Биһиги иннибитигэр 17000 кыбытыктан тигиллибит Василий Блаженнай собуора. Бу паннону Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун Маастара Вера Семеновна Варфоломеева тикпит. Кыбытыгы сэҥээрэр, сэргиир дьон көрбүт буолуохтааххыт. Ол эрэн, бу быыччык үлэни элбэх киһи өссө даҕаны билэ илик диэммит таһаарабыт.
Вера Семеновна Варфоломеева 1961 сыллаахха Хаҥалас улууһун Тиит Арыы Харыйалааҕар төрөөбүт. Иитиллибит, улааппыт сирэ 1 Малдьаҕар нэһилиэгин Тойон Арыыта. Ииппит дьоно олус истиҥник сыһыаннаһан, сахалыы сиэринэн ииппиттэр. 13 сааһыгар тулаайах хаалан бэйэтин дьаһанан, салайынан улааппыт. 1981 сыллаахха Дьаамсыктар сыдьааннарыгар гармонист, мелодист Варфоломеев Валерий Дмитриевичка кэргэн тахсыбыт. Үс оҕолоохтор, уонтан тахса сиэннэрдээхтэр, икки хос сиэннээхтэр.
Төрүттэригэр мас, көмүс уустара, иистэнньэҥнэр баар буоланнар буолуо, ис иһиттэн иистэнээри кычыгаланан барбыт. Бу иннинэ, саха дьахтарын сиэринэн, күннээҕи ииһи баһылаабытын таһынан, этэрбэс, бэргэһэ, сон — кыстык таҥас арааһын тигэр буолбут. Онтон 49 сааһыгар сылдьан, олоҕор туох эрэ үйэлээҕи оҥороору дириҥ толкуйга түспүт. Ол туһунан Вера Семеновна бу курдук кэпсиир: “Маннык сүөhү көрөн олорон өлөн хааллахпына ким миигин билиэй? Оҕолорум, сиэннэрим тугунан киэн туттуохтарай диэбитим уонна иистэнэргэ быhаарыммытым. Бастакы үлэм олус умсулҕаннаах этэ, кыбытыктаах сон кэмпилиэгин тикпитим. Улахан үлэ салайааччылаах буолар, онон ХИФУ доцена, научнай үлэhит Светлана Ивановна Петрова сүбэтинэн иистэммитим. Кини “олус кичэллээхтик үлэлээбиккин” дьиэн хайҕаабыта. Бу эппитин истэммин ис-испиттэн астыммытым, үөрбүтүм. Улахан киhи хайҕабыла киһини кынаттыыр эбит этэ. Ол сылдьан кыбытыктаах тигии абылаҥар күүскэ ылларбытым, сылга иккилии улахан үлэни оҥорорум. Быыhыгар ынах-сүөhү көрүүтэ, от, дьиэ ис-тас үлэтэ бүппэтэ. Быыhыгар түөрт сыл устата бу паннобун дьиэбэр кистээн тикпитим”.
Бу панно 1×1 см (тигилиннэҕинэ 0,8 мм буолар) 17000 тахса түөрт муннук таҥас кырадаһыннарыттан тигиллибит. Ааптар бэйэтэ этэринэн “ювелирнай үлэ”. Бүппүтүн кэннэ дьон олус соhуйа көрбүттэр, Аан дойду араас муннуктарыгар быыстапкаҕа турбут: Арассыыйа, Франция, АХШ, Турция, Куба республикатын хас да куораттарыгар. Үлэ туох төрүөттэн үөскээбитин Вера Семеновна маннык диир: “Кыбытык ииһинэн дьарыктанар кэммэр Василий Блаженнай собуорун испиискэ хоруопкатын саҕа гына уруһуйдаабыттарын көрбүтүм. Олус астыммытым уонна кыбытык ииһинэн оҥорбуппун харахпар бу баардыы көрбүтүм. Ити кэмҥэ иэйиигэ куустараммын үлэбин саҕалаабытым. Онтум, дьэ, баараҕай үлэ буолан таҕыста. Унньуктаах түөрт сыл усталаах үлэ. Күҥҥэ 10х10 см тиктэхпинэ улахан ситиһии буолара. Билигин үлэбин астынабын, сөҕөбүн. Национальнай түмэл атыыласпытыттан киэн туттабын, сыралаах үлэм сыаналанна диэммин”.
Вера Семеновна улахан үлэни оҥорбут диэн сөхтүбүт. Билигин даҕаны үйэлээх үлэлэри оҥоро сылдьара буолуо диэн сэрэйэбит. Бары ситиһиилэри баҕарабыт.