Таҥас эмиэ үйэ курдук биир сиргэ турбат, уларыйар-тэлэрийэр. Саха таҥаһа биир оннук. XVIII үйэ иккис аҥарыттан XIX үйэ саҕаланыытыгар диэри Саха сиригэр Киристиэс итэҕэлэ лаппа киирэн, үгэс буолбут сиэр-туом дьүһүн кубулуммут. Ону тэҥэ таҥас-сап, оһуор-мандар, быһыы-таһаа барыта уларыйбыт. Түҥ былыр тирииттэн тигиллэр таҥастары Арассыыйаттан, Кытайтан киирэр солко, хаарыс, даба, суккун таҥастарынан солбуйбуттар. Хаартыскаҕа көстөр дьахталлар таҥастарын курдук түүлээх дьабака бэргэһэ, бууктаах сон, сокко куһаах кур муодаҕа киирбиттэр. Саас-күһүн кытыылаах сон, сайын халадаай ырбаахы, оноолоох сон кэтиллэр буолбуттар. Ити кэмнэргэ олоҥхо сайдан, сахалар бэйэлэрин «күн улууһун дьонобут, айыы хаан аймахтарабыт» дэнэллэринэн, күҥҥэ сүгүрүйүү бэлиэтэ — алтан, үрүҥ көмүс күннээх симэхтэр: туоһахта, илин-кэлин кэбиһэр, кур, бөҕөх, ытарҕа, биһилэх элбээбит. Эр дьон бу таҥас-сап кылгаабыт көрүҥүн таҥналлара.