Истиий ырыам тылларын …

Саха ырыатын киэҥ куйаарыгар ырыаһыт Сардаана Осипова ис иһиттэн нарын-намчы, ураты куолаһынан ыллаан дьон-сэргэ кутун туппута ыраатта. Кини үрүйэ сырдык ыраас уутунуу кылыгырыы сүүрэр куолаһыттан ырыа бастакы матыыптарын кэрэ дьүрүскэнэ тохтон барда даҕаны, саала иһэ ытыс тыаһынан хабылла түһэр.

“Cөрүүн тыал кэлэрэ ол киэҥ алаастан, самыырдаан ааһара быстах былыттан…“,“Күөх сэбирдэх саһаран, тоҕо сиргэ түһэрий…“,“Сыллар аастылар, быдан дьыллар аастылар… “, “Өр да буолла мин эйигин көрсүбэтэҕим, өр да буолла эн саҥаҕын истибэтэҕим…“Сардаана ылбаҕай ырыалара ордук дьахтар аймах кутун-сүрүн чараас кылларын туох эрэ ураты уйанынан, нарынынан, иһирэҕинэн сэрэммиттии таарыйан, уйадытар, долгутар, угуттуур абылаҥнаахтар. Бүгүн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Дмитрий Ходулов аатынан Майатааҕы норуот тыйаатырын вокалга специалиһа, маанылаах куоластаах таптыыр ырыаһыппыт Сардааана Осипова биһиэхэ ыалдьыттыыр.

Сардаана, оскуолаҕын бүтэрээри, тиһэх чуораан лыҥкыныыр ураты бэлиэ түгэнигэр туран, инники олоҕуҥ хайдах салаллыаҕын туһунан туох ыралаах кыысчаан этигиний?

— Мэҥэ Хаҥалас Павловскай орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим.Үчүгэйдик үөрэммитим, арай, дьэ, химия олох сөбүлээбэт уруогум этэ, аттестаппар онно үстээхпин. Мэлдьи интернакка олорон үөрэммитим. Интернаппыт сэбиэдиссэйэ омугунан нуучча, Павловскайга учууталынан ананан кэлэн баран, олохтоох уолга кэргэн тахсыбыт Серафима Матвеевна Кириллина этэ. Миэхэ ураты истиҥник сыһыаннаһара. “Книгоешка наша“ диэн таптаан ааттыыра. Кинигэ ааҕарбын наһаа сөбүлүүр этим. “Хотун“ кинигэ ааҕан бүтүөр диэри уоту умуруорбаттара. Интернакка олорбут кэммин наһаа үчүгэйдик саныыбын. Алтыс кылаастан саҕалаан, “Бригантина“ үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар үлэлээбитим. Ырыа уруогун учуутала Олег Прокопьевич Захаров ыллыырбын истэн, таба уһуйбут бастакы учууталбынан буолар.

Оскуолаттан ыллаан тахсыбытым диир кыаҕым суох. Наһаа кыбыстанньаҥ этим. Дуэтка, триоҕа ыллаһарым. Арай, сэттис кылааска үөрэнэ сырыттахпына “Саха үҥкүүтүн“ ыллаппыттарыгар, наһаа долгуйан, сыанаҕа тахсан баран тылын таһыччы умнан кэбиһэн, кыбыстыбытым. Ол кэнниттэн отой соҕотоҕун ыллаабатаҕым. Хата онтубун, куоракка “Айар кут“ кэнсиэригэр саха национальнай аркыастырын доҕуһуолунан ыллаабытым. Тылын барытын өйдүү сылдьар эбиппин, хайдах толоруохтааҕым урут үөрэммитим баар буолан быһылаах, бэрт чэпчэкитик тахсан кэлбитэ.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан союзнай өрөспүүбүлүкэлэргэ олорор үөлээннээхтэрбин кытта наһаа элбэхтик суруйсар этим. Узбекистантан, Таджикистантан, Удмуртияттан о.д.а элбэх доҕотторбуттан сурук тутарым. Биирдэ Дьокуускайга автовокзалга Эмма Павлова диэн кыыстыын билсибиппит. Кинилиин эмиэ суруйсар буолбуппут. Ол кыыс кэлин көрсөн баран “эн миэхэ ырыаһыт буолуохпун баҕарабын диэн суруйар этиҥ дии“, — диэбитэ. Ол аата дууһам түгэҕэр оннук ыра санаалаах эбиппин. Алла Пугачеваны, Анна Германы сөбүлээн истэрим.

София Ротаруну кытта ыллаһа-ыллаһа, ытыы-ытыы истэр этим. Аны оччотооҕу Ленинград куоракка тоҕо эрэ бүтэйдии тардыһыылааҕым. Култуура институтугар үөрэнэ барбыт киһи диэн. Үөрэхпэр өрүү үчүгэй буоламмын, киирэргэ бэйэбэр эрэллээх быһыылааҕым. Ол эрээри, онно кыайан тэриллэн барбатым биллэр этэ. Бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытта производствоҕа үлэлии хаалыахпын баҕара-баҕара, Дьокуускайга культурнай-сырдатар училищеҕа туттарсан киирбитим. Дирижер-хоровик салаатын тал диэн сүбэлээбиттэрэ, киирии эксээмэннэрбин барытын “биэс“ сыанаҕа туттарбытым. Үчүгэйдик үөрэммитим. Кураторым Елизавета Степановна Попова этэ. Куоласпын туруорууга Анна Егоровна Скрыбыкина үлэлэспитэ.

Эн олус элбэх талааннаах дьону, ырыа куттаахтары төрөтөн-үөскэтэн таһаарар ураты өҥ буордаах Мэҥэ сириттэн төрүттээххин. Ол быыһыгар Сардаана Осипова төрдүнэн-ууһунан Сунтаары кытта эмиэ ситимнээх үһү ээ диэн кэпсэтэллэрин истээччибин. Ол хайдаҕый?

— Аҕам Сунтаар Тойбохойуттан төрүттээх Рево Семенович Михайлов. Ийэбин Мэҥэ Төҥүлүтүн кыыһын Ирина Федосеевна Птицынаны кытта оччотооҕу хомсомуол баараҕай бырайыагар—Мирнэй куораты тутууга үлэлии сылдьан билсибиттэр. Төрөппүттэрбин киһи хараҕа быраҕыллар кэрэ кэргэнниилэр этэ диэн өйдүүллэр. Төҥүлү кыраһаабыссата уонна Сунтаар көстүүлээх уола холбоспуттар. Биһиги түөрт бииргэ төрөөбүттэр бары Мирнэй куоракка күн сирин көрбүппүт. Миигин оҕо эрдэхпинэ:“Икки кэрэ дьонтон хайдах маннык бүрэ кыыс төрөөбүтэй?“ — диэн дьээбэлииллэрэ. Бэйэм даҕаны оннук санаанан улааппытым.

Дьоммут урууларга иккиэн ыллааччылар диэн ахтааччылар. Онон, күн бүгүҥҥэ диэри ырыаһыт буолбутум ханнык төрүппүттэн силис-мутук тардыбытын билбэппин. Дьонум тапсыбатахтар, олохторо хайдах эрэ огдолуйан барбыт. Онон ийэм икки уолун, миигин батыһыннартаан дойдутугар төннүбүт. Улахан убайым аҕатыгар Тойбохойго хаалбыт, кини онно улааппыта. Сотору аҕам дьонун батыһан Мэҥэҕэ кэлбитэ. Төҥүлүгэ олохсуйан испиппит. Ийэм ыскылаакка сэбиэдиссэйдээбитэ, аҕам оскуола завхоһа буолбута. Ол сылдьан Майаттан матасыыкылынан оскуола үлэһиттэрин хамнаһын таһааран иһэн сүтэрэн кэбиһэн, улахан иэскэ киирбитэ. Итинтэн тэптэрэн, олохторун оҥкула ыһыллан, ПМК-ҕа аҕабар үлэ көстөн, Майаҕа көспүттэрэ. Төрөппүттэрбит сотору арахсыбыттара.

Ийэм оҕолорун илдьэ Павловскайга көспүтэ, оҕуруокка үлэҕэ киирбитэ. Аҕабыт кэлэ-бара билсэр этэ да, аҕата суох улаатыы хайдаҕын эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Ордук ол уолаттар иитиллиилэригэр, олохторун тэриниилэригэр оҕуста быһылаах. Аҕам элбэх бииргэ төрөөбүттэр. Икки балта Майаҕа ыал буолан олороллор. Онон аҕабынан аймахтарбын кытта билсэбин, Сунтаарга бардахпына хайаан да Тойбохойго сылдьабын.

Сардаана, быйыл үбүлүөйдээх сылыҥ дии. Үйэ аҥардаах үбүлүөйдээх сылгар Дьокуускайга саха тыйаатырыгар наһаа үчүгэй кэнсиэр буолбутун, дьон бөҕө эн ырыаҕын истээри утаппыттыы тоҕо анньан кэлбитин өйдүүбүн. Ырыаларыҥ бастакы матыыптара иһилиннэхтэрин аайы ытыс тыаһынан уруйдуу олорбуттара наһаа үчүгэй этэ. Саалаҕа ырыаһыты ахтыбыт, күүппүт көрөөччү иһирэх эйгэтиттэн кэлэр ураты сылаас тыын баара.Быйыл дьаҥ-дьаһах мэһэйдээн, Дьокуускайга тэриллиэхтээх айар кэнсиэриҥ буолбата. Арай Мэҥэҕэ ССРС норуотун артыыһын Дмитрий Ходулов аатынан тыйаатыр саҥа дьиэтигэр буолбут сураҕа иһиллэр, куйаар ситимнэринэн кэпсэннэ. Үбүлүөйдээх кэнсиэриҥ айар үлэҕин анаарыы быһыытынан бардаҕа буолуо дуу?

—Оннук. Эдэр саас ырыаларыттан саҕалаан, “Кыталык “ ансаамбылы, “Сэргэ“ рок-бөлөҕү о.д.а миигин ырыаһыт быһыытынан сайыннарбыт, таһаарбыт бырайыактарбар, онтон билиҥҥи айар үлэбэр анаан үс түһүмэххэ араарбыппыт. Үөрэхпин бүтэрэн баран сүрүн үлэм Табаҕа кулуубуттан саҕаламмыта. Манна айар куттаах дьоҥҥо түбэһэн, кинилэрдиин алтыһыым олус элбэҕи биэрдэҕэ. Бэйэлэрин идэлэригэр олус бэриниилээх, айылҕаттан талааннаах байаныыс Семен Дмитриевич Романовтыын, Сахаайа аҕатын, “Төлөн“ эр дьон вокальнай ансаамбылын салайааччытын Павел Павлович Егоровтыын үлэлээбитим.

Ырыа айар убайдарбын Александр Дмитриев Чүмэчилиин, Иван Аргуновтуун билсибитим. Оччолорго миигиттэн 5-6 сылынан аҕа уолаттары саастаах улахан дьон диэн көрөр этим. Кинилэр миэхэ ырыаларын анаан биэрэннэр, билиҥҥэ диэри дьон сөбүлээн истэр репертуарым оҥоһуллан испитэ. Галина Шахурдина, Роман Плотников, Лэкиэс элбэх ырыаларын биэрбиттэрэ. Бастакы ырыаларым хомолто, курус, тугу эрэ сүтэрии тыыннаахтар. Ол, бука, оччолорго бэйэм ис турукпар, куоласпар даҕаны сөп түбэһэриттэн тутулуктааҕа буолуо. Майаҕа ол кэмҥэ дьон олус сэргээбит, киэҥ эйгэҕэ биллибит-көстүбүт “Сэргэ“ рок-бөлөҕү кытта үлэлээбит кэмим олус сэргэх этэ. Анатолий Босиков-Босс салайааччылаах ансаамбылга Егор Копыловы, Кеша Алексеевы, Николай Сергееви, Александр Харитоновы, Афанасий Поповы, Петр Осиповы, Олег Федоровы, онтон да атын тыыннаах доҕуһуолунан кэм тэтимигэр сөп түбэһэр, ол кэмнээҕи саха санаатын дорҕоонноохтук этэр туһугар айымньылаах үлэ үөһүгэр түспүт кэлэктииби кытта Илин эҥэр, Бүлүү бөлөх улуустарынан гастролларга айаннаабыппыт.

Мин кинилэр дирбиэннээх-дарбааннаах муусукаларын быыһыгар нарын ырыалары толорон кулгааҕы сынньатааччы оруолугар сылдьар этим. Бу сылдьан ансаамбылга гитаристыыр Анатолий Осиповка кэргэн тахсыбытым. Бүөккэ Бүтүрүөптүүн, Исай Брызгаловтыын билсиим айар үлэбэр эмиэ саҥа суоллары арыйарбар төһүү буолбуттара. Улахан сыанаҕа төнүннэрбит продюсербар Василий Кривошапкиҥҥа махталым муҥура суох. Кини 2008 сыллаахха улахан кэнсиэри оҥорбута, гастроллары тэрийбитэ. Айар аартыкпар аргыс буолбут күндү дьоммор бука барыларыгар махталым олус улахан. Билигин Майаҕа народнай тыйаатырга вокалга специалист быһыытынан үлэлии-хамсыы сылдьабын. “Сыккыс“ диэн доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэрин түмэр, “Сардаана“ вокальнай ансаамбыллары салайабын.

Иккистээн олоҕуҥ суолун таларыҥ буоллар, ырыаһыт киһи дьылҕатын талыаҥ этэ дуу?

—Талан буоллаҕа. Ыра санаа оҥостубут Ленинградтааҕы институппар үөрэммит буолуом этэ. Ыллаатахпына дуоһуйабын. Ырыанан киһи дууһатыгар биэбэйдэнэр иһирэх иэйиилэри тиэрдэбин, сороҕор бэйэм олоҕум үөрүүтүн, хомолтотун ырыанан кэпсиибин. Сыанаҕа тахсыам иннигэр сырыы аайы, саҥа тахсар киһи курдук, долгуйабын, онтум микрофону ыллым да, ааһар.

Ааҕааччыларбытыгар таптыыр ырыаһыппыт сыана кэтэҕинээҕи тус олоҕуҥ, дьахтар быһыытынан дьылҕаҥ туһунан билсиһиннэрэ түспэтэхпитинэ, сэһэргэһиибит тутах буолуо.

— Икки оҕолоох ийэбин, биэс кэрэчээн кыргыттар эбэлэрэбин. Олоҕум аргыһа, кэргэним Иван Юрьевич Кычкин идэтинэн суоппар. Билигин массыына оҥорор мастарыскыайдаах, тус дьыалалаах. Сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр иккиэн тус-туспа дьылҕалаах, олох аһыытын-ньулуунун билбит дьон көрсөн, сөбүлэһэн, өйдөһөн дьиэ-уот туттан, ньир-бааччы олоробут. Кини миигин ыраахтан көрөн таптаабыт киһи. Ол таптал уотунан сүрэхпитигэр истиҥ иэйиилэри күөдьүтэн, биир сүбэнэн-аманан, өйдөһүүнэн-өйөһүүнэн алаһа дьиэ уотун оттор кэскиллээх санааҕа кэлбиппит. Уолбут Юрий 17 саастаах. Бастакы кэргэммиттэн кыыһым Люба Майаҕа ыал буолан олорор, биэс кыыстаах. Бэһиэн: Сайаана, Күннэй, Сардаана, Айсена, Нарыйа диэн сахалыы ааттаммыт күндү дьон.

Сардаана диэн ааты ылбыт сиэним өссө оруобуна кулун тутар 10 күнүгэр, мин төрөөбүт күммүн көрбүтүнэн, төрөөн үөрдүбүтэ. 1994 сыллаахха иккис кыыспын кыһыылаахтык сүтэрэммин олохпор улахан охсууну ылбытым. Оҕону сүтэрии аһыытын кыайан тулуйбаккабыт буолуо, кэргэмминиин эмиэ арахсыбыппыт. Киһи сүрэҕин ыарытара хаһан да ааспат, чэрдийбэт баас эбит. Ол эрээри, хас биирдии киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор дии саныыбын. Бэйэ күүстээх санааны ылынан, өрө биэрэн олорор туһугар дьулуһуохха наада. Кэргэммэр Иваҥҥа наһаа махтанабын, күүстээх тапталга бигэнэр дьахтар оҥостубут уйатын сылааһынан, сырдыгынан угуттуурга ис сүрэҕиттэн кыһаллар. Дьахтар эр киһини эр киһи курдук көрөн тутар, туругурдар диэни эмиэ өйдүүбүн.

Дьахтар дьоло—дьиэ кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэттэригэр, кэргэнигэр дии саныыбын. Оҕолорбун, сиэттэрбин саастаах дьону ытыктыыр, истэр, олох ханнык да түгэнигэр кырдьыксыт буолуҥ диэн такайабын. Төрөөбүт тылларын үчүгэйдик билиэхтэрин баҕарабын. Дьиэ кэргэммит үгэстэрин туһунан эттэххэ, айылҕаҕа сынньанарбытын, сир астыырбытын сөбүлүүбүт. Тыаҕа сайыҥҥы дьиэбитигэр тахсан, хонон өрөөн кэлэрбитин туохтааҕар да ордоробун. Сайын аайы Аммаҕа баран кэлэбит. Оҕолорум, сиэттэрим төрөөбүт күннэрин хайаан да бэлиэтиибит.

Сардаана, соторутааҕыта Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ ааты иҥэрдилэр. Дьонуҥ-сэргэҥ, элбэх ахсааннаах сүгүрүйээччилэриҥ олус биһирии, үөрэ көрүстүлэр. “Далбар Хотун“ сурунаал ааҕааччыларын аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибит!

“Сардаана, эн норуот ис кутугар билиниини ылбытыҥ ырааттаҕа. Ол эрээри, ол билиниини син биир былаас бигэргэтэрэ наадалаах буолар. Былаас бигэргэтиитэ норуот биһирэбилин билинии буолар. Онон, бу ааты ылыыҥ норуот билиниитин бырааһынньыга, үөрүүтэ, өрөгөйө буолар. Ситиһиилээх айар киэҥ дуолу, инникилээх кэрэ кэмнэри, кэскиллээх кэрэни, дьиэ кэргэҥҥэр ньир-бааччы олоҕу баҕарабын “ .“Эҕэрдээ, наһаа үчүгэй, саха маанылаах куолаһа сыаналаммытынан». “Ытыктыыр, сэргиир, киэн туттар кыыспыт Сардаананы үтүөлээх диэн дойдугар үтүөҥ ахтыллыбытынан! Үлэһит диэн, ханнык да ыарахантан иҥнибэт-толлубат дьулуурдаах үлэһит майгыҥ сыаналаммытынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Сандаара сырдаан истин кэлэр кэмиҥ!

Дьиэ кэргэҥҥэр—эрэллээх тыылгар дьолу, ситиһиини!““Наһаа да үчүгэй сонун. Эҕэрдэ, үөрүү! Өссө да ыллыы-туойа, сахаҥ дьонун үөрдэ, сэргэхситэ сырыт!““Ылбаҕай ырыаларгынан, кэхтибэт кэрэ куоласкынан бар дьоҥҥун, сүгүрүйээччилэргин үөрдэ, абылыы сырыт. Ситиһии үрдэллэрин дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуоллатан дабайан ис“.“Сардаана, ис сүрэхпиттэн үөрэн туран эҕэрдэлиибин! Талааҥҥар сүгүрүйэбин, кэрэ куоласкынан үтүө түгэннэри бэлэхтииргэр махтанабын!““Саха маанылаах куолаһа, чаҕылхай сулуһа Сардаана Ревовна, эҕэрдэлиибин !Намыын матыыптаах ырыаларыҥ курдук олоҕуҥ суола аргыый уһуннун! Үөһэ Үрдүк Айыылар араҥаччылыы, харыстыы сырыттыннар!“

Ити инстаграм ситимин киэҥ куйаарыгар Сардаананы эҕэрдэлээн этиллибит истиҥ тыллар. Сардаана, бар дьонуҥ үтүө алгыстара, истиҥ баҕа санаалара үрдүккэ угуйар, кынаттыыр күүс буолан эйиэхэ айымньылаах аартыктары арыйан иһэргэр, алаһа дьиэҕин олох дьолунан толороргор төһүү буоллуннар.

Галина НЕЛЬБИСОВА

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...