«Оҕуруо кистэлэҥ абылаҥа» Марфа Федорова айар быыстапката

Бу ый 31 күнүгэр диэри «Симэх» арт-солуоҥҥа (Аржаковв уул., 6) Марфа Степановна кэрэ оҥоһуктарынан толорбут быыстапкатын көрө, саҥа иэйиигэ уйдара кэлиҥ сылдьыҥ ыалдьыттааҥ!

Таатта Игидэйиттэн төрүттээх, Дьокуускай куорат олохтооҕо Федорова Марфа Степановна чөмчүүк тааһы оонньото, оҕуруо кистэлэҥ абылаҥар умсугуйа айар үлэтэ бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыаҕыттан арыллыбыта. Бу умсулҕаннаах дьарыкка кинини «Үһүс көлүөнэ» оскуола «Кабошон» куруһуогун салайааччыта Артамонова Нина Федоровна уһуйбута. «Оҕуруонан үлэ техникатын баһылаан, кистэлэҥин арыйан, айар-тутар үлэбин саҕалаабытым номнуо биэс сылын туолбут эбит» — диэн Марфа Степановна соһуйар. Онон сылыктаатахха талааны арыйарга, дьоҕуру сайыннарарга саас ырааппыт, бириэмэ куоппут диир табыллыбат курдук.

Киһи олоҕун тухары саҥаны билэ-көрө, солуну сэҥээрэ, бэйэни холоно сылдьара тоҕоостоох. Марфа Степановна үлэлэрэ ураты көстүүлээхтэр, туспа тыыннаахтар. Хас биирдии үлэ туһунан остуоруйа курдук кэпсэнэр, ырыа курдук ылланар. Күннээҕи киэргэл да курдук кэтэргэ, судургу оҥоһуктар, үөһэттэн этитиилээх харысхаллар,  аныгылыы истииллээх, сахалыы оһуордаах үлэлэр араастара бааллар. Улахан урууларга, мааны биэчэрдэргэ биирдэ эмит кэтэр ураты көстүүлээх, суумкатыгар тиийэ кэмпилиэктэр кэллиэксийэни толорон, байытан биэрэллэр. «Миэстэ элбэҕэ буоллар, өссө да атын үлэлэрим туруохтара эбит, балай эмит үлэм дьон хараҕар көстүбэккэ хаалла» — диэн дьоруойбут үөрэ-сонньуйа кэпсиир.

 

Бэлэмнээтэ Афанасьева Екатерина

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...