Күөххэ үктэнии Саха сирин олохтоохторугар – дьол. От-мас көҕөрөн, эбэбит этэҥҥэ көтөҕүллэн, сотору Ыһыахха тэриниэхпит турдаҕа. Ыһыах тиэмэтигэр үлэлээбэтэх худуоһунньук, бука, сахаҕа аҕыйаҕа буолуо. Олортон ордук сөбүлүүр үлэлэрим, бу көстөр Лаврентий Неофитов түөрт өҥнөөх литогравюралара буолар. Л. М. Неофитов 1931 сыллаахха Чурапчы оройуонун Мындаҕаайы нэһилиэгэр төрөөбүт. 1962 сыллаахха Москубаҕа В.И. Суриков аатынан художественнай институту бүтэрэригэр, бу «Якутский национальный праздник Ысыах» диэн сиэрийэ хартыыналарынан дипломнай үлэтин көмүскээбит. Лаврентий Кыыс Амма кэрэ кытылыгар үөскээбит буолан, айылҕа оҕото. Ол дьоллоох оҕо сааһын, Амма Эбэ кэрэ айылҕата уһуктуутун, ыраас, сырдык сахатын дьонун Ыһыахха ааттанар үөрүүтүн кытары дьүөрэлээн көрдөрбүтэ, хайдах курдук дьиктиний? Бу саха олоҕо, үгэстэрэ, төрүт култууратыгар таптала, иһиттиин-хомуостуун, таҥастыын-саптыын, эдэр дьон килбик сыһыаныныын хас биирдиибитигэр олус чугас, күндү эбээт. Д