Судургутутуу үйэтин сымсах тыла-өһө

“Кыдьымах” диэн тыл, аныгылыы эттэххэ, мем (киэҥник оонньуу оҥостуу, күлүү-элэк гыныы) буолла. Билигин ити тылы билбэт да биллэ, саҥарбат да саҥарда.

Ыччаппыт тылы билбэтин сэмэ-суҥха оҥостубута буолабыт да, ити быһыы-майгы элбэх социальнай, этическай кыһалҕалары ытыска ууран ырылыччы көрдөрдө. Элбэхтэн аҕыйаҕын аахтахха, ити тылы эрэ билбэт буолууну буолбакка,  көлүөнэлэр ситимнэрэ сүтэн, быстан эрэрин, роботизация үйэтигэр дьон-сэргэ  кэпсэтэр, сэлэһэр дьоҕура мөлтөөбүтүн, саха дьоно айылҕабытыттан, төрүт дьарыкпытыттан тэйбиппитин, глобализация балысхан дьайыытыттан саха сиэрэ-майгыта балачча уларыйбытын туоһулуур.

Тыл саҥарар саҥабыт эрэ буолбатах, тыл киһи өйүн-санаатын туругун, сиэрин-майгытын  кэрэһитэ. Түргэн-тарҕан кэмҥэ олоробут, харса суох хачымахтаһан, элбэҕи оҥоруохха, ситиһиэххэ наада, онон барыны-бары судургутутан, чэпчэтэн иһэргэ күһэллэбит. Сүрдээх үчүгэйдик итини “кэм ирдэбилэ”, “вызовы времени” диэн ааттыыбыт, харса суох элэҥнэччи барсан иһэрбитин хайҕанабыт. Ити икки өрүттээх көстүү. “Кэм ирдэбилэ” тылбытыгар эмиэ билиннэ, тугу  уустуу-уранныы сылдьыахпытый, саҥарарбыт, кэпсэтэрбит судургутуйда, өйдөһөр буоллубут да бүтэр курдук. Ватсапка үгүспүт “батта”, “ушуой” диэн толкуйдаабакка да суруйан хачыгыратар. Бэл кинигэ, хаһыат тыла сымсаата. “Саппа садарах уотунан күтүр хараҥаны күлүмнэтэ сырдатан” суруйарга тылы имитэн,  балайда бадьыыстаһан суруйуоххун наада эбээт.  Ыксаллаах үйэҕэ ол сатамньыта суох.

Онон тылбытын судургутутан суруйар, кэпсэтэр буолан иһэбит. Баай тылбыт сорох тыллара умнуллан эрэллэр. “Кыдьымах” диэн тылбытын “муус” диэн тылынан солбуйан эрдэхпит. Онон ыччат билбэт. Соторутааҕыта илин эҥэр улууска олорор аймаҕым дьахтар куоракка устудьуоннуур уолун кытта телефонунан кэпсэтэр: “Айан эрэйдээҕэр кэлимэ-барыма, эбэҕэ муус бөҕө буолбут”, — диир. Ону мин: “Эбэҕэ кыдьымах киирэн эрэр диэ. Ити тылы эмиэ билбэтэ буолуо”, — диэн эҕэлээччи буолабын. Хаарыан баай тылбытын итинник бэйэбит сымсатан иһэбит…

Тэрилтэнэн ыһыахтыы сылдьабыт, үлэҕэ саҥа киирбит специалист-уолаттары соруйабыт: “Бэтэрээннэр түһүлгэлэригэр, чэчир  анараа өртүгэр үтэһэлээх эттэ, быырпахта илдьэн биэриҥ”. Оҕолор: “Чэчир диэн туохпутуй?”, — дэһэллэр. Биһиги хап-сабар: “Хатыҥ, хатыҥ анньыллыбыт сирэ”, — дии түстүбүт. “Ээ, оттон  инньэ диэххитин. Тугун эмиэ чэчирэй”, — диир биир чобуолара. Бырааһынньык сүпсүлгэнигэр, ыксалыгар “чэчир”  уонна “хатыҥ” диэн туох уратылаахтарын  быһааран биэрии кэлиэ дуо!

Өссө биир түгэн. Айылҕаҕа сынньана сылдьабыт. Аҕыстаах сиэн быраатым  мээчик тэбэ оонньуу сылдьан, атыҥҥа аралдьыйан баран, өйдөөн кэлэн мээчигин көрдөөн булумахтанар. Ону мин: “Итиннэ хахыйах анныгар сытара”, — диэн ыйан биэрэбин. Уолум мунааран турар. Ону ийэтэ: “Хатыҥ анныгар”,  — диэн чопчулаан биэрэр. Хата киһиҥ мээчигин ылан кэлээт: “Эдьиий, ити хатыҥы тоҕо атыннык туох эрэ диэтиҥ?”- диэн туоһулаһааччы буолла. Онтон хатыҥ диэн бэркэ билэр маһын араастаан этиэххэ сөбүн истэн сөхтө-махтайда. “Ол аата хахыйах  диэн хатыҥ мас оҕото эбит, аар хатыҥ диэн эбээлэрэ буолар, өссө ыарҕа диэн аймахтаахтар эбит”, — диэн түмүктээччи буолла. Итиэннэ атын мастар – бэс, харыйа, тэтиҥ, тиит — “оҕолорун, эбээлэрин, аймахтарын” ыаһыйалаһан, хата  бэйэбитин ууга-уокка түһэртээтэ. Оҕолор барыны-бары билэ-көрө сатыыр, саҥа тылы-өһү, сатабылы барытын сүһэн ылар саастара сындыыс сулус тэҥэ элэстэнэн ааһар. Оттон биһиги үүнэ-тэһиинэ суох  ыксаллаах үйэбит сыыдам сырыытыттан хаалсымаары, барыны-бары судургутутан иһэбит – бэйэ-бэйэҕэ сыһыаммытын, үлэбитин-хамнаспытын, тылбытын-өспүтүн.

Сэтинньи саҥатыгар “Тыл уонна идэ” диэн “Сахабэчээт” үлэһиттэрин форумугар “Тирэх тылдьыты” сүрэхтээтилэр. Манна хаһыакка уонна интернет-таһаарыыга үгүстүк туттуллар 500-чэкэ киирии тыл  тылбааһа, солбук тыла киирдэ. Тылдьыты “Чолбон” уонна “Полярная” звезда”сурунааллар үлэһиттэрэ иилээн-саҕалаан оҥордулар.

Форумҥа кэпсэтииттэн сиэттэрэн, тирэх тылдьыт эрэдээксийэлиир хамыыһыйатыгар үлэлэспит суруйааччылар, журналистар “тыл сытыйбатын, сурук суодуйбатын” туһугар  тылы таба туттуу, суруйуу тула санааларын  мантан инньэ “Ийэ тыл”  рубрикаҕа бэчээттиэхпит.

Лира Яковлева.

https://ulus.media/

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...