Үс кыыс төлкөтө

“Үлэҕэ бэринии” мэтээл буолан түөһүгэр кылбайбатах төлкөлөөх сэрии кэминээҕи эдэр ыччаттан ахсааннаах киһи кырдьар саас нус-хас олоҕор тиксэн олорор. Бүгүн кэпсиир эдьиийбит, 89-с хаарын уулларбыт Анастасия Вениаминовна Татаринова, түөрт бииргэ төрөөбүт кыргыттартан балыстара. Бүгүн Татаарынап аймах ытык кырдьаҕаһа эдьиий Настаа аҕыйах тылынан бэрт сэмэйдик кэпсиириттэн эрэ үс аҕас-балыстыылар бары: Мааппа, Марыына, Настаа – уордьана суох үлэ дьоруойдара буолаллара биллэр.

НАСТАА ЭМЭЭХСИН КЭПСЭЭНЭ

– Мин сэрии с а ҕ а л а н ы ы т ы г а р сэттэлээх-аҕыстаах оҕобун. Оччолорго «Кыһыл Сата» холхуоска ыанньыксыттыыр ийэбэр көмөлөһөрүм. Онтон 10 сааспыттаy үлэһитинэн киирбитим. Сайынын окко бугул түгэҕин харбыырым, кыһынын хотоҥҥо бороон көрөрүм. Сэрии иккис сылыгар улахан убайым Мэхээлэ ыҥырыллан барбыта да, ол аньыыта онон. Төннүбэтэҕэ. Биир да сыл буолбатаҕа быhыылаах, бохоруонка туппуппут. Ханнык аармыйаҕа, ханна тиийэн охтубута биллибэт. Мин оччолорго кыра буоламмын бохоруонканы ханна гыммыттарын өйдөөбөппүн, сүттэҕэ. Биир убайбын хоту Тиксии диэки ылан баартара. Кэлин, сэрии бүппүтүн кэннэ, ыарыhах буолан кэлэн өлөөхтөөбүтэ. Эдьиийбинээн Марыыскалыын холкуоска үлэлиирбит. Марыына ыанньыксыт этэ. Мин үлэ эҥин көрүҥүн толорорум: саас баранаҕа, сайын от бугулугар сылдьарым, кыһын хотоҥҥо 35 төбө тыһаҕаһы, тиҥэһэни туттаран кэбиһэллэрэ. Онтон 16 саастаахпар ийэм суох буолбута. Сити кэмтэн дьиҥнээх ыанньыксытынан үлэлээбитим. Кыра эрдэхпиттэн үлэлиирбин наhаа сөбүлүүр этим. Сүрэҕэлдьиир, сылайар диэни олох билбэппин, үлэбэр үөрэ-үөрэ барарым. Ону таhынан дьиэҕэ кэллэххэ бурдук тардыыта, таҥас-сап тигиитэ,
ас астааhына ханна барыай. Мин бурдукпун сарсыарда эрдэ, 3-кэ 4-кэ туран, дьукааҕым Мартыйаан оҕонньортон өрүсүһэн, кини иннинэ тардан кэбиhэрим. Оҕонньор сөҕөр аҕай этэ: «Бу кыыс наhаа да эрдэһит», – диэн. Оннук гымматахпына, бурдукпут тардыллыбакка хаалар. Дьоммут кус бөҕөну кустаан кэлэллэрэ. Ону наар мин үргүүр этим. Эдьиийим Марыыска буhарыытын, астааhынын кыайара. Мин кус агдакатын сөбүлүүрүм иhин, хатаҕалаан уурара, наhаа минньигэс буолааччы. Уопсайынан, аhы барытын Марыыска наhаа минньигэстик астыыра. Оттон мин таҥас тигэбин, тирии имитэбин, кус үргүүбун, бурдук тардабын эҥин, элбэх. Аҕабытын Мэнээмини наар ыраах айаҥҥа ыыталлара. Доруобайын, тулуурдааҕын, кытаанаҕын иhин эбит. Ааллаах Үүҥҥэ хас да сыарҕалаах аттаах баран, уу-хаар бөҕөнү кэhэн, түүннэрикүннэри айаннаан үлтү сылайан, илби
сытыйан, сэниэтэ эстэн, таhаҕас тиэйэн кэлэрэ. Түрбэнэн таҥас эҥин аҕалар эбит этэ. Оо, үлэ да бөҕөнү үлэлээбитэ аҕабыт. Туох баар үлэҕэ барытыгар сырытыннараллара. Уус буолан эҥин туттар сэби-сэбиргэли оҥороро: сүгэни, күрдьэҕи, кыраабылы, атырдьаҕы, тордуоҕу, сыарҕаҕа тиийэ, баһаам. Ол саҕана үhүөн эрэ олорбуппут. Мааппа кэргэн тахсан туhунан барбыта. Эдьиийбин Марыысканы кытта наhаа тапсар, иллээх баҕайы этибит. Эдьиийим эмиэ ыанньыксыттаан үлэ бөҕөнү үлэлиирэ. Илиитэ сүрдээх эрчимнээх, күүстээх этэ. Ынах ыырыгар үүтэ күүгэннэнэн үллэн тахсыар диэри тардааччы. Наhаа сымнаҕас майгылааҕа, миигин хаhан да мөхпөт этэ. Эдьиийим Мааппа бастакы оҕотун
оҕолонон баран, күүскэ ыалдьан, өр баҕайы суорҕаннаах тэллэххэ сыппыта. Эһээхэйин кыайан оҕолообот. Ону мин түүннэри-күннэри көрбүтүм. Ол иhин Дьөгүөрүм, оҕолообут оҕом буолан, миэхэ наhаа чугас этэ. Оҕобун наhаа таптыырым. «Эдьиий, кээл, Аттаа, кээл…», – диэн, өрүһүспүт курдук түргэнник, ыҥырааччы. Оҕом киhи гиэнэ килбиэннээҕэ, туох да наhаа элэккэй, сүрдээх үчүгэй киhи буола улааппыта. Москуба куоракка физкультура институтун бүтэрбитэ. Эдьигээн сиригэр баран үлэлии сылдьан сырдык тыына быстыбыта. Онно көмүллэ сытар. Онон көмүс уҥуоҕун көрбөтүм. Ити курдук олорон, үлэлээн-хамнаан баччаҕа кэллэҕим. Кэлин ыал буолан баран олорбут олоҕум туспа
остуоруйа. Чэ, ону оҕолорум кэпсиэхтэрэ.

Дьэ, субу курдук бэрт кэмчи кэпсээннээх Настаа эмээхсин. Аҕас-балыс оҕолоруттан үс улахан кыргыттар: Василиса, Федора, Наталья, ийэлэрин курдук бииргэ тутуһан улаатан, бүгүн аймахтарын иилиир-саҕалыыр тутаах дьон. Кинилэр хомолтолоро: “Тоҕо эрдэ дьоммутуттан олохторун-дьаһахтарын туһунан ыйыппакка хаалбыппыт буолла?” – диэн.
Кинилэр ийэлэрин, эдьиийдэрин сэмэй сэһэнин киэҥник-куоҥнук тэнитэр кыахтара суох да буоллар, Анастасия Вениаминовна улахан кыыһа Наталья Реворьевна Карамзина көҕүлээһининэн, биир үтүө күн сайылыкка мустан, аҕыйах тылынан тугу өйдүүллэринэн ситэрэн кэпсээтилэр.

МЭНЭЭБИН

ФЕДОРА: – Мин Федора Павловна Голикова, кыыһынан Новоприезжая, Настаа аччыгый эдьиийин Марыына улахан кыыһабын. Мин эһэбит туһунан кэпсиим. Тоҕо диэтэргин, эбэбит эрдэ өлөн хаалан, орто кыыһыгар Марыыскаҕа, мин ийэбэр олорбута. Онон, эһээ саамай атаах сиэнэ мин этим. Эһэбит Вениамин Иванович Татаринов диэн. Кини кэргэнин, биһиги барыбыт эбэбит, Феодосия аатынан мин ааттаммыппын. Эһэбит 1 кылааска үөрэнэ сырыттахпына өлбүтэ. Мин өйбөр-санаабар кини улахан баҕайы уҥуохтаах, күөх харахтаах сырдык оҕонньор курдук хаалбыт. Андылаах диэн алаастаах. Онно олорбуттар. Ол саҕана барыта холбуу хотонноох балаҕан дьиэлэр эбиттэр. Онтон Мэнээбиннээх 59 с. аан бастакы нуучча дьиэтин, балаҕаҥҥа тэҥнээтэххэ улахан да улахан, үрдүк да үрдүк, олох дыбарыас курдугу, туттубуттар. Ол дьиэни 64 дуу, 65 дуу сыллаахха Суоттуга көһөрөн киллэрэр. Кырдьык, үрдүк баҕайы дьиэ этэ. Биһиги, улаатан да баран, дьиэ үрдүн сууйарбытыгар остуолга олоппос ууран салҕанарбыт. Мин эһэбин тоҕо наһаа улахан диэн саныыбыный? Үрдүк баҕайы, дьиэ үрдүгэр тиийэр-тиийбэт, таҥас ыйыыр баара. Эһэм наар ол үрдүгэр бэргэһэтин уурара. Дьэ, уһанар да уһанар
этэ. Уус оҕонньор. Сопхуос туох-баар сыарҕатын, күрдьэхтэрин, атырдьахтарын барытын күнү быһа оҥорорун өйдүүбүн. Ыстахаанабыс буолан “Лена” совхоз кыһыл кинигэтигэр киирбитэ. Сэриигэ ыҥырбатахтар. Колхуос туруу үлэһиттэрэ, 40-тан тахсыбыттар, кинилэр эрэ хааллахтара дии. Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас тиэйиигэ сылдьыспытыгар, хамнаһын суотугар, көмүс манньыат биэрбиттэр. Ону кини баппаҕайын көм этин хайытан уган баран, саба тутан, кистээбит. Кыһыл көмүс буолан сытыйбатах. Тириитин иһинэн оһон хаалбыт. Ол төп-төкүнүк манньыаты мин тардыалыыр этим. Эһэм: “Харчы баар, харчы”, – диирэ. “Аҕал да аҕал” диэн сулуйбутум буоллар, биэриэх эбитэ буолуо. Онтукатын
илдьэ барбыта. Урут Эдьиий Настаа кэпсиир этэ: “Сэрии саҕана Кыһыл кырдалга олордохпутуна, бандьыыттар мыраан аннынан кэлэннэр, дьиэбитин чүүччэйэн,
аспытын-үөлбүтүн былдьаан бараллара”, – диэн. Сахалар да, нууччалар да баандалара баар үһү. Бука, күрүөйэхтэр буолуо. Дезертирдэр. Онон, эһэбит манньыатын
кинилэртэн кистээбит буолуохтаах.
НАСТАА: – Таҥас-сап суох дьадьаҥы ыал этибит, олох. Ырбаахыбыт да суох этэ. Онтон биирдэ аҕам Ааллаах Үүнтэн таҥас аҕалбыта, хата. Салдаатыскай этэ. Сиидэс буотах. Дьэ, мин эдьиийбэр, аҕабар иккиэннэригэр ырбаахы тиктим. Онно аҕам барахсан наhаа үөрбүтэ.
НАТАЛЬЯ: – Арааскыта, эһэбит айанныы сылдьар кэмигэр бандьыыттар кэлэр буолуохтаахтар. Кини Ааллаах Үүҥҥэ көмүс хостооччуларга таһаҕас таһыытыгар сылдьыбытын туһунан хаһан да, кимиэхэ да кэпсээн оҥостубат этэ. Ол сындааһыннаах сырыылары сылдьыбыт хорсун-хоодуот эр бэртэрин тустарынан «Молодой учёный» диэн сурунаалга тахсыбытын аахпытым. “Кыстыктарга хаартыһыттар, арыгыһыттар, хаамаайылар мусталлара, онон таһаҕасчыттар малларын уонна аттарын хардары-таары маныылларыгар
күһэллэллэрэ. Оччолорго суолларыгар Е. Павлов уонна В. Орлов баандалара саба түһүөхтэрин сөбө”. Манна суруллубутунан көрдөххө, биһиги эһэбит Мэнээмин, оччолорго эдэр, тэтиэнэх, сытыы-сымса, бэйэтин кыанар киһи уонна кыайыылаах-хотуулаах буолан, амырыын айаннары этэҥҥэ  туораан эргиллэн кэлитэлээбит эбит.

ТЫРАХТАРЫЫС МААППА

НАТАЛЬЯ: – Дьиҥэр, Мэнээминнээх 6 оҕолоохтор эбит. Сэрии саҕана уонна кэнниттэн 3 оҕолоро өлбүт. Ийэбит улахан убайа, таайбыт, ханна сырдык тыына быстыбытын ирдэһэн-ирдэһэн, кыайыы 75 сылыгар куйаар ситиминэн көрдөөн, быйыл дьэ буллубут. Свердлов уобалаһыгар Камышлов диэн куоракка госпитальга сыппыт. Онтон: “Быдан дьылга быраһаайдарын. Аны, көрсүбэппит”, – диэн суруйбут эбит. Ону ийэм өйдүүр. Татаринов Михаил Меняевич диэн суруйбуттар. Вениаминович диэни сатаан эппэтэх быһыылаах. 19-ҕар 1942 с. барар уонна 43 с. ыам ыйыгар өлөр. Кэргэн да, оҕо да суох. Иккис убайа Егор ас толуонун сүтэрэн буруйга тардыллыбыт уонна Хоту муустаах байҕал кытылыгар Тиксиигэ утаарыллыбыт. Толуонун ол бандьыыттар да былдьаатылар ини. Онтон 1948 сыллаахха доруобуйата айгыраан, сыккырыыр тыына эрэ ордон кэлбит уонна ол сыл күн сириттэн барбыт. Ийэм убайа тиhэх тыыныгар сытан быраhаайдаспытын өйдүүр. Кыатаммакка ытаан барбытыгар: “Тоойуом, ытаама…”, – диэхтээбит. Егор кэнниттэн кэлэр Наталья диэн эдьиийэ, куоракка учуутал идэтигэр үөрэнэ сылдьан, ыалдьан өлбүт. Ийэбит, Марыыскаттан аҕыйах сылынан быысаһан кэлбит буолан буолуо,
ийэтин бииргэ төрөөбүт убайын аахха сылдьыбыт. Эбэлээх эһэтигэр. Дьиҥнээх төрөөбүт сыла биллибэт. Таҥара дьиэтэ умайан хаалан, ханнык да докумуон суох. Кэпсээниттэн иһиттэххэ, Марыынаттан хас да сыл балыс курдук. Сопхуос тэриллэригэр, быһа холоон, 32 сыллаах диэн суруйбуттар.
НАСТАА: – Иитиэххэ сылдьыбытым. Өлөөнкөлөөххө. Мэхээлэ диэн таайдаах үһүбүн. Кинилэртэн дьоммор сэрии саҕана биирдэ кэлбиппин. Ол иһин улахан убайбын оччо өйдөөбөппүн. Оттон аҕаһым Мааппа бастакы тырахтарыыс.

ВАСИЛИСА (ахтыыттан): – Мин ийэм Марфа Венианимовна Татаринова ыал улахан оҕото, 1919 с. терүөх. Сэрии саҕана сүүрбэтиттэн тахсыбыт кыыс, куоракка тыраахтар кууруһугар үөрэнэн, 42 сыллаахтан Уус Алдаҥҥа тырахтарыыһынан үлэлээбит. Сэрии кэмигэр таҥастара суох буолан, Америкаттан кэлбит саахар куулуттан дьууппа, ыстаан тиктэн кэтэллэр эбит. Ийэм биэнсийэҕэ тахсыар диэри бу тэрилтэттэн харыс да халбарыйбатаҕа. Арай, эдэр сааһыттан эр киһи үлэтин үлэлээн эрдэ ыарыһах буолан, тырахтарыыстаан бүтэн, «Сельхозтехника» мастарыскыайыгар инструментальщикка көспүтэ. Үлэтигэр наһаа бэриниилээҕин сыаналаан, тэрилтэтэ 1966-67 сс. Москубаҕа ВДНХ быыстапкатыгар ыыппыта. Буор босхо. Кыайыы кэнниттэн ийэм бииргэ үлэлээбит, 2-с Лөгөй Тулунатыттан төрүттээх, эмиэ тырахтарыыс идэлээх Бурцев Баһылайдыын ыал буолбуттар. Биэстэ оҕоломмуттарыттан уоллаах кыыс эрэ хаалбыппыт. Ийэбит сүрдээх ыраас туттуулааҕа, ыалдьытымсах этэ. Суоттуттан аймахтара, билэр дьонноро кэллэҕинэ
олуһун үөрэрэ, сонун бөҕөнү ирэ-хоро кэпсэтэллэрэ. Дьиэбит-уоппут куруук ыраас, бэрээдэктээх, туох да ордук-хос мал-сал суоҕа. Бары-барыта орун оннугар турара уонна ууруллара. Онно уларыйбыт буоллаҕына сөбүлээбэтэ. Аҕабыт Василий Дмитриевич Бурцев сытар ынаҕы туруорбат олус холку, сымнаҕас киһи этэ. Кыра эрдэҕинэ тулаайах хаалан эрэйи көрбүт киһи. Сааһын тухары тырахтарыыстаабыта. Бэриллибит былаанын аһара толороро. Кини сыралаах үлэтэ үрдүктүк сыаналанан, «Октябрьскай революция» уонна «Бочуот знага» орденнарынан наҕараадаламмыта. Аата үйэтитиллэн, сааһын тухары үлэлээбит, олорбут бөһүөлэгэр биир кыра уулусса кини аатын сүгэр. Иллэрээ сыл кинилэр төрөөбүттэрэ 100 сылларын көрсө Бороҕоҥҥо сквер аспыттара.

НАТАЛЬЯ:– Ийэм эдьиийдэрин тустарынан хоһоонноох. Мааппаҕа анаабыта “Тырахтарыыс кыргыттар” диэн. 60-чатыгар эмискэ итинник иэйиитэ киирэн ылбыта. Хоһоон бөҕөтүн суруйбута, дьоннорун, айылҕатын туһунан. Марфа уола Егор, ийэбит оҕолообут Гошата, спорсмен этэ. Эдьигээҥҥэ тренердии сылдьан сааскы булка ууга былдьаммыта. Мотуордаах оҥочолоро түҥнэстэн хаалбыт. Ууттан кини эрэ тахсыбыт уонна баран иһэн, иһиттэн тоҥон, сүрэҕэ тохтоон өлбүт. Бурцевтар кыыстара Василиса Васильевна Вихрева, биһиги эдьиийбит, 71 сааһа буолла. Үһүөн: Василиса, мин, Дора буоламмыт билсэбит аҕай, олох чугас дьүөгэлиилэрбит. Василиса сылын ахсын Бороҕоҥҥо сайылыы тахсар. Бу
көрсүһүүгэ, буруо бөҕө буолан, кыайан кэлбэтэ.

Анастасия ТАТАРИНОВА

ТЫРАХТАРЫЫС КЫРГЫТТАР

Ымтыйыс үөрэтэн таһаарбыт
Тырахтарыыс кыргыттар
Аһаҕас халлаан анныгар
Утуйары да умнан,
Хара буору бүрүнэн,
Хорсун-хоодуот кыргыттар
Мааппа, Маайа буоланнар
Кэлэллэрин өйдүүбүн.
Хатысыны хаамтаран,
Холкуостары кэрийэн,
Бааһынаны бүтэртээн,
Күн-түүн супту үлэлээн
Кыайыылаах тахсаллар.
Москубаҕа бараннар
Быыстапкаҕа кытталлар,
Хорсун-хоодуот кыргыттар
Мааппа, Маайа буоланнар!

МОСКУБА МАРЫЫСКАТА

ФЕДОРА: – Ийэм, Марина Вениаминовна Татаринова, эhэм Мэнээмин оҕонньор орто мааны кыыhа буолар. Ийэм аҕатын өлүөр диэри көрбүт, көмүс уҥуоҕун тутуспут үтүөлээх. Кини хойутуу, отутугар, ыал буолбут. Ол иһин биһиги эдьиий Настаа оҕолоруттан аччыгый саастаахпыт. 1959 сыллаахха аҕабынаан уруу тэриммиттэр. Бастакы оҕолоро табыллыбатах. Онтон мин 1962 сыллаахха кэтэhиилээх күндү киhинэн төрөөбүппүн. Миэхэ эбэм аатын биэрбиттэр. Онон эhэбэр Мэнээмин оҕонньорго күнэ-ыйа буолбуппун.
Аҕабыт Павел Павлович Новоприезжай саха буолан баран олох бааһынай дьүһүннээх этэ. Сап-саһархай баттахтаах, уҥа атаҕар сулустаах төрөөбүт. Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ эһэбит оҕом ураты, улахан киһи буолсу диэн тойонноон, Фридрих Энгельс аатын биэрбит. Онон мин Феодосия Энгельсовна Новоприезжая буолуохтаах этим. Ону баара, аҕам ийэбин
ыларыгар аатын уларыттаран кэбиспит. Мин эмиэ. Төрөөбүтүм туһунан туоһубар Феодосия диэммин. Оҕо сырыттахпына оҕолор: “Сөдүөччүйэ, Сөдүөччүйэ”, – диэн күлүү гыналлара. Ону абааһы көрөммүн, пааспар ыларбар, Федора диэн суруйбутум. Төрөөбүт туһунан туоһуну көрбөттөр да этэ. Ийэм наһаа да кыраһыабай этэ. Саха дьахтарын кэрэтэ барыта киниэхэ баара: уhун хара суhуох, киэҥ арылхай харах, хойуу хара хаас, мааны майгы. Уой, сытыары сымнаҕас майгылаах! Олох биирдэ да киниттэн мөҕүллүбүппүн даҕаны, ыһытыыхаһытыы сылдьыбытын да өйдөөбөппүн, наһаа киэҥ-холку этэ. Эйэҕэһин иһин оҕо эрэ таптыыра. Дьиэбит иhэ толору оҕо буолара. Көҥүл оонньуурбут, сүүрэрбиткөтөрбүт. Наhаа минньигэс астааҕа. Бурдук ас эҥинин астыыра. Баахыланы күн аайы килиэп курдук сиирбит. Булочката сырысымнаҕас, мип-минньигэс буолара. Аймахтарын оҕолорун наhаа таптыыра, балтын Настаа уолун Миисэни ордук атаахтатара. Дьонум сүөһүас бөҕөнү ииттинэллэрэ. Сыл аайы 2-3 сүөhүнү идэhэлэнэрбит. Биир идэһэ этэ аймахтарга түҥэтиллэрэ. Кинилэр да көмөлөрө элбэх буолара. Оннук, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүhэн, үчүгэй баҕайытык олорбуттара. Ийэм биhигини хотоҥҥо
көмөлөhүннэрэ сатаабат этэ, мин күүспүнэн тахсыhан кутурук тутааччы, ньирэй аhатааччы буоларым. Дьиэбит таһыгар Саталар хотонноро баара. Онно ийэм ыанньыксыттыыра. Кыра сылдьан биирдэ сайыһан барыстым. Ийэм ынаҕын ааттыы-аатыы ыҥырар. Арай, биир хара ынах маҕырыы-маҕырыы утары кэллэ да, ийэм кэннигэр турар киһини, миигин, түҥнэри анньан кээстэ уонна үрдүбүнэн ой да ой буолла. Ынах туйаҕа элэҥниирим көрөн сытабын.

Ийэм саҥата: “Төкүнүй, күрүөҕэ киир”, – диир. Онно өйдөнөммүн, төкүнүйэн күрүө анныгар киирэн хааллым. Уой, онтон сүрэҕим хайдыбытыан! Нөҥүө сарсыарда ийэм хотонугар киирбитэ, биир сытыары сымнаҕас хара ынаҕа сирэйэ бүтүннүүтэ хаан буолан турар үһү. Ол эһэм Мэнээмин: “Оҕобун кэйбит”, – диэн баран, атын хара ынаҕын икки муоһун иккиэннэрин быһан кээспит. Ийэм сүөhүлэрин наhаа таптыыра, «оҕолорум» диирэ. Кини суох буолбутун кэнниттэн, оҕолорум оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри, ынахпытын эспэтэхпит, хайдах эрэ ийэбитин санаталлара. Кэлин үлэбит наhаа барыылаах-кэлиилээх буолан, сүөhүлэри эрэйдиэхтээҕэр ииппэтэх ордук диэн, аймаҕынан түҥэппиппит. Ийэм биирдэ да дьону үөҕэ, мөҕөэтэ сылдьарын, саҥарарын-иҥэрэрин истибэтэҕим. Сүрдээх ыалдьытымсах, үөрүнньэҥ, ыраас түргэн туттуулаах, хоhуун үлэhит этэ. Дэлэҕэ даҕаны «Москуба Марыыската» диэн ааттаныа дуо? Эдэр сылдьан бастыҥ ыанньыксыт буолан, Москубаҕа ВДНХ быыстапкатыгар кыттар чиэскэ тиксибитэ. Саха сириттэн үhүө буолан дойду тэбэр сүрэҕэр күүлэйдээн кэлбиттэрэ. Ийэм барахсан ыалдьа-ыалдьа үлэлээн, эмтэммэккэ, 50 сааhын туолбакка да сылдьан сэбиргэхтэтэн күн сириттэн бараахтаабыта. «Сүөһүлэрбин – оҕолорбун ким көрүөй, ынахтарым уолуохтара», – диэн тыллаах буолара.

Анастасия ТАТАРИНОВА

ЭДЬИИЙИМ МАРЫЫНА
Биэдэрэтин кыбынан
Тиэтэйэр үлэтигэр.
Ким хайа иннинэ
Үлэтин бүтэрэр.
Кыһыл Сата кыыһа
Ыанньыксыт Марыына.
Кини көрбүт сүөһүтэ
Төлөһүйэ мөлбөйөр.
Ыанньыктаабыт ынаҕа
Солуурунан үүттэнэр.
Үүттээх сүөгэй далбардаах,
Үллэ турар быйаҥнаах,
Амтаннардаах астардаах
Эдьиийкээммин хайгыыбын,
Ырыа гынан ыллыыбын.

БУОР ХАРА ДА…

НАТАЛЬЯ: – Ийэбит Анастасия бииргэ төрөөбүт кыргыттартан сирэйинэн харалара-бүрэлэрэ, онуоха наар хара үлэни толорооччу дьиэ иһинээҕи “хачыгыр” эмиэ кини. Ити кэпсиирин курдук, эдьиийэ Марыыска үксүгэр ас астыыр, оттон биһи ийэбитигэр бурдук тардыытын курдук хара үлэ тиксэр. Кыра сырыттаҕына уолаттар: “Бүрэ кыыс! Хап-хара Харачааскы!” – диэн үөҕэллэр эбит. Биирдэ ийэтигэр үҥсүбүтүгэр: “Ээ, били кинилэр кылбаа маҥан буоланнар. Кыһаллыма, буор хара да бурдук үүнэр, хаар маҥан да ыт ииктиир”, – диэн санаатын эгди гыммыт. Аҕабыт, Реворий Михайлович Охлопков, Тулагы Киллэм киһитэ эбит. Суотту детдомуттан тулаайах оҕону Охлопковтар иитэ ылбыттар курдук. Үлэһит оҥостон илдьэ олорбуттар. Оскуолаҕа биэрбэтэхтэр. Улаатан баран ааҕарга-суруйарга үөрэммит уонна тырахтарыыс куурсун бүтэрбит. Дьоммут иккиэн ”Кыһыл Сата” колхуос үлэһиттэрэ, ыал буолан биэс оҕоломмуттар. Онтон 66 с. ийэбит огдообо хаалар. Аҕабыт, баара эрэ 32 саастаах киһи, оһолго былдьанар. Убайым Миша уон саастаах. Мин биэстээхпин. Оччолорго Ала соболоох диэн сайылыкка олорбуппут. Ийэбит күнү быһа ынаҕар сылдьар. Машабыт быыкаайык, алта ыйдаах. Биирдэ ытаа да ытаа буолла. Саарата сатыыбын да, олох истибэт. Онтон миигин кытта саастыы ыалым уол кэллэ. Бииргэ оонньооччубут. Баанньыска: ”Ийэҕэр баран этэбин дуо?” – диэтэ. Мин туох да диэбэппин, ытыыытыыбын оҕобун көтөҕөн сылдьабын. Ону баран эппит. Ийэм сүүрэн кэллэ ээ. Хата, титиик чугас этэ. Дьэ, мин “һуу” гынным. Аны, ол сайылыкпытыгар кыстаатыбыт. Дэриэбинэҕэ хотон суох үһү. Сүрдээх салайааччылар буолбатахтар дуо? Сайыҥҥы чап-чараас дьиэҕэ ыанньыксыттары кыстата хааллардылар. Хата, биһиги дьиэбит оһохтоох этэ. Онно мин хотоҥҥо тахсыһан ынах этэрдэбин. Дьиэҕэ үстээх Лиза балтытынаан бэйэлэрэ хаалаллар. Икки убайбыт дэриэбинэҕэ үөрэнэ киирдэхтэрэ дии. Руслан Суоттуга Доралаахха. Миша Мааппалаахха Бороҕоҥҥо. Мин, көмө киһитэ, санаабар, түргэн баҕайыбын. Арай, ынаҕым тэбэн саайда. Наһаа ынырыктык сарылаан бараммын, түөрт атах буолан аттааммын, ийэбэр “куоттум”. Ийэм: “Оо, дьэ, оҕобун тоҕо тэбэҕиҥ? “ – диэн, ынаҕын таһыйда. Оччолорго илиинэн ыыллар этэ. Аҕабыт дьиэ туттубакка хаалбыт буолан, бэйэбит бас билэн муннукпут суоҕа. Өрүү дьукаахтаhан олорбуппут. Аҕабыт өлбүтүн кэннэ Охлопковтар диэн элбэх оҕолоох Суотту ыала, кыстыыр сирбит суоҕун көрөн, бэйэлэрэ тылланан кып-кыра дьиэлэригэр дьукаах ылбыттара. Оччолорго саха ыалыгар наhаа да эйэҕэс майгылаах, сүрдээх да аhыныгас сүрэхтээх,
киэҥ көҕүстээх дьоннор бааллар эбит. Охлопковтар бэйэлэрэ биһи саастыыта түөрт оҕолоох этилэр. Наһаа үчүгэйдик суулаһан, биир дьиэ кэргэн курдук, кыстаабыппыт.
68 с. ийэбит дьиэ атыыласпыта. Онтон ыла, дьэ, ыал-ыал курдук быр-бааччы олохпутун оҥостон, ону-маны тэринэн барбыппыт. Мин бастакы кылааска үөрэнэ киирбитим. Үчүгэйдик үөрэнэрбиттэн ийэм наhаа үөрэрэ уонна киэҥ туттара.  Ийэбит үксүн үлэтигэр сүтэр буолан, оҕолор бэйэбит бэйэбитин көрүнэ үөрэммиппит. Бары үлэҕэ эриллэн улааппыппыт. Улахан убайбыт Руслан 10 сааhыттан сайын аайы колхуоска, онтон совхозка оттоһоро. Миша эмиэ окко, хаппыыстаҕа буһара-хатара. Биhиги үс кыыс ийэбитин
кытта сайылыкка тахсыhарбыт. Кэлин, ийэбит онно-манна кыһалҕатыгар бардаҕына, кинини солбуйан ынахтарын ыан, ньирэйдэрин аһатан, хотон үлэтин барытын толорор буолбуппут. Мин, ийэбин батан, бииргэ төрөөбүт кыргыттартан хараларабын. Оҕо сырыттахпына уолаттар, үүт-үкчү ийэбин үөҕэллэрин курдук, харабынан ыыстыыллара. Онуоха ийэм: “Буор хара да бурдук үүнэр, хаар маҥан да ыт ииктиир”, – диэбитин олох умнубаппын.

ҮЛЭҔЭ ОХТУБУТТАР

НАТАЛЬЯ: – Билигин биhиги ийэбит, Анастасия Вениаминовна Татаринова, алта бииргэ төрөөбүттэртэн соҕотох хаалан сылдьар. Быйыл 89 сааhын туолла. Ийэтэ Феодосия Семеновна Дьяконова диэн. Эбэбит туһунан кэпсээн кэмчи, хаартыската да суох. Ийэбит олох кыра эрдэҕиттэн, оскуолатын быраҕан туран үлэлээбит. Ферма үлэтиттэн 65-гэр биирдэ уурайбыта. Онон 50 сыл устата «Лена» совхозка туох баар күүhүнкүдэҕин биэрбитэ. Ол иннинэ оҕо сааһыттан “Кыһыл Сата” колхуоска үлэлээтэҕэ дии. Ол иһин Сталин, “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, “Килбиэннээх үлэ иһин” мэтээллэрдээх.
НАСТАА: – Соҕурууттан кэлбит үчүгэй боруода ынахтары аҕалбыттара. Ону Лоппуу биригэдьиир саҥаһыгар Иэлэҕэ биэрбитэ. Иэлэ кыайан көрбөтөҕө. Үүт бөҕө онно ыаныахтааҕа хааллаҕа. Оччотооҕуга да таһаарар дьоннорун таһаараллар. Киһи миигинньигин – суох.
НАТАЛЬЯ: – Ээ, барахсан… Бачча сааһыгар диэри хом санаахтыыра – ситэ үлэлээбэккэ хаалбытын туһунан. Билигин санаатахха, совхоз салайааччылара итиччэ үлэһит киһиэхэ болҕомтолорун ууран, кини көрдөрүүлэрин учуоттаан үөһэ таһааран испиттэрэ буоллар, Үлэ дьоруойа да буолуон сөбө хаалбыт. Ол биригэдьиирэ Пермяков Баһылай олох сыыстарбыт. Үүттээх боруода ынахтары биһиги ийэбит курдук хотуулаахтык үлэлиир дьоҥҥо биэрбитэ буоллар, төһөлөөх аатырыа этилэр? Ийэбит ол ынахтары ынырыктык көрүөх, кырдьык, үүт бөҕөтүн ыах этэ.
ФЕДОРА: – Биһи эдьиийбит ынахтара көннөрүлэр этэ. Ол да үрдүнэн үүт бөҕөтүн ыан, оччолорго дьоруой буолбут ыанньыксыттар ылбыт 2 тыһыынчалаах кирбиилэриттэн түспэтэҕэ. Дэлэҕэ Социалистическэй куоталаһыы 5 төгүллээх кыайыылааҕа буолуо дуо? Ол саҕана ынаҕы алдьархай бэрэбиэркэлииллэр. Көрдөрүүлээх ыаһын оҥорон, хас биирдии ынах сарсыардааҥҥы, күнүскү, киэһээҥҥи ыамын ыйаан, барытын суруйаллара.
НАТАЛЬЯ: – Ийэбит, чахчыта да, киһиттэн таһынан үлэһит. Сайылыкка хараҕын оһоллообута. Титииккэ саҥа муоста сиэрдийэлэрин хатырыгын да, мутуктарын да суорбакка тэлгэппиттэр. Онно, ынахтарын аhата сылдьан, иҥнэн умса баран түспүт уонна хараҕынан мутукка сааллыбыт. Ону көрдөрбөккө, үлэлиирин курдук үлэлии сырыттаҕа дии. Сирэйин аҥаара күөх баланах гына иһэн тахсыбыта. Онтон ыла хараҕа бэргээтэр бэргээн көрбөт буолбутун, ылан кэбиспиттэрэ. Билигин соҕотох хараҕынан кыламнатан
сылдьар. Дьиҥэр, производствоҕа эчэйиигэ аах оноhуллуохтаах этэ. Солбук булан, көрдөрө да ыытыахтарын сөбө.
ФЕДОРА: – Үлэҕэ охтубут дьон буоллахтара, Мэнээбин кыргыттара. Биһиги ийэбит эмиэ үлэтигэр олус бэриниилээх буолан, доруобуйатын толук уурдаҕа… Кэмигэр эмтэнэн,
үйэтэ уһаабыта буоллар, бу эдьиий Настаа курдук, ытыс үрдүгэр сылдьыах этэ.
НАТАЛЬЯ: – Оннук ээ. Эдьиийбит, тырахтарыыс да Мааппа, сэрии сылларыттан төһөлөөҕү үлэлээбитэ-хамсаабыта буолуой?! Ийэбит эдьиийдэринэн наһаа киэн туттар. Кинилэргэ анаабыт хоһоонноро элбэхтэр. Биhиги ийэбитинэн киэн туттабыт. Кини билигин уон сиэн, уон түөрт хос сиэн тапталлаах эбэлэрэ. Билигин даҕаны сүбэлии-амалыы, барыбыт туспутугар кыһалла-мүһэллэ сылдьар. Күндү киһибит, ытыс үрдүгэр сылдьан, үйэтэ уһаатар ханнык диибит.

Анастасия ТАТАРИНОВА

АНДЫЛААҔЫМ
КЫРГЫТТАРА
Андылаахха сылдьаммын
Өтөхтөрбүн көрөбүн.
Оттуун-мастыын аҕыйаан
Хобдохсуйбут курдук дуу.
Эдьиийдэрим барахсаттар
Эдэр-чэгиэн сааскытыгар
Үлэ бөҕөтүн көрсөҥҥүт
Манна олорон ааспыккыт.
Сындааһыннаах бэйэҕит
Сылайары билбэккэ,
Үлүһүйэн үлэлииргит,
“Сата” хорсун кыргыттара.
Кыргыттары, эһигини,
Санаан кэлэн ааттыыбын:
Матырыаһы, Мааппаны,
Марыынабын ахтабын,
Ааныс, Маайыс барахсаны
Барыгытын саныыбын.
Андылаахха билигин
Хобдохсуйбут тыаларым,
Кыргыттарын суохтаабыттыы,
Хоҥхолдьуһа тураллар

УМСУУРА

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...