Оһохчут Николай Павлович Аммосов Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьокуускайга ЯГНГ-ҕа технология уонна черчения учууталынан үлэлиир. Оттон оһохчуттаабыта номнуо уонтан тахса сыл буолбут. Ол туһунан кылгастык маннык кэпсиир: “Дойдубар олорор эрдэхпинэ оскуолаҕа бииргэ үөрэммит уолаттарбын кытта оһох тутуутугар бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэр этибит. Оччолорго үчүгэй оһохчут да суоҕа. Инньэ гынан, бастакы оһохпутун хаһыаттан көрөммүт туппуппут уонна биир эргэ оһоҕу көтүрэммит, оһох “иһэ-үөһэ” хайдах буоларын онно үөрэппиппит. Оһохчут буолбутум онтон саҕаламмыта диэхпин сөп. Билигин үөрүйэхтэнэммин кирпииччэнэн тутуллуох айылааҕы барытын оҥоробун”.
- Урут оһох кирпииччэтин дьон бэйэлэрэ үктээн оҥороллор этэ. Ол буор кирпииччэ диэн ааттанар. Оттон билигин кэлии кирпииччэ арааһа элбэх. Холобур, оһоххо ордук М-150, М-200 диэн маркалаах кирпииччэлэр туттуллаллар. Балар үчүгэй хаачыстыбалаахтарын таһынан температураны туталлар уонна түргэнник сылыйаллар. 8х8-таах дьиэ оһоҕор быһа холоон 1000, 5х5-тээх дьиэҕэ 400-500 кирпииччэ туттуллар.
2. Оһох дьиэ ортотун диэки буолуохтаах. Дьиэ туһалаах иэнин ылбатын курдук кэлтэччи соҕус тутар ордук. Камины дьиэ муннугар, истиэнэ кытыытынан туталлар. Оттон көмүлүөк балаҕаҥҥа киирэри кытта уҥа өттүгэр бастакы муннукка туруохтаах. Былыр-былыргыттан оннук оҥоһуллар. Утары хаҥас диэки бүтэһик баҕананы көрөн турар буолуохтаах.
3. Бастаан оһох хайдах буолуохтааҕын былаанныыбын, кумааҕыга уруһуйдаан, өйбөр оҥорон көрөбүн. Онтон акылаакка кирпииччэлэри ууран хаһаайыттары кытта бигэргэтэбит. Ол кэнниттэн дьэ саҕалыыбын. Оннук былаана суох ууран бардахха, оһох турбата дьиэ өһүөтүгэр тиийэн иҥниэн эбэтэр мэһэйдиэн сөп. Ол иһин, эрдэ барытын толкуйдаан баран саҕалыыр ордук.
4. Оһох хамсаабакка чиҥник турарын туһугар үчүгэй акылааттаах буолуохтаах. Холобур, сииктээх соҕус сир буоллаҕына хайыр таас (гравий) эҥин кутан сирин бөҕөргөтөн биэриэххэ наада. Аны акылаат эмиэ араастаах буолар: шлакоблогунан, бетон кутан эбэтэр маһынан (лафет, буруус) оҥороллор. Оһох көҕүстээх өттүнэн акылаата арыый сабырыччы оҥоһуллар. Тоҕо диэтэххэ, манна билиитэлээх өттүттэн элбэх кирпииччэ киирэр. Ол иһин, баттыыр түгэнигэр акылаата хамсаабатын диэн маннык гыналлар. Шлакоблог, бетон, мас акылаакка барытыгар сабырыччы оҥоһуллар. Эргэ оһохтору көтүрэн көрдөххө, үксэ оһоҕу кытта тэҥник оҥоһуллубут буолааччылар. Ол түмүгэр оһох хамсаан хайыта барар уонна баһаарынай өттүнэн сэрэхтээх буолар. Камин, көмүлүөк оһохтор акылааттарыгар эмиэ саатар 10 см сабырыччы тутан оҥорор ордук. Онон оһох акылаата үчүгэй буоллаҕына үйэлээх буолар.
5. Сыбах буорун “Үрдэл” сынньанар паарка анныттан ылабын. Кыра кумахтаах, сырдык өҥнөөх, туойдуҥу буор. Атыыга хотуобай араас булкааһыктар эмиэ дэлэйдэр. Сайыҥҥы өттүгэр кыһыл кирпииччэни ууга илитэн бараммын уурабын. Тоҕо диэтэххэ, өҥүрүк куйааска кирпиичэ таһырдьа туран сылыйар. Инньэ гынан, инчэппэккэ уурдахха сыбах сиигин барытын оборон ылар. Оттон күһүн, кыһын сөрүүн кэмҥэ инчэппэккэ да ууруохха сөп.
6. Оһох хуодун (собуотун) таба оҥордоххо үчүгэйдик тардар, буруолаабат буолар. Холобур, бастакы хуодугар (собуотугар) диэри биэс кирпииччэни таһаарабын, онтон сабыытын оҥоробун уонна сыыйа 6-7 кирпииччэҕэ диэри улаатыннаран иһэбин. Бу дьиэ үрдүгүттэн, кирпииччэ хайдаҕыттан тутулуктаах. Оннук хуода улаатан иһиэхтээх, оччоҕо тардара күүстээх буолар. Аны хуодтан хуодка барарыгар хайаҕастаах буолар. Ону наһаа кыра гыннахха тымныы ыйдарга буруолуон сөп. Холобур, мин 1,5 кирпииччэ гынабын, төһөнөн улахан да оччонон тардар күүһэ күүстээх буолар. Оһох буруолаабатын кистэлэҥэ манна сытар диэххэ сөп. Оттон турбатын дьиэ ис үрдүгэр диэри таһааран баран, салҕыы кэккэлэһэ икки кирпииччэ сытарын саҕа сабырытан таһаарабын. Оннугу баһаарынайдар ирдииллэр. Дьиэ үрдүттэн быһа холоон миэтэрэ холобурдаах таһаарабын онтон тимир турба турар.
7. Оһох сабыытын туһунан кэпсиир буоллахха, сайыҥҥы дьиэҕэ биир сабыы сөп буолар. Халыҥ да, чараас да хотуобай сабыы атыыга баһаам. Ол эрэн, чараас сабыы хаачыстыбатынан арыый мөлтөх буолааччы. Кытыылара үчүгэйдик ыпсыбат буоллаҕына сылаас салгын тахса турар буолар. Оһохчут ону үчүгэйдик көрөн ылыахтаах.
8. Камин оһох турба курдук көнөтүк тахсар. Айаҕын үрдүгэр буруотун охсор хуод баар буолар. Оннуга суох буоллаҕына айаҕынан буруолуон сөп. Саамай уустуга онно сытар. Оттон көмүлүөк хуода суох. Былыр хуод диэн тугун билээхтээбэттэр да буоллаҕа дии. Арай, былыргы балаҕаннарга көрдөххө көмүлүөк оһохтор санаа курдук иҥнэри, тиэрэ түспүт курдук буолааччылар. Бу аата буруолаабатын диэн маннык мындырдаан туталлар эбит. Дьон ону бэлиэтии көрөллөрө дуу, суоҕа дуу. Билигин оннук туппаттар. Тус бэйэм камин оһоххо курдук кыра хуод оҥоробун, оччоҕо буруолаабат. Ол иһин, көмүлүөк айаҕа кыараҕас буолар. Аныгы үйэҕэ көмүлүөк сылытара улахан наадата суох буоллаҕа дии. Былыр балаҕан иһин сырдатар, сылытар аналлаах буолан киэҥ айахтаах туталлар эбит.
9. Дьон араас быһыылаах-таһаалаах оһохтору оҥоттороллор. Көмүлүөк ойоҕоһугар ас астыырга аналлаах кыра оһохтоох эбэтэр билиитэ үрдүгэр көмүлүөк курдугу туттараллар. Ханнык баҕар оһох тас көстүүтэ маастар уонна хаһаайыттар мындыр толкуйдарыттан тахсар. Оттон оһох билииккэтэ халыҥ буоллаҕына сылааһы уһуннук тутар. Холобур, 4 мл уонна 6 мл халыҥнаах билииккэлэр бааллар.
10. Оһох бөҕөтүн өрөмүөннээн кэллим. Оһох туга алдьаммыта таһыттан көстүбэт буоллаҕа дии. Ол иһин, ойоҕоһунан эбэтэр үөһэ өттүн көтүрэн ис өттүн көрөбүн, онно дьэ барыта көстөн кэлэр. Элбэх оһоҕу көтүрбүт буоламмын, быһа холоон манан алдьаммыта буолуо диэммин билэбин. Уонна, оһоҕу көтүрэрбэр, саҥаны тутарбар хайаан да ботугураан көрдөһөбүн.
Оһох оттулар сириттэн буруота оһох хуодугар (собуотугар) тахсар ханаала.
Оһох бастакы собуота (хуода). Оттуллар сиртэн буруо ааһар сирэ.
Иккис собуокка төлөн тахсар сирэ.
Венера Охлопкова