Тирии тууйас

Светлана Семенова  инженер-технолог идэлээх, тириинэн сахалыы боһуоннаах хаппардары тигэр.

– Урут тирии имитэн унтуу тигэр этим. Онтон биэнсийэҕэ тахсан бараммын  көҥүл худуоһунньук” буоларага санаммытым. Ол курдук,  Санкт-Петербург куоракка  тириинэн эҥин арааһы тигэргэ үөрэтэр оскуола баарын билэммин, онно аналлаах иистэнэр массыынанан  хаппар тигэргэ үөрэммитим. Оттон   илиинэн тигиигэ  уонна  тириигэ араас оһуору баттатан түһэриигэ, Ленинградскай уобаласка олорор Виктория уонна Вячеслав Смирновтарга уһуйуллубутум.  Дьэ, ол кэнниттэн  арааһы барытын оҥорон саҕалаабытым да, соччо астыммат этим. Атыттартан олох уратыны оҥоруохпун баҕарарым. Ону таайбыт курдук биир үтүө күн дьүөгэбэр ыалдьыттыы олорон, туоһунан оҥоһуллубут хаппахтаах тууйас турарын көрөммүн дьүөгэбиттэн: “хата, маннык курдук боһуоннаах хаппар  оҥордохпуна тутуоҥ этэ дуо?” диэн ыйыппыппар, киһим: “тутан бөҕө буоллаҕа дии” диэбитэ.  Онтон кынаттанаммын  хас эмэ ыйы быһа  үлэлээммин, тууйаска майгынныыр араас быһыылаах-таһаалаах хаппардары оҥорон таһаарбытым.  Бастаан оһуора суох оҥорор этим, онтон баттатан түһэрии, уотунан быһа сиэтии   ньымаларын баһылааммын,    туоска майгыннатан оҥоро сатыыр буолбутум. Муҥутуур үчүгэй оҥоһуулаах, хаачыстыбалаах буолуохтарын баҕарабын эрээри, бакаа, оннукка тиийэ иликпин дии саныыбын.  Тоҕо диэтэххэ,      сарсыарда түһэрбит оһуорум эбиэт кэннэ оҥорбуппунааҕар быдан атын буолан тахсар. Эбэтэр  сыыһа суоттанаммын  саҥаттаан оҥорорго күһэллээччибин.  Ол да буоллар, үөрүйэхтэнэммин иннин ылан эрэбин.

Оттон туттар матырыйаалым туһунан кэпсиир буоллахха, кырааската суох  (кожа растительного дубления) тириинэн үлэлиибин. Инньэ гынан,  ханнык баҕар   өҥүнэн кырааскалыахпын уонна бу эрэ тириигэ  араас ойууну-бичиги баттатан түһэриэхпин сөп.
Дэтээллэрэ быһыллыбытын кэннэ   оһуор түһэрэрбэр булгуччу  сиигирдэбин.  Оччоҕо тирии   батары саайбыт сирбинэн суолун ылар уонна куурдаҕына  ону  тутан хаалар.

Сырыы-аайы  саҥаттан-саҥаны  оҥоруохпун, айыахпын баҕарабын. Билиҥҥи туругунан мин эрэ маннык быһыылаах, истииллээх хаппарады оҥоробун быһыылаах.   Хас биирдии үлэбин бүтэрэн баран, олорон эрэ тутан-хабан көрөбүн уонна “ама, бу мин оҥордум дуо?” диэммин  испэр сэмээр астынабын, дуоһуйабын.

Венера Охлопкова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...