Абыраллаах төрүт ас

Биир күн оҕолорбут төрөөбүт төрүт аспытыттан тэйэн эрэллэр эбит диэн санаа киирэн кэлбитэ. Ис миинэ астаатахха муннуларын бүөлэнэллэр, ыаммытынан үүтү саах амтаннаах дииллэр, хаттаны этэ да барыллыбат… Хата “пицца”, “суши”, “сок” диэн тыллары сөбүлүү истэллэр, сирэйдиин-харахтыын сырдыыллар. Бу үгүс ыалга баар көстүү. Кэлэр көлүөнэ ыччаппыт төрүт аһынан аһыа дуо? Иҥэмтэлээх аспытүөлбүт кинигэҕэ эрэ суруллан хаалыа дуу?

Бу ыйытыыны кимиэхэ биэриэххэ сөбүн өр толкуйдаабакка эрэ Мария Николаевна Габышеваны санаатым. Кини дириҥ ис хоһоонноох “Куль- тура питания якутов” диэн кинигэ ааптара, “Тыгын Дархан” ресторан маҥнайгы дириэктэрэ. Иннокентий Иннокентьевич Тарбаховтыын саха- лыы ас астааһынын, иҥэмтэтин, суолтатын саха дьонугар-сэргэтигэр тарҕатааччы буолар.

Мария Николаевна Габышева 1993-2018 сс. “Тыгын Дархан” ресторан дириэктэрэ. Дойдутугар Намҥа култуура эйгэтигэр, советскай-партийнай уорганнарга үлэлээбитэ, оройуоннааҕы дьахталлар Сэбиэттэрин 16 сыл салайбыт, Саха сирин дьахталларын V, VI, VII сийиэстэрин делегата, 12 сыл ыччат пропагандиһа, ийэлэри кытта үлэҕэ уонна оҕону иитиигэ үтүөлэрин иһин Сэбиэскэй дьахталлар кэмитиэттэрин аатыттан бэрэссэдээтэлэ Валентина Терешкова илии баттааһыннаах Махтал сурук уонна Знак хаһаайката, “Культура питания якутов” кинигэ ааптара.

Мария Николаевна, бастатан туран, билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии ийэниаҕаны долгутар ыйытыыттан саҕалыам этэ. Бу хамсык кэмигэр оҕолор ыалдьаллара элбээбитин туһунан бэлиэтииллэр. Ийэ, эбээ быһыытынан манна туох санаа, сыанабыл баарый?

— Манна араас сыанабыл биэриэххэ сөп: иммунитет намыһаҕа, ковидтан харыстанар да дьаһаллар ситэтэ суохтара, оҕо-ийэ бэйэбит доруобай олоххо тардыһыыбыт, иитиллиибит туруга, олохтоох ас-үөл кэмчитэ, сыаната ыарахана, онтон да араас сылтахтар бааллар буоллаҕа.

Бастатан, оҕолорбутун араас ыарыылартан харыстыыр инниттэн нэһилиэнньэ аһыыр аһын төрүт култуурабытыгар, аһылыкпыт үгэстэригэр төннөр, уларытар наадатын көрөбүн. Оҕо хамсыкка ылларыыта хас биирдии ийэни долгутар, ыгылытар. Оҕолорбут барахсаттар онно туруулаһар кыахтара-иммунитеттара намыһаҕа хас биирдии дьиэ кэргэни таарыйар. Былыр өбүгэлэрбит уһун үйэлээхтэринэн биллэллэрэ — Сэбиэскэй Сойууска Саха сирэ үһүс миэстэҕэ сылдьара. Дьааттаах минеральнай уоҕурдуулары туттубакка, сүөһүлэрбит ыраас айылҕаҕа иитиллэн, дьиикэй отоннорбут, отторбут ыраас, туһалаах эрэ этилэр. Эппит-хааммыт ирдэнэр битэмииннэрин, микроэлеменнэрин ити органичексэй астан-үөлтэн ылара, иммунитеппыт күүстээх, доруобуйабыт чөл этэ.

Билигин күн тура-тура элбэх фруктаны, оҕуруот аһын сиэн дииллэр, араас омук битэмииннэрин, эбиликтэри сүбэлииллэр. Саха үйэтигэр фруктанан аһаабатах норуот буоллаҕа. Ону туох дии саныыгын?

— Биирдэ телевизорынан Кривошапкин В.Г. медицинскэй наука доктора, доруобуйа иснтитутун дириэктэрэ кэпсээбитин истибитим. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар хоту олохтоох норуоттар оҕолорун оскуола интернатыгар толору хааччыйан олохтообуттар. Аһыыр остолобуойдарыгар фрукта, оҕуруот аһын, атын да кэлии бородуукта аһа дэлэччи астаммыт. Сотору кэминэн оҕолор куттахтарын үлэтэ кэһиллэн, истэрэ ыалдьан олус дьүдэйбиттэр, доруобуйалара эмсэҕэлээбит. Онуоха, эмтии сатаан баран олохтоох төрүт астарыгар төннөрбүттэр. Ол кэннэ, оҕолор барахсаттар доруобуйалара сыыйа көнөн барбыт. Дьэ, бу туора ас киһи доруобуйатын сатарытарын холобура. Медицина наукатын доктора, РАМН кэрэспэндьиэнэ, РФ наукатын үтүөлээх деятелэ Виктор Афанасьевич Тутелья саха ынаҕын этин чинчийэн баран үүнээйигэ эрэ көстөр микроэлеменнары булбута биллэр. Бу манна сытар — доруобай, чөл буолуубут төрдө. Төрүт сүөһүбүт көмөтүнэн, чөл айылҕабыт кыаҕын туһанан күүстээх иммунитеттаах буолуо этибит. Төрүттэрбит аһылыктарын үөрэппит араас омук, бэйэбит да үөрэхтээхтэрбит төрүт аска төннөрү туруорсаллар.

Ону хайдах, тугу гынан сөргүтэн, дьону көҕүлүөххэ сөп эбитэ буолла? Ыраата барбакка дьиэм таһыгар баар маҕаһыыҥҥа тахсыым. Ас-үөл хотойорунан. Түргэнник астанар ас кырыы кырыытынан. Үлэбититтэн сылайан, хойутуу кэлэн иһэн пельмень, тиэптэл, кэтилиэт атыылаһабыт. Түргэнник астанарынан үчүгэйэ сүрдээх. Ону ааһан, бэлэм, астаммыт ас үлэһэбит. Төрүт астан олох тэйэн эрэбит. Бу биһиги уонна биһиги оҕолорбут доруобуйаларыгар туох охсуулаах буолуой?

— Охсуута олус улахан, дириҥ. Холобур, түргэнник аһатар сирдэргэ оҕо, ыччат хамаҕатык сылдьар, аһыыр. Сыанатын кыаллар оҥорор инниттэн кэлии бородуукталартан астыыллар. Олор булкадаһыктара — эт, балык, бекон, халбаһыы, сыыр арааһа, бороһуоктан оҥоһуллубут утахтар, дьэбини ыраастыыр кока-колаҕа тиийэ, атын да энергетическэй утахтар — бары амтан биэрэр, харайыллар болдьоҕун уһатар, өҥүн-сытын тупсарар химическай буортулаах эттиктэрдээхтэр. Дьигинэн бу аһы-үөлү толору солбуйар бородууксуйа дойдубутугар үүнэр, оҥоһуллар кыахтаах.

Саҥа ылыныллыбыт СанПин оҕону тэрилтэҕэ аһатыыга национальнай уонна климатическай усулуобуйаны учуотту урга ыйар. Оҕо аһылыгын менютугар — эт, үүт, балык хайаан да олохтоох бородууктаттан киириэхтээх. Тоҕо буотарах миинэ оҕо аһылыгын рационугар киириэ суохтааҕый? Углевода суох ас-үөл үөрэнээччилэри диабеттан быыһыа буолаарай? Саха Сирин биирдии олохтооҕор биирдии күөл тиксэр дииллэр. Ити күөллэр тугунан да солбуллубат аминокислоталаах соболорун, быччыкаларын оҕо аһыгар астаан-үөллээн таһаардахха, атыылаһар БАД-пыт наадалара да суох курдук буолуохтара! Ити этэр сушиттан, пиццаттан, кока-колаттан оҕолорбутун хайдах гынан тэйитэбит? Кырдьык ыарахан, дьаныардаах иитэр-үөрэтэр, өйдөтөр үлэни эрэйэр.

Аны билигин сылаас дьиэ, массыына баар. Хамсанарбыт да аччаата. Былыргы курдук тоҥмоппут-хаппаппыт. Элбэх калорийдаах ас-үөл, төрүт аспыт эмиэ наадата суох курдук буолла дии…

— Кэтээн көрөөччүлэр этэллэринэн ааспыт үйэ 60-с сылларыттан саха дьонун доруобуйата мөлтөөн, үйэтэ кылгаан иһэр. Нэһилиэнньэ араас ыарыыга ылларыыта элбээн иһэр. Этэргэ дылы кутталлаах сир баайдара хостонуулара айылҕаны айгыратыыта, иһэр уубут киртийиитэ, саха ынаҕын эһии, киһи доруобуйатыгар кутталлаах араас кэлии ас дэлэйиитэ, ыарахан илии үлэтэ аччааһына биирдэ санаан көрдөххө кэккэ боппуруостары үөскэтэр. Биири таба өйдүөххэ наада — сахалары төрүт аспыт эрэ быыһыаҕа.

Нэһилиэнньэни аһылык култууратыгар, чуолаан оҕолорбутун оскуолаттан, уһуйаантан саҕалаан иитиэхтээхпит. Оҕолорбут да, төрөппүттэр даҕаны төрүт ас туһунан билиилэрэ олох намыһах. Үөрэтэн, өйдөтөн, оҕо бэйэтэ, нэһилиэнньэ төрүт аска тардыһар усулуобуйата оҥоһуллуохтаах. НКИХ “Саха” күөх экраҥҥа “Күн дэлэйэ” биэриитэ тахсар. Журналист Екатерина Эверстова олус туһалаах биэриитигэр тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора Константин Максимович Степанов эксперт быһыытынан кыттар.

Бу биэриини көрөөччүгэ, дьиэ кэргэҥҥэ табыгастаах бириэмэҕэ таһаараллара буоллар өссө элбэх дьон сүбэлэрин ылыныа, төрүт ас суолтатын өйдүө эбиттэрэ буолуо.

Былыр-былыргыттан эппитигэр-сииммитигэр, геммытыгар илдьэ сылдьар аспытын-үөлбүтүн аһыаҕыҥ. Биһиги дьоммут оннук-маннык эбилигэ суох, бэйэтинэн, элбэх араас арыыта-таймата суох судургутук, үксэ ууга бэлэмнииллэрэ. Маннык астаммыт ас ис турукпутугар, доруобуйабытыгар туһата улаханын олох көрдөрдө. Суорат, кымыс, иэдьэгэй, ынах, сылгы эттэрэ, күөллэрбитөрүстэрбит балыктара — эппитигэр-хааммытыгар, биир тылынан эттэххэ, куттала суох, битэмиининэн, микроэлеменнэринэн толору баай астар буолаллар.

Ол эрэн, сыаната ыараханынан, көстүбэтинэн даҕаны иҥэмтэлээх убаһа, ынахпыт этэ, олохтоох сыалаах балыктарбыт дэлэйэ суохтар. Углевода суох, клетчаткалаах буотарахпыт миинэ, омеганан баай убаһа этэ, элбэх фосфордаах, йодтаах, тугунан да солбуллубат аминокислоталаах күөл балыга, мраморнай эт, натуральнай үрүҥ ас нэһилиэнньэни хааччыйарын наадатыгар олус улахан, киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллара ирдэнэр. Барыта биир саптан саҕыллан тиһиллэрэ өр үлэни эрэйэрэ биллэр.

Ол иһин, оҕолорбут төрөөбүт төрүт астарын сиэнаһаан улааталларын туһугар бэйэбит, төрөппүттэр кыһаллыахпытын наада.

Юлия ПЕСТРЯКОВА, Татьяна ПЕСТРЯКОВА хаартыскаҕа түһэриитэ.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...