Тымныы оҕуһун бастакы муоһа номнуо үүнэн, кыһыҥҥа үктэннибит. Бу кэм устата саха дьоно хатыыс, чыыр, уомул курдук балыктары тоҥнуу кыһан сиир. Балык омега-3 уонна омега-6 кислотата мэйиигэ туһалааҕын, хааҥҥа куһаҕан холестерины намтатарынан билэбит. Оттон дойдубутугар үөскүүр балыктар сахалыы ааттарын төһө табатык туттабытый?
https://ulus.media/