«Күн күөһүн өрөөбөккө өрдүм»

***

Бу кыһыҥҥы күн

Кылгас эргиирин устун

Кыһанан-мүһэнэн,

Кытыан тылынан да

Кымньыыланан айаннаатым,

Кылаан тылынан да

Кынаттанан

Оол мырааннары дабайталаатым.

 

Алмаас тылынан хаардаан

Арылыйда халлаан!

Амарах санааттан сымнаан

Аҕыраата араллаан.

 

Бу кыһыҥҥы кылгас күн

Кустугар куустардым.

Уйгуну-быйаҥы

Тосхойор туругар

Дуоһуйа умустум.

 

Бу күн чаҕыл сырдыга

Сүрэҕим нөҥүө ааста.

Бу кэм сабыылаах халҕанын

Айыыһытым аста…

***

Кыра кыһалҕалаах киһи

Таһырдьа тахсыбат

Амырыын тымныытын

Анысхан тыаллара үрдүлэр.

Айылҕаҕа дьаарбайар

Ыллыкпыттан үүрдүлэр.

Аал уотум тычыгырыыр,

Тыл кыаһааным кылыгырыыр

Алаһа дьиэм

Айыы сыралыгар иттэ

Айымньы айыллар

Алыбыгар көстүм.

Кыстыкка бэлэмнэнэн

Кылааннаммыт дьиэм

Кыраһыабай эйгэтигэр,

Аал уотум

Айыы сылааһынан

Угуттанар уоругар,

Уһуну-киэҥи толкуйдуур

Уораҕайыгар

Үргүөрдээх тымныынан

Үтүрүллэн киирбиппиттэн үөрдүм.

Чэмэлийэн олорор эйгэбэр

Айылҕалыын бииргэлэспит

Сааскы кэммиттэн,

Сайыммыттан, күһүммүттэн

Чэгиэн тыыны киллэрдим…

 

Уонна дьэ,

Сүгүн олоруом дуо,

Истэн-көрөн, ааҕан-сөҕөн,

Сууйан-тараан,

Ас арааһын да астаан,

Суруйан-бичийэн,

Үлэлээн-хамсаан тигинэттим.

Сол курдук

Күн солото суох,

Күүлэйдиир да

Көрө суох,

Күүстээх үлэҕэ

Көлүллэн олордум.

Уһун кыһыным

Кылгас күннэрин

Лаампам уотунан сырдатан,

Хам-түм

Лааппыга тиийэр ыллыктанан

Күн күөһүн

Өрөөбөккө өрдүм…

 

Онтон эмиэ

Кэлиэх-барыах баҕам улаатан,

Балаҕаҥҥа баппат дьахтар буолан

Айгыстан турдум.

Айаным ахсым атын

Сыһыыттан да сылгылаан туттум.

Лаампам симик уотуттан ыраатан,

Сирдьит сулус банаарданан,

Лаамалар сылдьыбыт ыырдарынан

Ыраатан ылар сырыыланан

Сындыыстана дайдым…

Айыыларым арыйар суолларынан

Айаннатан истим.

Суолдьут санаа сырдыгын

Тутуһары ситистим.

 

Сирдээҕи олох

Сүпсүлгэнигэр да,

Түрүлүөннээх олох

Түһүлгэлэригэр да

Түһэн аастым.

Түлүрбэхтэнэр олох

Күрүлгэннэригэр да

Түбэһээхтээн ыллым .

Атын дайдылар

Аралдьытар алыптарыттан да

Алаатыйа быһыытыйдым.

Барбах олоҕу да

Баардылаары,

Барҕа олоҕу да

Баһылаары

Баайдар уонна дьадаҥылар

Тусаһаларын өҥөйдүм.

 

Үтүө санаа да

Үргүөрдээх олоххо

Өрүүрүн өйдөөтүм.

Чычырбас санаа да

Чыыннаах -хааннаах олоххо

Чабыланарын сөхтүм…

Кирдээх -хохтоох уулуссанан

Кир сыстыбатах кэрэтэ

Килбиэннэнэн ааста.

Килэгир таас дыбарыаска

Кэрэгэй кэмэлдьи да

Килипээйдэнэ хаамта.

 

Тас эйгэ талбата

Кии дуу,

Киһи дуу буолары

Быһаарбата.

Барбах майгылаах

Баранаагы

Баай-дуол

Балысхана абыраабата…

 

Ол эрэн

Ис эйгэ кэрэлээх

Ис киирбэх сэбэрэлээх

Баайга да,

Дьадаҥыга да

Баайтарыыта суох

Баар эбит.

Киһи барахсан

– Айылҕа Айыы кэрэтэ

Алмаас кутунан

Арылыйан тахсар

Аан дойдутугар

Айыллан кэлэн

Олох олорор

Одьунаастар эбиппит.

 

Олоҕу

Ардыгар

Халы мааргытык,

Сороҕор

Улуу судургутук,

Эмиэ да

Эгэлгэ араастык,

Уустардыы ураннык

Уһааран,

Ундаардан

Олорор эбиппит.

 

Ол сылдьан

Сээркээн сэһэн үйэтин

Сипсийэр саҥатын истэн,

Атастарбын, доҕотторбун да кытары

Алтыһан ылан

Санаа атастаһан иэйдим,

Кимнээххэ эрэ

Ыалдьыт буолан

Ыҥырыллан

Ытыгыланан

тиийдим…

Дьоллоох

Дьоро киэһэлэргэ

Ырыа-хоһоон

Доҕуһуолланан киирдим.

 

Онтон эмиэ

Ону-маны көрбүппүн

Айыы тылынан ойуулаары,

Бүгэн олорор

Ойуурбар киирдим,

Кутуйах хаамыытынан уһуур

Күнүм-дьылым

Күүппүт үлэтин бэрийдим.

 

Орто дойду

Оҥоһуутун оройдотоору,

Аан дайды

Араллаанын да,

Айыллыытын да

Арҕараары

Кистэлэҥнээх кинигэлэр,

Эгэлгэлээх киинэлэр

Эйгэлэригэр киирэн

Аладдин остуоруйатын сахтым.

Атыйахтаах уулуу дьалкыйар

Атааннаах-мөҥүөннээх олохтон

Аптаах саарыстыбабар састым.

Улуу кыһын

Уһугуннарбыт олоҥхотугар

Аан аартыкпын астым…

***

Киирэн эрэр күнү

Эккирэтэн да сиппэккин.

Кыһын оҕонньор

Сокуона мындыр

Кылгас күнү

Уһун санааҕынан

Уһатары сатаа!

Сарсын эмиэ

Киирбит күнүҥ

Иэйиэхситтээх халлаантан,

Илин саҕахтан

Сайдыыны хамсата,

Саҥалыы сандаара

Тахсан кэлэрин алҕаа!

***

Киирэр күн

Килбиэнэ кэрэ да буоллаҕа!

Өссө биир күнүҥ

Кээрэттэн

Ааспыт кэм ахтыыта буоллаҕа!

Киирэр күн

Олох хатыламмат кэрэтин,

Бу күн

Бэлэх буолан бэриллибитэ

Туохтан да

Күндүтүн өйдөтөр.

Күн киирэр уонна тахсар,

Киһи барар уонна кэлэр.

Сайын, күһүн,

Кыһын, саас

Тохтообот эргиирэ

Күн кылгыыр,

Күн уһуур

Кэмин кытары ситимнээх.

Мин даҕаны

Биир үйэнэн

Муҥурданар олоҕум

Күн тахсарыгар

Уонна киирэригэр тэҥнээх…

Сэтинньи 23 күнэ. 2021 с.

***

Киһи дьылҕата

Кэбэҕэстик уһаарыллыбат.

Олоҕуҥ устата

Оһуора таҥыллар.

Ананан кэлбит

Айана арыллар.

Киһи – таабырын.

Үрүҥнээх-харалаах,

Итэҕэстээх-быһаҕастаах,

Силистээх-ситимнээх,

Үүнүүлээх-үрдэллээх,

Түһүүлээх-тахсыылаах…

Киһи олоҕун айана араас,

Туоруур оломо да дириҥ, чараас ,

Киһи – кимиилээх айан,

Киһи – киирсиилээх айа…

Киһи – ардыгар

Халлаана хабараан,

Хаамар сирэ

Кута, бадараан.

Киһи ардыгар

Айгыр-силик

Айылҕалаах алаас.

Кута-сүрэ да

Чаҕылыйар алмаас.

 

Киһи таабырын.

Илиитигэр суруллубут

Сиргэ кэлбит соругун

Толоруо эрэ, суох…

Дууһатыгар мунньубут

Уоҕунан

Ураты сулуһун

Уматыа эрэ, суох…

 

Олох олордоҕуна эрэ

Ол барыта

Оҥоһуллар ыйаахтаах,

Күнтэн күн тиһиллэн

Кии дуу, киһи дуу буолар айана

Киниттэн да,

Кэлбит кэмиттэн да,

Үөскээбит үйэтиттэн да,

Өбүгэтин ситимиттэн да

Бары өттүттэн

Тутулуктаах.

 

Саргылаана Гольдерова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...