Валентина Афанасьевна ЯКИМЕЦ — СР үтүөлээх артыыһа, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын режиссера. Үлэлиир сылларын устатын тухары 90-тан тахса эҥин интэриэһинэй туруоруулардаах. Иван Гоголев-Кындыл “Абааһылаах кылаат” комедия, Былатыан Ойуунускай “Оҕоҕо баҕарбыт” комедия, Гоффман «Щелкунчик уонна кутуйахтар ыраахтааҕылара», Далан “Дьикти саас”, Корней Чуковскай «Муха-Цокотуха», М.Обутова-Эверстова “Үс үүт күрүөнү үрдүнэн көтөр Үрүмэччи Маҥан аттаах Үрүлү Бэргэн Бухатыыр” олоҥхото үлэлэрдээх.
Саха биллиилээх бэйиэттэрин хоһооннорунан уус-уран-художественнай композициялары, республикатааҕы улахан тэрээһиннэри туруорар киэҥ араҥаҕа биллэр-көстөр, тыйаатыр, култуура сайдыытыгар сыралаахтык үлэлэһэр, ытыктыыр, киэн туттар киһибит.
Мин оҕо эрдэхпиттэн артыыс- ка буолуохпун баҕарарым эрээри, кимиэхэ даҕаны ол туһунан быктарбатаҕым. Ыйыттахтарына “учуутал буолуом” диэтэхпинэ, сөпкө этэбин дии саныырым. Оччолорго кыргыттар бары даҕаны учуутал буолар айдааннаах этибит. Оттон артыыска диэтэхпинэ, дьон күлүү гыныа диэммин, хаһан даҕаны баҕа санаабын кимиэхэ даҕаны кэпсээбэтэҕим…
Кырабыттан олус көхтөөҕүм: ыллыырым, үҥкүүлүүрүм, сыанкаларга да оонньуурум. Оччолорго агитбригада диэн баара, онно сылдьарым. Оскуоланы икки эрэ түөртээх бүтэрбитим, уоннааҕыта биэстэр этэ. Дьон миигин үрдүк үөрэххэ барыа диирэ. Сопхуоһум Тимирязевскай академияҕа зоотехник буоларга путевка биэрбитигэр: “Ээ суох, мин онно барбаппын”, — диэбиппэр: “Хайдах буолбут кыыһый”, — диэн өһүргэнэн турардаахтар.
Төһө өр баҕа санаабын кистиэхпиний, туттарсар кэм чугаһаабытыгар ийэлээх аҕабар эттэҕим дии. Аҕам бииргэ төрөөбүт инитэ САССР уонна РСФСР үтүөлээх артыыһа Петр Прокопьевич Николаев Ньурбатааҕы көһө сылдьар тыйаатыр артыыһа. Ол да иһин буолуо, дьонум утарсыбатахтара. Төрүкү даҕаны, ыал улахан оҕото буоламмын, мин тус санаам учуоттанааччы. Дьиэ кэргэн сүбэтигэр аҕам, ийэм уонна мин буолан мунньахтыырбыт. Кимиэхэ тугу ыларбытын, инники былааннарбытын кэпсэтэрбит. Кылааспар эмиэ күөн киһи этим. Оҕолору сатаан түмэрим. Салайааччы, дьаһайааччы хаачыстыбата миэхэ оччолортон баара. Хаһан даҕаны, туохтан даҕаны толлубат, куттаммат этим. Инньэ гынан, биир биэс тыла суох артыыс үөрэҕэр киирэрим быһаарыллыбыта. Онуоха, Саха сиригэр оннук үөрэх суох буолан, хаһан даҕаны дэриэбинэбиттэн ырааппатах киһи, Улан-Удэҕэ көппүтүм. Соҕотоҕун. Ити 1979 сыллаахха…
Тиийэн баран специализациябын барытын биэс-түөрт сыаналарга туттартаабытым. Миэнэ барыта бэлэм: хоһоон буоллун, монолог буоллун, үҥкүү буоллун. Нууччалыы да үчүгэйдик саҥарабын. Биһигини оскуолаҕа наһаа үчүгэй учууталлар үөрэппиттэрэ. Лидия Дмитриевна Васильева, Мария Прокопьевна Веревкина билигин тоҕус уон саастарын ааспыт эбэлэр. Мин кинилэргэ өрүү махтанабын, дириҥ билиини иҥэрбиттэригэр. Нуучча тылыгар үчүгэйдик үөрэммит буоламмын “Ордьоот оҕонньор” диэн Реас Кулаковскай суруйбут олоҥхотун бэйэм тылбаастаан турардаахпын.
Дьэ, онтон нуучча тылын экзамена буолла. Истэн суруйууну суруттарбыттара. Арай, сыанабын көрбүтүм — икки. Оргуйа түстүм, ыллым да ректор хоһугар ыбылы үктээн тиийдим ээ. “Үлэбин көрдөрүҥ! Мин хайдах даҕаны икки сыанаҕа суруйбаппын”, — диэтим. Ректор: “Суох, икки буолбатах — үс”, — диэн хоруйдаата. “Үскэ даҕаны сөбүлэспэппин, нуучча тылын грамматикатыгар “тем более”, — диэн туох да сүрдээхпин. Онуоха киһим өр соҕус олорон баран эттэ: “Саха сириттэн эйиигин кытта өссө хас да кыргыттар кэлбиттэрэ. Кинилэр сопхуоска аҕыстыы сыл ыанньыксыттаабыттар. Биһиги кинилэри ылабыт. Эн олус талааннаах, үөрэххэр чаҕылхай эдэр киһигин, онон эһиил кэлээр, биһиги эйиигин хайаатар да ылыахпыт”, — диэтэ. “Ах так!” — диэн, хос аанын тыастаахтык саба баттаан баран, физкультура саалатыгар киирэммин кыстанан сытар мааттар үрдүлэригэр умса түһэн маккыраччы ытаатым. Үөрэххэ киирбэтэхпиттэн буолбатах, дьонум иннигэр үчүгэй үөрэхтээх “отличница Валя” проваллаан кэлбит диэхтэрэ диэн, ол сааты-сууту санааммын. Бу сыттахпына преподавателлэр киирэннэр: “Ой, Валюшенька не плачь”, — диэн уоскута сатаабыттара, онуоха мин: “Никогда я к вам больше не приеду, в следующем году в Москву поеду. Чем мне задалась ваша учеба, ваш институт, вы меня подставили перед родителями, перед всей школой”, — диэбиппин өйдүүбүн. Абытайдаах хомойуу-хоргутуу буолбута (күлэр)…
Уоскуйан баран суол нөҥүө турар педучилищеҕа тиийэн докумуоммун туттардым. Бастакы экзамеҥҥа биэс сыананы ыллым. Бу сырыттахпына ийэм переговорга ыҥырда. “Миигин үөрэххэ ылбатылар, ол иһин педучилищеҕа киирэн эрэбин”, — диэтим. Онуоха ийэм: “Хайдах буоллуҥ, манна Бүлүүгэ дьиэҥ таһыгар педучилище баар буолбат дуо?! Кэлэ тарт, дьиэҕэр”, — диэтэ. Истигэн оҕо буоламмын “ээ да” диэбитинэн, докумуоммун үөрэхпиттэн ылан баран, Дьокуускайга кэлбитим. Тулагытааҕы эдьиийим хайдах эн проваллаатыҥ диэн олус мунаарбыта уонна култуураҕа барыаххын баҕарар буоллаххына, музыкальнай училищеҕа киир диэн, онно илдьэ бара сылдьыбыта. Соннук, дьонум барахсаттар, артыыска буолуон баҕарар диэннэр, күүс-көмө буола сатаабыттара. Онно даҕаны эһиил эрэ ылыахпыт диэбиттэрэ.
Дьиэбэр кэлбиппэр аҕам кыыһыра көрсүбүтэ: “Ити аата оскуолаҕа тугу да үөрэппэтэхтэр, сымыйа үөрэх, бар ыанньыксыттыы”, — диэбитэ. Аҕам абытайдаах хомуньуус киһи этэ. Инньэ гынан, ыанньыксыттыы барбытым. Тыаҕа олорор оҕолор үөрэнэр таҥаспытын атыылаһынаары эрдэттэн да ыанньыксыттыыр, оттуур этибит. Мин Мария Никитична Иванова диэн уордьаннаах ыанньыксыт биригээдэтигэр олох кырабыттан, алтыс кылаастан, үлэлээбитим. Ол иһин от үлэтин, бырдахха сиэтэр диэни билбитим. Киниэхэ киирбитим, үлэлии.
Кыра уҥуохтаах уонна хачаайы буоламмын хотон мала-сала барыта олус улахан, үрдүк курдуга. Оту киллэрэн далга сүөкүүбүн, уотурба көөнньөрөбүн, ынахтары ыыбын… Үлэлиирбэр чэпчэки буоллун диэн ийэм дермантинынан комбинезон тигэн биэрбитэ. Ол сырыттахпына Ньурба көһө сылдьар тыйаатыра кэлбитэ. Ийэм кийиитигэр Валентина Пантелеймоновна Николаеваҕа: “Ити кыыһы илдьэ барыҥ эрэ, баһаалыста, манна олох охтоору гынна”, — диэн көрдөспүтүн кэннэ, ол эппит киэһэтигэр уопсай мунньах тэрийэннэр, миигин ыллатан, үҥкүүлэтэн бараннар сарсыҥҥы күнүгэр илдьэ барбыттара. Николаевтар бэйэм дьонум буоллахтара. Валя диэн саҥаһым аатын сүгэбин. Билиҥҥээҥҥэ диэри билсэбит. Валентина Пантелеймоновна быйыл олунньу сүүрбэ үһүс күнүгэр аҕыс уон сааһын туолла.
Ньурбаҕа тиийэммин аны убайбыттан мөҕүллүбүтүм. “Театр диэн храм, параднай аанынан эрэ киирэллэр, эн өссө кэтэх аанынан киирэ-киирэҕин,” — диэн баалаабыта. Кэнники арыый уоскуйбута. Кырдьык баҕалаах, талааннаах быһыылаах диэбитэ буолуо… “Мин Баликкам,” — диир буолбута. Ньурбаҕа тиийэрбэр, 1979 сыллаахха, бу тыйаатыры тэрийсибит дьон баар этилэр: Владимир Семенов, Анатолий Криговорницын, Валентина Николаева, Петр Николаев, Дмитрий Иванов. Бу аксакаллары кытта үлэлээбиппиттэн олус астынабын, киэн туттабын. Миэхэ тыйаатыр эйгэтин арыйбыт дьон — кинилэр.
Биир сыл үлэлээбитим кэннэ Щепкин аатынан үрдүкү театральнай училищеҕа Дьокуускайга хомуур арыллыбытыгар туттарсыбытым. Онно травести диэн амплуаҕа киллэриэх курдук буолан иһэннэр, театрга эрдэ үлэлии сылдьыбытым иһин, ылбатахтара. Тыйаатырга сыстыбыт кыра да уопуттаах киһини хаттаан үөрэтэр, уларытар уустугун иһин ыла сатаабаттар эбит. Ол иһин үрүҥ илиис курдук “ыраас” оҕолору ордороллор. Мин оччолорго номнуо хас да оруолу оонньоотоҕум дии. Манна ылбатахтарыгар эмиэ ытааһыннаах- соҥооһуннаах буолбута. Дьиҥэр, хайаатар даҕаны киирэбин диэн, бэйэбэр олус эрэллээх кэлбитим.
Бу хомойо-хоргута сырыттахпына, циркалар устудьуоннары хомуйа кэлбиттэр үһү диэн кыргыттар өскүөрүтүн эппиттэрэ. Бүгүҥҥү артистка-вокалистка Алевтина Лукинова, Валентина Пак, Зинаида Бухолова буоланнар вокальнай отделениеҕа туттарса баран эрэллэр этэ. Мин күүс- көмө буолаары, көрөөрү эрэ барсыбытым. Тиийбиппитигэр Петр Пестряков баара. “Хайыа, эн баар эбиккин дуу,” — диэбитигэр, мин туттарсыбаппын, көннөрү да оруолу оонньоотоҕум дии. “Ээ, буоллун, Ньурба кыргыттара тахсын эрэ”, — дэспиттэрэ. Ньурба буолбатах да буолларбын, тахсыспытым. Кыргыттарым ыллыыллар, мин эмиэ ыллыыбын… Барытын толорон, оҥорон испитим. “Биһиэхэ вокальнай диэн суох, эстрада-цирк диэн салааҕа хомуур оҥоро сылдьабыт”, — диэбиттэрэ. Үҥкүүһүт буоламмын, миигин ылбыттара.
Онон цирка үөрэҕэр киирэн хаалбытым. Бииргэ туттарса сатаабыт Щепкиннарбын кытта Москубаҕа сэргэстэһэ үөрэммитим. Бу эйгэҕэ, маҥнайгы циркэ артыыстарын ахсааннарыгар киирбиппэр дьылҕабар махтанабын. Түөрт сыллаах үөрэхпин кыһыл дипломунан бүтэрбитим. Циркэ үөрэҕин синтетическэй артыыс буолан бүтэрэҕин. Ол эбэтэр элбэҕи сатыырга үөрэтэллэр. Мин степ үҥкүүлүүрүм, ыллыырым, клоуннуурум, канат үрдүнэн хаамарым.
Оччолорго Дьокуускайга цирк диэн суоҕа. Маҥнай биһиги саҕалаабыппыт. Нэһилиэктэри кэрийэн гастроллуур буолбуппут. Тиийдим эрэ мастарыскыайга ойорум, тырахтарыыс уолаттары кытта билсэ охсорум. Кулууп эркинин дьөллөрөрүм, өтүү быабын таттарарым. Онуоха кулууп үрдэ олус намыһах буолан, бастакы кэккэ иннинэн хаамарым.
Маҥнайгы гастролум Тиксиигэ ааспыта. Байыаннай чааска алта сүүс миэстэлээх дыбарыаска саллааттар иннилэригэр канакка хаампытым. Онно алтата ыҥыран бокулуоннаппыттара. Купальниктаах кыыһы көрүөхтэрин баҕарбыттара дуу, талааммар сүгүрүйбүттэрэ дуу, биллибэт диэн күлэбин…
1994 сыллаахха Филармонияны хас даҕаны салааҕа араарбыттара уонна биһиэхэ, циркэлэргэ, Ойуунускай уулуссатыгар мастырыскыай (токарнай сыах) буолан турбут дьиэни анаабыттара. Бары мустаммыт ол мастарыскыайбытын ыраастаабыппыт. Олус ыарахан ыйааһыннаах тимир саахтарын таспыппытыттан салла саныыбын. Үлэ бөҕөтүн көрсүбүппүт. Циркэни Сергей, Марфа Расторгуевтар тэрийбиттэрэ уонна салайбыттара. Бу кэмҥэ култуура колледжыгар сыана маастардара диэн салаалар арыллыбыттара. Мин онно цирка салаатыгар үлэм быыһыгар- ардыгар устудьуоннары үөрэтэн саҕалаабытым. Сыыйа-баайа циркабыттан тохтообутум уонна режиссер үөрэҕэ наада диэммин, Улан-Удэбар режиссер салаатыгар киирбитим. Бу үөрэҕим кыһата сайдан, улаатан Ускуустуба Академията диэн буолбут этэ. Дьокуускайга кэлэн үөрэппиттэрэ, дипломнарбытын антах көмүскээбиппит. “Режиссер профессионального театра” диэн кыһыл диплом туппутум уонна 1996 сыллаахха Алексей уонна Матрена Павловтар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын саҥа тэринэн эрэр кэмнэригэр ыҥырбыттарыгар, киирбитим. Мария Данилова, Валентина Чиркова бааллара. Бэһиэ буолан тэрийбит тыйаатырбыт билигин биэс уонтан тахса үлэһиттээх буола үүннэ. Бастакы испэктээхпитинэн Иван Гоголев-Кындыл “Абааһылаах кылаат” кэмиэдийэтэ буолбута. Бу мин Улан-Удэҕа дипломнай үлэм этэ. Иван Михайлович миигин “мин оҕом” диирэ. Элбэҕи сүбэлиирэ-амалыыра. Бу туруорууттан Эдэр көрөөччү тыйаатырыгар үлэм саҕыллан барбыта.
Билигин оскуола үөрэнээччилэрин кытары “Тыйаатыр уонна оскуола” диэн бырайыактаахпын. Саха гимназията, “Айыы Кыһата” оскуолалары, Берегиня тулаайах оҕолору иитэр дьиэ оҕолорун кытары олоҥхолору, испэктээхтэри туруорбуппут. Бу маннык тэрээһиҥҥэ кылаас оҕото, төрөппүттэр, учууталлар, иитээччилэр биир ыал буолан үлэлиибит. Элбэх бириэмэни, сыраны эрэйэр тэрээһин буолар эрээри, оҕо иитиитигэр олус улахан суолталаах уонна кыттыылаахтары бииргэ сомоҕолуур ураты күүстээх. Манна төрөппүттэр таҥастарын-саптарын, декорацияны, музыка оҥоруутун барытын уйунуохтарын наада.
Дьаҥсык кэмэ буолуон иннинэ улуустары кэрийэн “Күн бытархайдара” бэстибээл тэрийэрбит. Быйыл “Автономия 100 сылынан” Саха суруйааччыларын айымньыларынан туруорууларга күрэс ыытылла турар. Оҕолор туруорууларын видеоҕа устан ыыталлар. Билигин барыта кэтэхтэн уунан буолбута хомолтолоох. Дьиҥэр, тыйаатыр диэн илэ буола турары тыыннаахтыы көрдөрүү буоллаҕа.
Тыйаатыртан оҕо элбэҕи билэн тахсыахтаах. Ону ситиһэ сатыыбын. Элбэх ырыалардаах, үҥкүүлэрдээх, музыкальнай доҕуһуоллаах испэктээхтэри туруорарбын ордоробун. Ол иһин артыыстарым бары ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр. Тыыннаах доҕуһуол хайаатар да баар буолар. Элбэх инструмент баара оҕону сайыннарар. Аныгы көрөөччү билиитэ-көрүүтэ үрдүк. Былыргы оҕоҕо мааска кэттин эрэ, бу —бөрө диэн өйдүүр этэ. Билигин информация хонуута олус кэҥээтэ. Оҕолор эҥин компьютерынан оҥоһуллубут киинэлэри, мультиктары көрөллөр, ол иһин биһиги сыанаҕа көрдөрөрбүтүн эмиэ ылыналларын ситиһиэхтээхпит. Оҕо хаһан, ханна баҕарар оҕо. Кини син-биир кэнэн буолар. Онон көрөөччүлэрбитин кытта тэҥҥэ сайдан, өссө дьикти туруоруулары оҥорон иһиэхтээхпит. Ол туһугар куруутун үөрэнэбит, үрдэтинэбит. Үөрэх хаһан да хаалбат.
Тыйаатыр диэн олус интэриэһинэй, кэрэ, дириҥ эйгэ. Биһиги театраллары, кэрэни сэҥээрээччилэри иитэн таһаарабыт. Оҕолоргутун хайаатар да кэрэни кытта алтыһыннара, сайыннара сатааҥ.
Юлия ПЕСТРЯКОВА