Эбээбит маллаах иһитэ

Бу туос иһит биһиэхэ   ийэбитинэн  эбээбит Катакинова (Попова) Анастасия Михайловнаттан хаалбыта. Кини  Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр 1894 сыллаахха төрөөбүтэ. 

18 сааһыгар  Уус Алдан улууһун Үөһээ Өлтөк нэһилиэгиттэн төрүттээх  Попов Николай Дмитриевич (Дьэҥкир Арыы) диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Уус Алдаҥҥа сүктэн кэлбитигэр хотуна  бу туос  иһити бэлэхтээбит. Хас сыллаахха ким оҥорбута биллибэт. Эбээ Настаа  хотунун бэлэҕин хойукка диэри  хараҕын харатын курдук харыстаан  илдьэ  сылдьыбыта. Иистэнэр малын-салын уган маллаах иһит оҥостубута.

1976 сыллаахха эбээбит  өлбүтүн кэннэ бу иһит  ийэбитигэр Андросова Матрена Николаевнаҕа  тиксибитэ. Биһиги бииргэ төрөөбүт сэттиэбит. Мин саамай улаханнара буолабын.  1993 сыллаахха  Дьокуускай куоракка   үс хостоох, толору хааччыллыылаах,  таас дьиэҕэ киирбиппит. Онно   ийэбит барахсан үөрэн-көтөн туран   бу  маллаах иһити  бэлэхтээбитэ. Онтон ыла биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ааспыт үйэ кэрэһитэ буолан, оҕо сааспын, ийэлээх, аҕабын, эбээбин саната турар. Билигин ону бэйэм оҕолорбор,  сиэннэрбэр  куруук кэпсиибин.      Ол курдук, бу дьоҕус маллаах  иһит биһиги сүрэхпитигэр    олус күндү.

 

 С. С. Андросов, үлэ бэтэрээнэ.

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...