Бу ырытыы аныгы саха, ийэ тылын билбэтиттэн, өһүргэммититтэн төрүөттэнэн сурулунна. “Далбар хотун”сурунаал 2020 сыллааҕы нүөмэригэр тахсыбыт сэһэргэһиитэ “эрэдээк” диэн тылтан дьоруойбут хаарыйтарбыт. Онон, сырдаппыт киһитигэр махтаныан кэриэтэ, куйаар ситимигэр суруйбут: “Редактор диэн аны “эрэдээк” диэн буолбут эбит” уонна, сааттаҕа буолуо, сирэйин саба туттубут ойууну туруорбут. Биллэн туран, “эрэдээк” диэн ааптар бэйэтэ туттубут тыла буолбатах, хас киирбит суруйуу барыта тыла-өһө көннөрүллэр, эрэдээхтэнэр.
Туох-ханнык иннигэр төрүөт төрдө буолбут “эрэдээх” диэн тылы быһааран кэбиһиим. “Редактор” латыын тыла. “Ре” – “хостон, хаттаан”, тыл иккис аҥаара – “үүр, хамсат” диэн суолталаахтар. Быһата, күһэйэн гыннарар, чыпчахайдыыр сололоох (дуоһунас) үлэһит. Онон, сэрии идэтигэр туттулла сылдьыбыт. Былыр биир киһи ыалын, үөхтэ диэн, үҥсүбүт. Суукка кэлэн: “Чэ, “сабаака” диэтин даҕаны, “ыт” диэбитэ кыһыылаах”, –диэбитигэр, сэтээтэллэр күлэн тоҕо барбыттар. Онон суут салгыы дьыаланы көрбөтөх. Оҕордук, тастан киирии тыл дьиҥ ис хоһооно биллибэт буолан, ордук ымсыылаах курдук. Нуучча тылыгар билигин омук тыла үүнэ-тэһиинэ суох хайдах баарынан киирэн эрэр. Холобур, “смотр” –“кастинг”, “товаровед” – “менеджер”, “содержание, вложение” – “контент” уо.д.а. Оттон “эрэдээх, эрэдээк” бэйэлээх бэйэбит, ис хоһооно букатынныы умнулла илик, тылбыт. “Редактор”диэни дорҕоон дьүөрэлэһиитинэн үтүктүү буолбатах. Тугу да барытын тутуһа-хабыһа, иэхсэ, тордуохтаһа сылдьар киһини эбэтэр ымпык-чымпык уустук үлэни, дьыаланы-куолуну этэллэр.
Онон “эрэдээх” “редактор” ис хоһоонугар ордук барсар. Эрэдээх кими да төттөрү-таары үүрэ-түрүйэ сылдьыбат, сүнньүнэн, суругу-бичиги көннөрөр, сарбыйар, сааһылыыр үлэһит. Оттон атылыы тыллаах башкир, татаар тылыгар “эрэдээх” –“мөхиэрир”. Хайдах эрэ “мөҕүттэр” диэн тылы санатар. Онон, доҕоттоор, аныгы сахалар, бэйэлээх-бэйэҕит ийэ тылгытыттан тэбиэһиргээмэҥ дуу… Ханнык да ийэ тыл киирии тылы бэйэтин дорҕоонугар дьүөрэлээн “дьиэтитэр” үгэстээх. Ити – тыл саргыта (сокуона). Нуучча тылыгар “бэйэтийбит” омук тыла хара баһаам. Холобур, түүр тылыттан киирбит карандаш –хара таас; курган – күр (күрдьүк) хаан; могила – мэҥэ; щи – ис; борщ – борас; коч (устар аал) – көс; каблук – хосуллук; первый – биир диэнтэн. Бэл, “странный” – индьии “strange” (стрэндь) тыла уларыйа сылдьар. Саха тыла нууччатыйа илигинэ эмиэ соннук. Хобордоох – сковорода; мылаа (мыылай) маҥан – белый; кырынаас – горностай; бэрэмэдэй – переметный; маала кыра –маленько; добуоччу – довольно; сэтээтэл – заседатель; саппарааһай – сопровождающий. 70-с сыллар ортолоруттан тылы таба суруйууга уларытыылар киирэннэр, нууччаттан киирии тыл хайдах баарынан суруллар, ааҕыллар буолбута.
Холобур, дьаабылыка –яблоко, яблоконан; оҕурсу – огурцы, огурцынан; хаҥкы – коньки, конькинан. Ол содулугар билиҥҥи саха, бэл, саҥарар тэтимэ, дорҕооно уларыйда. Тыл бэлиитикэтэ хамсыы турар. Онон бүгүн сахатыйа сатыыбыт. Ол эрээри, дьиҥ төрүт тыл дорҕоонун сүтэрии түмүгэр киирии тылы, бэрдэ буоллар, аһаҕас дорҕоонун эбэн, уларытан биэрэбит. Онон уһаан эрэ биэрэр. Холобур, республика – өрөспүүбүлүкэ; университет – үнүбүрсүтүөт; институт – үнүстүтүүт; “Сковорода” диэн тылы аныгылыы сахатыттахха “ыскы-бырыдаа” диэн буолуох этэ. Оттон өбүгэбит, кулгааҕа уларыйа илигинэ, хайдах курдук сатабыллаахтык сахатыппытый? Ол дьоҕуру, хомойуох иһин, сүтэрбиппит. Ол иһин, сурунаал тылын-өһүн ылгыырга эрэдээҕэ үгүс: ситигирдик быһаччы “сахатытыыттан” куота сатыыбыт. Киирии тылы, кыалларынан, бэйэ гиэнэ эрээри үтүрүллүбүт, умнуллубут, өлүктүйбүт уонна түөлбэ өһүнэн солбуйарга эбэтэр тыл көспүт суолтатынан туттарга дьулуһабыт. Сонун тыл суолтатын быһаарарга күрүөҕэ нууччалыытын ыйабыт. Ол эрээри, тоҕо хайаатар да тустаах тыл туттуллубутун сонно тэнитэн быһаарар кыах суох. Онон, бүгүн сурунаалбытыгар эрэдээхтээн сахатыппыт тылларбытын ырытабыт.
ҮҮНЭЭЙИГЭ СЫҺЫАННААХТАР
Нуучча кэлиэн иннинэ саха киһи, ама, от-мас “сиэмэнэн” тэнийэрин билбэтэ буолуо дуо диэх курдук саныахха сөп. Ону баара, “сиэмэ” диэнинэн солбуллубут дьиҥ сахалыы икки тылбаар (мин билэрбинэн).
СЫА, ОТ СЫАТА
Бу тылы ордук сүөһүлээх тыа дьоно тутталлара. Оҕо сырыттахпына аҕам: “От сыата сиппит. Охсорго сөп буолбут”, – диирин истэммин, ол от эмиэ хайдах сыаланар баҕайытай дии санаабытым. Үрдүк умнастаах ача от бурдугун быыһыттан ап-араҥас быыкаан “чопчулар” сэлибирии сылдьалларын: “Ити – от сыата”, – диэн ыйбыта. От сыатын далга чооруостар табыгынаталлар. Кинилэр сүрүн астара. Ол иһин куоракка, барабыай курдук, олохсуйбаттар. Куутук сиэтэҕинэ уойар, сымыытын уоһаҕа кытарар. Оттон ынах-сүөһү сыалаах оту ходууллаабат, үүтэ хойдор. Мантан көстөрүнэн, “сыа” сиэниллэр эрэсиэмэлэргэ туттуллар эбит.
ҮҮРЭЭН
Тыалынан тарҕанар сыа. Холобур, ньээм, кучу, тирэх мас түүтэ. Бэкээрискэй тылдьытыгар “ср. тюрк. үрэн семя, плод, зерно Үүрээн буолан үксээбит размножился как үүрээн см.п.*1 тараан” диэн суруллубут. “Тараан” диэн тыл ыйыллыбытынан, тарҕаныллар, ыһыллар сиэмэ буолуон сөп эбит диэн сабаҕалаабытым. Ол эрээри, тылдьыкка “тараан” соруйар туохтуурга “баттаҕы тарааныы” эрэ суолтатыгар ыйыллыбыт. Бэкээрискэй тылдьытыгар элбэх киһи үлэлэспитэ. Ол иһигэр Өксөкүлээх Өлөксөй, лингвист Сэмэн Новгородов курдук саха тылын дириҥник билэр, үөрэппит дьон. Онон “см.п.*1 тараан” мээнэ кыбыллан хаалбатаҕа буолуо. Тыл дьүөрэлэһиитинэн маныаха майгылыыр дорҕоонноох “самаан” диэн тылбаар. Тус ис хоһооно умнуллубут. “Самаан сайын” диэн сомоҕо домоҕунан туттуллар. Татаар, башкир тылыгар“булуук” диэн суолталаах. “Сабантуй”– “сабан” + “той (туой)” = “булуук” +“уруу” (сыбаайба, “ыллаа-туой”). Манна “сабан (булуук)” – атыыр суолталаах, кини сири буоһатар. Онон, “сабантуй” ыһыы үлэтин кэннинээҕи сайбарыын буолар. Саха тылыгар туохтуур киэбигэр бу тыл төрүт өйдөбүлүнэн тахсан кэлэр: “сабар”. Холобур, ынаҕы атыыр оҕус сабар. Былыр өбүгэбит сири таҥастаан, бурдук үүннэрэн олорбутун өссө биир туоһута – татаар тылыгар “ас, аһылык (ашлык)” “бурдук ас, килиэп” диэн суолталааҕа. Оттон түүр тыллаах чуваш тылыгар “туораах”,“бурдук туорааҕа” “тыраа” диэн. “Тараан” диэммит сылдьара буолаарай?
Тыл соноругар “зерно” сорох түүр омук, холобур, таджик тылыгар “дона, дон” диэн буоларын булан ыллым. Саха саҥатыгар утарар суолтатыгар эрэ туттуллар тыллар бааллар. Олортон биирдэстэрэ – “дуона суох”: “дуоннааҕы булбатым”, “дуона суохха умса-төннө түһэн”, “дуоннаах үлэ тахсыбата”. Бэкээрискэй тылдьытыгар тылбааһа “значительность”. Ол эрээри, бу – мыынар тыл. Көспүт суолтатыгар “ничего не стоит”, “бессмысленно (без логического зерна)” диэн буолан тахсар. Былыр бурдук туорааҕа оҕордук күтүр күндүтүн көрдөрөр. “Дуон” дьиҥ суолтата сүппүт былыргы өс буоларын атын омук тылыттан сабаҕалыахха сөп. Саха өһүгэр индоевропейскай дэнэр тыл хаттыгаһа эмиэ баар. Холобур, “балаҕан”. Нуучча тылыгар “солуута суох айдаан-куйдаан” диэн суолталаах. Ол иһин, “саатаммыт”, төрүт дьиэбитин “юрта” диэн солбуйан суруйабыт. Бу – персия (иран) тыла дэнэр. “Дуон” грек тылыгар “бурдук” диэн суолтаҕа туттуллубут буолуон сөп. Бары билэр алаадьыбыт нууччаттан киирбит. Оттон кинилэргэ – грек тылыттан. “Эладион” – арыылаах кыракый лэппиэскэ. “Элай, елей, олей”– мас арыыта. Ол аата, лэппиэскэтэ “дъон, дион” буолан тахсар. Дьэ, онон, сахалыы “сыа”, “үүрээн” “сиэмэ” суолталаах “тараан”, “дуон” диэн икки тылынан байан биэриэн сөп.
СОРСУ
Саас аан бастаан быгар, бытыгырайар күөх от барыта. “Сорсу куһа” – сааскы бастакы күөҕү баттаһа инникилээн кэлэр кус. Кини сорсу күөҕүнэн аһылыктанар. Онон, “сорсу”– сиэниллэр үүнээйи күөҕэ, үнүгэһэ. Тыл ити сүрүн өйдөбүлүгэр олоҕуран,“сорсуну” “арассаада” уонна аныгы кэмҥэ тэнийэн эрэр “микрозелень”суолтатыгар тутуннубут.
КҮН МАҺА, КҮН БАҺА МАС
Нууччалыы “подсолнух” диэнтэн быһаччы көһөрөн (калька) ылыы курдук көстүөн сөп. Ол эрээри, Орто Азияҕа олохтоох сиртэн аһаан олорор түүр тыллаах аймах омуктарбыт “күнгабодар майы”, “күн балыс майы”,“күн харама майы” дииллэр. Ис хоһоонноро майгылаһар – “күнү батар (батыһар) мас”, “күнү харамнаһар (мунньунар) мас”. Сахалар былыр билэр аспыт буоларын “мас арыыта” диэн тыллаахпыт туоһулуур. Тыл төһөнөн туттулар да, кылгыыр адьынаттаах. Холобур, “олох мас” – “олоппос”, “харах далана” – “харах дала”,“тиириллибэт тирии, тардыллыбат тараһа” – “тиийбэт тирии, тарпат тараһа”. Онон, бу тылга “күн баһын маһын арыыта” – “мас арыыта” буолан сылдьар. Олох билбэт киирии тылбыт эбитэ буоллар “үүнээйи арыыта” (“растительное масло”) диэхпит этэ. Онто суох, ийэ тылыттан тэйбит ыччат инньэ диэн туттар даҕаны.
СИЛИРГЭХ
Силиргэх силистэн уратыта диэн, кини – умнас сир аннынааҕы суон салгыыта, моркуоп курдук “эттээх” буолар. Үксүгэр эмтээх, сүлүһүннээх үүнээйи силиргэхтэнэр. Сир уоҕун күүскэ иҥэринэр, хаһаанар буолан. Холобур, ньээм от силиргэхтээх. Саха тылыгар биир тыл хас да суолталаах буолар. Олортон тустааҕын эрэ суруйабыт.
ХОРУН
Үүнээйи төрдүн аһа (клубень, луковица). Урут саха хоруну хостоон хатаран, кыһын куйа кэлиигэ үнтү сынньан, тарга, үөрэҕэ буккуйан сиирэ. Ол иһин, холобур, сардаана олус сэдэх буолара үһү. Сардаана атын аата – хорун. Хайа да үүнээйиттэн кини аһа ордук иҥэмтэлээх буолан, ыалдьан охтубут, сэниэтэ эстибит киһиэхэ биэрэллэр эбит. Онон сардаана биир аата – сэниэ. Бүлүү эҥэр уонна хоту үүнэр будьурхай сардаана – модуон, моно (лилия кудреватая). Хотулар модуон хорунун, умнаһын, сэбирдэҕин олорчу аска тутталлар эбит. Саха сиригэр, сэдэхтик да буоллар, араҥас сардаана эмиэ үүнэр– тыргыы (лилия желтая, красоднев). Билигин тыргыы олордуу чэчиккэ кубулуйда.
Умсуура