Бу Бүлүү Эбэ кытылыгар, халлааҥҥа харбыаласпыт баараҕай мастар быыстарыгар дьэндэйбит, А-фрейм диэн аныгылыы тутутуулаах дьиэҕэ үгүс дьон дуоһуйа сынньанан, дьоро күннэрин бэлиэтээн ааһаллар.
Дьиэ акылаата лафет, каркааһа буруус маһынан тутуллубут. Эркиннэрэ уонна муостата СИП-панелынан оҥоһуллубут. Гипсокартон үрдүгэр «теплый пол» систиэмэтин тэлгэтэн баран кафель билииккэлэри уурбуттар. Ис бараана уонна тас өттүн эпсиэйэ евровагонканан, кырыыһата профлиис матырыйаалынан бүрүллүбүт. Хаһаайыттар бэйэлэрэ туппут буоланнар аҥардас матырыйаалыгар быһа холоон 180 тыһ солк туттубуттар.
Дьиэ 6х6-лаах, каркааһын түргэнник туруорбуттар, ол эрээри ураты үс муннук быһыылаах буолан кэккэ ыарахаттары көрсүбүттэр. Пенопласт матырыйаалынан хаттыктаабыттар, муннуктарыгар паакыланы сорох сирдэригэр монтажнай пенаны туттубуттар.
Бүлүү өрүһү көрө сылдьарга панорамнай түннүктэрдээх. Иккис этээскэ сымнаҕас ороҥҥо сытан Эбэ барахсан чуумпутук устарын одуулуурга өссө үчүгэй буолуохтаах. Орон үрдүнэн эмиэ 1х1х1 м кээмэйдээх үс муннук түннүктээх.
Хаһаайыттар баһаартан сэрэхтээх буоллун диэн оһоҕо суох оҥорбуттар, инньэ гынан, муостатынан эрэ сылыйар. Улахан тымныыларга түннүк аттыгар конвектор холбоон көмөлөһүннэрэллэр эбит.
Ис өттүн «Акватекс сканди» диэн кыраасканан икки хос, оттон таһын «Белинка» кыраасканан биирдэ соппуттар.
Иккис этээскэ тахсар кирилиэс каркааһа тимир. Оттон киирэн тахсар сир таһырдьа баар эбит. Кэлин иһирдьэ оҥорор баҕалаахтар.
“Маннык дьиэ туһалаах иэнэ олох кыра буолар эбит, ол эрэн көннөрү сынньанарга олус үчүгэй” диэн хаһаайыттар бэлиэтииллэр.