Ааспыт сыл 2-с нүөмэригэр “Алаһа” диэн рубрикаҕа, элбэх оҕолоох эдэр ыал Андреевтар ыалдьыттаабыттара. Кинилэр икки мэндиэмэннээх мас дьиэлэрин хайдах былааннаан, үбү-харчыны тыыран туттубуттарын, ону таһынан, сирдэрин, дьиэ тээбиринин хантан, хас сыанаҕа атыыласпыттарын туһунан сырдаппыппыт. Ону күндү ааҕааччыларбыт олус сэҥээрбиккит. Ол иһин “Алаһа” рубриканы үүммүт сылга хас нүөмэр аайы таһаарарга кыһаллыахпыт. Манна мааны дьиэлээх-уоттаах дьону эрэ буолбакка, тиэргэннэрин уратытык, тупсаҕайдык оҥорбут эбэтэр балаҕаннарын, баанньыктарын, сайынын сынньанарга аналлаах үрүттээх кыра тутууларын мындырдык толкуйдаан туппут уус дьону, дьиэ кэргэттэри таһаарыахпыт. Ону таһынан сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах сүбэлэр, ыйыылар-кэрдиилэр баар буолуохтара. Оттон саҥа сыл бастакы нүөмэригэр икки мэндиэмэннээх баараҕай таас дьиэ хаһаайыттара, Дьокуускай куорат олохтоохторо, элбэх оҕолоох эдэр ыал Третьяковтар ыалдьыттыыллар.
Марианна уонна Петр Третьяковтар 2008 сыллаахха ыал буолбуттар. Түөрт оҕолоохтор: улаханнара 13 саастаах, кыралара 9 ыйдаах. Ыал аҕата Петр физкультура учуутала уонна юрист идэлээх. Билигин оҕо уһуйааныгар спортинструкторынан үлэлиир. Оттон Марианна саха филологиятын уонна култууратын салаатын бүтэрбит, кэлин идэтин уларытан куораттааҕы библиотекаҕа кылаабынай библиотекарынан үлэлиир. Билигин кырачаанын көрөн олорор. Социальнай ситимҥэ дьиэтин-уотун туһунан сиһилии суруйан, үгүс сурутааччылар болҕомтолорун ылар.
Дьоруойдарым 2013 сыллаахха дэриэбинэҕэ олорон Дьокуускайга биир хостоох кыбартыыраны атыыласпыттар. Ону бэйэлэрэ икки хостоох гына оҥорон өрөмүөннээбиттэр. Нөҥүө сылыгар куоракка көһөн кэлэн онно олорбуттар. Онтон ипэтиэкэнэн 78 кв м иэннээх сабыс-саҥа кыбартыыраны ылан, ону эргитэн КПД дьиэҕэ үс хостооҕу атыыласпыттар. Билигин сүүстэн тахса кв м иэннээх таас дьиэҕэ олороллор. Тоҕо чуолаан таас дьиэни туттарга быһаарыммыттарын, сирдэрин хайдах көрдөөн булбуттарын, ититиини, толору хааччыллыыны киллэриигэ төһөнү төлөөбүттэрин о.д.а. туһунан ыал ийэтэ Марианна маннык кэпсиир: 8х8-таах дьиэҕэ анаммыт бэлэм кутуу акылааттаах сири атыыласпыппыт. Тиэргэн көрдүүрбүтүгэр бастаан ханнык оройуоҥҥа, чопчу хайдаҕы баҕарарбытын быһаарбыппыт уонна ол эрэ түөлбэҕэ көрдөөн саҕалаабыппыт. 2018 сыллаахха сирбит сыаната ыарахан курдук этэ. Билигин бу эҥэр туох да тутуута суох сир сыаната 3,5-4 мөл түспэт.
— Мин испэр сэмээр улахан чааһынай дьиэ туттуохпутун баҕарар этим. Харчы мунньунан куорат таһыгар бастакы сирбитин атыыласпыппыт. Мархаттан тэйиччи турар буолан ыарахаттардаах буолсу диэммит, атыылыырга быһаарыммыппыт. Ол кэнниттэн ипэтиэкэнэн 1 мөл. 850 тыһ. Сэргэлээхтиир суолга турар төгүрүччү күрүөлээх, саҥа сайыҥҥы дьиэлээх, суунардаах, киирэн тахсар сирдээх уонна 8х8-таах дьиэҕэ анаммыт бэлэм кутуу акылааттаах сири атыыласпыппыт. Тиэргэн көрдүүрбүтүгэр бастаан ханнык оройуоҥҥа, чопчу хайдаҕы баҕарарбытын быһаарбыппыт уонна ол эрэ түөлбэҕэ көрдөөн саҕалаабыппыт. 2018 сыллаахха сирбит сыаната ыарахан курдук этэ. Билигин бу эҥэр туох да тутуута суох сир сыаната 3,5-4 мөл түспэт.
Бастаан бэлэм акылаакка дьиэбитин туттаары гыммыппыт да, саарбахтааммыт тутуу үлэһиттэрин ыҥыран ыйыталаспыппытыгар, икки мэндиэмэннээх мас дьиэни эрэ кыайар диэбиттэрэ. Оттон биһиги бастакыта таас, иккиһэ мас эбэтэр бүтүннүү таас буолуон баҕарбыппыт. Тоҕо диэтэххэ, баһаартан куттала суох уонна аныгылыы өрөмүөннээх буолуохтаах диэн толкуйдаабыппыт. Ол иһин дьиэбитин учаастакпыт атын өттүгэр туттарга быһаарыммыппыт. Тутуу үлэһиттэрэ таас дьиэ атахха турара ордук диэбиттэрэ. Оччоҕо кэлин хамсаабат буолар эбит.
Инньэ гынан дьиэбитин тоҕус атах үрдүгэр туттарбыппыт. Дьиэбит атахтара турбуттарын кэннэ, тутуу этэҥҥэ түмүктэнэрин туһугар, сирбитин-уоппутун алаадьынан аһаппыппыт. 2020 сыллаахха атырдьах ыйыгар тутуубут саҕаламмыта, кэлэр сыл бэс ыйыгар көһөн киирбиппит.
Икки сыллааҕыта таас дьиэни тутар хампаанньалар элбэҕэ суохтар этэ. Куйаар ситимиттэн “Каменный дом” диэн тэрилтэни булбуппут. Бастакы кэпсэтиибитигэр дьиэ бырайыагын көрдөөбүттэрэ, онон уопсай сууматын ааҕан биэриэхпит диэбиттэрэ. Инньэ гынан дьиэбит бырайыагын кэргэмминээн бэйэбит толкуйдаабыппыт (билигин тэрилтэ бэйэтэ бырайыактаан биэрэр). Хайдах буолуохтааҕын быһа холоон билэр этибит эрээри, сантиметрыгар тиийэ оҥоруохтаахпыт диэммит быһаарыммыппыт. Интэриниэттэн эҥин көрөммүт кумааҕыга уруһуйдаан баран, ону дизайнеры кытта олорон анал бырагырааммаҕа оҥотторон ылбыппыт. Дьиэ тээбиринэ ханна туруохтааҕар тиийэ ааҕансуоттаан киллэрбиппит. Инньэ гынан бырайыакпытын барыстаахтык 25 тыһ. солк. оҥотторбуппут. Манна биири сүбэлиэм этэ, дьиэҕит бырайыага хайдах буолуохтааҕын сиргэ ураҕас мастары ууран эбэтэр уруһуйдаан оҥорон көрүҥ. Мин улахан уолбунаан ийэм тиэргэнигэр оҥорбуппут уонна ол «хостор» истэригэр хаама сылдьан, туох ханна туруохтааҕар тиийэ быһа холоон билбитим. Маннык гынаммыт утуйар хоспутун улаатыннаран биэрбиппит. Бастаан хоспут иһигэр хоспуйа (гардероб) быһаары гыммыппыт ээ. Онтон аккаастаммыппыт да үчүгэй эбит. Билигин хоспут киэҥкуоҥ: улахан ороммут, туалетнай остуолум, оҕобут ороно холкутук батан тураллар.
Ипэтиэкэбит суумата 5 мөл. 900 тыһ. Манна тоҕус кутуу атах, таас эркиннэр, тас хаттыга, кырыыһата, сыбаҕа, кырааската, түннүктэрэ, ааннара, гаражпыт акылаата, матырыйааллар киирбиттэрэ. Ититиини, толору хааччыллыытын, өрөмүөнүн, ис тээбирини кыбартыырабытын атыылаан бэйэбит уйуммуппут. Дьиэбит 8,5х10-наах, 170 кв м иэннээх. Гааспытыгар, ордук тымныы ыйдарга гаражпытын кытта холбоон, уопсайа 250 кв м иэннээх дьиэҕэ үрдээбитэ, 7,5 тыһ. төлүүбүт, саас, күһүн 3-4 тыһ. буолар.
Бастакы мэндиэмэҥҥэ тастан киириигэ аан хос, оҕолор оонньуур эбэтэр ыалдьыт хонор хоһо, бииргэ холбоммут куукуна уонна саала, суунардаах киирэн тахсар сир бааллар. Кирилиэспит аннын туһаҕа таһааран хаһаайыстыбаҕа аналлаах хоспох оҥорбуппут. Оттон иккис мэндиэмэҥҥэ түөрт утуйар хос, баанналаах тахсан киирэр сир баар. Ону таһынан хоспуйа хоско таҥаспытын-саппытын харайабыт, сууйар, куурдар массыыналарбыт манна тураллар. Таҥаһы сууйтаран, куурдан баран үргүлдьү ыскаапка ыйаан, сааһылаан кэбиһэргэ олус табыгастаах. Быйыл иккис кыһыммытын кыстаан эрэбит. Дьиэбит сылаас, түннүктэр, муннуктар кырыарбатылар, сиигирбэтилэр. Таас дьиэ салгылатара сатаммыт буоллаҕына, бэртээхэй буолар эбит. Биһиэнин кэргэним бэйэтэ толкуйдаан оҥорбута. Оттон тас өттүгэр тымныыны киллэрбэтин, сылааһын тутарын курдук, 10 см кэтиттээх полистиролу икки хос тутан саайбыттара. Хайдыбатын диэн эрэһэлээн баран, бастакы мара сыбаҕын үрдүнэн декоративнай сыбахтаан, грунтовкалаан баран, икки хос кырааскалаабыттара. Дьиэбит уопсайа 12 түннүктээх, бары даҕаны кырата суохтар, сыаналара 170 тыһ. кэриҥэ буолбута. Үгүс матырыйаалы бэйэбит маҕаһыыннары кэрийэ сылдьан ылбыппыт уонна туппут тэрилтэҕэ суотун ыытан испиппит. Инньэ гынан үгүс үчүгэй хаачыстыбалаах матырыйааллары удамыр сыанаҕа булбуппут. Барытын тутуу тэрилтэтигэр сэлээннээбэккэ, бэйэҕит ымпыгар-чымпыгар тиийэ быһаарсаргыт ордук.
Социальнай ситимҥэ дьон үксүн болкуоҥҥа уонна күүлэҕэ тахсар ааннар тустарынан ыйытааччылар. Бу улахан кээмэйдээх пластик түннүктэри бэйэм толкуйдаан үлэспитим. Тоҕо диэтэххэ, таастаах аан сыаната олус ыарахан этэ.
Кирилиэспит биир өттүнэн аһаҕас буолан, дьиэ үрдүгүн көрдөрөр, киэҥ-куоҥ, сырдык көстүүнү биэрэр, 12 кв м ылан турар. Үктэлин үрдүгэ 19 см, үөһэ өттүн кэтитэ 1 м, аллараата 1,2 м. Икки киһи холкутук аасыһар. Түннүктээх буолан олус сырдык, лүүстэрэбин үгүстүк холбообоппут даҕаны. Кирилиэспит олоҕо дьиэ сыанатыгар киирэ сылдьар. Тимирин 25 тыһ. атыыласпыппыт, дьиэҕэ киирэр кирилиэһи, болкуону кытта тимир сыҥаһаларын иһэрдиигэ 47 тыһ., оҥорбут киһиэхэ 30 тыһ. төлөөбүппүт.
Ититиини уонна толору хааччыллыытын кэтэх киһиэхэ үлэһэн 180 тыһ. оҥотторбуппут. Ону бэйэбит уйуммуппут. Дьиэ сааһыары тутуллара ордук эбит, биһиги хойутаабыт этибит. Гаражпыт сэтинньигэ тутуллан бүппүтэ. Кыһын буолан ититиини бастаан онно киллэрбиппит. Гаражпытыгар хочуолбут, уу сылытарбыт, түөрт кубтаах уу иһитэ тураллар. Хочуолбут “Rinnai” диэн 69 тыһ. атыыласпыппыт. Оттон септикпыт уон кубтаах. Кэтэх дьиэ хайаан да сылыйар муосталаах (теплый пол) буолара үчүгэй. Сорох дьон ону радиатор курдук итии буолар диэн сыыһа өйдүүллэр. Дьиҥэр, санитария ирдэбилинэн мүлүгүр буолуохтаах, киһи атаҕын сиэ суохтаах. Тыйыс усулуобуйалаах сиргэ олорор дьоҥҥо радиаторга көмө быһыытынан туһаныллар. Биһиги бастакы мэндиэмэммит муостата бүтүннүү улахан киэптээх керамогранит билииккэлэринэн оҥоһуллубута. Онон бастакы мэндиэмэҥҥэ кыладыапкаттан ураты уонна иккис этээскэ баар баанна муостата сылаас ситимҥэ холбоноллор. Миэбэл турар сирин учуоттаан оҥосторгут ордук.
Ааспыт сайын куукунаттан үргүлдьү тахсар 4х6-лаах күүлэ тутуннубут. Үйэлээх буоллун диэммит киспэтин (каркас) тимиринэн оҥоттордубут, эркинэ төгүрүччү түннүк. Хоту өттө буолан күлүктээх, онон сөрүүн буолааччы. Бастакы бэлэм акылаат үрдүгэр сынньанар сир эбэтэр кыра дьиэ туттар быланнаахпыт. Баҕар ийэм кэлэн олохсуйуо диэн баҕа санаалаахпын. Кэлин тиэргэммит иһигэр сирэм күөҕүн, киэргэл үүнээйилэри, отонноох талахтары эҥин олордуохпут. Гаражпыт миэстэтигэр кумах куттарыыта, акылаатын оҥоруута, хос тутуу панеллэрэ, тимир киспэтэ, түннүктэрэ, ааннара дьиэ сыанатыгар киирэ сылдьар. Уоннааҕытын бэйэбит харчыбытынан оҥотторбуппут. Холобур, киспэтин, эркинин хомуйууга 30 тыһ. төлөөбүппүт. Түннүктэрин, ааннарын кэргэним бэйэтэ туруорбута. Гаражпыт 8х8- таах, 64 кв м иэннээх, тэлэйии (ворота) аан үрдүгэ 2,3 м, кэтитэ 2,7 м. Сирин тэҥниирбитигэр кумаҕы 70 см халыҥнаах гына куттарбыппыт. Маны халлаан сылаас кэмигэр оҥорор ордук. Акылаата тимир, 15 см кэтиттээх полистирол үрдүгэр бетону куппуппут. Эркиннэрин кэтитэ эмиэ 15 см.
Биһиги дьиэбитин туттар сылбытыгар Уһук Илиҥҥэ чэпчэтиилээх ипэтиэкэ саҥа киирбитэ. Онон сыана удамыр эрдэҕинэ баттастыбыт диэммит үөрэбит. Билигин биһиэнин курдук дьиэни харалыы, ититиитэ, толору хааччыллыыта, гараһа суох 8 мөл. кэриҥэҕэ туталлар. Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ бырыһыана кыра буолан, ыйдааҕы төлөбүрэ уопсай сууматтан түргэнник көҕүрээн иһэр эбит. Биһиги төрдүс оҕобутугар бэриллибит 450 тыһ. уонна «Үйэ оҕолоро» («Дети столетия») бырагыраамма харчытын барытын иэспитин болдьоҕун иннинэ сабыыга ыыппыппыт. Ону таһынан сотору-сотору, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр охсубат кыра сууманы, ыйдааҕы төлөбүргэ эбэн уган иһэбит. Уопсайынан, харчыны сөпкө туһанар туһунан уруккуттан билэ-көрө сатыыбын. Кыра да билии киһини атын таһымҥа таһаарар, олоҕу тупсарар. Түгэнинэн туһанан биһиги ыал биир үтүө үгэспитин үллэстиэхпин баҕарабын.
Ол курдук, “Книга учета” диэн сурунааллаахпыт, манна ый аайы киирэр үппүтүн уонна ороскуоппутун сурунабыт. Киһи төһө харчы хамсыырын билэр буоллаҕына, бэйэтин ырыҥалаан көрөргө үөрэнэр. Биһиги маннык дьаһанаммыт бэйэбит күүспүтүнэн түөрт ипэтиэкэни: үс кыбартыырабыт уонна бу тиэргэммит киэнин саптыбыт. Тутуу кэмигэр бэйэбитин өссө үчүгэйдик биллибит, тургутан көрдүбүт дии саныыбын. Дьиэбит үйэлээх, куттала суох буоларыгар кыһаллан үлэлээтибит. Бэйэм уруһуйдуур буоламмын ис бараана хайдах буолуохтааҕын эрдэттэн билэр этим. Уонна бу иннинэ үс дьиэни өрөмүөннээбит үөрүйэхпит көмөлөстө. Кэргэмминээн күн аайы кэлэн хас биирдии үлэһити кытта билсэн, кэпсэтэн, сүбэлэһэр этибит. Хайдах үлэлииллэрин, хаачыстыбаларын эҥин барытын көрөрбүт. Ол курдук, үлэһиттэрбит күн аайы баар буолааччылар, биһиэхэ отчуоттуур этилэр. Таас дьиэни тутуу уратыта диэн, атын-атын биригээдэлэр үлэлииллэр. Холобур, биһиги дьиэбит атаҕын улахан тиэхиньикэлээх тэрилтэ туруорбута, дьиэ эркинин кэлии дьон уурбуттара, кырыыһатын маска сыһыаннаах бэйэбит дьоммут оҥорбуттара, эркини, муостаны тэҥнээһиҥҥэ эмиэ атын биригээдэ үлэлээбитэ. Онон элбэх дьону салайан үлэлэтэргэ бэлэм буолуохха наада. Биһиги билигин оннубутун буллубут, онон дьиэбитин өссө да тупсарыахпыт, тиэргэммитин оҥостуохпут. Киһи санаата күүстээх буоллаҕына, барыта кыаллар эбит диэммит өссө төгүл итэҕэйдибит. Тутуубут этэҥҥэ кэмигэр түмүктэммитин кистэлэҥэ диэн, кэргэммин кытта хамаанда буолан бииргэ үлэлээтибит. Манна бэйэ-бэйэни истиһии, тэҥҥэ олорон толкуйдааһын, ырытыһыы ирдэнэр. Дьиэбитин туттар кэммитигэр сыһыаммыт өссө тубуста. “Олус да элбэҕи билэр, сатыыр, маладьыас да кэргэннээх эбиппин” диэн санаа биһигини кынаттаабыта.
Третьяковтарга ыалдьыттаата Венера Охлопкова