Сэтинньи 7-14 күннэригэр Марина Кузьмина «Үҥкүүлээх фитнес киинэ», Таилаҥҥа Паттайя куоракка ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы фольклор бэстибээлигэр ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.
Ол туһунан кыттааччылар бу курдук санааларын үллэстэллэр: «Биһиги бу бэстибээлгэ 20 буолан кытынныбыт. Атын омуктар култуураларын, үгэстэрин кытта билсэн олус астынан кэллбит. Ордук Индияттан, Шри-Ланкаттан, Израильтан, Индонезияттан, ону таһынан, Краснодартан кэлбит кыттааччылары сэҥээрдибит. Билиҥҥи уустук кэмҥэ маннык бэстибээллэр ыытыллаллара олус наадалаахтар«.
Санатар буоллахха, бу кииҥҥэ доруобуйаларын туругун тупсарыан, күннээҕи олохторун сэргэхситиэн баҕалаах орто саастаах уонна биэнсийэлээх кэрэ аҥаардар дьарыктаналлар. Кинилэр Дьокуускайга ыытыллар үгүс тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Ол курдук, Куорат күнэ, Кыайыы күнэ, «Туймаада» Ыһыаҕа кинилэрэ суох ааспат диэтэхпинэ, бука, омуннааһын буолбата буолуо. Аны туран аныгы үйэ сиэринэн «Ютубка» баар ханаалларыгар үҥкүүлэрин барытын уган иһэллэр. Ону араас дойду дьоно көрөллөр уонна олуһун диэн сөҕөллөр эбит. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна бүтүн Россиятааҕы таһымнаах куонкурустарга кыттан хас да төгүл лауреат уонна Турцияҕа, Македонияҕа, Узбекистаҥҥа ыытыллыбыт Норуоттар икки ардыларынааҕы түүр омуктар бэстибээллэригэр кыттан үс төгүл «Гран При» аатын ылбыттар. Киин ситиһиитэ манан эрэ муҥурдаммат.
2019 сыллаахха «100 лучших инициатив к столетию ЯАССР» диэн кинигэҕэ саамай табыллыбыт бырайыак диэн бэлиэтэнэн киирбитэ уонна быйыл Москубаҕа ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр кыттыыны ылбыттара элбэҕи этэр буолуохтаах. Ити курдук, Марина Кузьмина «Үҥкүүлээх фитнес киинэ» хас биирдии кэрэ аҥаар сэбэрэтин, доруобуйатын, олоҕун тупсарар уонна онно баҕалаахтары түмэр аналлаах!