Баара эрэ — оҕолуу ыраас санаа, кыраттан дуоһуйар сырдык кут. Киһи тугу эрэ ордугу булаары барар-кэлэр, буккуллар-таккыллар, онтон ол көрдүүр «кэрэбит» аттыбытыгар баарын өйдөөн көрбөппүт. Бүгүн ол олох муудараһын, дьиэ кэргэнинэн Саха тыйаатырыгар мустубут көрөөччүлэргэ, «Талаан» оҕо тыйаатыра арыйда. Быйылгы дьылы биһиги култуурабыт уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэбит миниистирэ А. И. Ноев «Оҕо театральнай искусствотын» сылынан биллэрэн, кэскиллээх дьыаланы тэрийбит. Ол көххө араас үчүгэй тэрээһиннэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ, Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнүгэр анаммыт «Кыра Тыгын» испиктээк буолла. Бу, киһи аймах биир бастыҥ «Маленький принц» айымньытын, быраансыйа улуу суруйааччыта Антуан де Сент — Экзюпери 1942 с-ха суруйбута. Ол эрээри айымньыта тахсыбытын көрбөккө, сэрии халлааныгар сураҕа суох сүппүтэ. Бу айымньыны 2015 сыллаахха режиссер Лена Гримм «Маленький принц» диэн ураты оҕолор тыйаатырдарыгар туруораары миэхэ сахалыы тылбаастаппытыттан саҕыллан, кинигэ буолан тахсыбыта. «Талаан» оҕо тыйаатырын салайааччыта Ирина Никифорова былырыыҥҥыттан элбэхтэ үлэлээн, бүгүн бэртээхэй үлэни таһаарбытыттан бары да үөрдүбүт. Ордук, кырачаан артыыстар идэтийбит артыыстары кытары бииргэ оонньообуттара солун, сэргэх буолла. Элбэххэ үөрэммиттэрэ, такыллыбыттара тута көстөр, долгуйууну кыайан, сыанаҕа олох туспа сырдык эйгэни үөскэттилэр. Ол буолар, испиктээк ситиһиитэ. Испиктээккэ режиссер Павел Ченянов элбэх саҥа технологияны кыайа туттубута, кыра көрөөччүлэри соһутта, сэргэхситтэ. Бу киэһээ, хас биирдиибит сүрэҕэр уйалаан бэйэтин сүбэһит саһылын, кэрэ розатын илдьэ барбытыгар мин итэҕэйдим. Кытаатыҥ, айыҥ-тутуҥ, кэлэр кэскилбитин тыйаатыр тыынынан кэрэҕэ, үрдүккэ уһуйуоҕуҥ , үөрэтиэҕиҥ, иитиэҕиҥ!
Куорсуннаах