Ороммуттан оһохпор орох тэппит олохпор…

***

Мин турабын

Сүүрбэ биирис үйэ

Халыҥ хаардаах сиһигэр,

Үрдүбэр дьиримниир спутниктар

Аан дойдуну ситимниир

Иилэрин иһигэр.

 

Бу дьикти үйэ

Көҥүл куттаах сэһэнин

Ытыһым иһигэр ааҕабын,

Орто дойду омуннаах олоҕун

Сиэппэр укта сылдьабын.

 

Мин санаам

Тыл буолан тиһиллиэн иннинэ

Уоттааҕар түргэнник

Эйиэхэ иһиллэр,

Мин тылым,

Дорҕооно төрүү илигинэ

Саҥата суох

Мэйиигэр эҥсиллэр.

 

Сыыппара үйэ

Хаардаах систэрин быһа

Уот хайыһарбынан сыыйабын,

Хайалары курдаттыы,

Байҕаллары уҥуордуу

Эйигин булаары ыксыыбын.

 

Уонна

Кырдьык-сымыйа сурахтаах

Тыһыынчанан мичээр быыһыттан

Эн хардааччы харахтаргар иҥнэбин…

Өй-сүрэх ытыллар буурҕатын

Бурулҕаныгар эриллэбин…

 ***

Айааһаммыт куорат

Баастаах арҕаһыгар

Алтынньы үүт көмүс

Ыҥыырын кэтэртэ.

Уһун көҕүлүттэн

Көҥүлүн көтүтэн

Улгум төбөтүгэр

Бас быатын чиҥэттэ.

 

Үс үйэ үүннэммит –

Көҥүлү көрдөөбөт…

Түөрт үйэ өттөммүт –

Халлаан диэки көрбөт…

Кынаты-кыаһыны

Араарбат үйэлээх,

Кымньыы ыалдьыттаабыт

Оспот баастаах-үүттээх…

 

Ытыс саҕа куорат

Тымыр суолларыгар,

Уолҕан-чуолҕан дьиэлэр

Ыркый ыырдарыгар,

Харыс кылгас тыстаах

Аманаат дьылҕалар

Көмүс иҥэһэҕэ

Үктэнэ сатыыллар…

 

Баастаах арҕаһыгар

Аар-дьаалы ыйааҕын

Ындан турар куорат

Тимир адаҕалаах.

Ол эрээри сылгы

Өрөҕөтө саҥнаах —

Көрдүгэнниир онно

Өспөт көҥүл санаа!

***

Баҕанаҕа бааллыбыт банаар

Халлааным ыйа буолан тыгар.

Чарапчытын аннынан тобулу

Хоһум иһин кыҥастаһар.

 

Уолбат-туолбат уоттаах солуур

Ким кинини араарар, холбуур?

Мас атахха хам хараҕалаан

Биир сири сырдатар соруктуур?

 

Мин кинини сүөрэн ылан

Куйаарга көҥүл ыытыам этэ…

Аан дойду эҥинэ түннүктэрин

Кини көрөн соһуйуо этэ…

 

Күөх байҕал солко ньууругар

Ыллыгын тыыра оонньуо этэ…

Харахха баппат киэҥ дойдуну

Сырдатар аналын арыйыа этэ…

 

Уонна бу — халбарыйбат им

балайга

Уот сулус буолан сандаарарга…

Бүтэһик да кылыс кыымынан

ый быыһын быһыта соторго…

 

Ону баара —

Хамсаабат баҕана банаара.

Аймаабат кинини

Аан дойду хараҥа халлаана…

***

Халадаайын эҥэриттэн быһан

Ийэм миэхэ ырбаахы тикпитэ,

Этэрбэһин оһуттан кырыйан

Түнэ түүппүлэни кэтэппитэ.

 

Саҥа таҥаһы таҥныбыт дьолбор

Эргийэн өрө күөрчэхтэммитим,

Миигинниин тэҥҥэ үөрбүт ийэкээм

Сото сыгынньах хаалбытын билбэтэҕим.

 

Күрүө үрдүнэн сүүрэр сырыылаах

Сырбай-татай, хорсун кыысчаан этим…

Халлааны, күнү уонна бу сири

Көҥүл сүрэхпэр батарар этим…

 

Оллур-боллур сыллар-дьыллар ойдон,

Очур-чочур күннэр-түүннэр хойдон,

Чобуо кыысчаан ханна эрэ хаалбыт…

Мааны таҥас эргэрэн кыччаабыт.

 

Тыҥам муҥунан салгын ылыахпын,

Оҕо ырбаахым түөстэрбин хаайбыт…

Тиҥилэхтээн киэҥник хардыылыахпын —

Түнэ түүппүлэм атахпын аалбыт…

 

Ийээ, тигиий миэхэ өссө биирдэ

Мааны-мааны солко ырбаахыны,

Үрдүк-үрдүк остоох саппыккыны

Төлөн сүрэхпэр күнү хаайыахпын…

Күрүө үрдүнэн сүүрэн хаалыахпын…

 

Хаһан эрэ мин эмиэ ол онтон

Кыргыттарбар халадаай тигэттиэм…

Эмиэ да үөрэ, эмиэ да кыбыста

Сыгынньах сотобун саба кистиэм.

***

Эн аатырар

Үс харахтаах айпуонуҥ,

Сүрэххэр ыксары тутар

Сыаналаах төлөпүөнүҥ,

Хантайар халлааҥҥа

Кыркаҕы кыҥаан булар

Кыраҕы мегапикселлэрэ,

Бу тырымныы турар

Тыыннаах түгэн

Илигириир итии нэҥирин,

Тыгыалыыр тымырын тэбиитин,

Таайтарар кистэлэҥ эйгэтин —

Саараама, тиэрдибэттэр!

Кута суох кураанах пикселлэр.

***

Орто дойду хонноҕор

Ордууламмыт олбохпор,

Ороммуттан оһохпор

Орох тэппит олохпор,

 

Оһуу баһым ойуулуур

Оһуордарын иэҕэбин,

Оҕуруктаах толкуйум

Оҕуруотун тиһэбин,

 

Оройдотор ойбоммор

Оргутабын олгуйбун

Оргууй, уоспар бигиибин

Хомуһуннаах тойукпун:

 

Оһол Уолун муннара

Олом сири кистиибин,

Оборчолоох ойуурга

Олуктары сирдиибин,

 

Ойор күнүм күөһүттэн

Соруктарбын оҕуурдуу…

Оҕолорум соргулаах

Олохторун ойуулуу…

Омос ойо көрдөххө

Оргууй хаамар орохпор,

Отут санаа олуйсар

Ороммуттан оһохпор…

***

Хантан тиийэн кэллиҥ эн?

Хайдах тыллан хааллыҥ эн?

Бу будулҕан тумаҥҥа!

Бу оргуйар уорааҥҥа!

 

Кыс ортото кыталык

Кынталдьыйар үһү дуо?…

Хаар мырааҥҥа ахсынньы

Харалдьыктыыр эбит дуо?…

 

Үрүҥ түүннээх бэс ыйа

Ыһыах ыһан ааспыта…

Чэчир түөстээх түһүлгэ

Чуумпурбута ыраатта…

 

Күн тулаайах күөх чэчик,

Туохтан маннык умайдыҥ?

Халыҥ хаардаах ахсынньы

Хаһыҥнарын сымнаттыҥ.

 

Ким эйигин харыстыыр

Тыйыс кыһын ортото?

Туох эйигин абылыыр

Бу чысхааннаах олоххо?

 

Зинаида Архипова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...