“Далбар Хотун – алаһа дьиэ араҥаччыта, саха омук чөл туругун, ил эйгэтин түстээччитэ” диэн бырайыак дьахталларга ананар. Өбүгэлэрбит тыйыс айылҕалаах сиргэ тутта сылдьыбыт киэҥ билиилэрин сөргүтэргэ уонна туттарга үөрэнэбит.
Ону таһынан, билиҥҥи сайдыылаах кэм сиэринэн туһалаах, сөптөөх аһы аһыырга, таҥаһы-сабы тигиигэ, дьиэни-уоту, сири-уоту тутарга үөрэнэбит. Бу былырыыҥҥы “Бэйэни чэбдигирдии” диэн бырайыагы ситэрэн — хоторон биэрэн өссө дириҥ уонна далааһыннаах буолла. Былырыын сылга түөртэ көрсүһүүлэр буолбуттара. Оттон бу бырайыак 2023 сылга ый аайы буолуохтаах. Манна идэлээх исписэлиистэр, үлэлиир хайысхаларынан өр сыл дьарыктаммыт дьон кыттыахтара, иилээн-саҕалаан ыытыахтара. Теорияны кытта быраактыкалар, семинардар, маастар-кылаастар тэриллиэхтэрэ. Атын бырайыактартан уратыта диэн хас биирдии тиэмэбит киһиэхэ үрдүк вибрацияны үөскэтэргэ, ону быһаарарга, араарарга уонна таларга үөрэтэр. Үрдүк вибрацияҕа сылдьыы диэни кылгастык быһаардахха, киһи үөрүү, дьол туругар сылдьарын, бэйэтин ис туругун салайарга үөрэниитэ буолар. Оччоҕо стрескэ киирбэт эбэтэр онтон түргэнник тахсар.
Бырайыакпыт тиэмэлэрэ:
- Дьыл кэминэн аһааһын (сааскы, сайыҥҥы, күһүҥҥү, кыһыҥҥы), маастар-кылаастаах. Варвара Семенова – эмтээх үүнээйилэргэ, эфирнай арыыларга, сөпкө аһааһыҥҥа (натурохакинг) исписэлиис. Сахаайа Чирикова – мэдэссиинэ сиэстэрэтэ, массажист.
- Ыраас иһити-хомуоһу талыы. Алена Павлова – остеопат, муусука учуутала.
- Эти-сиини чэбдигирдэр хамсаныыга, бэйэни массажтаныыга үөрэнии, маастар-кылаастаах. Сахаайа Чирикова – мэдэссиинэ сиэстэрэтэ, массажист.
- Харысхал ырбаахыны тигии. Дьиҥнээх матырыйааллар араастара, ньэҥири биэрэр таҥас быһыыта, сиигэ. Харысхал ырбаахыны быһыыга, тигиигэ мастар-кылаастаах. Антонина Ракова – иистэнньэҥ, Сахаайа Чирикова, Варвара Семенова.
- Чааһынай уонна тэрилтэлэр тиэргэннэрин, дьиэлэрин иһигэр ил эйгэни олохтуур бырайыактар, көҕөрдүүлэр. Быраактыка көрдөрүүлээх Саргылана Филиппова – “Айар” дизайнерскай фирма салайааччыта, Екатерина Афанасьева – декоративнай үүнээйилэргэ, ландшафтнай көҕөрдүүгэ исписэлиис.
- Органическай сири оҥоруу, үүнээйини олордуу уонна көрүү, маастар-кылаастаах. Екатерина Афанасьева, Ариана Малышева – биир уонна элбэх сыллаах үүнээйилэргэ исписэлиис.
- Вибрацияны үрдэтии ньымалара. Эксперименнээх, быраактыкалаах. Варвара Семенова, Галина Бочкарева – Уус Алдан Дүпсүн нэһилиэгин «Сардаана» оҕо уһуйаанын салайааччыта.
Олунньу ыйга “Далбар Хотун” бырайыакпыт бастакы тэрээһинэ Кыыс Амма сиригэр-уотугар буолла. Амматааҕы киин библиотека дьиэтигэр куораттан, Уус Алдан Дүпсээ нэһилиэгиттэн, Майаттан, Амматтан уонна Амма Болугуруттан муһуннубут. Болугурдар маннык тэрээһиҥҥэ куруук бэлэмнээхтэрин көрдөрөллөр. Александра Чирикова салайааччылаах сэттэ кэрэ аҥаар буолан кэллилэр. Ону таһынан суоппарбыт уонна хаартыскаҕа түһэрээччибит, уһулааччыбыт эмиэ Болугур дьоно буолан соһуттулар. Биологическай билим хандьыдаата, эмтээх үүнээйилэргэ исписэлиис, нутрициолог Варвара Семенова кэлбит дьоҥҥо уу туһатын, киһиэхэ сүдү оруолун кэпсээтэ. Алена Павлова иһит арааһын туһунан билиһиннэрдэ. Кэлбит ыалдьыттар сарсыарда тураат да туох туһалааҕы оҥороллорун, киэһэ утуйуохтарыгар диэри ханнык эбии аһылыгы сииллэрин, иһэллэрин билистилэр, амсайдылар, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Кулун тутар ыйга «Харысхал ырбаахыны тигии» маастар-кылааһа Аммаҕа, Намҥа уонна Дьокуускай куоракка буолан ааста. Сахалар биир саамай киэн туттар киһибит Мандар Уус, саха дьахтарыгар сүгүрүйэрин, махтанарын, кини баар буолан дьиэ кэргэнин таҥыннаран тоҥорбокко, сылааска илдьэ сылдьан саха норуотун баччааҥҥа диэри тыыннаах аҕалбыта диэн бэйэтин кинигэтигэр суруйбута. Саха дьонун былыр-былыргыттан иис-күүс дьоно диэн ааттыыллар. Күүс диэн тыл дэгэтигэр эрэ диэн ылбычча эппэтэхтэрэ чахчы. Сыра-сылба эстэр, күүс-уох көлбөрүйэр, харах дьүккэтэ баранар үлэтэ буоларын көрө чаҕыйан, сүгүрүйэн эппит тыллара буоллаҕа диир. Үрдүк Айыылар олоҥхоһут дуу, тойуксут дуу гына айбыттара буоллар төһө эрэ уран-уйан, хомоҕой тылынан саха дьахтарын олоҕун түстүүр улуу күүһүн, туохха да тэҥнэммэт уһулуччулаах талаанын хоһуйан этиэм диир. Маннык күүстээх кэрэ тылларга эбии этиэм этэ харысхал таҥаспыт сылааһы эрэ буолбакка, айылҕа сокуонун тутуһан, билигин «тор», эбэтэр «торсионное поле» ситимин мындыр өбүгэлэрбит таҥас быһыытын уонна сиигин тутуһан тигэллэр эбит. Ол иһин дьахтар ырбаахы кэтэн айылҕаны кытта бииргэ буолан Ийэ Сир ньэҥирин мунньан, иччэлээх элбэх түбүккэ баттаппакка тыыннаах эрэ ордор туһугар сылдьыбакка өссө таҥаһын киэргэтэн, ойуулаан-оһуордаан, ыллаан-туойан, үөрэн-көтөн дьонугар-сэргэтигэр ньэҥириттэн бэрсэ сылдьар эбит. Бу маннык харысхал таҥас көстүбэт куһаҕан ньэҥиртэн кытта харыстыыр эбээт. Ол иһин иис-күүс диэн эттэхтэрэ. Удьуордаах иистэнньэҥ Антонина Ракова бырайыак ис хоһоонун сэргээн сөбүлэһэн бу бырайыак олоххо киирдэ. Сахаайа Чирикова киһи меридианнарын, өбүгэлэрбит таҥастарын быһыытын, сиик хайысхатын билсиһиннэрдэ. Варвара Семенова дьиҥнээх таҥастар араастарын, киһиэхэ туһаларын, таҥас өҥө киһи этигэр дьайыытын кэпсээтэ. Ол таһынан тыыннаах сүөм ситимин туһунан билсиһиннэрдэ. Кэлбит дьон сүөм ситиминэн бэйэлэрин кээмэйдэннилэр, ырбаахыларын киэптэрин ыллылар. Ону таһынан ырбаахыларын тиктэллэригэр өйдөнүмтүө буоллун диэн «мини-экземпляр» ырбаахылары тигиннилэр. Онон кэлбит дьон долгуйан дуоһуйан, астынан тарҕастылар.