Андреевтар сырдык алаһалара

Аныгы үйэ сиэринэн араас быһыылаах, тупсаҕай көстүүлээх, ойуулаах-мандардаах   чааһынай дьиэлэр дьэндэйэллэрэ киһи хараҕар  быраҕыллар.  Бу Дьокуускай куорат кииниттэн ырааҕа суох сиргэ  тутуллубут мааны  дьиэ,  үс оҕолоох   эдэр ыал Маргарита уонна Евгений Андреевтар көмүс ньээкэ уйалара буолар.  Кинилэр алта сыл биир хостоох кыбартыыраҕа олорон, саха ыалын сиэринэн элбээн уонна тыа сиригэр улааппыт дьон   чааһынай дьиэлэнэр ыра санаалара баһыйан,  кыбартыыраларын атыылаан дьиэ туттарга быһаарыммыттар. Бу, биллэн турар, биир-икки сыллаах үлэ буолбатах. Ол курдук, дьиэлэрин атыылаан баран икки сылтан ордук биэс араас кыбартыыраҕа куортамнаһан олорбуттар.  Ааспыт сылга Уһук-Илиҥҥи ипэтиэкэни туһанан,  бэйэлэрин баҕаларынан     киэҥ-куоҥ  мас  дьиэни туттаран   киирбиттэр.   Маргарита иэримэ дьиэни иччилээн оҕолорун көрөн олорор, оттон Евгений    «Якутия» авиа-хампаанньа биир тутаах үлэһитэ буолар.  Бүгүн кинилэргэ ыалдьыттыыбыт.

2019 сыллаахха   8 суотайдаах уһаайбаларын  700 тыһ солк атыыласпыттар.  Баҕарбыттарын курдук оптуобус тохтобулуттан чугас, гаастаах, уоттаах, улахан оҥхойо суох көнө уонна оттоох-мастаах сир.

Дьиэ  икки мэндиэмэннээх, 7х10 кээмэйдээх, уопсай иэнэ 150 кв. м,  18х18-таах  буруус маһынан тутуллубут, акылаата ленточнай. Көҥдөйүн «под ключ» тутар биригээдэ дьэндэппит. Дьиэ сыаната быһа холоон 4 мөл 800  тыһ солк тэҥнэспит.

 

Хаһаайыттар дьиэлэрин бырайыагын бэйэлэрэ толкуйдаабыттар. Ол курдук, бастакы этээскэ тастан киириигэ аан хос, киэҥ-куоҥ куукуна, саала, ыалдьыт хоһо,  хаһаайыстыбаҕа аналлаах хос уонна душ, туалет бааллар.

 

Оттон иккис этээскэ түөрт утуйар хос баар. Оҕолор биирдии бэйэлэрэ туспа хостоохтор.  Саамай улахан хаһаайыттар хосторо. Манна таҥас-сап уурарга кыра хос быһыллыбыт.    

 

Дьиэ уопсайа 15 түннүктээх, саала   «второй свет»  диэн аатырар улахан түннүктэрдээх. Бу — дьиэҕэ күн сырдыгын киллэрэрин таһынан, кэрэ көстүүнү арыйар уонна дьиэни ис-тас өттүттэн  олус киэргэтэр.  Уокка да  кэмчилээх буолууһук. Түннүктэри туппут биригээдэ бэйэтэ үлэһэн оҥотторбут. Хаһаайыттар кырыарбат, тымныынан хаарыйбат диэн астыналлар.


Дьиэ ис бараанын  иккис этээскэ тахсар тупсаҕай кирилиэс олус киэргэтэр. Дьиэлээхтэр кирилиэһи күҥҥэ элбэхтэ  тутталлар. Онон бөҕө-таҕа, кыра оҕолорго, саастаах дьоҥҥо куттала суох буолара ордук.

 

Дьиэ бастакы этээһин муостатыгар  “теплый пол” оҥотторбуттар.   Бу тыйыс кыһыннаах сиргэ олорор кыра оҕолоох  дьоҥҥо олус туһалаах диэн хаһаайыттар бэлиэтииллэр.  Ону таһынан  дьиэҕэ эбии сылааһы биэрэр буолан, оһохторун температуратын улаханнык улаатыннарбаттар эбит. Холбооһунун Евгений бэйэтэ оҥорбут. Температуратын эмиэ бэйэлэрэ көрөн туруораллар. Оҕолор чараас таҥастаах, атах сыгынньах кыстаабыттар.  Оттон муостата ламинат, иккис этээс киэнэ мас.

 

Хаһаайыттар үптэрин кэмчилээн  дьиэлэрин сылытыытын, толору хааччыллыытын  бэйэлэрэ киллэрбиттэр.  Гаас оһоҕун истиэнэҕэ ыйанар ”Navien” диэн фирманы 55 000 солк, носуостарын 12 000 солк атыылаһан туруорбуттар. Ууларын үс кубтаах емкаска куттараллар эбит.  2-3 нэдиэлэҕэ  тиийэр диэн кэпсииллэр.  Септиктарын балтараа ыйга биирдэ оботтороллор.

 

Дьиэ таһыгар   6,5х7,5 кээмэйдээх, икки массыына киирэр  гарааһа турар.   Буруус уонна сип-панель диэн матырыйаалынан аймахтар буолан көмөлөөн   туппуттар.   Гаас оһоҕо, носуос, уу емкаһа    манна  турар буоланнар олус табыгастаах эбит.    Дьиэҕэ  тыас-уус суох уу-чуумпу.   Кэлин баанньык, тэпилиисэ, бэсиэдкэ туттар былааннаахтар.

Андреевтартан тэттик сүбэлэр

1  Дьиэни туттуох иннинэ кэлин кэмсиммэт курдук миэбэл ханна туруохтааҕар тиийэ,  ымпыгар-чымпыгар диэри былаанныыр ордук.  Холобур, саха итэҕэлинэн дьиэ аана илин өттүгэр буоларын учуоттаан,    хас хостоох,  түннүктээх  буоларын   былаанныыр үчүгэй.

2  Куукуна уонна туалет  чугас  тураллара ордук. Уу  турбата кылгас буоллаҕына  сыыһырдыы тахсыбат.

 Биһиги дьиэбитин былырыын күһүн туттаран сэтинньи ыйга киирбиппит.
Инньэ гынан,  сииктээх соҕус уонна ситэ  ханаппаакылаабатахпыт   билиннэ. Онон ыксаабакка хаачыстыбалаахтык  ханаппаакылаан, куурда түһэн  баран көһө сатааҥ.

4  Тутуу саҕаланыан иннинэ  уонна дьиэбит акылаата түспүтүн кэннэ  сирбитин  алаадьылаан  аһаппыппыт.  Дьиэбит этэҥҥэ  тутулуннун диэн алҕаабыппыт. Ону тутуһар тоҕоостоох дии саныыбыт.

Чааһынай дьиэлээх буолар диэн, кыбартыыраҕа холоотоххо олох атын буоллаҕа дии. Манна эйигин ким да эркин нөҥүө кэтээбэт-манаабат, ааны арыйдыҥ да сибиэһэй салгын, уу-чумпу. Билиҥҥи харантыын кэмигэр ордук үчүгэй. Мас  дьиэ  ыраас салгыннаах, киһи наһаа үчүгэйдик утуйан, сынньанан турар. Төһө баҕар  хойукка диэри өрөмүөннэниэххин сөп.  Оҕолор биирдии бэйэлэрэ  хостоохтор,  баҕардылар да таһырдьа тахсан оонньууллар.  Гараас баара өссө үчүгэй. Ону таһынан кыһыҥҥы кэмҥэ ып-ыраас муус уутун иһэбит. Онон дьиэ туттуон баҕалаах эбэтэр тутта сылдьар дьоҥҥо туруоруммут сыалгытын ситиһэргитигэр, баҕа санааҕыт олоххо киирэригэр баҕарабыт.

Дьоруойдарым саҥа дьиэлэригэр баара-суоҕа төрдүс эрэ ыйдарын  олороллор. Тус бэйэм көрдөхпүнэ дьиэ ис бараана силигин сиппит. Оннооҕор истиэнэҕэ ыйаммыт хартыыналар киһи хараҕын үөрдэллэр. Киэҥ-куоҥ хостор  үрүҥ өҥнөөх миэбэлинэн туолбуттар. Маны барытын хаһаайка талан, сороҕун атын куораттан үлэһэн ылбыттар. Саҥа дьиэ куруук сылаас, сырдык, оҕо саҥатынан чугдаара турдун, элбэх ыалдьыттаах буоллун.  

 

 Венера Охлопкова, Вера Овчинникова хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...