Аввакумовтар сайыҥҥы дьиэлэрэ

 «Алаһа» рубрика маанылаах ыалдьыттарынан Ньурба куоратын олохтоохторо  Сардана уонна Виктор Аввакумовтар буолаллар. Эдэр ыал үс кыыс оҕолоохтор, урбаанынан дьарыктаналлар. Ыал аҕа баһылыга  тутар биригээдэлээх, оттон ийэлэрэ  иһити-хомуоһу, дьиэни киэргэтэр араас малы-салы атыылыыр дьоҕус маҕаһыыннаах. 

Аввакумовтар тэлгэһэлэригэр дьоһун тутуулаах ураты сайыҥҥы  дьиэлээхтэр.  Бу дьиэни икки сыллааҕыта Виктор биригээдэтин кытта   дьэндэппит, оттон ис бараанын Сардана  бэйэтэ толкуйдаан оҥорбут. Инньэ гынан, аҥаардас матырыйаалларыгар быһа холоон 300 тыһ солк туттубуттар.

Сайыҥҥы дьиэлэрин ыам ыйыттан саҕалаан балаҕан ыйа бүтүөр диэри аһыыр, сынньанар сир   оҥостоллор эбит. Хаһаайыттар ис сүрэхтэриттэн кыһаллан, кичэйэн туппуттара тута харахха быраҕыллар. Дьиэ  иһэ-таһа уурбут-туппут курдук барыта орун оннугар,  нууччалыы эттэххэ, олус уютнай, киһи эрэ сынньаныах эйгэтэ оҥоһуллубут.

Дьиэ төкүнүк  тиит маһынан тутуллубут, акылаата эмиэ мас. Иэнэ 4х6-лаах, үрдэ мансаарда курдук буолан киэҥ-куоҥ, салгыннаах. Оттон  муостата түөртээх хаптаһынынан  оҥоһуллубут. Сайыҥҥы дьиэ буолан аннынан туох да сылытыыта  суох. Кырыыһатын  «Isover» матырыйаалынан хаттыктаан баран металлочерепицанан бүрүйбүттэр. Паакыла оннугар ойуур  муоҕун уган ханаппаакылаабыттар.

4 м кэтиттээх, 1,8 м үрдүктээх икки улахан түннүктээх. Маннык сайыҥҥы дьиэ төгүрүччү түннүктээх буолара оһуобай диэн хаһаайыттар бэлиэтииллэр. Биллэн турар, бырдах, үөн-көйүүр киирбэтин курдук сиэккэлэнэрэ ордук. Аана эмиэ түннүктэр курдук  панорамнай 2 м кэтиттээх уонна үрдүктээх. Купе-ыскаап аанын курдук арыллар, сабыллар.

Оттон оһохторо шлакоблогунан оҥоһуллубут. Шашлык эҥин буһарыахха сөп. Ону таһынан, казаҥҥа эмиэ астыыллар.

Дьиэ иһинээҕи эркинэ  «Акватекс сканди айсберг»,  тас өттө   «Belinka полисандр» диэн кырааскаларынан,  оттон муостата тэрээсэҕэ аналлаах арыынан  сотуллубут.

«Сайыҥҥы кэмҥэ  уу систиэмэтэ үлэлиир буоллаҕына, илии суунарга,  иһит-хомуос сууйарга  раковина, кыраан баара олус абыраллаах. Улахан дьиэттэн төттөрү-таары аһы-үөлү, иһити таспат гына, халадьыынньык, билиитэ оһох баара хаһаайка күннээҕи түбүгүн олус чэпчэтэр», — диэн ыал ийэтэ Сардана санаатын үллэстэр.

 Венера Охлопкова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...