Бэйэ сыыһатын киһиэхэ түһэрэр – аньыы. Мөлтөх киһи бэлиэтэ.
Үлэттэн куотунар — куһаҕан: сүрэҕэ суох киһи идэтэ.
Сиппиири, тэрээпкэни көстөр сиргэ быраҕар – аньыы: киһи кистэлэҥин кэпсээн биэрэллэр.
Ис таҥаһы мээнэ быраҕар – аньыы: кутуҥ куотуо.
Кирдээх таҥаһы таҥнар – аньыы. Кирдээх тыл-өс мустуо.
Чыычаах уйатын тыытар – аньыы. Чыычаах – оҕо кута.
Сарсыарда хаҥас атахха үктэнэн турар – куһаҕан. Сыыһаҥ элбиир.
Оһох уотугар кири-хору быраҕар аньыы: уот иччитэ сиргэнэр.
Олорор күөлү, үрэҕи, өрүһү аатын мээнэ ааттыыр – аньыы: эбээ диэн ааттыахтааххын.
Айыыны, иччилэри ытыктаабат – аньыы. Кинилэр истэллэр.