Бу Саар Чороон XIX үйэҕэ оҥоһуллубут бадахтаах. Ыһыах бөҕөтүн кэрийбит үһү. Кэргэммэр Иванов Гаврил Андреевичка эбэтиттэн Иванова Анисия Григорьевнаттан хаалбыт. Эбэбит хас да чороонуттан саамай күндү сиэнигэр бу чороонун анаабыт. Оттон эбэбитигэр хайдах тиксибитэ биллибэт. Кини Ньурба Куочайыттан Чуукаарга кийиит буолан кэлэригэр аҕалбыт буолуон сөп.
Чороон улахан удьургайтан оҥоһуллубут, үөһэнэн кыратык эмти барбыт эрээри, бүтүн. Оһуоругар ол саҕанааҕы Ньурба уустарын буочардара көстөр. Ол курдук, иһирдьэ хаһыллан буолбакка, тас өттүгэр бөлтөйбүт оһуордаах. Биһиги ыал саамай харыстыыр, ытыктаан туттар чорооммут. Кэлин уолбутугар хаалыахтаах.
Иванова Любовь Федотовна