Түмүк нэhилиэгин «Алгыс» эбээлэр түмсүүлэрэ 2009 сыллаахха Валентина Васильевна Егорова көҕүлээhинэн нэhилиэк 110 сыллаах үбүлүөйүн көрсө тэриллибитэ. Күн бүгүнүгэр диэри нэhилиэк уопсастыбаннай олоҕор, кулуупка буолар тэрээhиннэргэ көхтөөхтүк кыттан кэллилэр. Уһуйаан, оскуола оҕолорун кытта былаан быhыытынан үлэлэhэллэр.
Валентина Егорова: «Иистэнэбит, ыллыыбыт, үҥкүү күрэстэригэр кыттан кэккэ ситиhиилэрдээхпит. Эдьигээҥҥэ кырдьаҕастар дьиэлэригэр 100 кэпсээн ааҕан ыыппыппыт. Бэйэбит испитигэр баар литературнай түмсүүбүтүн Григорьева Александра Константиновна сатабыллаахтык салайан, нэһилиэкпит суруйааччыларбыт хоhоонноро Ньурба, Дьокуускай араадьыйатыгар тахсыбыта. Кэлин хоhооннорун ырыа оҥотторон, сэмэй клип устубуппут дьон биһирэбилин ылбыта. 2023 сылга үс эбээбит үбүлүөйдээх саастарын бэлиэтээтибит, кинилэр тустарынан кылгастык сырдатан ааһыам».
Биһиги түмсүүбүт биир актыыбынай чилиэнэ Валентина Васильевна Петрова олоҕун кэрдиис кэмин ахтыытыттан:
– СГУ Тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрэн баран, Плем объединение Ньурбатааҕы салаатыгар үлэлии сылдьан, «исписэлиистэр-быһаччы производствоҕа» диэн бачыымы өйөөн «Марха» сопхуоска селекционер-зоотехнигынан үлэбин саҕалаабытым. Маарга ананан кэлэн олоҕум аргыһын Иван Прокопьевыһы көрсөн, ыал буолан, икки кыыс оҕолонон, элбэх сиэннэнэн олоробут. Кыргыттар үөрэхтэнэн, ыал буолан, талбыт идэлэринэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Ыал буолуохпутуттан сүөһүлээхпит, оҕуруот аһын арааһын олордон, барыта бэйэбит аспытын аһыыбыт. От-мас үлэтэ, сир астааһына, былыр-былыргыттан дьиэ-кэргэн бары бииргэ үлэлиир, сөбүлүүр дьарыкпыт. Биэнсийэҕэ тахсан баран нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор кыттан, дьахтар комитиэтигэр билиҥҥэ дылы үлэлэһэ сылдьабын. 15 сыл анараа өттүгэр Егорова Валентина Васильевна тэрийбит «Алгыс» эбээлэр түмсүүлэригэр киирэн, нэһилиэкпитигэр, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ тиһигин быспакка кыттыһабыт, миэстэлэһэбит. Ол курдук Үөһээ-Бүлүүгэ ыытыллыбыт «Сааһы билиммэт кэрэ абылаҥ» диэн эрэгийиэннээҕи үҥкүү күрэҕэр Грант-При буолан турабыт. Ол эрэ буолуо дуо, иискэ, спорка, араас күрэхтэргэ син-биир миэстэлэспит буолабыт. Ниһилиэкпитигэр ыытыллар араас тэрээһиннэргэ тиһигин быспакка кыттыһабыт. Онон төһө да саас ыллар, дьиэҕэ олорон хаалбакка, бэйэҕэ бүкпэккэ, сэргэхтик кырдьан, эдэр көлүөнэҕэ холобур буолар олоҕу олоробут.
Дьылҕа хаан оҥоһуутунан үөрэнэн, үлэһит буолан тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитин туһунан Анатолий Николаевич Аммосов ахтыыта:
– Валентина Васильевна «Марха» сопхуоска селекционер-зоотехнигынан ананан тахсан үлэтин боруода тупсарыгар, бородууксуйа элбииригэр, хаан ырааһырдыытыгар анаабыта. Ол курдук Үөдэйгэ, Чкаловка, Хорулаҕа, Былааҥкый Чиллэҕэ турар атыыр оҕустары барыларын уларыталаан, Антоновкаттан, Күндээдэттэн, Ньурбачаантан 120 тыһы ньирэйдэри аҕалтаан ыанньык ынахтары солбуйбута. Сунтаар Тойбохуйуттан 20 атыыр убаһаны аҕалан сылгы хаанын уларытыытыгар эмиэ улахан үлэни оҥорбута. Маар, Акана, Марха салааларыгар хас биирдии ынахха карточка толоруллан, барыта сурукка тиһиллибитэ. Племенной үлэ сөптөөхтүк баран, үүт кээмэйэ, төрүөх ылыыта үрдээбитэ. Биэттэн кулуну ылыы көрдөрүүтэ тупсубута. Валентина Васильевна бэйэтэ туспа суоллаах — иистээх исписэлиис быһыытынан боруода тупсарыгар улахан үлэни оҥорон, дьон биһирэбилин ылан үлэлээбитэ. Дэлэҕэ даҕаны Үөдэй, Чкалов үлэһиттэрэ «Оҕус кыыһа» диэн ааттыахтара дуо? Түмүкпэр этиэхпин баҕарабын, 70 сааскын туолбуккунан, бастатан туран, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьоллоох соргулаах олоҕу.
Билигин кэпсиир эбээм Розалия Никитична Саввинова бу аҕыйах сыллааҕыта эбээлэр түмсүүлэригэр киирбитэ. Киһи быһыытынан наһаа сэмэй, толоругас, барыга бары сыстаҕас, ыраас туттуулаах, аа-дьуо сылдьан барытыгар кыттан кыһамньылаах эбээлэрбиттэн биирдэстэрэ.
Бэйэтин ахтыытыттан:
– Мин 1963 с. Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгэр Сельтюковтар дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. 1980 с. оскуоланы бүтэрээт тыа хаһаайыстыбатын техникумун ветеринарнай салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Үөрэхпин бүтэрэн «Марха» сопхуос Маардааҕы салаатыгар анаммытым. Онтон ыла 30 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитим. Маарга олоҕум аргыһын көрсөн кийиит буолан түөрт оҕолоохпут, уонтан тахса сиэннээхпит. Валентина Васильевна Егорова салайааччылаах «Алгыс» эбээлэр түмсүүлэригэр сөбүлээн сылдьабын, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор кыттыһабын. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.
Маардааҕы ветпункт сэбиэдиссэйэ Николай Николаевич Тимофеев ахтыыттан:
– Мин Тимофеев Николай Николаевич 1996 сылтан Маардааҕы ветпункт сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьабын. Ветврач Саввинова Розалия Никитична биэнсийэҕэ тахсыар диэри ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, кини эрдэ «Марха» сопхуос үүт тутар пуунугар технологынан үлэлээбитэ. 2000-2013 сылларга Маардааҕы ветучастакка үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кини үлэлиир кэмнэригэр сыллааҕы былааммытын, эмтиир, сэрэтэр үлэлэри толороммут, оройуоҥҥа ветучастактар икки ардыларыгар күрэххэ иккитэ бастакы миэстэни ылан мотоциклынан, компьютерынан уонна телевизорынан наҕараадаламмыппыт. Розалия Никитична үлэтигэр бэриниилээх, бэйэтин идэтин баһылаабыт исписэлиис быһыытынан көрдөрбүтэ. Бэтэринээр үлэтэ ыарахан, хаан ылыыта, быһыы биэрээһинэ, борооску аттааһына түүннэри-күнүстэри ыҥырыыга сылдьан, ситиһиилээхтик эмтээбитэ-томтообута. Бэтэринээрнэй отчуоту Розалия Никитичната суох оҥорбот этибит. Кини биэдэмэстэри, акталары оҥорор этэ. Ситиһиилээх үлэтин иһин оройуонтан, Ветуправленияттан Бочуоттаах грамоталарынан наҕараадаламмыта. Маардааҕы ветпункт аатыттан Розалия Никитичнаны үбүлүөйдээх 60 сааскынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит, баҕарабыт кытаанах доруобуйаны.
Мария Николаевна Никифорова орто дойдуга айыллан кэлиэҕиттэн олорон, үлэлээн ааспытын, олоҕун оҥкулун олохтоохтук кэпсиир.
– Мин Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм. Маар нэһилиэгин «Күнчээн» уһуйаанын 32 сыл ыстаастаах иитээччитэбин. Биэнсийэҕэ тахсан бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Биэнсийэҕэ олорон олоҕум күһүҥҥү кэрчик кэмнэрэ интэриэһинэйдик, сэргэхтик устан аастын диэн «Алгыс» эбээлэр түмсүүлэригэр үөрэ-көтө киирэммин, нэһилиэк олоҕор кыттыһабын, скандинавскай хаамыынан дьарыгырабын.
«Күнчээн» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Ньургуйаана Николаевна Иванова үлэтин-хамнаһын туһунан кылгастык билиһиннэриэ:
– Мин Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжы 2004 сыллаахха бүтэрэн баран, Маардааҕы оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлии кэлбитим. Ол кэннэ сүрүннүүр иитээччинэн үлэлээн баран, 2014 сылтан уһуйаан сэбиэдиссэйинэн анаммытым. Маарга уһуйааҥҥа үлэлии кэлэрбэр Мария Николаевна улахан бөлөххө иитээччинэн үлэлиирэ. Ол саҕана аан бастаан Ньурбачаан уһуйаанын кытта Мария Монтессори иитэр-үөрэтэр технологиятынан Диана Егоровналыын үлэлээбиттэрэ. Мария Николаевна 1982 сыллаахха «Күнчээн» уһуйааҥҥа үлэлии киирбитэ уонна бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри биир тэрилтэҕэ бэриниилээхтик 32 сыл үлэлээбитэ. Үтүө суобастаах үлэтин иһин «Почетный работник общего образования Российской федерации» диэн түөскэ кэтэр наҕарааданан бэлиэтэммитэ. Мария Николаевна оҕону остуоруйа көмөтүнэн тула өттүнэн, саха фольклорун бары көрүҥнэрин кыра саастарыттан сайыннарыыга үлэлээбитэ. Ол курдук таабырыннары, өс хоһооннору, чабырҕахтары, үгэлэри, норуот матыыпатыгар ырыалары, тойуктары уонна да атын көрүҥнэри үлэтигэр туттара. Ол үөрэппит оҕолоро бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэрэ. Үлэлиир бырагырааммаларыгар дьыл-хонук халандаарын сөп түбэһиннэрэн дьарыгын тэрийэрэ. Дьарыга барыта ураты атын буолара. Төрөппүт оҕотун кытта кэлэн дьарыкка кыттара, «эбээ оскуолата» диэн тэрийэн төрөппүккэ сүбэ-ама биэрэр. Ол түмүгэр төрөппүт оҕотун кытта сибээһэ бөҕөргүүрүгэр олук буолара. Элбэх төрөппүт, оҕо махталын ылбыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Билигин даҕаны иитээччилэрэ, төрөппүттэрэ сылаастык саныыллар. Мария Николаевналыын алтыһан ааспыт кэммин куруук күндүтүк ахтан-санаан ааһабын. Кини курдук биир тэрилтэҕэ олоҕун анаабыт киһини бу олохпор көрсө иликпин. Бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор билигин даҕаны нэһилиэгин олоҕор көхтөөх кыттыыны ыла сылдьар. Бу да курдук өрүү санааҕын ыһыктыбакка инниҥ хоту диэки баран ис диэн баҕа санаабын этэбин.
Инникитин да нэһилиэкпит ытык мааны дьонугар,өбүгэбит үгэһин салҕаан ыччаппытыгар тириэрдэр үтүө санаалаах далбар хотуттарга чэгиэн доруойаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕара хааллыбыт «Алгыс» эбээлэр түмсүүлэрэ.