Туяра Николаева (@tukishnikolaeva2) диэммин, Тааттаттан төрүттээхпин, кэргэннээхпин, үс уол оҕолоохпун. Илиибинэн ону-маны оҥорорбун олус сөбүлүүбүн. Ол курдук, эһиэхэ быраҕыллар үүт хаҕын иккистээн туһаҕа таһааран, корзина оҥорон көрдөрүөм.
Биһиэхэ наада: үүт хаҕа, фанера, тутууга аналлаах степлер, джут быа уонна сап.
Үүппүт хаҕын үөһэ өттүн сиигинэн кырыйабыт.
Аллараа сиигиттэн 2 см курдук түһэн баран кырыйабыт.
Ортотугар баар сиигинэн эмиэ кырыйабыт.
Хахпыт кытыытыттан үүппүт тас хаҕын субуйан ылабыт.
Бу курдук хоҥнон кэлэр.
Аллараа сиик ааһар сирдэринэн маннык курдук кырыйабыт.
Хахтарбытын бэйэ-бэйэтигэр тутан иистэнэр массыынанан тигэбит.
Маннык буолан тахсыахтаах.
Фанерабытыгар кэтэрдэн баран степлерынан туттартыыбыт.
Икки кытыытыгар быабытын тигэбит.
Манан бэрт судургу маастар-кылааспыт түмүктэнэр. Маннык корзинаны туохха баҕар туһаныахха сөп. Онон оҥостуҥ, туһаныҥ.