КҮН-ДЬЫЛ ААҺАРА ТҮРГЭНИН, СОТОРУТААҔЫТА ЭРЭ ОСКУОЛА БОРУОГУН САҤА АТЫЛЛААН МАҤНАЙГЫ КЫЛААСКА ҮКТЭММИТ ОҔОҤ НОМНУО ОСКУОЛАНЫ БҮТЭРЭН, ОЛОХ КИЭҤ ААРТЫГАР АЙАННЫЫР ДОЛГУТУУЛААХ КЭМЭ ҮҮНЭР. ТӨРӨППҮККЭ ДА, ОҔОҔО ДА КЫТААНАХ ТУРГУТУУНУ ААҺАР, ҮӨРЭХХЭ ТУТТАРСЫЫ КЭМЭ ТИРЭЭН КЭЛЭР. КИМ ЭРЭ ЭРДЭТТЭН БЭЛЭМНЭНЭН ТАПТЫЫР, УМСУГУЙАР ДЬЫАЛАТЫН БУЛАР, КИМ ЭРЭ СИИРЭ-ХАЛТЫ ҮӨРЭХХЭ КИИРЭН ДЬОЛЛОНОР, КИМ ЭРЭ ОЛ ДЬОЛТОН МАТАН ХАННА ЭРЭ АТЫН СИРГЭ ҮӨРЭНЭРГЭ КҮҺЭЛЛЭР, ЭБЭТЭР ЭЭЛ-ДЭЭЛ СЫЛДЬАН ХААЛАРЫГАР ТИИЙЭР.
Кэтэспитиҥ олоххо киирбэтэҕинэ, биитэр оҕоҥ баҕарбытыҥ курдук суолу тутуспатаҕына икки өттүттэн өйдөспөт түгэн тахсыан сөп. Үгүс чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн, төрөппүт уонна оҕо атырдьах маһыныы арахсаллара, бу түгэҥҥэ көстөр эбит. Оҕо оскуоланы бүтэрэн барыыта киһиэхэ төрөппүт быһыытынан бэйэтин эбээһинэһин төһө толорбутун көрдөрөр түгэн буолар эбит. Үгүс өттүгэр ону билэбит, ол иһин, долгуйабыт.
Сорох төрөппүт аһара долгуйан оҕотун турар да, олорор да кыах биэрбэккэ хабахха тыыннарар. Оттон сорох аҥардас оҕотун санныгар сүктэрэн кэбиһэр. Дьиҥэ, оҕо диэн оҕо, оонньуур да, үөрэнэр да кэмнээх. Төһө да эппиэтинэһи ылыммытын иһин, улахан киһи курдук быыһы-хайаҕаһы билбэккэ, сөптөөх быһаарыныыны ылыммакка хаалыан сөп.
Манна диэн эттэххэ, эксээмэн түмүктэрэ кэллэ да кылгас бириэмэ иһигэр туттанхаптан хааларга уустуктардаах. Түргэнник быһаарыныы ылынарыҥ тирээн кэлэр. Туораттан ким эрэ көмөлөһүө дии саныыгын. Били, куруук оҕоҥ үөрэҕин боппуруостарын оскуолаҕа соҥнуу үөрэммит үөрүйэҕин атахтыыр. Оҕоҥ эйигин кэтэһэр, эн оҕоҕун кэтэһэҕин. Маннык түгэҥҥэ киирэн биэрбэт туһуттан тугу гыныахха сөбүй? Үөрэххэ киирэргэ бэлэмнэнэргэ туох ирдэнэрий? Бу ыйытыыларга педагог-психолог уонна бу нөҥүө бэйэм ааспыт киһи быһыытынан кэккэ сүбэлэри биэриэхпин баҕарабын.
Идэни талыы үлэтэ оҕо бэйэтин өйдүүр буолуоҕуттан саҕаланар. Ол курдук, улахан дьон оҕоттон куруук биири ыйыталлар: “Улааттаххына ким буолуоххун баҕараҕын?”. Дьэ, ону истэ сылдьан кыракыралаан оҕо баҕатын тургутан көрө сылдьаллар. “Быраас буолуоххун баҕарбытыҥ дии, миигин эмтээ, төбөм ыалдьар” — диэн оонньуу нөҥүө оруолга киирэн идэ туһунан кэпсэтиини иҥэрэн кэбиһэр ордук.
Сахаҕа былыр үс идэ баар эбит: уус, тыл ууһа, эмчит. Билигин маны аныгы үөрэххэ саба тутан өйдөөтөххө, техническэй, гуманитарнай уонна естесственнэй хайысха диэн арахсар. Оҕо алын кылаастары бүтэрэригэр номнуо кини тылга дуу, техническэй хайысхаҕа дуу сыһыаннааҕа биллэр. Кылаастара номнуо оннук хайысхаларынан арахсар (профилларынан). Онтон арыый үрдүкү кылааска таҕыстахтарына естесственнэй хайысха киирэр. Билиҥҥи үөрэх систиэмэтин кытта төрөппүт тэҥҥэ хардылыыр буоллаҕына, ити түһүмэхтэри көтүппэккэ өйдөөн, оҕото хайдах баран иһэрин кэтээн көрүөхтээх.
Номнуо оҕо 8-с кылааһы бүтэрэригэр хайысхата чопчуланар. Күһүн үөрэнэ кэлээт ОГЭ туттарар предметтэрин талбытынан барар. ОГЭ: оҕо 9-с кылааска хайаан да бу государственнай аттестацияны аастаҕына ситии-хотуу аттестата туттарыллар. ОГЭ ааспатах оҕо иккиһин 9-с кылааска киэһээҥҥи оскуолаҕа үөрэнэр. Онон бу эксээмэн 11-с кылааһы бүтэрэргэ БКЭ-ҕэ бэлэмнэнии курдук ааҕыллыан сөп. Оҕо ханнык предметтэри туттарыан сөбүн учууталлары кытта быһаарыа дии сылдьыбакка, төрөппүт эмиэ кыһаллара ордук. Оҕо тугу баҕарара, үөрэххэ көҕө (мотивацията) манна көстөн кэлиэн сөп.
Онус кылаас элбэхтик олимпиадаларга, конференцияларга, спортивнай күрэхтэргэ кыттыыны ыларга, профориентационнай турдарга сылдьарга туһуланара ордук. Хас биирдии кыттыы, кыайыы үөрэххэ киирэргэ баал эбэн, туһалаах буолуон сөп. Оттон профориентационнай турдар оҕо эйгэтин таларыгар көмөлөһүөҕэ. Холобура, ким эрэ улахан куораты сөбүлүө, ким эрэ дойдутугар хаалыан баҕарыа.
11-с кылааска утумнаахтык БКЭ-ҕэ бэлэмнэнии дьыла. Чопчу предметтэри талан, эбии үөрэххэ сылдьан дьиҥнээхтии БКЭ ис хоһоонун быһаарса сатыыр ордук. Онуоха төрөппүт эмиэ кыһаллан, бу холобура, литература хайдах т у т тарыллыах тааҕый? Хайдах сорудахтар баалларый? Хайдах толоруллуохтааҕый? — диэн ырытан көрөн оҕотугар кыратык эмэ сүбэ-ама буоллаҕына, аҥардастыы ирдиир курдук буолуо суоҕа этэ. Үксүгэр ис хоһоонун билбэккэ сылдьан аҥардастыы ирдиибит. Бэйэҥ быһаарсар буоллаххына, ирдэбили сөптөөхтүк туруорар уонна оҕону кытта тэҥҥэ кэпсэтэр кыахтанаҕын.
Оҕоҥ ханнык үөрэххэ, ханнык куоракка, ханнык үөрэх кыһатыгар барыан сөбүн иллэҥ кэмҥэр толкуйдаан, Интэриниэккэ көрөн оҕоҕор, нууччалыы эттэххэ, подборкалары оҥоро сылдьыаххын сөп.
11 кылаас кэмин маннык араарыахха сөп:
1-кы чиэппэр предметтэри чопчулааһын.
2-с чиэппэр бэлэмнэнии.
Кыһыҥҥы каникул — бэлэмнэнии.
3-с чиэппэр үөрэх кыһатын, куоратын чопчулааһын.
Сааскы каникул — сынньалаҥ. Оҕобут мэйиитин сынньатабыт, үөрэҕи эҥин санаппаппыт. Үчүгэйдик сынньаммыт мэйии үчүгэйдик үлэлиир.
4-с чиэппэр күүстээх үлэ. Бэлэмнэнии.
Иккиэн олорон эрэ эбэтэр оҕоҕо бэйэтигэр маннык сорудах оҥотторуоххутун сөп:
Уон үөрэх кыһатын испииһэгин оҥор. Ханнык үөрэх кыһалара баалларын сайтарын эрдэттэн көрдөрөҕүн.
Ол иһигэр ханнык хайысхаларга докумуоҥҥутун биэриэххитин сөбүн биирдии үөрэх кыһатыгар хайысхатын буллараҕыт. Испииһэккитин сурунан баран хас биирдии пуунун ырытан дьиэ кэргэн дьүүлүгэр таһаараҕыт.
БОЛҔОМТО УУРАР ӨРҮТТЭРГИТ:
- Үөрэх кыһата. Тоҕо бу үөрэх кыһатын таллыҥ?
- Тоҕо бу хайысханы таллыҥ?
- Тоҕо бу куоракка үөрэниэххин баҕараҕын?
- Олорор усулуобуйата хайдаҕый?
- БКЭ туттарар предметтэрин сөп түбэһэллэр дуо?
- Кэлин бу идэҕинэн үлэлиэҥ дуо?
Бу ыйытыыларынан сирдэтинэн талыаххытын сөп.
Маннык сорудаҕы төһөнөн эрдэ оҥороҕут да, хаста да төхтөрүйэн оҥорор, көннөрөр, ырытыһар кыахтаныаххыт. Бу схеманан орто үөрэҕи эмиэ талыахха сөп.
Өскөтүн чопчу идэ, чопчу хайысха өйгүтүгэр кыайан кэлбэтэҕинэ төрүччүгүтүн ылан көрүөххүтүн сөп. Эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр ханнык идэлэр баалларый? Саамай элбэх ситиһиилээх идэ ханныгый?
Өссө биир кистэлэҥ баар. Хаһан баҕар «базовай» өйдөбүл диэн баар. Холобура, «базовай» үөрэх учуутал, юрист, экэнэмиис идэтэ. Маннык идэлээх буоллаххына, кэлин ханна баҕар үлэлиэххин сөп. Квалификацияҕын үрдэтиэххин, арыый чопчу идэни ылыаххын сөп. Онон уопсай хайысханы тутуһар эмиэ үчүгэй. Холобура, суруналыыс, менеджер идэтин ылан баран киһи тыа сиригэр үлэ булара уустуктардаах.
Билигин бүддьүөт миэстэтэ, ол аата босхо үөрэх, үрдүк да, орто да үөрэх кыһаларыгар аҕыйаатар аҕыйаан иһэр. Онон төрөппүт оҕотун үөрэхтииригэр анаан харчы уурунуулаах буолара ордук. Син биир харчы оҕо туттарыгар, атын сиргэ олороругар, эдэр сааһы толору билэригэр наада.
Өскөтүн кэтэспиккит курдук сөптөөх баалы кыайан ылбат түгэҥҥитигэр, икки өттүттэн охсуу ылбат гына эрдэттэн “БКЭ баала кыра буоллаҕына”- диэн хос атын былаан оҥосторгут ордук. Икки-үс хос былаан баар буоллаҕына, ыгылыйыаххыт суоҕа. Түргэнник быһаарыныы ылыныаххыт.
- Үрдүк үөрэх (кыһата, куората, хайысхалара)
- Төлөбүрдээх үрдүк үөрэх (үөрэх сууматын хантан ылары толкуйдааҥ)
- Орто үөрэх (кыһата, куората, хайысхалара)
- Төлөбүрдээх үрдүк үөрэх (үөрэх суумата, хантан үптэнэри толкуйдааҥ).
Маннык билиилээх буоллаххытына, бу уустук кэми холкутук аһарыаххыт. Ким билиилээх — ол хотторбот диэн бэргэн этиинэн салайтаран бу уустук кэми ситиһии көтөллөөх ааһаргытыгар баҕарабын.
Уйулҕа үөрэхтээҕэ Вероника Александрова – Эрэлкээнэ