Кэс тыллар. Кыра оҕону иитэргэ өбүгэ саҕаттан кэлбит кэс тыллар бааллар. Манна элбэх көлүөнэ дьон олоҕун уопута сылдьар. Кэс тыл эмиэ оҕо майгытын олохтуур, тупсарар аналлаах.
Кыыс оҕону самыыга охсума. Сахалар оҕону сөбүн көрөн дьарыйар идэлээхтэр. Оҕону дьарыйар анал миэстэ, холобур, илии, буут буолара. Биир оннук миэстэ – самыы. Ол гынан баран былыргылар кыыс оҕо самыытын таһыйары боболлоро, ийэ буолар аналын кэҕиннэрэр курдук өйдүүллэрэ.
Киһини сирэйгэ оҕустарыма. Киһи сирэйэ – киһи саамай ытык миэстэтэ. Былыргылар оҕону олох кыратыттан киһини ытыктыырга үөрэтэллэрэ. Ол үөрэтии саамай төрдө – киһини сирэйгэ оҕустарымыы. Оҕо киһини сирэйгэ оҕустаҕына буойаллар. Инньэ гынан киһини сирэйгэ охсуллубат диэн өйдөбүлү үөскэтэллэр.
Тилэҕиттэн сыллаама. Оҕо биир сылламмат миэстэлээх дииллэр. Ол миэстэ тилэҕэ буолар. Былыргылар киһи тилэҕин аһаҕас миэстэ диэн өйдүүллэрэ. Бу миэстэнэн киһи сири кытта ситимнэһэр. Ол иһин оҕону тилэҕиттэн сыллаатахха, оҕо сиртэн ситимимн мэһэйдээһин курдук көрөллөр.
Дьолу харыстааһын. Оҕоҕо туох эмэ кыраны биэрдэххэ, оҕо ытыһын тоһуйан ылыахтаах. Илиитин умса тутан ылыа суохтаах. Бу хамсааһын оҕоҕо дьоһуну үөскэтэргэ аналлаах. Дьоһуннаах эрэ киһи дьолун харыстыыр кыахтаах.
Атахха сытыарыма. Кыра оҕону илдьэ сытар буоллахха, атахха сытыарар бобуллар. Саха өйдүүрүнэн киһи атаҕар эрэйэ-муҥа мустар. Онон кыра оҕону атахха сытыарыы оҕоҕо эрэйи-муҥу сыһыарыы курдук өйдөнөр.
Кынньаама. Оҕону кынньааһын диэн оҕо кыамматын туһанан соруйан кыыһырдыы ааттанар. Маннык быһыы оҕо майгытын саамай улахан алдьатыы – былыргылар этэллэринэн, далай аньыыны оҥоруу буолар.
Матырыйаал «Ыал Бии Билиитэ”, 2001 с. кинигэттэн ылылынна