Үҥкүүлүөххэ

Римма Матвеева – уһуйааҥҥа методиһынан үлэлиир,  көҥүл үҥкүүнэн дьарыктанар,  60 саастаах, кэргэннээх, үс оҕолоох, сиэннэрдээх.

 

ххх

–  Оҕо эрдэхпиттэн  ордук спортивнай үҥкүүнү сөбүлээн  көрөбүн.  Эчи, кыраһыабайдара, имигэстэрэ… Күүрүүлээх үҥкүүгэ олох атын эйгэҕэ киирэн хаалаллар дии, ону умсугуйан аҕай көрөөччүбүн. Үҥкүүгэ сылдьар кыргыттарга наһаа да ымсыырар этим.  Ол баҕа санаабын сааһыран бараммын толордум. Йогаттан саҕалаан дьаҥсык кэмэ туруон эрэ иннинэ үҥкүүгэ кэлбитим. Ол курдук, тус бэйэм хайысхабын буламмын,   көҥүл үҥкүүнэн дьарыктаммытым төрдүс сылыгар барда. Бастаан саҕалыырбар   илиим-атаҕым соччо барбат этэ.  Билигин үҥкүүлээн истэҕим аайы хамсаныылар бэйэлэрэ тахсан иһэллэр. Дьоҥҥо  сөбүлэтээри дуу эбэтэр өссө тупсаҕайдык көстөөрү   маннык хамсаныахтаахпын  эҥин диэммин былааннаабаппын.  Бу кэмҥэ, бу күҥҥэ хайдах   туруктаах сылдьарбыттан  үҥкүү бэйэтэ  тахсар. Билигин баҕардахпына ойон турдум да  үҥкүүлээбитинэн  барабын.  Үҥкүүлүүрүм тухары бэйэм харгыстарбын  ааһарга үөрэнэбин.

 

ххх

– Аан дойдуну аймаабыт дьаҥсык ыарыыта барыбытын бэйэтин хаппахчытыгар хатаан, уһун кэмҥэ хааллан тыыммыт-быарбыт кылгыы, тууйулла сырыттыбыт. Ол   кэмтэн  наһаа аймаммакка, холкутук, бэйэбин чөл илдьэ сылдьабын диэммин, ис турукпун кэтэнэн көрөбүн.  Эппин-сииммин хам тутар   күлүүстэрбин алдьаппыт   буоламмын арыый чэпчэкитик ылыммытым.  Уопсайынан,  киһи ис туруга дьалкыйбат эбит. Тас эйгэттэн киирэр “тыаһы-ууһу”  сиидэлиир буолар эбиккин.  Ону ордук төбөҕүнэн ылынаҕын. Ол аата  бу курдук тастан киирэр иһитиннэриилэр (информация)   бастаан  сүрэххэр  охсоллор.  Оннооҕор   куһаҕаннык саҥардахтарына эҥин хомойоҕун дии. Онно аан бастаан  сүрэҕиҥ өрө мөхсөр. Ол кэнниттэн сэниэҥ эстэр эбэтэр кыыһыраҥҥын кытаатан хаалаҕын. Ити аата сүрэҕиҥ эккэр-сииҥҥэр “сигнал” ыытар.  Аны ол  төбөҕөр тиийэр, дьэ, онтон төбөҥ үлэлээн киирэн барар. Ол иһин, бастаан эппитин-сииммитин  кытта үлэлиэхтээх эбиппит.

ххх

– Буолар буолбат төһө баҕар элбэх иһитиннэриини (информация) төбөҕөр хатайдыы сылдьыаххын сөп. Онно төбөҥ эрэ  мээнэ таах “куух-каах” буолар. Ол аата сүрэххин, эккин-сииҥҥин,  ис куккун кытта кыайан үлэлээбэтиҥ бэлиэтэ. Тастан  киирэр саамай элбэх  “тыас-уус”  ордук   эккэ-сииҥҥэ иҥэр. Тус бэйэбэр үҥкүүнэн дьарыктамматаҕым буоллар сүрдээх ыарахан буолуо эбит. Үҥкүү киһи  этин-сиинин хамсатар. Санныҥ, сиһиҥ, моойуҥ тугуҥ барыта үлэлиир. Холобур,  моой, сыҥаах наһаа элбэх “кири-хоҕу”  илдьэ сылдьаллар. Сыҥааҕын кыбыс-кытаанах буоллаҕына  элбэхтик  саҥарбаккын көрдөрөр. Сэбиэскэй иитиилээх дьоҥҥо  барыларыгар кэриэтэ оннук.  Сэрии кэмигэр улааппыт төрөппүттэрбит   биһигини наһаа аһаҕастык ииппэтэхтэрэ чуолкай. Кинилэри  кытта ыһа тоҕо  кэпсэппиппит, алтыспыппыт ахсааннаах буолуохтаах. Ити барыта  моойгор мунньуллан баран  сылдьар. Онтон босхолонор туһугар  үҥкүүлүүр кэмҥэр сыҥааххын аллараа түһэрэн кэбиһиэхтээххин.  Үөһээ, аллараа тиистэриҥ  ыпсыа суохтаахтар.

ххх

– Тус бэйэм итини ситиһэргэ  наһаа өр үлэлээбитим. Москубаҕа  ораторскай ускуустуба кууруһугар  үөрэнэ сырыттахпына, киһи сыҥааҕа босхо буолуохтаах диэн эппиттэрэ. Ону мин үҥкүүбэр  эмиэ туһанабын. Сыҥааҕыҥ босхо  барда да сирэйиҥ сымнаан хаалар. Сирэйиҥ сымнаатаҕына   иһиҥ  эмиэ сымныыр. Онтон илииҥ-атаҕыҥ босхо барар. Оччоҕуна  олох атын хамнаныылар тахсаллар.  Ону эн үҥкүүлээн көрдөрөҕүн, ол иһин атын киһини кыайан үтүктүбэккин. Киһи бэйэтин  этин-сиинин нөҥүө үлэлээн  араас буомнартан,  күлүүстэртэн босхолонор кыахтаах. Ону таһынан,   бэйэҕит    сааскытын сөбүлүүр,  ылынар буолуохтааххыт. Мин бэйэм сааспын ылынабын. Ол ордук  эдэрчи кыргыттары, холобур, баттаҕы кырааскалаппакка да   сылдьыахха  сөп  диэн көҕүлүүрүттэн  олус үөрэбин.

 Венера Охлопкова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...