“Оһуордаах Таатта”

Сахалыы ойууну-мандары, өбүгэбит ииһин үгэһин өрө тутан дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан иистэнэр «Оһуордаах Таатта» диэн Марианна Степанова иилиир-салайар айар мастарыскыайын билиһиннэрэбит. Марианна Вячеславовна ураты буочардаах, саҥалыы суоллаах-иистээх дьоҕус кэллэктииптээх эрээри, дьоһун соруктаах айар-тутар үлэтин туһунан үллэстэр.

— «Оһуордаах Таатта» айар мастарыскыай 2015 сылга үлэтин саҕалаабыта. Маҥнайгы үлэбит —түү киллэһиктээх моойго кэтэр киэргэл этэ. Боруобаҕа биэс устууканы оҥорбуппут. Оччолорго «Инстаграмҥа» сирэйбит суоҕа, ол иһин ырыаһыт Дария Лаврова биһиги үлэлэрбитин олус үчүгэйдик рекламалаан, дьон-сэргэ билэн үлэхтэр хамаҕатык киирэн барбыттара. Маҥнай «Дьиэ кэргэн айар кыһата» диэн ааттаабыппыт.

Тоҕо диэтэххэ, манна ийэм Дунья Николаевна Андросова, бииргэ төрөөбүт эдьиийим Таатта оройуоннааҕы балыыһатыгар акушерканан үлэлиир Татьяна Васильевна Товарова, кийииппит Алектина Товарова, сиэн кыыспыт Машенька, оҕом Айта буоламмыт таһаарыылаахтык саҕалаабыппыт. Сыыйа-баайа дьүөгэлэрим Вера Павлова кыыһынаан Лиялыын, кийиитинээн Наташа Козловалыын, онтон биир дьүөгэм Аксинья Павлова кыыһынаан Женечкалыын иистэнэн киирэн барбыппыт.  Араас моһуоннаах, ойуулаах-дьарҕаалаах моойго кэтэр түүлээх кольелар оҥоһуллубуттара.

Итинник үлэлии сылдьан кыралаан хаппардары тигэн саҕалаабыппыт. Сүрүн үлэлэрбит оҕуруонан оһуорданан, киэргэтиллэн оҥоһуллар буоланнар мастарыскыайбытын «Оһуордаах Таатта» диэн ааттаабыппыт. Хас биирдии оҥоһукпут оһуора-мандара бүүс-бүтүннүү иистэнньэҥ төрүт үгэскэ олоҕуран туран бэйэтэ айбыт-туппут ойуута-бичигэ, буо-чара буолар.

«Ойуу тыла — Айыы тыла» диэн Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус этэр санаатыгар сөп түбэһиннэрэн үлэлиибит, айабыт, иистэнэбит. Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин, иистэнэр ньымаларын эппитигэр-хааммытыгар иҥэрэн, өйбүтүгэр-санаабытыгар илдьэ сылдьан туһанабыт. Сахалыы таҥастары, халадаайдары төрүт үгэскэ олоҕуран бэйэбит ураты буочарбытын киллэрэн, аныгылыы моһуоннаан айабыт. 

Юлия ПЕСТРЯКОВА

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...