СЭТИННЬИ ЫЙГА РФ БЭРЭСИДЬИЭНЭ ВЛАДИМИР ПУТИН ЫЙААҔЫНАН ЭЛБЭХ ОҔОЛООХ, ЧӨЛ ОЛОҔУ ТАРҔАТАР ТАНЫКОВТАР ДЬИЭ КЭРГЭН «ТӨРӨППҮТ АЛБАН ААТА» УОРДЬАНЫНАН ИТИЭННЭ 2020 СЫЛ ТҮМҮГҮНЭН ЧУРАПЧЫ УЛУУҺУН «СЫЛ БАСТЫҤ ЫАЛА» АНАЛ ААТЫНАН НАҔАРААДАЛАММЫТТАРА. УЛУУСКА БИИР КИЭҤ ТУТТАР ЫАЛ КҮН КҮБЭЙ ИЙЭТИН ЕВДОКИЯ НИКОЛАЕВНАНЫ КЫТТА ТӨЛӨПҮӨН НӨҤҮӨ КЭПСЭТЭ СЫРЫТТЫБЫТ.
Евдокия Николаевна Таатта улууһун Ытык-Күөл нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьиэ кэргэнинэн тэриммит «Урааҥхай» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта. Кини СӨ «Күн күбэй Ийэ» бэлиэ хаһаайына, 2017 сыллаахха ыытыллыбыт «Үрүҥ илгэ хотуна» улуустааҕы ыанньыксыттар күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа буолар. Кэтэх хаһаайыстыбалара 2018 сыллаахха улууска “Эти оҥорууга бастыҥ хаһаайыстыба” анал ааты ылбыта. Адам Адамович уонна Евдокия Николаевна дьоллоох Дьокуускай куоракка билсиһэн 1999 сыллаахха Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр ыал буолбуттар. Кинилэр аҕыс оҕону: алта уол уонна икки кыыс оҕону күн сирин көрдөрөн, сирдээҕи дьолу билэн, оҕолорун бүөбэйдээн, үөрэхтээх, туруу үлэһит, киэн туттар дьон буола улааталларыгар иитэллэр-үөрэтэллэр. Таныыкаптар 2012 сыллаахха Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы успуорт интэринээт оскуолаҕа оҕолорун үөрэттэрээри, Чурапчыга көһөн киирбиттэр.
– ЕВДОКИЯ НИКОЛАЕВНА, ОҔОЛОРГУТ ХАННЫК УСПУОРТ КӨРҮҤҮНЭН ДЬАРЫКТАНАЛЛАРЫЙ?
— Сүрүннээн волейбол, дуобат, тустуу. Оҕолорбут оскуола олоҕор көхтөөхтүк кытталлар, үчүгэй үөрэхтэрин иһин элбэх кырааматанан наҕараадаланаллар. Улахан уол Николай көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэтээҕи, улуустааҕы күрэхтэргэ бириистээх миэстэлэри ылар. Иккис уол Адам Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада бастакы түһүмэҕэр 2-смиэстэ, «Дьиэ кэргэн – оҕо сайдар биһигэ» төрөппүт кэмпириэнсийэтигэр 3-с миэстэ, улуустааҕы күһүҥҥү күргүөмүнэн сүүрүүгэ, «Веселые старты»күрэххэ 2-с миэстэ, 2004 с. «Үрүҥ Уолан» буолары ситиспитэ. Улахан уолаттар оскуоланы бүтэрэн, аҕаларын туйаҕын хатаран, ыраах айан суоппардарынан үлэлээбиттэрэ. Билигин бэйэбит хаһаайыстыбабытыгар илиилэрин араарбакка үлэлииллэр. Үһүс уол Семен – Чурапчытааҕы кэллиэс 3-с кууруһун устудьуона. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр эҥин тэрээһиннэргэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы английскай тыл олимпиадатыгар, улуустааҕы «Ини-биилэр» ох саанан ытыы күрэхтэһиитигэр ситиһиилээхтик кыттыбыта. Маны таһынан технология предметигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиада бастакы түһүмэҕэр бастакы миэстэни ылла. Төрдүс уол Анатолий 9-скылаас кэнниттэн, быйыл Юридическэй полицейскай кэллиэскэ үөрэнэ киирэн, бастакы кууруһу бүтэрэн эрэр. Кыргыттарбыт Анита 8-с, Александра 6-с, бэһис уолбут Владимир 3-с, кырабыт Айсен 1-кы кылааска үөрэнэллэр. Анатолий «Таптыыбын төрөөбүт тылбын» күрэх I-кы истиэпэннээх дипломана буолла. Кыргыттар успуорка эрэ буолбакка, ырыаҕа-үҥкүүгэ үгүс ситиһиилэрдээхтэр.
– ТӨРҮТТЭРГИТИГЭР СПОРТСМЕННАР БААЛЛАРА БУОЛУО…
– Оннук. Эһэбит Адам Семенович Таныков көҥүл тустууга ССРС, хапсаҕайга СӨ успуордун маастара уонна дуобакка успуорт маастарыгар хандьыдаат. Уолаттарбыт кыра эрдэхтэриттэн эттэрин-сииннэрин сайыннаран куруук дьарыктана сылдьалларыгар анаан эһэбит тимиринэн “Адамытыарыга” («Лестница Адама») диэн олус туһалаах дьарыктанар тэрили айан-тутан, оҥорон таһаарбыта. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ эҥин элбэх иһитиннэрэр-биллэрэр аартыктара куйаар ситимигэр таһааран турардаахтар. Чуолаан уол оҕо дьарыктаах буоларыгар олус үчүгэй. Дьарыктаах оҕо куһаҕан дьаллыкка, эйгэҕэ сыстыбат диэн урут-уруккуттан этэллэр. Эһэбит Адам Семенович бэйэтэ Павлодар куорат үнүстүүтүн бүтэрэн, уһун кэмҥэ физкултуура учууталынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
– БЭЙЭҤ ТӨРӨППҮТТЭРИҤ ТУОХ ДЬОҔУРДААХ, ТАЛААННААХ ДЬОНУЙ? СИЭТТЭР КИНИЛЭРТЭН ХАННЫК ДЬОҔУРДАРЫН УДЬУОРДУОХ КУР ДУКТАРЫЙ?
– Мин бэйэм икки ыалынан иитиллэн улааппытым. Тапталлаах ийэлэрим Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр. Иккиэн бииргэ төрөөбүт эдьиийдии балыс буолаллар. Төрөппүт ийэм Мария Егоровна Бондарева олохтоох дьаһалтаҕа бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлиир. Аҕам Николай Григорьевич тутуу эйгэтигэр үлэлээбитэ. Биир тарбахха баттанар тутааччы этэ. 2002 сыллаахха бу күн сириттэн барбыта. Иккис ийэм Ульяна Егоровна Осипова сааһын тухары РАЙПО маҕаһыыныгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан олорор. Иккис аҕам Петр Петрович Осипов ыраах айан суоппара. Кини эмиэ олохтон туораабыта. Бииргэ төрөөбүт бэһиэбит, үс убайдаахпын: Николай, Григорий, Егор уонна Роман диэн сурустаахпын. Онон икки ыалынан соҕотох мааны кыыс этим. Быраатым Дима эмиэ идэтинэн суоппар. Төрөппүттэрим бары бүгүрү үлэһит дьон. Ону таһынан ийэлээх аҕам олус үчүгэйдик ыллыыллар. Аны туран, кэргэним аҕата тустуугун таһынан, оһуохайдьыт бэрдэ. Кинилэри батан оҕолорбут ыллыылларын сөбүлүүллэр. «Хотугу сулус» уонна да атын араас таһымнаах ырыа күрэһин кыайыылаахтара буолаллар. Эрим ийэтэ Ульяна Семеновна өр кэмҥэ математика учууталынан үлэлээбитэ. Билигин биэнсийэҕэ тахсан олорор. Эбэбит Улахан Күөлгэ олордор, оҕолор научнай-чинчийэр дакылааттарыгар, дьиэтээҕи үлэлэригэр куруук сүбэ-ама буолар.
– ХАҺАН КЭТЭХ ХАҺААЙЫСТЫБА ТЭРИММИККИТИЙ?
– 2008 сыллаахха. Утуу-субуу түөрт уолламмыппыт, онтон кыыстаммыппыт. Аны, соҕотох кыыс буолан, кыыспар ханыы иккис кыыспын оҕоломмутум. Онтон эбии икки уолламмыппыт. Эрдэ маҕаһыын үлэлэтэ сылдьыбыппыт. Ол кэмҥэ оҕолор наһаа “Доширак”, чипсы, суок аһылыктаммыттара. Көмүс чыычаахтарбытын симиин аһынан, этинэн аһатаары 2007 сылтан сылгы иитэн саҕалаабыппыт. Убаһа этэ олус түргэнник салгылыыр. Ол иһин ынахтанарга сорук туруоруммуппут. 2013 сыллаахха Чурапчы улууһун баһылыга Андрей Тимофеевич Ноговицын, элбэх оҕолоох ыалга туһуламмыт көмө бырагырааматын чэрчитинэн, бастакы торбоспутун биэрбитэ. Ньирэйбитин Туллук диэн ааттаабыппыт. Убайбар Григорийга Тааттаҕа ииттэрэ биэрбиппит. Онтон оҕо көрөр уоппускаҕа баран баран, 2016 сыллаахха саҥа саҕалааччы фермердэри өйүүр граҥҥа анньыспыппыт. Хата гырааҥҥа тиксэн, хотон туттан, эбии субай сүөһүлэри атыыласпыппыт. Билигин хаһаайыстыбабытыгар 100-тэн тахса сылгылаахпыт уонна сүөһүлээхпит. Маны таһынан кус-хаас, куурусса эмиэ иитэбит. Көмө бырагыраамалары ылыы күрэстэригэр кыттарбытыгар үлэлэспит дьоммутугар – тыа хаһаайыстыбатын салалтатын начаалынньыгар Анна Прокопьевна Захароваҕа уонна Мария Михайловна Саввиноваҕа махталбыт улахан.
– ҮЛЭҺИТТЭЭХХИТ ДУО?
– Улахан үс уолбут сылгыһытынан үлэлии сылдьаллар. Уопсайынан, бары дьиэ кэргэнинэн көмөлөөн кыайабыт. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэн, бэйэбитин кытта тэҥҥэ илдьэ сылдьан, такайабыт. Онон сүөһү, сылгы көрүүтүгэр, дьиэ ис-тас үлэтигэр күүс көмө буолаллар.
– БЫЙЫЛ ТЫА ХАҺААЙЫСТЫБАТЫН СОКУОНУГАР САҤА УЛАРЫЙЫЫЛАР КИИРБИТТЭРЭ. КЭТЭХ ХАҺААЙЫСТЫБАЛААХ КИҺИ БЫҺЫЫТЫНАН ИТИННЭ ТУОХ САНААЛААХХЫН?
– Биһиги итиннэ улаханнык кыһаллыбаппыт. Сүөһүлэрбитин эккэ туттарабыт. Аҕыйах ынахпыт үүтүн бэйэбит туттабыт. Сороҕор сүөгэйдээн атыылыыбыт.
– ИННИКИ БЫЛААҤҤЫТ?
– Быйыл дьиэ кэргэн граныгар киирсэн көрөөрү бэлэмнэнэ сылдьабыт. Улахан бааза туттар санаа баар.
– КЭТЭХ ХАҺААЙЫСТЫБАҔЫТ САЛАЙААЧЧЫТЫНАН ЭН БУОЛАҔЫН. ДЬАХТАР АЙМАХ КАРЬЕРАҔА ТАРДЫҺЫЫЛАРЫГАР ЭН САНААҤ?
– Былыр-былыргыттан дьахтар оҕо төрөтөн, дьиэни-уоту көрөн-истэн олоруохтаах диэн этиллэр. Ол эрээри, билигин олохпут-дьаһахпыт тупсан иһэр. Кыыс-дьахтар карьераҕа тардыһар санаалаах буоллаҕына, хааччаҕа суоҕун биһириибин.
– УРБААННЬЫТ БУОЛУУ ҮЧҮГЭЙ, КУҺАҔАН ӨРҮТТЭРЭ ТУОХХА СЫТАРЫЙ?
– Үчүгэй өрүтэ диэн – төһөнөн үлэлиигин-хамсыыгын да, оччонон барыстанаҕын. Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир урбаанньыттар буоларбыт быһыытынан, биһиэхэ оттуур сирбит суоҕа, иккиһинэн, бэтэринээр хааччаҕа олус элбэҕэ ыарахаттары үөскэтэр. Маны тэҥэ хотон туттарбытыгар анал сирбит суох буолан, олорор түөлбэҕэ туттан олоробут.
– ДЬИЭ КЭРГЭН АҔА БАҺЫЛЫГА АДАМ АДАМОВИЧ ЭМИЭ УРБААННЬЫТ ЭБИТ ДИИ.
– Оннук. Кэргэним – ыраах айан суоппара. Одьулуун нэһилиэгэр оҕо сааһа ааспыта, оскуоланы бүтэрбитэ. Кини Дьааҥы улууһугар чох тиэйэр. Кураан сылларга Амур уобалаһыттан өрөспүүбүлүкэ эҥин улуустарыгар от тиэйбитэ. 2013 сыллаахха Тиксиигэ саахалы туоратыыга хороолору (турбалары) уонна оһохтору таспыта. Кини араас күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттар, үтүө суобастаах, бэриниилээх үлэһит буоларын наҕараадалара туоһулууллар. Ол курдук, нэһилиэк баһылыгыттан Бочуотунай грамоталардаах, «Саха сирин Хоту уонна Арктика сайдыытыгар кылаатын иһин»,«Аҕа статуһун үрдэтиигэ уонна дьиэ кэргэн үнүстүүтүн бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһин» мэтээллэрдээх. Былырыын «СӨ автомобильнай тырааныспар бочуоттаах үлэһитэ» түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Маны таһынан «Успуорт» ТОС уопсастыбаннай үлэлэригэр көхтөөхтүк кыттар.
– АЙЫЛҔАҔА ТӨҺӨ СЫЛДЬАҔЫТ? КЫҺЫҤҤЫГА ХАЙДАХ ХАҺААНААЧЧЫГЫТ?
– Күргүөмүнэн бары тахсан сир аһын үргүүбүт. Дьэдьэни, хаптаҕаһы, моонньоҕону, сугуну барыанньалаан, тэллэйи тоҥнуу хаһаанарбытын ордоробут. Уолаттар аҕаларын кытта бултууллар, балыктыыллар. Быйыл Чурапчыга, Одьулууҥҥа, Мындаҕаайыга, Тааттаҕа сырыттылар.
– БЫЙЫЛ ХАННЫК ҮҮНЭЭЙИЛЭРИ, ОҔУРУОТ АҺЫН ОЛОРТУГУТУЙ?
– Хотоммутун атын сиргэ көһөрөр буолан, Чурапчыга сайылыыр буоллубут. Куруук Одьулууҥҥа тахсар этибит. Хортуосканы кыттыһан эһэбитигэр, эбэбитигэр Улахан Күөл нэһилиэгэр олордооччубут. Бэйэбэр сибэкки, помидор сорсулаан (арассаадалаан) олортум.
– ТУОХ ИДЭЛЭЭХХИТИН ЫЙЫППАТАХ ЭБИППИН…
– Кэргэним Адам Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар инженер-механик идэтигэр үөрэммитэ. Оттон мин Москубатааҕы судаарыстыбаннай экэниэмикэ үнүбэрситиэтигэр киирбитим. Ол эрэн, оҕолорбуттан ордон, сатаан үөрэммэтэҕим.
– ДЬИЭ КЭРГЭНИНЭН АРАССЫЫЙА УСТУН ЭБЭТЭР КЫРАНЫЫССА ТАҺЫГАР КҮҮЛЭЙДЭЭБИККИТ ДУО?
– Суох. Сылдьа иликпит. Тыа дьоно үлэттэн ордубаппыт: сайын оппут-маспыт, өрөмүөн үлэтэ элбэх. Эбиитигэр сэттэ ынахпытын ыыбыт.
– ОҔОЛОРГУТУН ХАННЫК НЬЫМАНАН ИИТЭҔИТИЙ?
– Киһиэхэ бу олоххо саамай күндүтэ – дьиэ кэргэнэ. Онтон оҕо дьиэ кэргэн эрэлэ, кэнэҕэски кэскилэ, дьоло. Иллээх-эйэлээх, бэйэ-бэйэҕэ өйдөһүү, ытыктабыл олохсуйбут, чөл туруктаах ыалга оҕо бэйэтигэр эрэллээх, олоххо тус соруктаах, дьоҥҥо үтүө, истиҥ сыһыаннаах буола улаатар дии саныыбын. Маны тэҥэ оҕо майгыта-сигилитэ чочулларыгар дьиэ кэргэн айылҕаҕа, кыылга-сүөһүгэ сыһыана эмиэ сабыдыаллыыр. Тыа сиригэр олорор дьон күннээҕи дьарыкпыт үлэбит-хамнаспыт барыта айылҕаны кытта ыкса ситимнээх. Эрдэ эппитим курдук, биһиги оҕолорбутун бэйэбитин кытта ханнык баҕарар үлэҕэ илдьэ сылдьан, кинилэргэ сөптөөх үлэни булан көмөлөһүннэрэбит. Алта уоллаах буолан, аҕабыт оруола улахан. Итини таһынан бултуу, балыктыы, сайынын сир астыы айылҕаҕа таҕыстахпытына өбүгэлэрбититтэн кэлбит сахалыы сиэри-туому тутуһабыт. Онон оҕолорбут көтөргө-сүүрэргэ, окко-маска харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллар. Оҕону иитиигэ оскуола оруола эмиэ улахан. Биһиги оскуолабыт дириэктэрэ Николай Николаевич Гуляев уонна кинини үөрэх, иитии өртүгэр солбуйааччылара, үөрэҕи-билиини биэрэр учууталларбыт, успуорка оҕо дьоҕурун арыйар эрчийээччилэр, уйулҕаһыт хас биирдии оҕону, төрөппүттэри кытта олус үчүгэйдик үлэлииллэр. Үөрэх, дьарык, бэрээдэк туһунан эҥин хабааннаах дьаһаллары ыыталлар, элбэх туһалаах лиэксийэлэри оҥороллор.
– ЭН САНААҔАР, ОҔО СОКУОННАЙ СААҺЫН ТУОЛЛА ДАҔАНЫ КӨҤҮЛ ЫЫТАН КЭБИҺЭР СӨП ДУУ, СЫЫҺА ДУУ?
– Сылаас, үчүгэй халлааннаах дойдуга олорор ыаллар оҕолоро оскуолаларын бүтэрдилэр да, ыытан кэбиһиэхтэрин сөп курдук. Оттон биһиги, уһун тыйыс тымныылаах Сахабыт сиригэр олорон, «улахан дьон буоллугут, бэйэҕитин бэйэҕит дьаһанан олорор кэмҥит кэллэ” диэн ыытарбыт сатаммат. Оҕолорбут сокуоннай саастарын туолбут да буоллахтарына, син биир көмөлөһөбүт. Билигин сокуоммут да, уруккутун курдук буолбатах, олус кытаатта.
– БИИРГЭ ТӨРӨӨБҮТ ОҔОЛОР,БИЛЛЭН ТУРАР, МӨККҮҺЭЛЛЭР, ЭТИҺЭЛЛЭР. ОНУ ЭҺИГИ ХАЙДАХ ТУОРАТАҔЫТЫЙ? ЭБЭТЭР БЭЙЭЛЭРЭ БЫҺААРЫСТЫННАР ДИИГИТ ДУУ?
– Бэйэ-бэйэлэрин көмүскэһэн айдаарсааччылар. Ол эрэн, буойдахха тута ылынан тохтууллар. Улаханнык мөккүстэхтэринэ, аахсыы саҕаламмыт төрүөтүн иккиэннэриттэн ыйытабыт итиэннэ өйдөтөн кыратык мөҕөбүт. “Эн, улахан киһи, инигин харыстыахтааххын”, “эн, кыра киһи, убайгын истиэхтээххин” диэн такайабыт. Оҕолорбут эйэлээхтэр, улахаттарбыт кыралары көрсөн көмөлөһөллөр. “Кинилэргэ холобур буолаҕыт” диэн куруук өйдөтөбүт. Онон, оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн хардары-таары көмөлөсүһэргэ, улахан дьону, кырдьаҕастары ытыктыырга, болҕомтолоохтук сыһыаннаһарга, бэйэ-бэйэни өйөһөргө, көмөлөһөргө такаллаллар.
– «БИҺИГИ КИПЯТИЛЬНИГЫНАН, КУРУНАН, ТАЛАҔЫНАН ТАҺЫЛЛАН УЛААППЫППЫТ, ОҔО ТАҺЫЛЛЫАХТААХ» ДИЭН ЭТЭР КИҺИ ЭЛБЭХ. ЭН МАНЫ ТУОХ ДИИ САНЫЫГЫНЫЙ?
– Төрүт сөбүлэспэппин. Биир бэйэм хаһан даҕаны таһыллыбатаҕым. Санаан көрдөххө, арааһа мөҕө сатаан баран кыайбакка, таһыйаллара буолуо. Билигин сокуонунан да оҕоҕо илиигин көтөҕөрүҥ табыллыбат курдук. Олорор кэммит да атын, билиҥҥи оҕолор да быдан уйаннар.
– ОҔОЛОР ЭҺЭЛЭРИГЭР, ЭБЭЛЭРИГЭР ТӨҺӨ ЧУГАСТАРЫЙ?
– Оҕолорбутун бэйэбит көрө сатыыбыт. Дьыссаакка кытары төһө кыалларынан хойут киллэрэбит. Ол иһин эбэ, эһэ улаханнык көрбөтөхтөрө. Оҕолоно киирэрбэр ийэм кэлэн көмөлөһөөччү. Билигин улаатан, уһун өрөбүллэрэ буолла да, көмөлөһө, сынньана диэн бараллар.
– ЭҺИГИ ЫАЛ ТУОХ ҮГЭСТЭЭХХИТИЙ?
– Саас айылҕаҕа бары дьиэ кэргэнинэн өйүөлээх тахсан, чэбдик салгыҥҥа аһыыбыт, сайынын өрүскэ сөтүөлээн, дуоһуйа сынньанан кэлээччибит. Хас биирдии бэлиэ кэми, бырааһынньыгы бэлиэтиибит. Биһиги чөл олоҕу, успуорду өрө тутар ыал буоларбыт быһыытынан, сайбарыын сандалыга хаһан даҕаны шампанскайы, арыгыны уо.д.а. аһыы утахтары уурбаппыт. Ол оннугар мас аһа (фрукта) дэлэй, эттээх бүлүүдэ, отон, атын да сүмэһиннээх утахтар баар буолаллар. Маны таһынан дьиэ кэргэнинэн эҥин күрэстэргэ кыттарбытын сөбүлүүбүт. Ол курдук, 2017 сыллаахха Дьиэ кэргэн декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт «Тыа сирин ыала»улуустааҕы дьиэ кэргэн бырайыактарын бэстибээлигэр кыттан, кыайыылаах үрдүк аатын ылбыппыт. Салгыы бу бэстибээл өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымыгар улуус чиэһин көмүскээбиппит. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тиксибиппит. Ситиһиибит иһин итиэннэ дьиэ кэргэн оруолун, үгэһин үрдэтиигэ кылааппыт, нэһилиэк, улуус уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх кыттыыбыт иһин Махтал суругунан наҕараадаламмыппыт. Улуус дьаһалтатын дьиэ кэргэн уонна оҕо-аймах салаатын сүрүннүүр идэлээҕэ Татьяна Петровна Бушкова куруутун көмөлөһөр. Саха сирин бары олохтоохторугар чөл олоҕу, кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэ өйдөһүүнү, өйөһүүнү, дьолу уонна үөрэхтэригэр, үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Марфа Петрова