Аныгы үйэҕэ икки атахтаах тугу айбатаҕа-туппатаҕа баарый?! Оннооҕор балаҕаны бу курдук тупсаҕайдык тутан дьэндэтиэххэ сөбүн «Sakha Building» тутар хампаанньа көрдөрөр. Бу аныгылыы тутуулаах дьоҕус балаҕаҥҥа үгүс дьон хараҕа хатанар буолуохтаах. Аныгы үйэ сиэринэн атын матырыйаалларынан тутуллубутун да иһин, өбүгэлэрбит мындыр өйдөрүн, уран толкуйдарын илдьэ сылдьар. Онон эдэрдиин-эмэнниин бары сэҥээрэллэрэ саарбаҕа суох.
Балаҕан 6х6-лаах, верандата 2,5х6-лаах, каркааһа буруус бэс, оттон акылаата лафет тиит мас. Эркиннэринэн сылааһы тутар хаттыга 15 см халыҥнаах: 10 см – пенополистирол, 5 см – минеральнай баата. Онон саас биллэрдик сылыйбытын кэннэ көһөн баран күһүн хойукка диэри холкутук олоруохха сөп.
Үрдэ уонна тас ойоҕосторун бүрүөһүнэ профнастил диэн ылтаһын. Оттон кэннигэр уонна иннигэр блок хаус диэн төгүрүк (оцилиндровка) маска майгынныыр хаптаһыннарынан бүрүллүбүт. Биэс камералаах, орто кээмэйдээх түөрт түннүктээх.
Ис бараана буруус маска майгынныыр евровагонка хаптаһыннарынан сааллыбыт. Оттон муостата шпунтованнай дуоскаларынан оҥоһуллубут. Ол иһин, балаҕаҥҥа киирдэххэ сыттыын-сымардыын мас дьиэни санатар. Тастан киириигэ аан хостоох (прихожай), холбоһук куукуна, саала уонна биир утуйар хостоох.
Балаҕан ураты кэрэ оҥоһуута сэргэ буолар. Бу сэргэ тиит мастан аналлаах маастарга оҥоһуллубут. Оһуорун-мандарин кичэйэн талан, сиэри-туому тутуһан туруорбуттар.
Венера Охлопкова