Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгин биир саамай кэрэ куоластаах ырыаһытын Сивцева Елена Дмитриевнаны билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Кини доруобуйаларынан хааччахтаах “Тулуйхан” түмсүү биир чаҕылхай, көхтөөх кыттыылааҕа, ырыаһыта. “Кыталык» ансаамбыл чилиэнэ. Нэһилиэкпитигэр, улууска араас тэрээһиннэргэ ырыа күрэхтэригэр кыттан элбэх ситиһиилэрдээх. Ол курдук, “Дууһам ымыыта ырыа» күрэс Гран-при хаһаайката.
Уопсастыбаннай үлэтин таһынан, ыалдьабын диэн бэринэн хаалбакка, кэтэх хаһаайыстыба тэринэн сүөһү көрөр. Чөл олоҕу өрө тутар, чэбдигириинэн дьарыктанар, кыралаан хайыһардыыр.
Бу курдук чаҕылхай талааннаах, кэрэни кэрэхсиир, сырдыгынан сыдьаайар дьон биһиги нэһилиэкпитигэр элбэхтэр.