Сахалыы этэрбэс

Билигин атах таҥаһын эгэлгэтэ элбэх. Оттон тымныы дойдулаах сахаларга атах таҥаһа туохтааҕар да күндү. Этэрбэһи тигэр иистэнньэҥ туспа, ураты идэлээх киһиэхэ киирсэрэ уонна балачча кыахтаахтык олороро. Этэрбэс араас тирииттэн тигиллэр. Ордук күндүлэрэ буруоҕа ыыһаммыт хара түнэ саары этэрбэс буолар. Маннык этэрбэс элбэх үлэттэн тахсар. Үчүгэй маастар тигиитэ ханнык да билиҥҥи уу саппыкытыттан итэҕэһэ суох, ууну, быылы бэккэ тутар. Анаан бэлэмнэммит иэн иҥиир сабы тутталлара. Ол сап илийдэҕинэ үллэн, ууну бычыгыраппат буолар. Өссө быыһыгар бөҕөргөтөн кыбытыы киллэһиктээн биэрэллэрэ. Этэрбэс билэтэ — бөлтөркөй тимир тимэхтэринэн оҕуруо кылдьыылаан, үгэһи тутуһан оһуорданара. Үксүн сири-буору кытары ситимнээн от-мас оһуорун анньаллара. Ол эбэтэр ийэ буор, от-мас, айылҕа иччилэрэ кэрэттэн үөрэн, үчүгэйи тосхойуохтаахтар диэн. Аны оҕуруо кылдьыы дьураатын силбэһиннэриэ суохтааххын. Силбэһиннэрбит иистэнньэҥ бэйэтин ииһин суолун бүөлээн, ииһи тутарын кэҕиннэрбит диэн буолар.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...