Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгэр 70 саастаах үс игирэ далбар хотун баарын истэммин, сурунаалбыт сирэйигэр сырдатыахпын, кинилэр тустарынан кэпсии охсуохпун баҕарбытым. Нэһилиэк дьаһалтатыттан төлөпүөннэрин нүөмэрин көрдөөбүппэр, саамай саҥалаахтарын-иҥэлээхтэрин, «хамандыырдарын» Пана Васильевнаны кытта тиксиһиннэрбиттэрэ. Кини төрөппүттэрэ үс игирэни хайдах көрөн-истэн, киһи-хара оҥорбуттарын туһунан кэпсээнинэн саҕалыыр.
Пана Васильевна Гоголева: Биһиги 1953 сыллаахха алтынньы 11 күнүгэр Абаҕаҕа күн сирин көрбүппүт. Төрөппүттэрбит Анна Михайловна уонна Василий Петрович Яковлевтар диэн этилэр. Аҕабыт Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, ийэбит өр сыл ыанньыксытынан үлэлээн Сталин мэтээлинэн, “Ийэ килбиэнэ” уордьанынан наҕараадаламмыта, хаста да нэһилиэк дьокутаатынан талылла сылдьыбыта. Кини кыра уҥуохтаах, уһун суһуохтаах, ис киирбэх сэбэрэлээх дьахтар этэ. Еврей аҥардаах буолан эбитэ дуу, наһаа ыраас, чэнчис буолара. Хаһан даҕаны кирдээх таҥастаах, сууммакка-тарааммакка сылдьыбытын олох өйдөөбөппүн. Биһигини оҕолоноору сылдьан, тобугар диэри улахан истээх балаҕанын уонна хотонун сыбаан, кыстыкка бэлэмнээн баран барбыт. Ити курдук, үлэһит, хаһаайыстыбаннай бөҕө этэ. Аҕабыт эмиэ таһырдьаттан киирэрбитигэр атаххытын тэбэниҥ да тэбэниҥ, кири-хоҕу дьиэҕэ киллэримэҥ диэн мөҕүттэр буолара. Кини булчут, балыксыт буолан куһу-хааһы, куобаҕы, балыгы соһо сылдьан, эти тэпсэ сылдьан сиирбит. Булдуттан эбэтэр идэһэ кэмигэр, оннооҕор халадьыас эҥин астаатаҕына хайаан да ыалларыгар бэрсэр үгэстээҕэ.
Ийэбит биһигини 42 сааһыгар оҕоломмута. Сыарҕалаах акка тиэллэн, икки көстөөх сири айаннаан Аммаҕа тиийэн төрөөбүтэ. Ол саҕана Амма балыыһатыгар Москубаттан Любавиннар диэн кэргэннии быраастар кэлэн үлэлии сылдьыбыттар. Лариса Васильевна Любавина дьахтар бырааһа этэ. Ийэбит киниэхэ этэҥҥэ быыһанан, муус доруобай оҕолору төрөтөн, ахсынньы аам-даам тымныытыгар буор муосталаах, көмүлүөк оһохтоох балаҕаҥҥа тахсыбыппыт. Улахаммыт икки киилэ, орто кыыс киилэ тоҕус сүүс оттон мин киилэ сэттэ сүүс ыйааһыннаах этибит. Аҕабыт миэхэ Пана диэн сиэстэрэ кыыс аатын, орто кыыһыгар Лариса диэн төрөппүт быраас аатын оттон улаханыгар Анна диэн ийэтин аатын биэрбит. Ийэбит иһэ улахана бэрдиттэн бастаан игирэлэр дии санаабыт, үһүө буоларбытын түһээн билбит этэ. Арай, түһээтэҕинэ сэрииттэн эргиллибэтэх эрэ туоска сууламмыт үс будильник чаһыны бэлэхтээбит. Олортон иккитэ баалла, биирэ туспа сылдьар үһү. Ийэбит иччилээх түүлү уот харахха түһээбитин дьүһүммүт туоһулуур диэххэ сөп. Эдьиийдэрим игирэлэр курдук майгыннаһаллар, оттон мин олох атыммын. Дьоммут кэпсээбиттэринэн, түүн олох ытаабат, ииктээбэт, саахтаабат, мээнэ ыалдьыбат үһүбүт. Ийэбит улаатан да бараҥҥыт сыыҥҥытын-сырааҥҥытын соһо сылдьыбатаххыт диэн кэпсиирэ. Бэйэтэ чэнчис дьахтар буолан ыраастык көрдөҕө-иһиттэҕэ буолуо. Сорох дьахталлар биир да оҕолорун кыайан көрбөккөлөр, дьиэлиин-уоттуун үнтү ыһыллан баран олорор буолааччылар диэн сөҕөрө. Кини биэнсийэҕэ тахсыар диэри уһуйааҥҥа ньээҥкэнэн үлэлээбитэ. Кэллэктиибэ, төрөппүттэр олус убаастыыр, оҕолор наһаа сөбүлүүр этилэр. Тус бэйэм бииртэн кыһыйабын, оччолорго үһүөммүтүгэр биир оҕоҕо курдук үс солкуобай босуобуйа биэрэллэр этэ. Ийэбит барахсан туруорса сатаабыта да кыайбатаҕа. Дьиҥэр, үһүөммүтүгэр үстүү солкуобай төлөнүөхтээх этэ буоллаҕа дии. Оччолорго хас да игирэлэн биирдэ төрөөтүҥ да биир оҕо курдук ааҕаллара. Инньэ гынан, туох да чэпчэтиинэн туһамматахпыт.
Мин буҕаалтар орто үөрэҕин ыламмын холкуостан саҕалаан оскуолаҕа, аҕыйах сыл куоракка, маҕаһыыҥҥа сэбиэдиссэйинэн эҥин үлэлии сылдьыбытым. Билигин кэргэмминээн сүөһүбүтүн көрөн олоробут. Аччатаммыт уонча төбөнү тутабыт, олортон түөрдэ ыанар ынах. Ыам ыйыттан сэттэ туонна үүтү туттардыбыт. Биир кыыс оҕолоохпут, үс сиэннээхпит. Эдьиийбин Ааныһы кытта ыаллыы олоробут. Биһиги иннибитинэ төрөөбүт түөрт оҕоттон билигин эдьиийбит уонна убайбыт бааллар. Чэ, ити курдук, дьон тэҥэ үлэлээн-хамсаан этэҥҥэ 70 сааспытын туоллубут.
Анна Васильевна Платонова: Биһиги иллээх-эйэлээх, олус үлэһит дьиэ кэргэҥҥэ улааппыппыт. Ийэлээх аҕабыт иккиэн оҕолоох дьон холбоспуттара. Бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыаны ирдииллэрэ, эдьиийдэргит убайдаргыт эһиэхэ дурда-хахха, сүбэ-ама буолуохтара. Онон, кинилэр тылларын истэ, убаастыы үөрэниҥ диэн куруук этэр буолаллара. Дьоммут такайыылара биһиэхэ сокуон этэ. Ол иһин да буолуо, бачча сааспытыгар диэри этиспэккэ, саҥарсыбакка бииргэ тутуһан кэллибит. Оннук үлэни-хамнаһы да кыайабыт.
Хас мүнүүтэ арыттаах төрөөбүппүтүн билбэппин, ийэбитигэр эппиттэрэ буолуо да улахаҥҥа уурбатах быһыылаах. Балтыларбынаан оҕо сылдьан наһаа тапсан ыаллаах оонньуурбут, таҥаһы суулаан оҕо оҥостон, бадараанынан “алаадьы”, “бэрэски” бөҕөтүн оҥорорбут. Мин сүөһү бааллар быатын ылан ыстана оонньуурбун, лапталыы сылдьан мээчиккэ таптаран ытыырбын өйдүүбүн. Ол быыһыгар сэлээннэспэккэ ньирэйдэри аһатарбытын, арыы собуотуттан сибиинньэлэргэ холбуллубут үүт, күөлтэн уу таһарбытын олох умнубат этибит. Саас дьиэбит таһын ыраастаан, муспут бөхпүтүн уматан баран ол уотугар сыралыйан өр турааччыбыт. Үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан сайынын ыанньыксыттыыр, ньирэй көрөр этибит. Оттон күһүн бары тыаҕа кутуллан тахсан мас буочукаҕа отонноон кыһыҥҥы хаһааспытын буларбыт. Ити курдук, оҕо сааспыт олус дьоллоохтук ааспыта. Оччолорго билиҥҥи курдук үс игирэ төрөөтө диэн “һуу-һаа” буолбатахтара, иннибитигэр-кэннибитигэр сүүрбэтэхтэрэ. Барыта буолуохтааҕын курдук этэ.
Мин Алданнааҕы СПТУ-ну бүтэрэммин асчыт идэтин ылбытым. 37 сааспар Чурапчы уолугар кэргэн тахсан, икки уол оҕолонон билигин биэс сиэннээхпит. Чурапчыттан Абаҕаҕа көһөн кэлэн балтым аттыгар сир ылан олохсуйбуппут. Билигин киирэ-тахса, ылса-бэрсэ олоробут. Оҕолорум Пананы эдьиий-мама диэн ыҥыраллар. Ларисабытыгар Намҥа тахса сылдьааччыбыт, бэйэтэ да дойдутугар кэлэ-бара турар уонна күн аайы төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олоробут.
Лариса Васильевна Яковлева: Төһө даҕаны үһүө буолан бииргэ төрөөтөрбүт атын оҕолортон туох да уратыбыт суоҕа. Иистэнньэҥ ийэлээх, булчут аҕалаах буоламмыт таҥаспыт-саппыт хоп курдук буолара. 12-13 сааспытыгар уочаратынан тиэстэ мэһийэн килиэп астыырбыт. Ол саҕана сэрэдэҕэ уонна өрөбүл күннэргэ киинэ көрдөрөөччүлэр. Ким эрэ уочарата ол күннэргэ түбэстэҕинэ, дьэ, ол кыһыыта-абата буолааччы. Ааныстаах Пана түргэн-тарҕан туттуулаах буоланнар, оһохторун отто охсон, тиэстэлэрин мэһийэн баран кулуупка ойоллоро. Оттон мин үксүн хаалар этим. Кинилэр кэлиэхтэригэр диэри килиэппин буһаран бэлэмниирим.
Пана кыра эрдэҕиттэн баттаҕын эҥин эринэн киэргэнэрин наһаа сөбүлүүрэ. Бу санаатахха, дьахталлар аһыыр бииккэни итии билииккэҕэ ууран сылытан баран баттахтарын эринэллэрин көрөн үтүктэр эбит. Ааныстыын сирэйдэрин-харахтарын оҥостон, маанымсыйан баран үҥкүү киэһэлэрин көтүтээччилэрэ суох. Оттон мин үксүн кыбыстан барбат этим, эгэ, кырааскаланыам дуо? Ордук Панабыт баракааһа элбэх буолааччы. Иистэнньэҥ буолар быата тардан, ийэбит ону-маны тигээри ылбыт таҥаһын быһыта-ойута кырыйан мөҕүллээччи. Мин киниэхэ холоотоххо улахан иистэнньэҥэ суохпун.
Оскуолаттан ахсыс кылаас кэнниттэн бүппүтүм. Сүөһүнү сиэмэлииргэ үөрэнэн хотоҥҥо үлэлээбитим. Ол сылдьан Амма уолугар кэргэн тахсан Намҥа көһөн кэлбиппит. Намы иккис дойду оҥостон олорбутум 42 сыл буолла. Манна интэринээккэ онтон балыыһаҕа таҥас сууйааччынан үлэлээбитим. Кэргэним эдэр сааһыгар оһолго түбэһэн, түөрт уол оҕолоох огдообо хаалбытым. Оччолорго улаханым уон үс, кырам үс эрэ саастаах этилэр. Намҥа биир да аймахпыт, билэр киһибит суоҕа. Кыра оҕолордоох оттуллар оһохтоох дьиэни, хотону кыайан көрүөм суоҕа диэммин, төттөрү дойдубар көһөөрү гынан бараммын хаалбытым.
Билигин оҕолорум бары ыал буолан, дьиэлэнэн-уоттанан, үлэлии-хамныы сылдьаллар. Мин сүүрбэ сиэммин көрсөбүн, кинилэр атахтарыгар туралларыгар илии-атах буолабын. Эдьиийбин балтыбын кытта күн аайы сибээстэһэ олоробут. Оҕолор улаатаннар сотору-сотору дойдубар тахсабын, былырыын эдьиийбэр доҕор буолан кыстаан кэлбитим.
Юлия Пестрякова хаартыскаҕа түһэриитэ