Аймах дьон бөҕөх туруктара – буойун халыҥ куйаҕа

Киһи олоҕор элбэх түгэннэргэ эриллэр, үгүс быһыыны майгыны көрсөр, араас турукка киирэн тахсар. Ордук кыһалҕалаах кэмҥэ:  “Хайдах маннык буолла? Тоҕо мин? Туох иһин?” — диэн ыйытыылары туруорунан ырыта, быһаара сатыыр. Сөптөөх хоруйу тобулбатаҕына буолбут быһыыга, түгэҥҥэ буруйдааҕы көрдөөн эрэйдэнэр, санаата муунтуйар, ис туруга ыһыллар, этэ сиинэ мөлтүүр. Маныаха уйулҕаһыттар, биитэр тус олохторун холобурунан ыарахан түгэннэртэн кыайыылаах тахсыбыт дьон, эбэтэр айылҕаттан айдарыылаахтар ыллыктаах сүбэлэринэн, ылыннарыылаах тылларынан кыһалҕалаахха күүс-көмө буолаллар.

Биир маннык сахалыы мындыр көрүүтүнэн, санаатын күүһүнэн, сырдыкка талаһыытынан холобур буолар, кыһалҕалаахтарга үгүс үтүөнү оҥоро сылдьар киһини кытта ааҕааччыбын билиһиннэриэхпин баҕардым. Кини Вера Петровна Душкевич диэн. Вера, аатын курдук, дьоҥҥо инникигэ итэҕэли саҕар, эрэли уунар амарах, аһаҕас сүрэхтээх, дьон бэлиэтии этэллэринэн “күн курдук киһи”. Кинини билбэт дьон, аҥардас араспаанньатынан сирдэтэн, омук дьахтара дии санааччылар, онтулара сырдык хааннаах, кыра уҥуохтаах, толору эттээх сииннээх, мичээринэн саҕар харахтаах кэрэ аҥаар уу сахалыы саҥаран-иҥэрэн, кэпсээн-ипсээн киирэн кэллэҕинэ:“Сахаҕын дуо?”, — диэн соһуйааччылар.

“ХАРЫСХАЛ” АРЫЙБЫТ ААРТЫГЫНАН

Вера Петровна соҕотох оҕото ДЦП диэн диагнозтаах  төрөөбүтэ, онон доруобуйатыгар хааччахтаах оҕолоох ыаллар кыһалҕаларын бэйэтинэн билэр киһи күүс-көмө буолар сыаллаах үтүө түмүктэрдээх үлэни ыыппыта. Ол курдук, 2002 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр инбэлииттэр успуортарын Ассоциациятын тэрийсибитэ, адаптивнай, паралимпийскай, сурдлимпийскай успуортар сайдалларыгар күүскэ ыл сан үлэлээбитэ, 2011 сыллаахха “Харысхал” аһымал пуонданы төрүттэһэн салайбыта, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо сөптөөх эйгэни тэрийиигэ араас хабааннаах бырайыактары олоххо киллэрсибитэ. Онтон билигин Вера Петровна Ростов куоракка анал байыаннай дьайыыга кыттар сулууспалаахтары, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр Саха сиринээҕи сүрүннүүр кииҥҥэ үлэлии-хамныы сылдьар. Элбэх сыраны, сэниэни эрэйэр үлэтин туһунан кэпсииригэр уонна хайдах бу эйгэҕэ тиийэн хаалбытын сырдатарыгар көрдөстүм. “Арай биирдэ дьикти баҕайы түүлүү түүһээтим: хаһыллыбыт окуопа устун төттөрү-таары сүүрэ сылдьаммын бааһырбыт дьону бэрэбээскэлиибин. Туох дьиибэ түүлэй дии санаатым эрээри кыһаллыбатым.Онтон ол түүлбүн хаттаан көрдүм. Хайдах-хайдаҕый, дьикти түүлэй диибин. Ол кэннэ аны манныгы түһүүбүн: наһаа үчүгэй корзиналаахпын. Толоон устун хаама сылдьаммын корзинабар дьон илиитин, атаҕын хомуйабын уонна ону илдьэммин: “Сөп түбэһэр дуу, суох дуу?”, — дии диибин илиитэ, атаҕа суох дьоҥҥо биир-биир сыһыары тутан олордобун. Үһүс түүлүм кэннэ тэлэбиисэри холбоон истибитим дойду үрдүнэн анал байыаннай дьайыы саҕаламмыт,быстах хомуур биллэриллибит эбит.

БУОЛА ТУРАР БЫҺЫЫНЫ ТОҔО ЧУГАСТЫК ЫЛЫННЫМ?

“Түүллэрим миэхэ тугу эрэ этэ сатыыллар. Бу буола турар быһыыны тоҕо мин бэйэбэр чугастык ылынным уонна олохпор туохха кэллэ?” — диэн санааҕа-онооҕо ыллардым, утуйбат да буоллум, эт сиин да өттүнэн мөлтөөн бардым. Онтон “Жизнь без ограничений” диэн Джо Витале кинигэтигэр суруллубут киһини чөлүгэр түһэрэр, ханнык баҕарар түгэнтэн тахсарга көмөлөһөр, уруккуттан бэйэм туттар “хоопонопоно” медитациябын оҥордум: “Мин олус хомойобун”, “Бука диэн, алы гын”, “Мин эйигин таптыыбын”, “Мин эйиэхэ махтанабын”. Медитация кэнниттэн сааһыланным, уоскуйдум.  Дьэ ол түүн үчүгэйдик утуйдум. Сарсыҥҥы күнүгэр Москубаттан постпредстволар эрийдилэр уонна: “Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр-сүрүннүүр киин тэрилиннэ, онно кэлэн үлэлиэҥ этэ”, — диэн ыҥырдылар.

Дьэ ити курдук,  сэтинньи 2 күнүгэр мин Москубаҕа тиийбитим. Сүрүннүүр кииҥҥэ биир нэдиэлэ устата төлөпүөнүнэн дьон ыйытыытыгар эпиэттии—эппиэттии холкутук үлэлээтим. Арай санаабар тугум эрэ тиийбэт, туох эрэ буолуохтаах курдук. Эмиэ түүл түүһүүбүн: улахан болуоссат ортотугар күн уотугар күлүмүрдүү оонньуур куупаллаах сиэркэп турар, наһаа холкутук мин Ростовка хаама сылдьабын диибин. Сарсыарда уһуктан баран онно барыахпын наада эбит дии санаатым. Үлэбэр тиийэн: “Миигин Ростовка баар байыаннай госпиталга ыытыҥ”, — диэтим.

 

РОСТОВ ГОСПИТАЛЫГАР

Ростовка барыта байыаннай куорпус, тастан кэлбит киһи госпиталга кыайан киирбэт, бааһырбыт уолаттар чугас дьонноругар эрэ киирэр көҥүл биэрэллэр. Госпиталь таһы гар тиийэн хайдах киирэбин диэн толкуйдуу турдахпына Дьокуускайтан билэр киһим эрийдэ уонна наадатын быһаарсан, мин туох кыһалҕалаах турарбын истэн баран: “Госпиталь салайааччытын солбуйааччытын билэбин”, — диэн үөртэ. Ол солбуйааччыны кытта көрсөммүн, кэпсэтэммин, сөбүлэҥ түһэрсэммин киириигэ көҥүл ыллым. Гос питалга тутатына Саха сириттэн сылдьар уолаттары буллум. Туох кыһалҕалаахтарын, туохха наадыйалларын кэпсэттибит. Ити курдук күн аайы биир дойдулаахтарбын булан үлэбин саҕалаабытым. Үлэбит хайысхата бааһырбыт байыастары кытта үлэлээһин буолар. Уолаттарга бааһырбыттарын иһин бэриллэр биир кэмнээх төлөбүрү ылалларыгар, докумуоннарыгар көмөлөһөбүт, дьоннорун кытта сибээһи олохтуубут, сүбэ-соргу буолабыт. Бу сыл устата үлэлээбит кэммэр биири бэлиэтии көрдүм. Сэрии толоонугар сылдьар уолаттар күн аайы өлүүнү көрөллөр, ыгыллыы туругар сылдьаллар ол иһин кинилэр өтө көрөр, сэрэйэр, таайар билиилэрэ, бэйэни харыстанар билгэлиир дьоҕурдара (предчувствие, инстинкт самосохранения) арыллар. Бу билгэ-билии ордук айылҕаны кытта алтыһа үөрүйэх саха уолаттарыгар күүстээх буолар эбит.

УОЛАТТАРБЫТЫГАР АЙЫЛҔАЛАРА КӨМӨЛӨҺӨР

Ол курдук, уолаттар сэриилэһэ сылдьаннар олохторугар куттал суоһуур түгэнин сэрэйэн билэр эбиттэр. Холобур, тааҥка умайар түгэнигэр уоһа өрө тардыллыбатах буоллаҕына люктан экипаж кыайан тахсыбат эбит, ону биир уол билгэ-билиитинэн сэрэйэн тааҥкатын уоһун кыл түгэҥҥэ өрө тардан уолаттарын быыһаабыт. Минометунан хомуйар ытыалааһын кэмигэр уолаттар үрүө-тараа ыһыллаллар. Саха уола үс атын эрэгийиэн уолаттарын кытта халдьаайы сыырыгар саһаллар. Онно сытан уол өтө көрөн: “Бу сытар сирбититтэн атын сиргэ барыахха наада”, — дии саныыр уонна чугастааҕы снаряд түспүт аппатыгар уолаттарын күүһүнэн үтүрүйэн илдьэр. Бүтэһик уол аппаҕа киирээтин кытта ол иннинэ сыппыт сирдэригэр снаряд эстэр. Ити түгэн кэннэ быыһаабыт уолаттара, “интуициялаах” диэннэр, кинини батыһа сылдьар буолбуттар. Биир уол улаханнык бааһыран сытан манныгы кэпсиир: “Мин бааһы рарбын эрдэттэн билэр этим. Байыаннай сорудахха барыам иннинэ Ньыыкан оҕонньору түһээччибин. Бу сырыыбар түүлбэр Ньыыкан: “Ити хайысхаҕа барыма”, — диир уонна куһаҕан баҕайытык көрөн баран турар. Адьас туох эрэ буолуо диэн сэрэйбитим эрээри бирикээс аата бирикээс, хайаан да толоруллуохтаах”.

ИТЭҔЭЛ КҮҮҺЭ

Киһи быстар-остор түгэнигэр итэҕэл күүһэ абырал буоларын туһунан уолаттартан элбэхтик истэбин. Холобур, атаҕар бааһырыылаах уол ойуур балаһатыгар соҕотох хаа лар. Үс күн устата өстөөхтөртөн ойуурга саһар. Бэйэтин дьоно ханан баалларын быһа холоон билэр эрээри толоону туораан, быһалыы барар кыаҕа суох. Толооҥҥо өстөөхтөр бааллар, квадракоптертан да эмсэҕэлиэн сөп. Уол ардыгар доҕолоҥноон, ардыгар сыыллан дьонун диэки ойуур устун айанныыр. Ол сылдьан өйүн сүтэрэр, өйдөннөҕүнэ от-мас сиигин сэлпиэккэҕэ оботторор, ону эмэн утаҕын ханнарар уонна эмиэ салгыы айанныыр эбит. Үһүс күнүгэр сэниэтэ эстэр. Хаһан даҕаны үҥэн-сүктэн көрбөтөх бэйэтэ тиэрэ түһэн сытан, халлааны көрө көрө туох баар билэр-билбэт айыыларыттан, өбүгэ лэриттэн ааттаһар-көрдөһөр. Онтон өйүн сүтэрэр. Арай уһуктубута хойуу баҕайы туман түспүт эбит. Маннык туман түстэҕинэ квадрокоптердар көппөттөр, онон холкутук толоону туоруур кыахтаммыт. Курдаттыы таайан хайа диэки барар хайысхатын бы һаарар уонна толоону быһа түһэр. Ол баран истэҕинэ иннигэр тумана арыллан биэрэр курдук үһү. Өйдөөн көрбүтэ эрдэ ас атыылаһа кэлэ сылдьыбыт дэриэбинэтигэр тахсан кэлбит. Билэр дьиэлэрин көрөн, онон сирдэтэн бэйэтин дьонугар тиийбит. Уолаттар бары кэриэтэ сахалыы харысхалларын түөстэригэр иилинэ сылдьаллар уонна сорудахха барыахтарын иннинэ, хайдах сатыылларынан, уоту аһатан алгыс түһэрэллэр. Бу кинилэр бойобуой туруктарын бөҕөргөтөр, санааларыгар санаа, кыах тарыгар кыах эбэр, киэҥ көҕүстүүр, дойдуларын кытта ситимниир ураты күүстээх үгэс буолар. Оттон кинилэр чугас дьоннорун алгыстара буойуттары харыстыыр, араҥач чылыыр аналлааҕын бары өйдүөх уонна онно итэҕэйиэх тустаахпыт. Ордук чуолаан дьахтар аймах алгыһа күүстээх диэн мээнэҕэ эппэттэр.

ИЙЭЛЭР, ҮТҮӨНҮ ЭРЭ ЫРАЛААҤ!

Аны билгэ-билии биир сүрүн өрүтүнэн, уолаттар төһө да ыраах сырытталлар, дьоннорун туруктарын сэрэйэллэригэр сытар. Ийэлэрэ дуу, кэргэннэрэ дуу дьиэтигэр олорон оҕотун, кэргэнин аһынан ытаатаҕына-соҥоотоҕуна байыас сэрэйэр, онтон уйулҕата ыһыллар, бэйэни харыстанар, билгэлиир дьоҕура мөлтүүр. Хомойуох иһин, уолаттар дьоннорун уоскутаары, төһө да фронт инники кирбиитигэр төлөпүөн көҥүллэммэтин билэллэрин үрдүнэн, эрийэннэр быстахха былдьаммыт түгэннэрэ баар суол. Эбэтэр, маннык буолар: икки уол миинэҕэ түбэһэн, атахтарыгар бааһыран госпиталга киирэллэр. Бастакы уол бааһырыыта улахан, ампутациялаах, иккиһин бааһа арыый да удамыр. Бастакы уол кэргэнэ эрийэн туох буолбутун миигиттэн туоһулаһар, мин: “Барыта этэҥҥэ, эрэн. Атаҕын сүтэрбитэ хомолтолоох эрээри хата төбөтө, атын уорганнара эчэйбэтэхтэр. Кэргэҥҥин кытта кэпсэтэргэр хайдаххыный диэн ыйытыма, кини бэйэтэ шок ылан сытар, онно эппиэттиир кыаҕа суох. Ол оннугар кинини күүтэргитин, ахтаргытын, оҕолоргут ситиһиилэрин, күннээҕи олоххутун, туох былааннааххытын кэпсээ, барыта үчүгэй буолуо диэн эрэннэр”, — диибин. Кэргэнэ сүбэбин ылынан эрин кытта бэрт сэргэхтик кэпсэтэр. Уолбут онтон санаата көтө ҕүллэн, эпэрээсийэтэ этэҥҥэ ааһан, бэрт түргэнник оһор суолга турар. Оттон иккис уол кэргэнэ эрийэр, ытаан-соҥоон айманар, киһи тугу этэрин истибэт да, ылыммат да. Эрин кытта кэпсэтэригэр эмиэ биир оннук. Уолум кэргэнин кытта кэпсэтээт санаата түһэр, бааһыттан ыарытыйар.

Аһыныы диэн киһини түһэрэр, тоһутар күүстээҕин мин эрдэ доруобуйаларыгар хааччахтаах дьону кытта үлэлии сылдьаммын билбитим, онтон онно өссө төгүл көрөммүн итэҕэйдим. Төһө да чугас киһигин аһыннаргын, айманнаргын ону эн киниэхэ биллэриэ суохтааххын, төттөрүтүн күүһүгэр күүс эбэн, санаатын көтөҕөн үчүгэйи эрэ ыралыахтааххын.

КЭРГЭН ИСТИҤ СЫҺЫАНА – ХАРЫСХАЛ

Кэргэнниилэр сыһыан нарыгар эмиэ араас быһыы-майгы тахсар. Сорох кыргыттар күүлэйдээбиттэрин эрдэрэ, ыраах да сырытталлар, сэрэйэн билэллэр. Ардыгар харчы көрдөөн эрдэрин ыххайар ойохтор эмиэ баар буолааччылар. Бу барыта эр киһи туругун ыһар, санаатын самнарар, көмүскэлин кэбирэтэр.Оттон кэргэннэрин кытта бигэ, истиҥ сыһыаннаах буойуттар харысхаллаах буолар эбиттэр диэн санааҕа кэллим.

Биирдэ уолаттар табаарыстарын элэктээннэр манныгы кэпсииллэр: “Бу киһибит ойоҕун кытта кэпсэтэригэр хаалтыс эрэ иилиммэт, киэргэнии бөҕө буолар”. Туоһулаһан бил битим ол уол фронт кирбиититтэн тахсаат арбайбыт баттахтаах, хорумматах бытыктаах, быыл-буор буолбут таҥастаах кэргэнигэр видеонан эрийбит, онуоха кэргэнэ соһуйан: “Аны маннык дьаабы көрүҥнээх миэхэ эрийимэ”, — диэн баран төлөпүөнүн арааран кэбиспит. Онтон ыла уол суунан-тараанан, таҥаһын-сабын көрүнэн эрэ баран кэргэнигэр эрийэр буолбут. Бу түбэлтэ эр киһини ыһыктыммакка бэйэ бодотун тардына сылдьарыгар күһэйдэҕэ, онтон кини санаата да көтөҕүллэрэ саарбахтаммат. Уолаттарын, убайдарын, эрдэрин, бырааттарын анал байыаннай дьа йыыга атаарбыт дьон, биллэн туран, бэйэлэрэ улахан санаа-оноо батталыгар сылдьаллар. Маннык түгэҥҥэ хайдах быһыыланыахтаахтарын кыайан быһаарыммакка сыыһа-халты тутталлара элбэх. Онон кинилэргэ уйулҕа арыаллааһына, сүбэ-соргу көмөтө олус тоҕоостоох.

ЫЛЫНЫЫ… ОЛОРУУ

Олоххо араас түгэннэр кэлэллэр. Бу түгэннэри киһи хайдах ылынарыттан олоҕун оҥкула тутулуктаах. Киһи ханнык баҕарар кыһалҕаҕа ыллардаҕына алта сүрүн уйулҕа таһымын ааһар. Ол курдук: Бастакы таһым – мэлдьэһии (отрицание). “Хайдах?” диэн ыйытыы үөскүүр. Киһи ырытан, ыраҥалаан көрөр. Иккис таһым – буруйданыы (вина). Манна “Тоҕо? Туох иһин?” диэнинэн буруйдааҕы көрдөөн эрэй дэнэр, тиһэҕэр бэйэтин буруйданан суланар. Буруйданыы киһини иһиттэн сиир иэйии. Үһүс таһым – кырыктаныы (агрессия). Бу таһымҥа киһи кыыһыра-тымта сылдьар, кыйаханар. Маннык быһыыланан бэйэтиттэн дьону тэйитиэн сөп. Төрдүс таһым – бэйэҕэ бүгүү (депрессия). Бу таһымҥа киһи тугу да гыныан баҕарбат, ыһыктынар, күн сырдыгар таласпат буолар. Бэһис таһым – уҕарыйыы (смирение). “Буолар буоллаҕа” диэн санааҕа кэлэр. Алтыс таһым – ылыныы (принятие). Кыһалҕаны баарынан ылынар, “салгыы хайдах олоробун?” диэн суоллары көрдүүр, соруктары туруорар, бу буолбуту кытта олорорго үөрэнэр. Бэһис “уҕарыйыы” уонна алтыс “ылыныы” таһымнар бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаһаллар эрээрилэр биир сүрүн уратылаахтар: бэһис таһымҥа дьайыы суох, онтон алтыс таһымҥа дьайыы баар. Атыннык эттэххэ, “уҕарыйыы” таһы мыгар саамай кутталааҕа диэн кыһалҕаны аахайбат буолуохха, “синэ биир” диэн санааҕа киириэххэ, түгэни быһаарар туох да дьайыыны оҥорбокко иэдэйиэххэ сөп. Маннык турукка киирбэт наадаттан алтыс таһымҥа тахсыы булгуччулаах. Маныаха, саамай ыарахана диэн, киһи хаһан “ылыныы” таһымыгар тиийиэр диэри, бастакы биэс таһымнарга хос-хос суулана сылдьыан сөп. Дьиҥэ алтыс таһымҥа тиийэр сүрдээх судур гу: олоҕу, бу буола турар түгэни, көрсүбүт кыһалҕаны хайдах баарынан ылыныахха уонна ону кытта олоро үөрэниэххэ эрэ наада. Түбэспит иэдээҥҥэр кими эрэ үөҕэн-үтүрүйэн дуу, бэйэни буруйданан дуу, “арай оннук гыммытым буоллар…, арай маннык буолбута буоллар…” диэн халтай санаа оонньуута оҥостон тугу да уларыппаккын, этэргэ дылы “буолар буоллаҕа”. Маныаха сөптөөх суолу тобуларга таптал, эрэл уонна итэҕэл күүстэрэ көдьүүстээхтэр. Мин тус бэйэм ити бастакы биэс таһымҥа балай эмэ сылдьан бараммын эмискэ: “Кыаҕым таһынан кыһалҕа миэхэ кэлбэт. Мин маны кыайар буоламмын олохпор тургутуу кэлэр”, — диэн санаа киирэн кыһалҕабын ылыммытым уонна ону кытта олорорго үөрэммитим. Киһи кыһалҕатын ылыннаҕына киэҥ көҕүстэ нэр. Киэҥ көҕүстэнии – бу ылыныы туоһута.

ХАЙА ДА ТҮГЭҤҤЭ ЭРЭЛИ СҮТЭРБЭККЭ

Ростовтан дойдубар кэлэ сылдьаммын үгүс дьону кытта көрсүбүтүм, сэһэргэспитим. Манна кыбытан эттэхпинэ, биһиги өрөспүүбүлүкэбит СВО кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин бары өттүнэн өйүүр үлэни тиһигин быспакка ыытара хайҕал лаах суол. Ол эрэн СВО-ҕа туох буола турарын үрдүнэн эрэ билэр, ол ханна эрэ ыраах, миэхэ сыһыана суох диэн өйдөбүллээх дьон элбэхтэр эбит дии санаатым. Онтон бу кыһалҕаҕа таарыйтарбыт байыастар чугас дьонноро сүбэ-соргу өттүнэн көдьүүстээх көмөҕө наадыйаллар. Кинилэр ортолоругар “ылыныы” таһымыгар тиийбэккэ бэйэлэри гэр бүгэ сылдьан туруктарын мөлтөппүттэр аҕыйаҕа суохтар. Аймах дьон бөҕөх ту руктара, үчүгэйгэ эрэ эрэнэр санаалара – бу буойуҥҥа халыҥ куйах, харысхал буолар. Киһи хайа да түгэҥҥэ эрэлин сүтэриэ суохтаах, сырдыгы эрэ ыраланыахтаах, барыта этэҥҥэ диэн санаанан салайтарыахтаах”.

Вера Петровна кэпсээнин истэн бараммын маннык сыраны-сылбаны, күүстээх санааны эрэйэр уустук үлэҕэ чахчы дьону хайдах баалларынан ылынан күүс-көмө буолар амарах сүрэхтээхтэр эрэ үлэлииллэр эбит диэн бигэтик итэҕэйдим уонна анал байыаннай дьайыыга кыттар сулууспалаахтары, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр, сүрүннүүр киин үлэһиттэригэр тулууру-дьулууру баҕара хааллым.

Антонина Неустроева

ЧИТАТЬ СТАТЬЮ НА РУССКОМ ЯЗЫКЕ (бета-версия)

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...