Саха дьахталларыгар ананан тахсар “Далбар Хотун” сурунаал быйыл 30 сылын туолла. 1994 сыллаахха бастакы нүөмэрин Саха республикатын Аҕа баһылыга, президент Михаил Николаев маннык тылларынан алҕаабыта:
“Саха республикатын дьахталларыгар анаан сахалыы сурунаал тахсара бу кинилэр социально-экономическай сайдыыга, норуот сиэр майгы, олох дьаһах өттүнэн барҕарыытыгар, омук быһыытынан бэйэтэ уратылаах суолун-ииһин тэлэригэр, общественнай олоххо ылар ирээттэрин, көрсүллэр уустук проблемарын быһаарарга кылааттарын билиниитэ буолар…”
2019 сылга Михаил Ефимович Николаев сурунаал үйэ чиэппэрдээх үбүлүөйүн анал дириҥ сыанабыл биэрэн айхаллаабыта: “Далбар Хотун”… Бу ааты оччолорго ойоҕостон истэргэ соччо-бачча үөрүйэҕэ суох, баҕар омуннаах да курдуга эбитэ буолуо. Ыраах тыа сиригэр олохтоох сэмэй бэйэлээх ыал ийэтигэр эбэтэр саҥардыы олоҕун оҥостон эрэр кыыс-дьахтарга дьүөрэтэ суох да курдуга буолуо. Ол эрээри, сурунаал ис дьиҥэ, кистэлэҥ кыаҕа судургута эбээт, иитэр-сайыннарар, ымсыырдар-угуйар, батыһыннарар, ураты таһымҥа таһаарар соругун толордо”.
Бу тылларга киһи эбэрэ да, көҕүрэтэрэ да суох. Бүгүҥҥү “Далбар Хотун” сурунаал кэпсииринэн, чахчы да кыахтаах-баҕалаах, сайдыылаах-сатабыллаах, санаабытын сатаан ситиһэр күүстээх санаалаах саха дьахтара бу олоххо чиҥник үктэннэ… Киэҥ ыырданан, бары эйгэҕэ сыстан, саҥа дьарыктары баһылаан, ону тэҥэ оҕо-уруу тэнитэн, хайа баҕарар эр бэрдэ тэҥнээх доҕоро, сылаас дьиэ ийэтэ, эбэтэ, “мааныга, тапталга, далбарга” анаммыт кэрэ куо, туруу үлэһит, омук тирэнэр тирэҕэ, сүрэҕин чопчута, кырдьык да, Хотун дьахтар мөссүөнэ чочуллан, суруллан, дьон-сэргэ өйүгэр санаатыгар киирдэ.
Россия үрдүнэн төрүт омуктар тылларынан тахсар дьахталларга аналлаах сурунаал наһаа элбэҕэ суох. Түүрк тыллаахтарга биир бастакылара, арааската татаардарга тахсар “Азат хатын” (“Көҥүл дьахтар”), билигин “Сюумбике” диэн ааттаах сурунаал буолуо: 1920-с сыллартан бэчээттэнэр. Тувалар урукку “Ийэ тыла” сурунаалларын дьахталларга туһаайан “Кадын” диэн ааттаан сүүрбэччэ сыл таһаардылар. Биһиги курдук аҕыйах нэһилиэнньэлээх республикаҕа төрөөбүт тылбытынан, быстыбакка, обургу ахсаанынан тахсар дьахтар сурунаала сэдэх, омукка барытыгар баар буолбатах көстүү. Күөнэхтээн олорор кэмнэргэ тираж сүүрбэччэ тыһыынчаны куоһара сылдьыбыта, “Далбар Хотун” ааҕааччы киэҥ араҥатыгар билинии ылан күн бүгүҥҥэ диэри улуус аайы бэриниилээх ааҕааччылардаах.
Умнулла быһыытыйбыт уорааннаах 1990-с сылларга cурунаал төрүттэнэригэр өй укпут, сыраларын уурбут сууйуллубат үтүөлээх дьон ааттара быйыл ааттаныахтарын ааттанна: Альбина Поисеева, Анастасия Божедонова уонна бастакы редактор Наталья Харлампьева. Сааскыттан ыла республика ааҕар, суруйар, истэр, көрдөрөр эйгэтигэр сурунаал үлэтэ, үктэммит үрдэллэрэ, ситиспит чыпчааллара балайда сырдатылынна. Онон бу түгэҥҥэ мин аҕыйах кэрдиис бэлиэтээһиммин эрэ этиэхпин баҕарабын.
Мин көрүүбүнэн, Далбар Хотун сурунаал бастакы уонна ураты үтүөтэ – тыл туһугар туруулаһыы. Төрөөбүт тылбытын устар олох сүүрээнигэр сүтэрбэт туһугар, араас саҥа дьарыгы, “аныгы аҕыс уон албыны” баһылаабыт кыыс-дьахтары өбүгэ тылынан саҥардан, эдэрдиин-эмэнниин сурунаал сирэйигэр сахалыы ыллаан-ытаан, туойан, анааран отут сыл тухары сыыс тылы ыспакка, саха сиэрдээх сэһэнин сүмэтин тохпокко үлэлэһэн кэллэхтэрэ – редакция үлэһиттэрэ барахсаттар! Сурунаалы бастакы күнтэн бүтэһик нүөмэригэр дылы омук дьылҕатын түстээн, тылын баайын энчирэппэт, кутун-сүрүн куоттарбат туһугар күүс кыайарынан күргүөмнээхтик, бары биир санаанан иилээн-саҕалаан салайбыт Н. Харлампьева, А. Шапошникова, Г. Полускина, Г. Оросунская, З. Архипова, А. Никифорова, кинилэр бигэ дьүөгэлэрэ О. Корякина, Г. Нельбисова, Т. Маркова, Т. Корякина, В. Бочонина, И. Антипина, Л. Апросимова, С. Баснаева уо.д.а. намчы бэйэлэрэ эр санаалаахтык кытаанахтык туруулаһан тураллар.
Иккис түгэн. Билиҥҥи кэм сиэринэн хас тахсар сурунаал атын дойдулары сырдата сатыыр: аан дойду араас дьиктитин, туспа сир эгэлгэ олоҕун ойоҕоһуттан одуулаан, ордургуурдуу да суруйуу баар буолар. Оттон “Далбар Хотун” хайа баҕарар түбэлтэҕэ оттомноохтук, ис иһин билбэккэ үрдүнэн ымсыыра, хайгыы сатаабакка, сахалыы туттуна соҕус, дириҥник толкуйдаан сырдатар. Отут сыл тухары сурунаал сирэйигэр бэйэ омугун хайа да түгэҥҥэ намтаппакка, туспа суолбутун, ураты аналбытын өрө тутан, бэйэни билинэн, ытыктанан туран ылыннарыылаахтык суруйуу – киһи эрэ биһириир ситиһиитэ.
Аны үсүһүнэн, “Далбар Хотун” атын сурунааллартан чорбойор уратыта, үрдүк үктэлэ бу кини киэҥ эйгэҕэ, дьахтар аймах араас араҥатыгар анаммыта буолар. Килэбэчигэс хахтаах сурунаал үксэ олох кыһалҕатын, күлүк өттүн көрбөтөҕө буола сатыыр, күлүмнэс үтүөлэри, политика, бизнес, культура чаҕылхай сулустарын сырдатарга кыһанар. “Далбар Хотун” биллэр-көстөр дьонунан муҥурдаммакка, түүн-күнүс хара үлэттэн төбөтүн өндөппөккө, сүөһү көрөн, от оттоон, тус бэйэтин харытын күүһүнэн дьиэ кэргэнин иитэн-аһатан олорор саха дьахталларын сирэйдэрин көрдөрбүт, саҥаларын иһитиннэрбит үтүөлээх…
Түмүккэ этиэххэ наада: бу ааспыт сылларга сурунаал киэҥ далааһыннаах ис хоһоонун сүтэрбэккэ кэллэ. Түҥ былыргыттан тыыннаах төрүт культурабыт дьикти дьапталларыттан бүгүҥҥү саҥа олох аарыктаах аартыктарыгар тиийэ, араас саастаах, эгэлгэ дьарыктаах саха дьахталлара бэҕэһээ уонна бүгүн хайдах олороллорун, туох уустуктары туоруулларын, тугу кэтэһэллэрин уонна туохха эрэнэллэрин сырдатарын салгыыр. Кэнники сылларга ураты таһымнаах технологиялар, наука ситиһиилэрэ дьахтар олоҕор киирбитин, тус биирдиилэригэр чугаһаспытын тула кэпсэтии саҕаланна. “Далбар Хотун” тэтимнээх хардыытын ыһыктыбаккка саҥа саҕахтарга, эриэккэс сонун суруйууларга ааҕааччылар болҕомтолорун тардар кэскиллээҕэ саарбаҕа суох.
Сурунаал отут сылын бэлиэтиир күһүҥҥү дьоро күнүгэр сахалыы саҥара илик ыалдьыттарга уонна сурунаалы биһирээччилэргэ нуучча тылынан аҕыйах бэлиэтээһиммин билиһиннэрэбин:
“Перед каждым популярным журналом лежит дорога, полная явных и скрытых вызовов, невероятных и неожиданных соблазнов. Как удержаться между Сциллой и Харибдой хорошего вкуса и рыночного спроса, между высокими ожиданиями традиционно много читающей интеллектуальной аудитории Якутии и отметающей неспешную деликатность неизбежной гонкой за срочные верстки, расширение тиражей и привлечение рекламодателей.
Как при этом не потерять лицо журнала, его старых и будущих читателей? Большая опасность для женского журнала – стать изданием дамским в узком смысле слова. Есть тьма изданий, представляющие из себя нечто типа глянцевой книжки со сборной солянкой про кулинарию, моду, пикантные сплетни и «полезные советы» как стать чрезвычайно успешной леди без образования, капитала или богатых спонсоров.
Журнал «Далбар Хотун» сумел сохранить достойный культурный контент, реализуя просветительскую и пропагандирующую духовные ценности функцию, балансированно вкрапливая неизбежный на рынке СМИ сопутствующий материал.
Уникальной особенностью, непреходящим достоинством журнала является его верность языку и культуре народа саха. Возможно, главное, что на мой взгляд, удалось сделать нескольким поколениям журналистов, собравшихся под брендом «Далбар Хотун» – это работа на поле родного языка. Не секрет, что журнал с национальным языком, кроме общих рисков, подстерегают специфические вызовы. В глобальной вселенной даже большие культуры теряют этнические черты. Сложно сегодня сохранять первозданную красоту родного языка и его неповторимое богатство. Большой Мир давно говорит скороговоркой со вкраплениями глобиша и сленгов. В такое время не потерять древний язык в современных текстах – дорогого стоит.
Публикации журнала «Далбар Хотун», посвященные современницам, занятым в самых современных сферах экономики и культуры, написаны живым и древним якутским языком, сочным, глубоким и художественно ярким. Все эти десятилетия поддерживается высокая планка, заданная на старте издания признанными мастерами пера, истинными хранителями языка: литературный уровень, язык и стиль журнала были заложены силами таких знаковых личностей как Наталья Харлампьева, Аита Шапошникова, Ольга Корякина – Умсуура. Это ответственное бремя достойно несут продолжатели, единомышленники и соратники: молодые редакторы, новые авторы публикаций журнала
Журнал за прошедшие годы сформировал несколько поколений единомышленников, большую команду пишущих не только на вечную тематику вопросов домашнего очага, но и на острые социальные темы, продолжающих богатую традицию якутской журналистики, базовыми маркерами которой всегда были патриотизм и гражданственность. Журнал сохранил свои главные рубрики, своего читателя, при этом обрел новую аудиторию, происходит естественная смена поколений редакторов, авторов и почитателей.
Журналу исполнилось 30 лет. Возраст взросления и время роскошного цветения. Про возраст англичане спрашивают «How old are you?» — дословно можно перевести как: «Насколько ты стар?». Но мне больше нравится, как звучит вопрос на моем родном языке: «Хас саастааххыный?», что означает «Сколько Вам весен?». С тридцатой весной, досточтимая госпожа «Далбар Хотун»! Творческих открытий на долгой дороге и новых высот.
Лилия Винокурова, Гуманитарнай уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемарын чинчийэр институт сурун научнай үлэhитэ, «Далбар Хотун» сурунаал редколлегиятын чилиэнэ, история билимин кандидата.