Тиит мас туһунан…

Бүгүн эһиэхэ, айылҕабыт тыынын тутан турар ытык маспыт — тиит туһунан кэпсиим. Тиит силиһэ сир үрдүнэн барар буолан, ирбэт тоҥу тутан турар. Ыам ыйын бастакы аҥарыттан мутукчалыыр. Бэс ыйыгар ситэр. Туорааҕа атырдьах ыйын саҥатыттан балаҕан ыйын саҥатыгар диэри ситэр уонна ылааҥы күннэргэ саккырыыр. Тиит бэрт эрэйинэн, бытааннык үүнэр, ол иһин бастыҥ хаачыстыбалаах,үйэлээх. Бэл, ууга турар Венеция куорат Сибиир тиит маһыгар үктэллэнэн тутуллубут уонна баччаҕа диэри турар. Тиит мас бэрдийдэ5инэ, таастыйа бөҕөргүүр. «Саха маһынан» аатырбыт тииппит, олус эмтээх. Мутукчата, саҥа тахсыбыт лабаата, туорааҕа, сымалата, бэл күлэ, хатырыга туттуллаллар. Сымалатын скипидар оҥорон: дьарҕа, сүһүөх ыарыытыгар, эт, иҥиир быстыытыгар, невралгияҕа а5ыныахха тутталлар. Мутукча уутун, тураах суурадаһынын, үрүҥ күлүн: үөһээҥҥи тыынар уорганнарга, тымныйыыга, олохсуйбут сөтөлу хоннорорго, күөмэй ириҥэтин таттарарга, тыҥа сүһүрүүтугэр, цинга5а, бааһы ыраастыырга, бүөр, үөс тааһырыытын, искэн курдук ыарыылары кыайыан сөп.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...