Бу, саха дьахтара бүгүн күҥҥэ диэри кэтэр киэргэлин сорҕото — кылдьыы. Маннык кылдьыыны археологтар Алтайга скиф үрдүк ааттаахтарын көмүүлэриттэн булбуттар. Төһө да маннык кылдьыы элбэх омукка баар буола сылдьыбыта билиннэр, билигин саха дьахтара эрэ илдьэ сылдьар эбит.
Кылдьыы үс көрүҥнээх:
1. Бу көстөр хаартыскаҕа курдук, үрүҥ алтан утахтартан хатан, эриллэҕэс оһуордаан уһаарыы.
2. Үрүҥ алтаны хорҕолдьуну кытары буккуйан кутуу.
3. Үрүҥ көмүстэн хаптаҕай гына тапталлыбыт ый кылдьыы.
Былыргынан, кылдьыылаах симэҕи:
1. Илии охсуспут кыыс 14 сааһыттан кэтэр бырааптанар.
2. Эргэ тахсыбыт, ыал буолбут дьахтар атын таһымҥа тахсыбыт бэлиэтэ.
Кылдьыы дьахтар эрэ симэҕэ буолбатаҕын, 1950 сыллаахха Уус Алдаҥҥа Суор-Бугдук диэн аҕа ууһун баһылыгын — улуу боотур уҥуоҕуттан көстүбүт, сүрдээх модьу, эриллэҕэс биэтилэлэрдээх алтан кылдьыы көстүүтэ дакаастаабыт. Ол XVII үйэтээҕи эр киһи симэҕэ саха олус былыргы скиф омук ураты бииһэ буоларын дакаастыыр улахан суолталаах.