэҕэ кыттыҥ, өйдүү-саныы сылдьыахпыт”, – диэн ыҥыран, бастаан үөрэтэн-такайан
баран, чэпчэки баҕайытык тигэн кээстэрэ. Онтон “Саха олоҕо” диэн сюжет кэлэр. Балаҕаннаах. Ону бэйэм ылынным. “Көстүбэт күлүк курдукпун, салайааччы эрэ быһыытынан сылдьабын, оттон бэйэм эмиэ иистэнэр дьахтар этим дии”, – диэммин. “Саха ууһа” диэн ис хоһоонноох кэрчиккэ Наталья Муксунова диэн иистэнэр дьахтары булбутум. Алын өртүнээҕи уот садаҕа моҕойдоох аллараа дойдуну, икки кытыы сэргэлэри, таҥалай оһуорун “Айылгы” түмсүү ылыммыта. Били сатамматах саһархайдыҥы өҥмүт ыһыах буолуон аҕай эрэ иннинэ көһүннэҕэ дии. Ураһаҕа уонна барылыгар киирэн, ситэрэн, ситимнээн биэрбитэ. Ону көрөн үөрэн-көтөн, саба түһэн түүннэри тигэн, бүтэрэ охсон, олох тиһэххэ диэри үлэлээбиппит. Үбүлээһинэ култуураттан. Мин эрдэ бырайыак суруйан киллэрбитим. Ону биэрбэккэ сылдьан баран, бу соторутааҕыта төлөөтүлэр. Онон бастаан бэйэбит харчыбытынан атыылаһа сылдьыбыппыт.

ДЬЭ, КЫРДЬЫК, БАРЫ МУУСТАҔЫТЫН УУРАН, БЭРИНИИЛЭЭХТИК ҮЛЭЛЭЭБИККИТ. ОЛ ДА БУОЛЛАР, ИРИНА ВАСИЛЬЕВНА, САЛАЙААЧЧЫ БЫҺЫЫТЫНАН КҮӨН БУОЛБУТ ИИСТЭННЬЭҤНЭРИМ ДИЭҤҤИН КИМНЭЭҔИ ААТТЫАҤ ЭТЭЙ?
– Быйыл күтүр күүскэтик үлэлээбит дьоммут диэн Ольга Петрова, Татьяна Елисеева буолаллар. Кинилэр бастаан тэриллиилэрэ суох этилэрэ. “Көҥүл иистэнньэҥнэрбит”, – диэн күлсэллэрэ. Онтон аны бэйэлэрэ иккиэйэҕин түмсүү тэринэн, “Көҥүл иистэр” диэн буолтара. Ольга Прокопьевна Петрова наһаа дьаныардаах киһи диэн сөҕөн-махтайан
аҕай сылдьабын. Балыыһаҕа үлэлиир. Сиэстэрэ. Бастаан биэлсэр-акушеркалаабыта. Олоҥхо ыһыаҕынан хас тэрилтэ ахсын, балыыһаҕа эмиэ, сорудах бэрилиннэҕэ дии. Ону буоллар кини “Манчаары оонньууларыгар” кыттыспакка хаалбыт эбит. “Олоҥхо ыһыаҕар” эмиэ мин туох да көмөтө суох буолан эрэбин”, – диэн, бииргэ үөрэммит үөлээннээҕэр Майя Саввинаҕа күүс-көмө буолаары, олох үлэни көрдөөн кэлбитэ. Кыбытык ииһинэн ааспыт кыһын эрэ бэйэтэ дьарыктаммыт этэ. Кини “Кыыс куону” ылбыта. Сотору кэминэн: “Олох соҕотоҕун кыайыа суохпун. Миэхэ көмө наада”, – диэбитэ. Манна Светлана Иванова салайааччылаах “Чэбдик” диэн хаалыктаах хаамар бөлөх баар. Светлана Владимировна Иванова Дьахтар сүбэтин салайааччыта, эмиэ дьону хамсатар дьоҕурдаах киһи. Дьаҥсык ыарыы саҕаланыытыгар былырыын медперсоналга мааска, комбинезон-халаат тикпиппит. Онно кыайан үлэлэспэтэҕэ. “Бу сырыыга кыамматым. Кэлин туох эмит иистэнии баар буоллаҕына этээр”, – диэбитэ. Ону санааммын Светлана Владимировнаҕа эрийдим. Ольга Прокопьевна оруобуна кини аттыгар Билиилээххэ олорор. Улахан үлэҕэ иэстээх курдук санана сылдьар буолан, бэрт түргэнник биэс дуу, алта дуу дьахтары ыыппыта. Олорбут үйэлээх саастарыгар иистэммэтэх барахсаттар буолан хааланнар, бастаан такайыы кылааһын ааспыттара. Ол кэннэ, хата, үчүгэй бэйэлээхтик
Кыыс куону оҥорон кээспиттэрэ. Онон бу үлэбитинэн дьону иискэ уһуйдубут диэхпитин син. Суос-соҕотоҕун кыаммыт иистэнньэҥмит диэн Татьяна Елисеева эрэ. Кини ирээтэ “Бухатыыр уол” этэ. Онтун Белокурихаҕа сынньана барарыгар илдьэ баран, бүтэрэ сыһан аҕалбыта. Аны, саамай-саамай абытайдаах үлэтэ – холбооһуна. Ону Денисовналаах Прокопьевна “бүтэриэхтээхпит хайаан да” диэн, түүннэри-күнүстэритүһүнэнкыайдылар. Татьяна Денисовна Оҕо эстетическэй киинин иистэнньэҥэ. (Бу соторутааҕыта аҕай биэнсийэтигэр олордо). Онон бэйэтин үҥкүүһүт, ырыаһыт оҕолорун таҥыннарарга үлэлээх бөҕө олорон көмөлөстө. “Татыйаана күүс-көмө буолбатаҕа буоллар, быһыыта, кыаныахпыт суох эбит”, – диэбитэ Ольга Прокопьевна.

ОЧЧОҔО ИИС ХАРТЫЫНАЛАРГЫТЫНАН ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮЛЭР УОННА ЫАЛДЬЫТТАР ЭРЭ ХАРАХТАРЫН СЫМНАТТАХТАРА ДИИ? БИҺИРЭЭҺИНЭ
ИННИГИТИГЭР БУОЛУО.
– Быйылгыбыт улуустан тахса илик. Оттон бастакыбыт, “Олоҥхо ырыата” хартыына, ыыра ыраатта. Ситэрэн кэпсээтэхпинэ, бастакы улахан сыанабылы Ил Түмэн дьокутаата буолбут Мария Христофорова оҥорбута. 2017 сыллаах күһүн. Оччолорго Мария Николаевна өрөспүүлүкэтээҕи “Утум” уопсастыбалаах түмсүү бэрэссэдээтэлин быһыытынан Үөһээ Бүлүүгэ кэлэн “Саха сиригэр гражданскай уопсастыба туруга уонна кыһалҕалара” диэн төгүрүк остуолга кыттыбыта. “Үөһээ Бүлүү улууһун ааттатар паннону оҥорбуккут. Саха сиригэр эрэ буолбакка, ол да таһыгар анал быыстапкаларга көрдөрүүгэ туруон сөп”, – диэн сыана быспыта. Олох өтө көрбүт курдук. Бу үлэбит хас да улахан быыстапкаҕа кытынна. Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин норуодунай худуоһунньуга Анна Зверева Олоҥхо ыһыаҕар кэлэ сылдьан көрөн баран, “Олоҥхо ырыата”
үлэбитин Москуба куоракка буолбут “Шедевры лоскутного шитья” илдьэн кытыннарда. Онтон кэлэн бу күһүн “Душа России” Аан дойдутааҕы бэстибээл чэрчитинэн САССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Ил Түмэҥҥэ арыллыбыт “Мир женщины Севера” быыстапкаҕа турда. Майя Васильевна быыстапка арыллыытыгар ыҥырыллан,
Анна Зверева түс бэйэтин хайҕабылын, сыанабылын ылан кэллэ. Онон иккис да хартыынабын дьылҕата соннук соргулаах буолуоҕар бэйэм эрэ саарбахтаабаппын.

ИРИНА ВАСИЛЬЕВНА, ОТТОН БЭЙЭҤ ИИСТЭНЭҔИН ДУУ? САҔЫННЬАХХЫН СӨҔӨ-МАХТАЙА АҔАЙ ОЛОРОБУН ДИИ. БУ БУОБУРА ДИЭН КЫЫЛ САХА СИРИГЭР АНЫ СУОХ. АМЕРИКАТТАН АҔАЛАН АНДААТЫРАНЫ ЫЫТЫАХТАРЫТТАН, ҮӨСКҮҮР СИРИН БЫЛДЬАТАН, ЭСТИБИТЭ. КИМ ТИГЭН БИЭРДЭ ДУУ? ХАНТАН ЫЛАН?
– Ээ, бэйэм. Бу хотойдоох сон диэн. 19 үйэҕэ диэри кэппиттэр эбит. Светлана Ивановна Петрова салалтатынан тиктибитим. Былыр буобура бэргэһэлээхтэр дии, биримээнэ бугул саҕа. Оннугу тиктиэхпит диэн баҕалаах этибит. Инньэ гынан куйаар ситимиттэн биир атыылыыр киһини булбуппут. Буобура хайдаҕын билбэт буоллахпыт дии. “С мясом до 18 кг бывает”, – диэбитигэр: “Айабыын! Ыттан улахан эбит дии!” – дэспиппит. Биир диэтэхпитинэ, аны туох да тахсыбат тириитэ буолан хаалыа, онон иккини үлэһиэххэ диэн буолта. Кэлбитигэр көрөммүт үөрэн өлө сыстыбыт. Соҕотох буобураттан биир улахан хороох дьабака тахсар эбит. “Көмүс сүүтүгүм” салайааччытын Елена Афанасьевна Петрованы кытта
онтубутун үллэстэммит тиктэн кээспиппит. 2 см да кырадаһыны ордорбокко барытын туһаммытым. Үтүлүкпэр кытта хаймыы оҥостубутум. Онтон амтаһыйан аны 30-тан тахса тириини суруттаран ылбыппыт. Били киһибит булдун тирии таҥастыыр тэрилтэҕэ туттарар эбит. Ол бастакы сырыыбытыгар бэйэтигэр төлөбүр курдук биэрбиттэрин ыыппыт. Онон аны тирии собуотун кытта билистибит. Түүлээххитин хайдах үллэһиннигит диэ. Дьэ, Елена биһикки буобура дьабакабытын кэтэн көрдөрбүппүт кэннэ, атыттарбыт харахтара умайда. Онон “Көмүс сүүтүк” түмсүү сэттэ иистэнньэҥэ биирдии буобуранан дьабака тигиннилэр. Ирина Георгиевна Павлова аҕыһы ылан бууктаах сон оҥоһунна. Оттон мин саҕынньаҕым 15 тирииттэн таҕыста, ичигэһинэн туох да ааттаах. Ол эрээри, буобура тириитэ халыҥ, ыйааһыннаах баҕайы. Бу сылдьар эрдэхпинэ кэтиэм буолуо.
Саха таҥаһын сылга син хаста да кэтэбит. Тэрээһин элбэх. Кырдьаммын, соммун кыайбат буоллахпына, куччатаммын оҕолорго ону-маны тигэн биэриэм дии саныыбын. Сон курдук кэтэр киһи оччолорго диэри баҕар көстүө диэн күлэбин.

ДЬЭ, КЫРДЬЫК, ЭҺИГИ ИККИ АЙАР СОРГУ ИККИ КЫНАТТАРА БУОЛБУККУТ. ЭН ҮТЭР, КӨҔҮЛҮҮР ДАБЫДАЛА, ОТТОН МАЙЯ САВВИНА – ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ БИИР ТАРБАХХА БАТТЫЫР ТАЛААННААҔА, ӨРӨ КҮӨРЭТЭР, ДАЛААҺЫННЫЫР ХОТОҔОЙО. САЛГЫҤҤА УЙДАРБЫТТАР ХАЛЛААНТАН ТҮСПЭТТЭР. МАНТАН САЛГЫЫ ТУГУ ҮЛЭЛЭҺЭР САНААЛААХХЫТЫЙ?

– Кырдьык да, Майя Васильевна хаан аймаҕым ээ. Сыҥан балтым. Аҕаларбыт бииргэ төрөөбүт дьон. Мин, аҕа да буолларбын, Аччыгый Баһылай кыыһабын, оттон Майя – Улахан Баһылай оҕото. Ол иһин хорсун баҕайытык баспынан баайсан тиийэр буоллаҕым дии. Түмсүүлэрим чааһын эттэххэ, Олоҥхо ыһыаҕар гыныахтаахпыт элбэх этэ. Ыаһахтаспыт үлэлэрбит үгүстэр. Быйыл кыһын ону ситэриэхпит. Өссө эһиил Өймөкөөн ыһыаҕар барыаҕыҥ диэн кучуйабын. “Айака, ырааҕа бэрт”, – дэһэллэр. “Дьэ, барсан абыраамаҥ! Бэйэм соҕотоҕун да барыаҕым. Оччо элбэх таһаҕастаах киһини дьоннор син соскойдоон биэриэхтэрэ. Онно да киһи буламмын таҥыннарыаҕым”, – диибин. Быгыһын Өймөкөөттөр кэлэ сылдьыбыттарыгар суолларын-иистэрин ыйытаары гыммыппар: “Сибилиҥҥэттэн бараары гынныҥ дуо? Тохтоо!” – диэннэр уоскуппуттара. Оттон Маайабынаан сүүспүтүттэн
аалсан тугу эмит толкуйдуур инибит. Эһиил Исиидэр Бараахап 125 сыллаах үбүлүөйэ дии. Улахан ыһыах буолуохтаах. Улаханнык саҥарбаппын. Бу дьаҥсык ыарыы сүтэрэ-оһоро, улахан дойдубутугар ил-эйэ эргийэн, ньир-бааччы олохтонорбут буоллар диэн күн баҕалаахпыт. Онтон атына кэлэн иһиэ буоллаҕа дии.

“Душа России” Аан дойдутааҕы
бэстибээл чэрчитинэн САССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Ил
Түмэн көстүүнэйигэр арыллыбыт
“Мир женщины Севера” быыстапка
кыттыылаахтара үөрүүлээх тэрээһин
кэмигэр. Худуоһунньук Майя Саввина уҥаттан хаҥас бэһис турар.

УМСУУРА

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...