Байкал — Баай күөл

“Былыр бу улуу күөлгэ сахалар олоро сылдьыбыттара диэн сабаҕалааһын баар. Өлүөнэ өрүс Баай күөл таһыттан саҕаланарын учуоттаатахха бу оруннаах этии буолуон сөп. Онон күөлү сахалар ааттаабыт буоллахтарына Баай күөл эбэтэр байҕал диэн тыллар кэлин уларытыллан Баай күөл буолбут буолуохтарын сөп. Маны өссө биир сабаҕалааһын бигэргэтэр — Баай күөлгэ баар бөдөҥ арыы билигин Ольхон диэн ааттаах, ол урукку төрүт аата Улахан буолуон сөп».

(Саха бикипиэдьийэ https://sah.wikipedia.org/wiki/)

Баай күөл мууһа саамай ыраас уонна дьэҥкир. Бу мууһу көрөөрү аан дойду араас муннуктарыттан дьон тоҕуоруһа мустар. Кэлии-барыы үксүгэр олунньу ыйтан саҕаланар. Бу кэмҥэ мууска күөх өҥ эгэлгэтин көрүөххэ сөп.

Байкалга Иркутскай эбэтэр Улан-Удэ куораттартан тиийиэххэ сөп. Иркутскайтан 70 км, Улан-Удэттан 150 км кэриҥэ ыраах сытар. Иркутскайтан  айанныыр буоллахха Листвянка диэн бөһүөлэккэ тиийэбит. Бу бөһүөлэк Ангара өрүс уҥа салаатыгар, Байкал күөлү батыһа турар. Листвянка эҥэр хас даҕаны үрэхтэр, өрүстэр сүүрүгүрэллэр. Олортон биирдэстэрэ – Крестовка өрүс.

Processed with MOLDIV

 

Бу эҥэр кэллэххэ Нерпинарийга, «Байкалгора» хайыһарынан хайаттан түһэр фуникулердаах комплекска, «Тальцы» диэн маһынан тутуулардаах түмэлгэ, «Шаман камень», «Камень Черского” сирдэргэ дуоһуйа сылдьыаххытын сөп.

Processed with MOLDIV

Баай күөлгэ өҥөнөн күүлэйдэтэр «Ирбис” арааһа элбэх. Анаан күөлү көрө тиийбит дьон, хайаатар даҕаны, бу өҥөнү туһанар. Биэрэктэн ыраатан истэҕин аайы мууc өҥө-дьүһүнэ, иһинээҕи ойуута уларыйан иһэр. Кыдьымахтаах сирдэр эмиэ ураты көстүүнү биэрэллэр. Күөл үрдүгэр киһи кута-сүрэ ураты турукка куустарар.

Күөлгэ кыһын-саас айанныырга ичигэс таҥас ирдэнэр. Халлаан төһө даҕаны сылаас буоллар, күөлгэ тыал олус күүстээх. Мал-сал барыта көтүөх курдук. Эбиитин килэгир муус буолан, уурбут малгын биирдэ илдьэ барыан сөп. Хаартыскаҕа түһэргэ аналлаах аһаҕас тарбах үтүлүк ирдэнэр.

Хас биирдии дойду ураты кэрэ айылҕалаах буоллаҕа. Бу эҥэр ото-маһа элбэҕэ, тыата үрдүгэ, мааныта сөхтөрөр. Киһи манна сүргэтин көтөҕө, ньэгирин үрдэтэ, саҥаны билэ-көрө, дуоһуйа сынньана тиийэригэр олус табыгастаах. Айылҕата арааһа үөрдэр, долгутар.

Юлия Пестрякова

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...