Уолга сыһыаннаах аньыылар
Төрөппүт тылын истибэт аньыы: Айыыһытыҥ кэлэйиэ.
Көтөр уонна куобах сүрэҕин сиир – аньыы: куттас буолуоҥ.
Кыыс курдук туттар, таҥнар – аньыы: майгыҥ алдьаныа.
Ыарахантан толлор аньыы: кыппах киһи идэтэ.
Кыраттан кыыһырар – аньыы: мөлтөх киһи идэтэ
Кыаммат киһиэхэ көмөлөспөт – аньыы: бэйэҕэр эргийиэ.
Кыыһы атаҕастыыр – аньыы: куһаҕан киһи идэтэ.
Кыыска сыһыаннаах аньыылар
Төрөппүт тылын истибэт аньыы: Айыыһытыҥ кэлэйиэ.
Хаан баайыылаах өттүн, көтөр кэннин сиир – аньыы: дьолуҥ кэхтиэ.
Уол курдук таҥнар, туттар – аньыы: майгыҥ алдьаныа.
Чанчарыктык туттар – аньыы: дьон сиргэниэхтэрэ.
Сэмэйдик туттубат – аньыы: сыыһаҥ эдбиэ.
Кыаммат киһини аһыммат – аньыы: бэйэҕэр эргийиэ.
Майгыга сыһыаннаах аньыылар
Киһиргиир – аньыы: кирсиҥ быстыа.
Сымыйалыыр – аньыы: эйигин ким да итэҕэйиэ суоҕа.
Уорар – аньыы: байыаҥ суоҕа.
Өсөһөн төттөрү оҥорор – аньыы: мэлдьи сыыһаны оҥоруоҥ.
Киһиэхэ куттуур – аньыы: мөлтөх киһи буолуоҥ.
Өстөнөн кистээн ону-маны алдьатар – аньыы: мөлтөх киһи идэтэ.
«Ыал Бии Билиитэ», 2001 с.