Быйыл, Платон Алексеевич Ойуунускай 130 сааһын туолбут үбүлүөйдээх сылыгар, араас үчүгэй тэрээһиннэр ыытылыннылар. Онтон кини туһунан бииргэ улааппыт, үлэлээбит, айбыт-туппут дьоно хайдах-туох санаалаахтарын Вера Дмитриевна Давыдова уратын истиҥ ахтыытыттан билсиҥ.
Биһиги Платон Алексеевич Ойуунускайдыын иккиэн Таатта улууһуттан төрүттээхпит. Биллэн турар, мин кинини үчүгэйдик билэрим. Биһиги ордук үчүгэйдик кини Дьокуускайга, учительскай семинарияҕа, үөрэнэр сылларыгар билсибиппит. Мин киниттэн балыс этим уонна Дьокуускайдааҕы дьахтар гимназиятыгар үөрэнэрим. Миигин онно үөрэххэ маҥнайгы учууталым, сыылынай Ельцова Людмила Андрониковна киллэрбитэ. Биһиги оччолорго уокурук суутун таһыгар Слепцовтар дьиэлэрин флигелигэр икки балтым – Надежда уонна Люба итиэннэ Нюта Григорьева-Афанасьева (билигин бокуонньук) буолан олорбуппут.
Платон Алексеевич биһиэхэ ону-маны ааҕа, көннөрү сэһэргэһэ сотору-сотору сылдьара. Кини нуучча классиктарын ааҕарын таптыыра. Биһиги ордук Лермонтабынан үлүһүйбүппүтүн өйдүүбүн. Платон “Демоны” олус таптаан ааҕара, улахан баҕайы быһа тардыылары өйүттэн ааҕар буолара. Ол кэмҥэ кини бэйэтэ сахалыы хоһооннору уонна кэпсээннэри суруйан эрэрэ. Кини уопсайынан литератураны аһары таптыыра. Платон эргиччи талааннааҕа. Литератураны таһынан үчүгэйдик уруһуйдуур этэ. Биирдэ кини биһиэхэ Петр I мэтириэтин хара харандааһынан үүт-үкчү уруһуйдаабытын бэлэхтээбитэ. Ол улахан кээмэйдээх мэтириэт өр кэмҥэ биһиги хоспутугар ыйанан турбута. Платон көрдөөх-нардаах, кэпсэнньэҥ-ипсэнньэҥ майгытынан ураты чорбойоро, кини биһигини уруһуйдуурга уһуйбута, мин түүннэри Тамараны уонна Демоны уруһуйдуурбун өйдүүбүн. Ити сылларга кини политическай өйө-санаата олохсуйан эрэрэ. Е.М.Ярославскайы о.д.а. политическай сыылынайдары кытары биир квартираҕа дьукаахтаһан олорбута. Кинилэр кини сайдыытыгар улахан сабыдыалы оҥорбуттара.
1916 сыл кыһына. Ыраах, хаарынан бүрүллэн турар, тымныы Дьокуускай куорат. Дьокуускай музейын олбуорун иһигэр кыракый флигельгэ библиотека баарыгар музей консерваторын эбээһинэһин толорооччу Е.М.Ярославскай (“Миней”) олорбута, онно политическай сыылынайдар мусталлара. “Кыракый хоско төһө батыахтарынан ыга симсэллэрэ”, — диэн Е.М.Ярославскай кэлин ахтыбыта. Арыт 40-50 киһи мустара. Манна большевиктар партийнай мунньахтара ыытыллара итиэннэ революционнай охсуһуу уонна тактика саамай сытыы боппуруостарыгар большевиктар меньшевиктэри уонна эсердэри кытары сытыытык мөккүһэллэрэ. Олохтоох нэһилиэнньэни кытары сибээһи олохтообут Е.М.Ярославскай ити мунньахтарга саха үөрэнээччи ыччатын тардыбыта. Үс партия представителлэрэ Дьокуускайга бэйэлэрин солбуйар дьону иитэн хаалларар иһин охсуһаллара, кинилэр бөдөҥ революционнай кииннэртэн тыһыынчанан километр ыраах сытар сиргэ революция дьыалатын салгыахтаахтара. Ол ыччаттар кимнээх диэки буолуохтарай, ханнык суолунан барыахтарай? Сыылынайдар оннук мунньахтарыгар маҥнайгынан Дьокуускайдааҕы учительскай семинария иитиллээччилэрэ Платон Ойуунускай (Слепцов) уонна Максим Аммосов о.д.а. сылдьыбыттара.
1913-1915 сс. Платон Алексеевич саха ыччата бэйэтин билиитин-көрүүтүн үрдэтэригэр көмөлөһөр соруктаах саха ыччатын кистэлэҥ куруһуоктарын актыыбынай чилиэнэ этэ. Ол куруһуоктар мунньахтара үҥкүү биэчэрин курдук ыытыллаллара, ол гынан баран олорго итэҕэл уонна политика темаларыгар мөккүөрдэр буолаллара. Куруһуок үлэтин политическай сыылынайдар сэргээбиттэрэ.
Е.М.Ярославскайы кытары билсиһии, Саха сиригэр көскө ыытыллыбыт IV Государственнай дума депутатын Г.И.Петровскайы уонна Покровскайга көскө кэлэн олорор, Дьокуускайга кэлэ-бара турар, Г.К.Орджоникидзены кытары көрсүһүүлэр, кинилэрдиин сэһэргэһиилэр, кинилэр ыраахтааҕы былааһын, империалистическай сэриини, социалистическай революция соруктарын дьэҥкэтик сыаналааһыннара Платон Алексеевич өйө-санаата сайдыытыгар, олоҕор, охсуһуутугар сүҥкэн сабыдыаллаах этилэр. Политическай сыылынайдар тэрийбит куруһуоктарыгар П.А.Ойуунускайы уонна М.К.Аммосовы сэргэ семинарияҕа кинилэри кытары бииргэ үөрэнэр табаарыстара С.Аржаков, И.Барахов, С.Васильев о.д.а. сылдьаллара. Е.М.Ярославскай кыракый хоһугар Дьахтар гимназиятын үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ эмиэ сылдьар буолбуттара.
1917 сыллаахха кулун тутарга Е.М.Ярославскай куруһуогуттан “Юный социал-демократ” диэн ыччат тэрилтэтэ үөскээн тахсыбыта. Ол куруһуокка кэлин большевик буолбут саха сүрүн кадрдара иитиллибиттэрэ. Кинилэр революция бастакы сылларыгар партияҕа киирбиттэрэ, Саха сиригэр советскай былаас олохтонорун уонна бөҕөргүүрүн иһин охсуспуттара, онтон салгыы саамай эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбиттэрэ.
Платон Алексеевич саха советскай литературатын төрүттээччинэн буолар. Кини аатырбыт “Кыһыл Ойуун” олоҥхо-тойуга Саха сирин бүттүүнүгэр, ону ааһан кини тас өттүгэр кытары биллэр. Адьас эдэр сылдьан, Платон Алексеевич суруйар үлэнэн дьарыктаммыта, кини ардыгар биһиэхэ айымньыларын ааҕан иһитиннэрэрэ. Баччааҥҥа диэри мин кулгаахпар:
Сырылатан-сырбатан,
Күн да күн!
Күлэр күн! – диэн эппитэ иһиллэргэ дылы.
Платон Алексеевич бэртээхэй араатар этэ. П.А.Ойуунускай Олунньутааҕы революция кыайыытын күнүгэр куорат сахаларыгар уоттаах-төлөннөөх тылы сахалыы эппитэ. Онтон ыла кини араас мунньахтарга, миитиннэргэ тыл этэрэ, хараҥа норуот хараҕын аһара.
Платон Алексеевич туох-баар государственнай, партийнай уонна литературнай үлэтэ-хамнаһа – төрөөбүт норуотугар бэриниилээхтик сулууспалааһын этэ. Кини дьиҥнээх норуот уола, кини үтүө доҕоро, муударай сүбэһитэ этэ. Махталлаах сахатын норуота кини аатын, кини кэриэһин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ мэлдьи кэриэстии туруоҕа, хаһан да умнуо суоҕа!
Вера Давыдова. 1973 с.
Ахтыыны И.Е.Федосеев тылбаастаата.