Оҕоҕо сахалыы куту уһугуннарар уһуйааччы

Татьяна Винокурова — Татыйык

 

Бүгүн кэпсиир уһуйааччым аатын олоҥхо эйгэтигэр билбэт киһи суох буолуохтаах. Ол, Наталья Иннокентьевна Мордовская буолар. Наталья Иннокентьевнаны кытта Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар өр кэмҥэ бииргэ үлэлээбит дьоллоохпун. Кинини, “Саха фольклора” куруһуок салайааччытынан, салҕыы “Эллээйик” оҕо фольклорнай студиятын тэрийэн, куорат үгүс оҕотун сахалыы кутун уһугуннарбыт, төрөөбүт культуратын этигэр-хааныгар иҥэринэн улаатарыгар үтүө өҥөлөөх уһуйааччы быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбын.

Мин Наталья Иннокентьевнаны толло көрөрүм, бэйэтин тутта-хапта да сылдьарынан былаастаах, кытаанах, дьаһаллаах Хотун дьахтар диэн испэр саныырым. Кини сахаҕа олус кыраһыабай, бэйэтин сатаан көрүнэр, сынньанары да үлэлиири да сатабыллаахтык дьүөрэлиир киһи. Куорат культурнай олоҕуттан туора турбат, тыйаатырга буолар кэнсиэрдэри, испиктээкиллэри көтүппэт.

Дыбарыас үһүс этээһин көрүдүөрүн устун хааман истэххэ, оройдорунан көрбүт орой мэник уолаттар тустан бурҕалдьыһа сылдьар буолааччылар, биир эмэ кыыс оҕо үрүмэччи курдук тэлээрэ көтөн аттыларынан ааһааччы. Ити, Наталья Иннокентьевнаҕа олоҥхону үөрэтэ кэлбит оҕолор – мэниктэр, сытыылар, тыллаахтар, дьиҥнээхтэр… Үөрэх дьылын бүтүүтэ бу оҕолору сыанаҕа көрөҕүн, тохтоло суох уу сахалыы уустаан-ураннаан, куоластарын араастаан уларытан, дьоһуннаан, дьоһумсуйан туран өбүгэ улуу айымньытын толороллор. “Хайа үлүгэр кэмигэр, мэниктэрин быыһыгар үөрэтэ охсон кэбиспиттэрэй, бу туттан-хаптан, көрөн-истэн улахан артыыс дьон буолан хаалбыттарай” диэн санаа көтөн түһэр. Ити хас эмэ сыл устата, тымныыны тымныы диэбэккэ, куйааһы куйаас диэбэккэ, дьарыктаммыттарын, «учуутал-эбии үөрэх уһуйааччыта-төрөппүт” ситимнээх үлэтин үтүө түмүгэ буолар. Онтон бу манан буолбатах дьыаланы Наталья Иннокентьевна үүннээн-тэһииннээн салайар.

Наталья Иннокентьевна оччотооҕу үйэ ирдэбилинэн, бастаан, зоотехник идэтин баһылыыр. Ол эрээри “хааҥҥар баары хайдах да суурайбаккын, удьуор утумуттан куоппаккын”,- диэн өбүгэ бэртээхэй этиитин уһуйааччы айымньылаах үлэтэ, сирдээҕи суола туоһулуур. Салгыы Наталья Иннокентьевна кэпсээнин истиэҕиҥ.

“Олоҥхо дьиҥэр ханна эрэ ис-куппар утуйа сыппыт быһыылаах. Ийэбинэн таайдарым олоҥхолуур идэлээхтэрэ эбитэ үһү, кинилэр устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, тута хоһуйар хоһоонньут бэртэрэ, үлэһит үтүөлэрэ, Ааллаах Үүҥҥэ хастыыта эмэ айаннаабыт, бастакы холкуостар төһүү үлэһиттэрэ эбиттэр, онон хааммар баары хайдах да мэлдьэһэр кыаҕым суох.

Биир кэмҥэ Суоттутааҕы профессиональнай техническэй училищеҕа иитэр үлэҕэ салайааччынан үлэлии сылдьыбытым. Салгыы оскуолаҕа үлэлиир кэммэр, Национальнай концепция олоххо киирбитэ. Концепция биһиэхэ, аҕыйах ахсааннаах норуокка, олус туһалаах уонна наадалаах, сөптөөх кэмигэр киирэн бүгүҥҥү күҥҥэ илдьэ кэлбит ис турукпут, култуурабыт сайдыытын, хаамыытын бэлиэтэ диэн сыаналыыбын. Ити кэмҥэ оскуолаҕа «Кыыс Куо» предмети, «Саха фольклора» куруһуогу ыытар буолбутум, итинтэн сиэттэрэн сыыйа олоҥхо курдук улахан айымньыны оҕоҕо уһуйууга киирбитим.

Билигин олорон санаатахпына, олоҥхону үөрэтэрим, онно уһуйарым бэйэтэ сыыйа кэлбит эбит, дьылҕам онно аҕалбыт, сирдээҕи аналым кэмэ кэлэн дьон – норуот иннигэр тахсыбыт эбиппин. Биһиги ылсыбатахпытына, норуот иннигэр хас биирдии киһи эппиэтинэспитин өйдөөбөтөхпүтүнэ, саха быһыытынан сүтэр да кутталбыт үөскүөн сөп эбит диэн санааттан бу үлэҕэ быһыыта ылсыбыппын.

Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар 2001 сыллаахха эбии үөрэх уһуйааччытынан үлэбин саҕалаабытым. Дьэ бу кэмҥэ фольклор бары көрүҥнэриттэн олоҥхоҕо ордук күүскэ киирбитим, ылсыбытым. Киһи үөрүөх ситиһиилэр биир биир кэлэн испиттэрэ. Ситиһии баар буоллаҕына, киһи кынаттанар, оҕолорго да эмиэ оннук. Онон оҕолорбун кытта Ситиһии кынаттаах инникибит диэки умсулҕаннаах айаммыт саҕаламмыта.

Элбэх учуутал, иитээччи, төрөппүт даҕаны, олоҥхону оҕоҕо хас сааһыттан үөрэтэбит диэн ыйытар.  Мин куруук, бастаан интириэс үөскэтиэххэ, диибин. Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уһуйаан кэмигэр өйдөбүлү иҥэриэххэ сөптөөх суол баар, ону таба тайанан, салгыы иитэр-үөрэтэр ньыманы оскуолаҕа эмиэ туһаныах тустаахпыт. Оччоҕо үгүс оҕоҕо хаанынан бэриллэр өбүгэ ситимэ, ийэ тыл баайа, кэрэтэ уһуктуон сөп.

Уопсайынан, оҕону чаҕыппакка үөрэтэр ордук, аргыый – наллаан, сыыйа, бэйэтин сааһын, олоҕун уопутун учуоттаан. Олоҥхо тыла кырдьык уустук, улахан да киһи ыарырҕатыан сөп. Онон оҕо ыарырҕаппакка ылынарын туһуттан, тута улахан олоҥхоһут айымньытын буолбакка, Сергей Васильев оҕоҕо анаан суруйтаабыт дьоҕус олоҥхолоруттан саҕалаан үөрэтиэххэ, уһуйуохха, тыллары, тиэрминнэри, ис-хоһоонун быһаарыахха, ырытыахха сөп этэ.

Бүгүҥҥү оҕо ордук уратылаах, ол олох хаамыыта – сайдыы күүскэ уонна түргэнник барарын мэктиэтэ. Аныгы төрөппүт үлэҕэ үлүһүйэн иитиигэ кыттыыта намтаабытыттан, оҕо цифровой технология сайдыытыгар хонтуруола суох киириититтэн, арҕаа омук култуурата быһа дьайыытыттан, ийэ тылга төрөппүт суолта биэрбэт буолбутуттан уо.о.д.а. дьайыылартан, уларыйыылартан бүгүҥҥү оҕо бэҕэһээҥҥи оҕоттон уратылаах. Ол да буоллар, былыр да, билигин да төрөппүт туох ханнык иннинэ оҕото төрүөн инниттэн кинини таптыахтаах, инники дьылҕатын, эт-хаан уонна сиэр-майгы өттүнэн чэгиэн буоларын ситиһэргэ бэйэтин олоҕун оҥкулун сыаналаан, сөптөөҕүн-сөлөгөйүн өйдүөхтээх дии саныыбын.

Эдэр төрөппүттэргэ, уһуйааччыларга оҕону иитиигэ туох ханнык иннинэ, оҕо барахсан төрөөбүт ийэ тылынан тылланарын ситиһиэххэ, онтон атына бэйэтэ кэлэн, табыллан, арыллан иһиэ диэн этиэхпин баҕарабын. Оҕо иитиитин уһуйааҥҥа, оскуолаҕа соҥнуур сыыһа, тутах көстүү, быстах быһыы. Киһи буолан килбэйэн тахсарыгар, бэйэтэ да кылгас оҕо сааска болҕомто ууран, норуот үйэлэргэ муспут баайыгар, муудараһыгар олоҕуран үөрэтии, иитии туохтааҕар да барыстаах суол. Ити төрөппүт суола, онтон уһуйааччы туох ханнык иннинэ педагогика сүрүн ирдэбиллэрин билэр, ийэ өйүнэн оҕону таптыыр, оҕо инникитэ-кэскилэ кини илиитигэр баарын чопчу өйдөөн сыһыаны олохтуур, норуот баайа оҕо буоларын, онуоха эппиэтинэһи кини сүгэрин бигэтик билинэр, ситиһиигэ тиэрдэр суолу таба өйдөөн дьаһанар профессионал буолуохтаах”.

Наталья Иннокентьевна үөрэтэр оҕолоро үксэ уолаттар, кинилэргэ ордук болҕомтотун уурар. “Уол оҕо – норуот кэскилэ, кыыс оҕо – омук анала” диэн этиилээх уонна былыр олоҥхоһут эр киһи буоларын куруук этэр. Сорох ардыгар “эппиэтинэстээх кыыс оҕону үөрэтэр судургу буолуо” диэн санааччыбын. Кырдьык судургу бөҕө буоллаҕа, ол эрээри Наталья Иннокентьевна өбүгэ этиитин, кини туппут суолун кэспэт. Ол туһунан маннык кэпсиир.

“Уол оҕону олоҥхонон иитии, биһиги омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр. Элбэх эр бэрдин, дьоҕурдаах, олоххо тардыһыылаах, сахатынан киэн туттар уоланы иитэн таһаарыы бу биһиги сорукпут, норуот быһыытынан инники кэскилбит. Дьиҥэр, уол оҕону иитиигэ аҕаны кытта биир сүбэнэн үлэлиири сөптөөх диибин. Бэйэм аҕа оҕотун олоҥхоҕо хайыһыннарарга уһуйааччыны кытта биир санаалаах буоларын ситиһэ сатыырым, уол оҕо булка, балыкка сылдьыһыахтаах диэн өйдөбүллээхпин.

Олоҥхоҕо уол оҕону чугаһатан баран, сылтан сыл аайы кини толоруутун тупсаран, сайыннаран иһэр соруктаах үлэлээн кэллим. Ситиһии бу кэлбитин кэннэ, салгыы илдьэ-уһуйа сылдьыбатах түгэннэрим элбэхтэр, оччоҕо уол оҕо аара олоҥхоттон туораан хаалар. Онно үлэлиир тэрилтэм халыыбыттан тахсар, туоруур кыаҕым суоҕа – уопсай итэҕэс диибин. Оҕо туораан хаалар, атын суолу тутуһар, араас идэҕэ барар, олоҥхото хаалар. Ол эрээри кылгас да кэмҥэ ылбыт билиитэ ханан эмит өтөн тахсыа диэн эрэллээх ыытабын. Салгыы, эн эмиэ, кыраларга саҥалыы үлэлии төннөҕүн.

Олоҥхону үөрэппит оҕо өйгө тутар дьоҕура сайдар, математикаҕа, тылга үтүө билиилээх, ситиһиилээх буолар, ону элбэх холобур туоһулуур. Ол иһин 1-2 да сыл дьарыктаммыт оҕо элбэҕи ылар дии саныыбын. Сүбэ курдук эттэхпинэ, өйгө тутар дьоҕуру сайыннарыыга Чехордуна Е.П. үөрэҕэ, ньымалара туһалыыллар, ону көрүөххүтүн, билсиэххитин сөп.

Олоҥхобут историятын билистибит, геройдарбытын ырыттыбыт, үрүҥ-хара туһунан кэпсэттибит, тылларбытын быһаарыстыбыт аны ырыабытыгар-тойукпутугар киирэбит. Саха тойугун ситимин быспакка дьарыктаатахха хайа баҕарар оҕоҕо кылыһах тахсар. Уутай холобуругар көрдөхпүтүнэ атын да омук оҕотугар кылыһах үөскүүр, онуоха ситимнээх, дьаныардаах дьарык эрэ наада. Аны бу кылыһах, сахалыы тойук доруобуйаҕа туһалааҕа эмиэ дакаастанан турар. Тойук туойан, олоҥхолоон Данилов Марк астматтан босхоломмута, маннык холобурдар элбэхтэр, тойук эрэ буолбакка академическай ырыа эмиэ туһалаах, ити туһунан үгүс үөрэхтээх суруйан турар”.

Наталья Иннокентьевна бэйэтэ үс түүннээх күн тохтоло суох Олоҥхо туһунан төһө баҕарар кэпсиир кыахтаах, ис дьиҥин билбит Киһи буолар. Бэйэтин олоххо сыһыана, дьулуура, өйө-санаата эмиэ Олоҥхо курдук муҥура суох киэҥ. Салгыы тэттик ыйытыыларга хоруйдарын киллэрэбин.

  • Эн олоҕун суола национальнай кэнсиэпсийэни кытта быһаччы

ситимнээх, бу кэнсиэпсийэ туһунан туох санаалааххыный..

  • Кэнсиэпсийэ олоххо киириитэ саха омук олоҕор үтүөҕэ хардыы этэ.

Уһуктуу, өбүгэ ситимин быата быстыахча буолбутун бөҕөргөтүү, сэргэхсийии, оҕоҕо умнуллан эрэри сөргүтүү барбыта. Тыа оскуолаларыгар уолаттары булка, балыкка сыһыарыы, кыргыттарга туспа бырагыраамманан «Кыыс Куо» биридимиэккэ үөрэтии, өбүгэ уус-уран айымньытыгар уһуйуу саҕаламмыта. Ити барыта үтүөнү, кэскили эрэ аҕалбыта.

  • Олоҥхону үүнэр көлүөнэҕэ үөрэтэр кистэлэҥин туохханый.
  • Олоҥхону истэн сахалыы дуоһуйабын, кэрэтик, мындырдык, муҥура

суох баай тылынан этиллэрин, кэпсэнэрин ылланарын иһин, саханы саха дэтэрин иһин, киэн туттууну үөскэтэрин иһин. Уһуйарга кистэлэҥим баарын билбэппин, бэйэм хайдах таптыырбынан сөпкө оҕоҕо тиэрдэрим, арааһа ньымам эбитэ дуу.

  • Олоҥхо диэни биир тылынан хайдах быһаарыаххын сөбүй.
  • Олоҥхо диэн муҥура суох байҕал, биир тылынан арааһа саха олоҕун

энциклопедията эбэтэр Айыы үөрэҕин төрдө-төбөтө, ис тутула  диэххэ сөп буолуо. Онон олоҥхоҕо уһуйуллубут оҕо өбүгэ Олох туһунан өйдөбүлүн иҥэринэн, Киһи буолан ситэригэр күүс – көмө ылынан тахсар.

  • Дьылҕа диэҥҥэ итэҕэйэҕин дуо, уопсайынан дьылҕа диэн эн санааҕар.
  • Дьылҕа диэн киһи бэйэтэ эрэ оҥостор оҥоһуута-анала буолбатах эбит.

Атын араас көстүүлэр дьылҕаҕар орооһон сыыһа суолунан баран хаалыахха сөп эбит. Холобура сэбиэскэй систиэмэ оскуола оҕотугар үөрэххэ барарга, идэни таларга харгыстары үөскэтэ сылдьыбыта баар суол. Мин педагогикаҕа барар суолбун бутуйан, тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн баран, үлэлии түһээт, университекка филологическай факультекка салгыы үөрэнэ барарбын партия райкома утарылаһан, тыа хаһаайыстыбатын факультетыгар киирэрбин модьуйбута. Колхозка, совхозка үлэлээбиппин олох сирбэппин, олох оскуолатын бардаҕым, ол эрээри аналым педагогика эбитин Дьылҕа хаан онно туһаайбыт буолан тахсыбыта. Москваҕа Скрябин аатынан ветеринарнай академия педагогическай факультетыгар кэтэхтэн үөрэммитим. Онон 40 сыл педагогическай ыстаастаахпын. Син биир аналбар дьылҕа-хаан аҕалбыта.

  • Дьол диэни хайдах быһаарыан этэй.
  • Дьол диэн оҕолонор санаалаах буоллахха, толору дьиэ-кэргэн буоларга

дьулуһуу, дьиэ-уот тэринии, сөбүлүүр дьарыктаах буолуу, төрөппүт оҕоҕун уонна бэйэҥ төрөппүттэргин кытта сөптөөх, ытыктабыллаах сыһыан.

  • Сөбүлүүр аһын.
  • Оҕо сылдьан дьиэ кэргэҥҥэ сөбүлээн аһаабыт аһым — күөччэх, суорат,

моонньоҕон барыанньата, миин, собо. Билигин да итинник.

  • Саамай сөбүлүүр дойдун.
  • Биллэн турар төрөөбүт Сахам сирэ. Москубаҕа тиийдэхпинэ «Москва,

Москва, любил ли, кто тебя, как я…» — диэхпин баҕарааччыбын.

  • Киһиэхэ сөбүлүүр хаачыстыбаларын.
  • Чиэһинэй, киһини сэнээбэт буолуу, кыһалҕалаахха көмөлөһүү,

күүстээх санаалаах, бэриниилээх буолуу, өбүгэ үгэһин тутуһуу уонна элбэҕи ааҕар киһини ордоробун.

  • Дьахтар дьоло туохханый.
  • Дьахтар дьоло таптыыр киһитинээн олорон оҕо төрөтүү,

барыларын тыыннаах илдьэ сылдьыы, оҕолорун аҕаларын кытта бииргэ сааһырыы, кинилэри олоххо сөпкө үктэннэрии.

  • Сөбүлүүр бырааһынньыгын.
  • Саҥа дьыл. Тохсунньу 1 күнүгэр бу күн сирин көрбүт,

харыйа киэргэтэн тула хаампыт, бэлэх ылар күнүм буолан миэхэ ураты күндү. Ыһыах. Самаан сайын буолан, сир симэҕинэн туолан, күөрэгэй ыллыыр буолан, саха бары мустар буолан бу күнү куруук күүтэбин.

  • Ааҕааччыга баҕа санаан.

Наталья Иннокентьевна аһыныгас  уйан дууһалааҕын аттыгар алтыһа

сылдьар киһи сэрэйэр, таайар, билэр, тоҕо эрэ кини бэйэтэ ону кистиир дуу эбэтэр туора харахха көрдөрбөт буола сатыыр. Олус минньигэс үөрэ утаҕын оҥорор, кини алаадьыта үгүс тэрээһиннэрбит сиэрин-туомун ситэрээччи. Аны туран, кэпсээн, поэзия эйгэтигэр эмиэ кэккэ айымньылаах. Ону кытта мин соһуччу билсибитим.

“Киин куорат” хаһыаты хас нэдиэлэ ахсын ылан ааҕар идэлээҕим, ордук “Холумтан” рубриканы сөбүлүүбүн. Арай Саҥа дьыл иннинэ, киһи сүргэтин көтөҕөр, олус чэпчэки ис хоһоонноох “Көтүллүбүт баанньык эбэтэр күүтүллүбэтэх көрсүһүү” кэпсээн анныгар Наталья Мордовская диэн баттаммытын көрөн соһуйдум. Баҕар атын буолуо диэн санаатым, онтум мин аттыбар тиргиллэ үлэлии сылдьар коллегам айымньыта буолан таҕыста. Тыый, Наталья Иннокентьевна суруйааччы эбит диэн атын харахпынан көрдүм. Хайдах бу курдук күүстээх үлэ быыһыгар быыс булан аны бүтүн кэпсээн суруйар эбит диэн сөхтүм – махтайдым. Хоһооннорун ааҕыаххыт этэ, хайдахтаах курдук тыл оонньуутун баһылаабытын, сүөгэйин – сүмэтин иҥэриммитин.

Барыта Б-тан тахсар кэпсээн кэлбитигэр…

Боруоста буолунай буукуба,

Буруолаах “б” барахсан,

Букубаарга бастакы буолаары,

Боруоктаһар буолбут,

Бэрээдэги билиммэккэ

Батымаары баргыйбыт,

Батыччахтаан-барчалаан,

Бастаары буолуталаан,

Бокуой биэрбэт буолбут,

“Бээ-бээ!” – бэрилээбит,

“Буу – буу!” – буккураабыт,

“Бөө-бөө!” – бөөҕүнээбит

Бөрөтүн биллэрбит,

Барыларын батарбакка

Бастарын бысталаары

Баһылык буолаары

Бастыҥынан билиммит,

Бүрүстүөл былдьаһан

Бөкүнүк бэйэтэ

Бөкөҥнөөн бөөкөйөн,

Бөтүөхтэс буолбут,

Бөтө-бөтө бөөҕүнээн,

Бинсээгин бүрүнэн,

Бааччатын баанан,

Бэргэһэлэммит,

Былааттаммыт,

Бачыыҥкаламмыт,

Бартыбыалламмыт,

Бүрүчүөскэлэммит,

Биһилэхтэммит,

Бааралааҕын булбатах,

Бэйэмсэҕэ батарбакка,

Бардьыгынаан баргыйан,

Бастыҥ буукуба буолаары,

Букубаары баһылаары,

Бассаабы барытын бас билээри

Баарын биллэрдэ,

Бардымсыйан барда…

Итинэн эрэ миигин соһуппута бүппэтэҕэ. Өссө биир түгэни кэпсиим. Үлэбитигэр биир тэрээһиҥҥэ Пушкин бэрт уһун хоһоонун өйтөн аахпыта күн бүгүн харахпар көстөн кэлэр, хайдах эрэ били былыргы интеллигенция биэчэригэр сылдьар курдук санаммытым, оннук кыраһыабай, толуу көстүүлээх, баархат былааччыйалаах, кыһыл уостаах саха Далбар Хотуна – Наталья Иннокентьевна Мордовская.

Дьэ, ити курдук Киһи бу олоххо ананан кэлэрин Дьылҕа Хаан хайдах да уларыппатын, өбүгэ ситимин быспатын, хаанынан бэриллибити суурайбатын Наталья Иннокентьевна олоҕун ыллыга кэпсиир. Кини ситиһиитин төрдө мин саныахпар итиннэ сытар – Аналга, Удьуор утумугар, өбүгэ ситимигэр.

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...