Биһиги сурунаалбыт дьоруойа, этно-блогер, урбаанньыт Евдокия Попова «Минньигэс» диэн ааттаах номнуо үһүс кинигэтэ күн сирин көрдө. Сабыс-саҥа буруолуу сылдьар кинигэ сүрэхтэниитэ бэҕэһээ, олунньу 28 күнүгэр Медиакииҥҥэ буолан ааста. Манна суруналыыстар, ааптар дьиэ кэргэнэ, чугас доҕотторо ыалдьыттаатылар.
Евдокия сахалыы тыллаах блогердартан биир саамай элбэх, 65 тыһыынча сурутааччылаах этно-блогер буолар. Кини 2016 сылтан, оччолорго икки оҕотун көрөн олорон минньигэс ас арааһын астаан социальнай ситим нөҥүө кэпсээн, үөрүйэҕин үллэстэн саҕалаабыта. Кэлин дьон сыыйа-баайа холбоһон, сурутааччытын ахсаана элбээн, билигин бэйэтэ эрэллээх көрөөччүлэрдээх диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо. Евдокия аҕыйах сыллааҕыта «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн», «Саҥа Дьылга тугу астыыбыт?», «Ийэм, мин=минньигэс ас», «Дьэрэ, астыахха Евдокиялыын!» диэн онлайн кинилэри таһаарбыта. Олор аҕыйах күн иһигэр атыыланан, 18000 кэриҥэ кинигэни атыылаабыт. Оттон бу саҥа кинигэтэ атыттартан таһыччы атын диэххэ сөп. Бастатан туран, аата-суола, таһа олус табыллыбыт. Киһи тута ырысыап кинигэтэ буоларын быһаарбат. Аны киэбэ улахана тутарга-хабарга олус үчүгэй уонна хап-халыҥ тастаах, 150 сирэйдээх. Манна туортан саҕалаан минньигэс ас арааһа киирбит. Олус үчүгэй хаартыскалардаах, ону таһынан, аныгы үйэ сиэринэн куйаар-куод көмөтүнэн бу астар ырысыаптарын маастар-кылааһын көрүөххэ сөп. Кинигэ хаартыскаларын, дизайнын Кэрэли уонна Тимир Кириллиннэр оҥорбуттар. Ааптар саҕалааччы кондитердар бу ырысыаптары туһанан эбии дохуоттаныахтарын сөбүн туһунан эппитин олус сэргии иһиттим. Онон, Евдокияҕа өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.