Биир сайын кырдьаҕас эдьиийбинээн сир астыы сылдьан, хобо чуораан курдук улахан маҕан сибэкки хойуутук үүммүт сиригэр түбэспиппит. Сыттаары гыммыппын эдьиийим тохтоппута уонна «Бу Абааһы илимэ диэн хмель, мантан пиибэ оҥороллор. Сибэккитэ тыыннааҕар дьааттаах, аллергиялыаххын сөп, онон сыттаабат баҕайы» диэбитэ. Пиибэ оҥороору хомуйан илдьэ киирэн көөнньөрө уурбута да, табыллыбатах этэ. Кэлин билбитим «Сибиир ситимэ» диэн (княжник сибирский) манна үүнэр көрүҥэ алкалоида, сапонинитэ суох буолар эбит. Сибэкки сэбирдэҕэ силиһэ эмкэ -томко күүскэ туттуллар. Хомуйарга үөһээ намчы өттө ылыллар, сүрүн умнаһын хаалларабыт, эһиил эмиэ үүнэрин курдук. Хатаран баран мас, туос иһиккэ, таҥас мөһөөччүккэ биир эрэ сыл устата хаһааныллар. Киһи сэниэтэ эһиннэҕинэ, сүрэҕин тэбиитэ кэһилиннэҕинэ тэҥниир, куртах, тыҥа, бүөр, дьарҕа, таттарар ыарыылары аматытар. Сэрэниҥ, дьааттаах, ыарахан дьахтар туттубат! Былыр сибэккитин оҕо түһэрэргэ туһаналлара үһү. Үчүгэйдик үөрэтэн тутуннахха солбуллубат айылҕа эмэ буолар.