Тэлгэһэни таларга Сылык сүбэтэ

Николай Иннокентьевич Слепцов – Сылык 1976 сыллаахха  Томскайдааҕы судаарыстыбаннай  университет  физика факультетын  бүтэрэн,  20 сыл Космофизика институтугар билим үлэһитинэн үлэлээбит. 1991 сылтан аномальнай сирдэри, көстүүлэри, чараас эйгэни чинчийэн үөрэтэр. Маннык сирдэр киһиэхэ дьайыыларын суох оҥоруунан дьарыктанар. 

Николай Иннокентьевич сэттэ кинигэ ааптара буолар.  Олортон нууччалыы тылынан тахсыбыт  “Дыхание вечной мерзлоты” диэн кинигэтэ уонтан тахса дойдуга тарҕаммыт. Отучча сыллаах чинчийэр үлэтин түмүгүнэн   тахсыбыт “Чараас эйгэ”  кистэлэҥэ диэн улахан монографията үгүс дьон биһирэбилин ылла. Бу кинигэтигэр  “сахалыы” ыалдьыбыт, ол эбэтэр  абааһыга дьайдаран төбөлөрүнэн буккуллубут, ойуун, удаҕан буолаары эттэппит  200-чэ дьону “ыраастаан”  эмтээбитин, олортон  130-ча киһи муус доруобай сылдьалларын туһунан холобурдары киллэрбит. Олор истэригэр психиатрическай балыыһаҕа 2-4 сыл, оннооҕор 7 сылы быһа эмтэммит киһи үчүгэй буолбутун туһунан  баар. Ол киһи   ыалдьыбатаҕа номнуо  27 сыл буолбут, биэнсийэҕэ  тахсыар диэри  улахан промышленнай тэрилтэҕэ тутаах  инженеринэн үлэлээбит.

 Биополе диэн тугуй?

Киһиэхэ куһаҕаннык дьайар, ыарытыннарар, киһи ньиэрбэтигэр, уйулҕатыгар (психикатыгар) охсор аномальнай сирдэр диэннэр бааллар. Олор киһи доруобуйатыгар хайдах дьайалларын билэргэ, бастаан биополе диэн тугун быһаарыым. Биополе диэн биофизика уонна биохимия билимин салааларын өйдөбүлэ буолар. Ханнык баҕар биологическэй эбийиэккэ, ол иһигэр киһи этигэр-сиинигэр биохимическэй хаамыы (процесс) бара турар. Ол иһин  ньэҥир (энергия) таһаарар. Оннук ньэҥир таһаарар биологическэй эбийиэк тула намыһах тэтимнээх энергетическэй хонуу (поле) диэн үөскүүр. Ону таһынан, киһиэхэ үрдүк тэтимнээх  духуобунай эйгэ хонуута (полета)  баар. Бу икки хонууну (полены) холбоон биополе диэн ааттыыллар. Биополе туругуттан киһи этигэр-сиинигэр биохимическэй хаамыы (процесс) хайдах бара турара, ол эбэтэр кини  психофизическэй туруга көстөр. Холобур, киһи  оһох курдук диэххэ сөп, кини  биополета күүстээх буоллаҕына этигэр-сиинигэр  биохимическэй хаамыы (процесс) үчүгэйдик барар.  Оһоҕу кураанах маһынан отуннахха тигинэччи умайан сылаас бөҕөтүн биэрэр дии, ол курдук.  Оччоҕо кини психофизическэй туруга үчүгэй буолар. Оттон биополета ыһыллан-тоҕуллан, энергетическэй буомуруу буолбут киһи этигэр-сиинигэр  биохимическэй хаамыы (процесс) мөлтөхтүк барар. Оһоҕу инчэҕэй маһынан отуннахха  үчүгэйдик умайбакка сыыгыныыр-сааҕыныыр, күөдьүйэн испэт, сылааһы биэрбэт дии. Ол курдук бу киһи эмиэ сэниэтэ суох сылдьаахтыыр, олоҕор табыллыбат, куһаҕан дьаллыкка ылларымтыа, ньиэрбэтэ, уйулҕата, иммунитета,  эндокрина барыта мөлтөөн, ханнык баҕар ыарыыны хабарга бэлэм буолар. Бу барыта биополе туругуттан көстө сылдьар.

Хайдах сиргэ дьиэ туттар ордугуй?

Тыынар тыыннаах ньэҥирин сиир аномальнай сир ирбэт тоҥноох дойдуга олус элбэх. Тоҕо диэтэххэ, тоҥ  ирдэ да  сирбит алдьанар-кээһэнэр,  уу олохсуйан маар сирдэр, быллаардар, аппалар-дьаппалар, чүөмпэлэр-дүөдэлэр, эмпэрэ сыырдар үөскүүллэр. Бастатан туран, маннык сирдэр аттыларыгар дьиэ-уот туттар сыыһа. Иккиһинэн, дьиэни  туттарга   дьиэ анныгар баар сир тоҥо ириэ суохтаах. Ол эбэтэр дьиэ  хайаан даҕаны хара муосталаах буолуохтаах. Үсүһүнэн, дьиэ анныгар уу киириэ суохтаах, ол иһин  саамай үрдүк сиргэ туруохтаах. Намыһах сир буоллаҕына буор кутан суол таһымыттан үрдэтэр, сири хаспакка, сир кырсын алдьаппакка тутта сатыыр ордук. Ол эбэтэр оҥкучах диэн суох буолуохтаах. Бу быраабылалары үгүс дьон тутуспаттар. Ол түмүгэр дьиэлэрин анныгар тоҥ ирэн муосталара иҥнэри-таҥнары барар, оһохторо, дьиэлэрэ түһэр. Аны сорох ыаллар  утуйар хосторугар эбэтэр  аттыгар оҥкучахтаах буолаллар. Инньэ гынан, нууччалыы эттэххэ,  “биоэнергетическай истощение”  буомуруу буолаллар. Ол аата эттэригэр-сииннэригэр  барар биохимическэй хаамыылара  (процесс) саба баттатан ньиэрбэлэрэ, уйулҕалара, иммунитеттара мөлтүүр.

Ити курдук, уһаайба көнө ньуурдаах, аппата-дьаппата суох, уу тохтообот, үрэх сүнньүттэн тэйиччи буолуохтаах. Сорохтор үрэх сүнньүн батыһа тутта сатыыллар, оччотугар онтон аччаабыта 50-чэ м тэйиччи буолуохтаах. Аны туран аномальнай сиргэ мастар араастаан эриллэн-буруллан үүнэллэр, элбэх төбөлөөх эҥин буолуохтарын сөп. Оннук мастар үүммүт сирдэрэ эмиэ сэрэхтээх, манна дьиэ-уот туттубат ордук.

Ыккый ойууру кэрдиэххэ сөп дуо?

Ыккый ойууру кэрдэн дьиэ туттаары гыммыт буоллаххытына, маннык сиргэ сир мууһа чугас буоларын өйдүөххүтүн наада. Кэрдии түмүгэр ириэһин баран дьиэ түспүтүнэн, сир алдьаммытынан барар, араас быллаардар үөскүүллэр. Ол иһин, эппитим курдук дьиэ хайаан да хара муосталаныахтаах.

Аны, сорохтор чөҥөчөктөрү, төҥүргэстэри туурбакка үрдүгэр дьиэ тутталлар. Бу  олох сыыһа, тоҕо диэтэххэ, итилэртэн лазер курдук туруору сардаҥалар тахсаллар. Ол сардаҥа орон нөҥүө ааһар буоллаҕына, онно утуйар киһини түүн аайы уончалыы чаас быһа  сиэн ыарахан ыарыылары үөскэтиэн сөп. Ол иһин чөҥөчөктөр, төҥүргэстэр түөрүллүөхтээхтэр, дьиэ анныгар, тиэргэҥҥэ суох буолуохтаахтар.

Манна даҕатан этиэхпин баҕарабын, кэлиҥҥи отучча сылга улахан ириэһин барда. Ол түмүгэр, чуолаан илин эҥэр улуустарга бөһүөлэктэр сирдэрин туруга олус  мөлтөөтө.  Инньэ гынан, дьон доруобуйата улаханнык алларыйан эрэр. Оннооҕор кыра оҕолор искэн ыарыытынан (онкология) ыалдьаллар, “сахалыы” ыарыы эмиэ элбээтэ. Маннык түгэҥҥэ ньиэрбэлэригэр, уйулҕаларыгар оҕустараннар бэйэҕэ тиийинии элбэх буолар.

 Саамай куһаҕан – маар сирдэр

Дьокуускай уулуссалара  омос көрдөххө үчүгэй курдуктар. Ол гынан баран, манна  турбут былыргы дьиэлэр хомус быыһыгар,  маар ортотугар  тимирэн хаалбыт буолааччылар. Онно кумах кута-кута таас дьиэлэри дьэндэтэллэр. Бастакы мэндиэмэннэргэ олорор дьон аномальнай дьайыыга  түбэһиилэрэ үгүс. Инньэ гынан, төһөнөн үөһээ олоробут да, оччонон ордук үчүгэй. Хомуһунан үүнэн турар сирдэр барыта аномальнай дьайыылаахтар. Маннык сиргэ түбэспит дьон, ордук дьахтар аймах уулара алдьанар. Сүгүн утуйбат, баттатар буолан хаалаллар, сарсыарда ыалдьан туруохтарын сөп. Аны сорох элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ  соруйан  арыгыһыттары, ыарыһахтары мунньан олордубут курдук, үгүстэрэ  соччото суох олохтоох буолаллар. Ону көрдөххө, дьиэлэрэ хомус быыһыгар – аномальнай сиргэ турар буолар. Ол иһин, манна  көһөн кэлбит дьон сыыйа ньиэрбэлэрэ, өйдөрө-санаалара мөлтөөн, куһаҕан дьаллыкка ылларан, ыарытыйан  киирэн бараллар. Оттон үчүгэй сиргэ турар дьиэ  олохтоохторо  куттара-сүрдэрэ мээнэ сатарыйбат, олохторо, доруобуйалара быдан ордук буолар. Дьокуускай үрдүнэн  саамай үчүгэй сиринэн 202-с уонна 203-с  түөлбэлэри ааҕабын.  Манна  уонча миэтэрэ үрдүктээх  кумах кутуллубут буолан  ириэһин барбат. Төһө да хаһылыннын, уу олохсуйдун – аномальнай сир үөскээбэт. Тоҕо диэтэххэ,  ийэ сир алдьаммат.

Эргэ дьиэ ньэҥирэ

Сорох дьон хайдах ыал олорбута биллибэт эргэ дьиэни атыылаһаллар. Маннык  дьиэҕэ ыарахан ыарыыттан өлбүт эбэтэр арыгыһыттар олорон араас куһаҕан быһылааннары оҥорбут буолуохтарын сөп. Ону билбэккэ эбэтэр улахаҥҥа уурбакка үчүгэй олохтоох ыал көһөн кэлэр  уонна сыыйа урукку хаһаайыттар киэптэрин кэтэн бараллар. Ол аата олорон ааспыт дьон куһаҕан  ньэҥирдэрэ  кинилэр биополеларыгар киирэр. Ол иһин, эргэ дьиэни атыылаһар буоллахха,  хайаан да “ыраастаан” олорон ааспыт  дьон ньэҥирин суох оҥоруохха наада. Аны туран элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ үөһэнэн, аллараанан, төгүрүччү  ыаллар дии. Онно соччото суох олохтоох дьон  баар буоллаҕына, куһаҕан ньэҥирдэринэн барыларын  сутуйа, ыаллар бэйэ-бэйэлэрин кытта дьайса олороллор. Оннук буолбатын туһугар  хас биирдии ыалга  харысхал оҥоһуллуохтаах.

Сиэптик дьайыыта төһө күүстээҕий?

Сиэптик эмиэ оҥкучах курдук буоллаҕа дии. Энергетическэй сүүрээннэрэ (энергетические потоки) түөрт өттүттэн (хотуттан, соҕурууттан, илинтэн, арҕааттан) 2-3 м ырааҕынан ньэҥири тардаллар. Бу сүүрээннэр дьиэ иһигэр, ордук утуйар сиргэ түбэһиэ суохтаахтар. Оттон киирэн тахсар сиргэ эбэтэр хаһаайыстыбаннай хоско эҥин түбэһэр буоллаҕына, улахан куттала суох.  Онон сиэптик дьиэттэн тэйиччи эбэтэр гараас анныгар эҥин буолара ордук.

Аномальнай сирдэр сүүрээннэрин кэтитэ  маннык сир кээмэйиттэн тутулуктаах, төһө баҕар улахан буолуон сөп. Аны төһө ыраахтан  тардара аномальнай сир төһө күүстээҕиттэн эмиэ тутулуктаах. Холобур, түөрт өттүттэн 20 м тардар буоллаҕына, 20 м үрдүккэ эмиэ тиийэр. Маннык сир  үрдүгэр элбэх мэндиэмэннээх дьиэ тутуллубут буоллаҕына, ол сүүрээн сэттис этээскэ  диэри тиийиэн сөп.  Биллэн турар, аллараа олорооччуларга ордук күүскэ дьайар уонна үөһээ тахсан истэх аайы дьайар күүһэ мөлтөөн, сыыйа симэлийэн хаалар.

Киһи дууһата өлбөт, сүппэт

Мин чинчийиибинэн маннык  аномальнай сирдэр 7-8 % аномальнай көстүүлээх буолаллар. Ол аата сахалыы малтаччы эттэххэ, абааһылаахтар. Куораппытыгар үйэтин тухары төһөлөөх элбэх кыргыһыы, өлөрсүү, бэйэҕэ тиийинии буолбута буолуой?  Олор энергоинформационнай харамайдара: үөрдэр, абааһылар  хаалан хаалаллар. Физика  “закон сохранения энергии”  диэн биир сүрүн сокуоннаах. Ол аата ньэҥир сүппэт, биир көрүҥтэн атын көрүҥҥэ кубулуйар эрэ. Инньэ гынан,  ол энергоинформационнай харамайдары (үөрдэри, абааһылары…) хайдах да  суох оҥорбоккун, аллараа дойдуга үтэйэҕин эрэ.

Аны куораппытыгар олус элбэх кылабыыһалар,  биирдиилээн киһи уҥуохтара бааллар. Былыр үйэҕэ куһаҕаннык өлбүт дьон ньэҥирэ  сүппэт, үөр буолан баран аһаҕас сирдэргэ олохсуйан,  орто уонна аллараа дойдулар икки ардыларынан киирэ-тахса, сүүрээннэринэн муна-тэнэ сылдьаллар. Ол иһин, онно турар дьиэлэргэ биллэллэр. Абааһылаах диэн кэпсиир дьиэлэрэ үксүн сиргэ тимирбит, иҥнэри-таҥнары түспүт буолааччы.

Киһи дууһата бэйэтэ энергоинформационнай көрүҥнээх олох буолар уонна түһүү сылдьар курдук турукка киирэн билэ-көрө сылдьар. Үчүгэй олоҕу олорбут,  сайдыылаах киһи  дууһата үрдүк тэтимнээх буолар уонна ол тэтимигэр  сөптөөх таһымҥа тахсар. Киһи түһээн илэ курдук дьэрэкээн  түүллэри көрөр,  үөрэр-көтөр  дии.  Оннук үөһээ таҕыстаҕына  түһүү сылдьар курдук үөрүү-көтүү, эйфория туругар киирэр, ырай олоҕун олорор. Оттон аллараа дойдуга  түстэҕинэ киһи түһээн баттатарын курдук төлөрүйбэт баттатыы туругар киирэр, сору-муҥу көрөр. Оттон куһаҕаннык өлөн үөр буоллаҕына, дьонун-сэргэтин көрө-билэ сылдьар эрээри,  алтыһар кыаҕа суох.  Дьоно бары кэриэтэ бүтэй эттээх буолаллар. Онон түүллэригэр киирэн билсиэн сөп. Дьону кытта тапсан олорботох киһи үөрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ куһаҕан дьайыылары оҥорор эбэтэр киһи биополетыгар олохсуйан бу киһини гипнозтуур курдук салайар. Оччоҕо  бу киһи  итирдэҕинэ эҥин иэдээни оҥоруон сөп.

 

Сандал сааспыт кэлэн дьиэ-уот туттар кэм чугаһаата. Николай Иннокентьевич Слепцов – Сылык сүбэлэрин туһанан туттубут  алаһа дьиэҕит сылаас, сырдык, үгүс ыалдьыттаах, оҕо-аймах дьоллоох саҥатынан туолбут, уйгу-быйаҥ олохтоох буоларыгар  баҕарабыт.

 

 Венера Охлопкова

 

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...