САХА СААРЫННАРЫН ДАЛБАР ХОТУТТАРА
Бу курдук ааттаах саҥа бырайыакпыт ааптарын Семенова Валентина Григорьевнаны кытары билиһиннэрэбит. Кини сахаҕа биллэр, ытыктанар учуонай. Дьон Валентина Семенованы “аламповед” диэн ааттыыра мээнэҕэ буолбатах. Кини биир тарбахха баттанар улуу киһибит Анемподист Иванович Софронов-Алампа айар үлэтин, олоҕун ымпыктаан-чымпыктаан үөрэппит улахан үлэлэрдээх тыл билимин дуоктара, Алампа аатынан уопсастыба бириэмийэтин лауреата, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет саха литературатын кафедратын сэбиэдиссэйэ. Валентина Григорьевна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Бүлүү улууһун Өкүндү уонна Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
АЛАМПА маҥнайгы таптала
Саха литературатын төрүттээбит суруйааччылартан биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа тапталын историятын, кини тапталлааҕа – «үрүҥ туллук» уобараһыгар үйэтитиллибит Евдокия Константиновна Гоголева (Яковлева, Софронова) туһунан үгүс киһи истэн билэр. Биһиги кинини талааннаах артыыска, айааччы быһыытынан сырдатарга холонуохпут иннинэ, кылгастык Алампа маҥнайгы таптала Елизавета Корякина (Слепцова) туһунан ахтан ааһарбыт сиэрдээх дии саныыбын.
ЛИЗА
Алампа драматургиятын чинчийбит Г.Р. Кардашевскай дьиэтээҕи архыыбыгар кини 1967 с. Алампа доҕоро Н.Н. Жирков-Ньукууска оҕонньору кытары кэпсэтиитин суруммут тэтэрээтэ баар. Николай Николаевич учуонайга маннык кэпсээбит: «Софронов бастакы хоһооно “Хатыҥ” диэн ааттаах этэ. Онно сууллан, өрүскэ түспүт хатыҥынан уобарастаан, Никита Захаров-Үөмэр атыыһыт сүүрбэтигэр чугаһаан иһэн, сөтөл буолан өлбүт кыыһын Даайа диэни хоһуйан суруйбут этэ. «Эдэр сааспар» диэн хоһооҥҥо эмиэ кини ахтыллар быһыылаах. Маҥнай типографияҕа үлэлиир кэмигэр Алампа Үөмэр атыыһыттаахха олорбут, кини Таатта киһитэ Малаппаат оҕонньор улахан билсиилээҕэ эбитэ үһү». Эдэркээн уол «күн аайытын күндү олоҕу күүтэр күөгэйэр күнүгэр” көрсүбүт, кэрэни кэрэхсиир иэйиитин маҥнайгынан күөдьүппүт “көмүс манньыат курдук көмүскэтин иһиттэн эйэҕэс баҕайытык эриличчи, сымнаҕас баҕайытык сыыйа, көссүө баҕайытык күндээриччи, хап-харанан хаһылыччы көрөр харахтаах” Даайата эдэркээн сааһыгар олохтон туораан, кини туһунан биһиги билиибит бэрт кэмчи.
Ньукууска оҕонньор салгыы кэпсиир: “Алампа бастааҥы таптала Елизавета Афанасьевна Слепцова диэн Нам кыыһа этэ. Кинилэр иккиэн сөбүлэһэн, холбоһорго тыл тылларын бэрсибиттэрин кэннэ, кыыс дьоно сөбүлээбэккэлэр, холбоспотохторо. Алампаны дьадаҥы диэн хааххайдаабыт сурахтаахтара. Онтон Лизаны Корякин диэн киһиэхэ биэрбиттэрэ, кини баай уола этэ. Билигин кинилэр иккиэн бааллар. Оҕонньор «Краснай Якутия» сонотуоруйаҕа өр бухгалтерынан олорбута. Билигин пенсияҕа тахсыбыт буолуохтаах. Сонотуоруй иһигэр олорор буолуохтаахтар”.
Дьиҥэр, Алампа оннук наһаа буор дьадаҥы ыал оҕото буолбатах этэ. Аҕата Уйбаан оҕонньор бар дьонугар ытыктанар, харытын сиилэтинэн ииттинэн олорор сэниэ ыал ахсааныгар киирсэрэ. Икки убайа — Баһылайдаах Арамаан баай ыал кыргыттарын кэргэн ылан, ыал-күүс тэринэн эрэр кэмнэрэ этэ. Ол эрээри кыыс аҕата бэйэтэ төрүт-уус улахан баай, кыахтаах киһи буолан, бэйэтигэр тэҥнээбэтэх буоллаҕа. Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгиттэн төрүттээх Афанасий Спиридонович Слепцов сылгы, ынах сүөһүнэн байбыт, аттакылартан үөрэнэн, сэлиэһинэй, ньэчимиэн үрдүк үүнүүтүн ситиспит, нэһилиэгэр маҥнайгы миэлиҥсэни туттарбыт үтүөлээх киһи этэ. Кини 1912 с. ыытыллыбыт сахалар сийиэстэригэр делегат быһыытынан кыттыыны ылбыта. Сэттэ оҕолооҕо. Улахан уола Тараах Слепцов 1923 с. олунньутугар сэбиэскэйи утарар сааҕыбарга олоҕо суох күтүрэнэн, Е.М. Егасовтааҕы, С.П. Барашковтааҕы кытары бииргэ ытыллыбыт. Иккис уола Василий эдэригэр үрүҥнэргэ холбоһо сылдьыбыт, кэлин Аҕа дойду сэриитигэр кыттан, 1944 с. полковник чыыннаах өлбүт. Оттон кыра кыыһа Мария Афанасьевна – саха дьахталларыттан соҕотоҕун Берлиҥҥэ тиийбит, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа этэ. Кинилэри таһынан, Иван, Акулина, Пелагея диэн оҕолордоохторо.
Евдокия Константиновна Гоголева учуонай Г.Р. Кардашевскайга биэрбит ахтыытыгар кэпсээбитинэн, революция иннинэ бостонуопканы бирикээсчиктэр кулууптарыгар туруораллара, оонньуулар ардыгар Кирилэ Дабыыдап уонна Парников дьиэлэригэр турар буолаллара. Онно кинилэри салайааччы Тараах эдьиийэ Елизавета Афанасьевна Слепцова эбит.
Лиза дьахтар гимназиятыгар үөрэммит. Бэйэтэ артыыстаабытын туһунан иһиллибэт эрээри, ыччаты тэрийэр, салайар дьоҕурдааҕын туһунан ахтыллар. Ол да курдук, театрга сыстыбыт кыргыттар бөлөҕүнэн түспүт хаартыскаларыгар мэлдьи баар буолар. Биир чугас дьүөгэтинэн Мааркабыстар сиэннэрэ М.Ф. Слепцов кэргэнэ Иулиана Николаевна балта Пелагея (Полина) Слободчикова этэ. Кинини кытары бииргэ түспүт хас да хаартыскалаах. Бу номоҕон дьүһүннээх, өйдөөх харахтаах Лиза кыыс дьылҕата наһаа чэпчэкитэ суох этэ.
Бэрдьигэстээх музейын салайааччыта Елена Степанова уонна Горнай олохтооҕо Е.Н. Лукина суругар олоҕурбут М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ 2008, 2011 сс. “Үлэ күүһэ” уонна “Кыым” хаһыаттарга бэчээттэммит ыстатыйаларыттан Лиза олоҕун туһунан маннык чахчылары билиэххэ сөп. Кини Арҕаа Хаҥалас (билиҥҥинэн Горнай) улууһун I Одуну нэһилиэгиттэн төрүттээх, ынах, сылгы сүөһүнэн, табанан байбыт Никифор Корякин уолугар Иннокентий-Киэскэ Корякин диэн киһиэхэ эргэ баран, кэргэнин дойдутугар олохсуйбут. Иннокентий Никифорович Корякин (1891 с. төрүөх) үөрэхтээх, үрдүк култууралаах, үтүө майгылаах, сахатын норуотун инники кэскилин сайдыытыгар кэскиллээх былааннардаах, элбэҕи эрэннэрэр саха биир бастыҥ интэлигиэнэ эбит.
Аҕата Никифор кыра уола Кириил ытынан өлбүтүн кэннэ улаханнык аһыйбыт, уһаабакка, сыл иһинэн бараахтаабыт. Ол да буоллар, эрдэттэн кэпсэтии быһыытынан, Киэсэ кэргэнин Лизаны Таалаҕа сүгүннэрэн аҕалбыт. Күтүөт уол ийэтэ, балта кийиит кыыһы үөрэ көрсүбэтэхтэр, кэлбитигэр хаппахчыларыгар түһэн хаалбыттар. Онон Лиза бэйэтэ остуол-ас тэрийэн, үлэһиттэрин-хамначчыттарын кытта көрсүһүү оҥорон, бэйэлэрэ аһаабыттар. Хаһан ыал буолбуттара биллибэт, 1915 с. биэрэпис көрдөрөрүнэн, иккиэн 24 саастаахтара ыйыллыбыт. Икки сүдү баай төрүт-уус удьуор нэһилиэнньиктэрэ ыал буолууларыгар кыыс хаан-уруу аймаҕа В.В. Никифоров-Күлүмнүүр кырата суох оруолу оонньообут. Ол курдук кини ССРС Наукаларын академиятын Саха сирин чинчийэр кэлимсэ экспедициятын састаабыгар үлэлии сылдьан, 1926 с. кулун тутар 3-5 күннэригэр Иннокентий Корякиннаах дьиэлэригэр ыалдьыттаан баран, дневнигэр маннык суруйан хаалларбыт: “5 марта, пятница. Я был в его доме при жизни его отца, лет 20 тому назад. Тогда были незначительные постройки обыкновенного якутского типа. Теперь же возведено тут очень много разных построек в русском вкусе и хороший дом. Также и хлев коровий построен очень прочно, но с отступлением от типа русских хлевов. Можно даже сказать, что сделано при мне очень много построек. В его доме живет, оказывается, портниха и повариха – старшая дочь известной старухи, одевавшейся по-мужски. Он тут же угостил нас водкой и подвыпив, сказал, что он знает, какое участие я принимал в его женитьбе на Лизе, дочери моего двоюродного брата”.
Кинилэргэ табаһытынан сылдьыбыт В.А. Афанасьев ахтарынан, эдэр Корякиннар кыра-хара дьону аһатар-сиэтэр, таҥыннарар, атаҕастаабат-баттаабат, бэл, олорор дьиэлэригэр уһун остуолга хамначчыттарын кытары бииргэ аһыыр эбиттэр. Бу ыал эһэлэрин, аҕаларын саҕаттан үлэһиттэрин кытары табанан Бүлүүгэ, Алдаҥҥа тиийэ бэрт киэҥ сиринэн тайаан, эти, арыыны, түүлээҕи, оту тиэйэн илдьэн атыылыыллара үһү. Күлүмнүүр үөһэ ыйыллыбыт дневнигэр Корякины кытары көрсүһүүтүн туһунан маннык суруйбут: “3 марта, среда. …Он сперва не узнал меня, а потом уже признал и приветствовал. Живет не в своем доме, а в маленькой избе в 20 верстах от своего дома, чтобы кормить скот. Он состоит заведующим фактории «Холбоса” и получает по 200 р. в месяц. У Корякина имеется штук 50 ездовых оленей, которые дают очень хороший заработок на приисках. Олени здесь стоят 100-120 рублей”.
Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар Киэскэ Корякин атыы-эргиэн тэрилтэлэригэр үлэлээбит. Былааһы утарар өрө турууга кыттыспатах. Төттөрүтүн, үрүҥнэргэ тутуллан, ытан өлөрөөрү гыммыт өрөпкүөм үлэһиттэрин хас да киһини быыһаан, бар дьонун махталын ылбыт.
1927 с. конфедералистар этэрээттэрэ Мытаах Боругар ыстааптанан олорон, Корякин Дьокуускайга киирэ сырыттаҕына, маҕаһыынын алдьатан, элбэх түүлээҕи, баайы-дуолу халаан барбыттар. Ол иһин кинини туох да дакаастабыла суох, хобулааһын быһыытынан дьыалаҕа түбэһиннэрэн, 1928 с. олунньу 18 күнүгэр сууттууллар уонна үс сылга Турухааныскай кыраайга (билиҥҥинэн Красноярскай кыраайга) дьиэ көскө уураахтаан утаараллар. Барбытын кэннэ кэргэнин Лизаны, эдьиийин Машаны кулаактаабыттар, малларын, баайдарын туордаан ылан, атыыга таһаарбыттар. Аны бу кэмҥэ Корякиннар саҥа тутуллубут сүүнэ улахан дьиэлэрин баһаар уота былдьаабыт. 1930-с сс. кинилэр Таалаҕа баар үгүс тутуулара (икки мэҥэһик ампаардаах сайыҥҥы дьиэ, үчүгэй тутуулаах хара дьиэ, булуус, ыанньык сүөһү сарайа, икки улахан хотон, биэ ыыр сарай, түүлээҕи тутар дьиэ) бастаан артыал, онтон «Сиэрпэ» колхуос баайа-дуола буолбуттар. Биир дойдулаахтара Д.С. Дмитриев: «Кешка Корякин кэргэнэ Лиза, эдьиийэ Маша кулаактанан баран, Бэрдьигэстээххэ саһаан эрбииллэрин, туруоралларын көрөр этим. Маша оһуобай кыраһыабай этэ. Кэлин Кешка Корякин кэргэнин Лизаны Норильскайга ыҥыртаран ылбыта», — диэн ахтыбыт.
Этиллибитин курдук, Елизавета Афанасьевна кэргэнин дьылҕатын толору үллэстэн, киниэхэ тиийэн, Киэсэтин сыылкатааҕы олоҕун чэпчэтиспит. Баай Корякиннарга табаһытынан сылдьыбыт В.А. Степанов оҕолоругар Иннокентий Никифорович киниэхэ 1931 с. Енисейскэй куораттан ыыппыт суруктаах хаартыската күндү реликвия буолан уурулла сылдьар. И.Н. Корякин дьиэ көһүн болдьоҕун боруостаан баран, дойдутугар эргиллэн кэлэн, «Красная Якутия» санаторийга өр сылларга бухгалтердаабыт. Елизавета бииргэ төрөөбүт балта Пелагея сиэнэ — Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо Ирина Васильевна Грязнухина 4-5-с кылаастарга үөрэнэ сылдьан, куоракка киирдэҕинэ, эдьиийин аахха күүлэйдиирин күндүтүк саныыр. Кэргэнэ күнү супту остуолтан турбакка, суруксуттаан тахсара, оттон эдьиийим элбэх саҥата суоҕа, наһаа холку майгылааҕа, мап-маҥан сирэйдээҕэ, өрүү күлэ сылдьар харахтааҕа диэн ахтар. Елизавета сүрдээх асчыт эбит, оччолорго саха ыалыгар мээнэ астаммат үүттээх миини (“молочный суп”), сымыыт начыыннаах бэрэскини, булочканы минньигэстик астыыра үһү.
Айах кэпсээнинэн, кулаактааһын саҕаламмытыгар Лиза биир кырдьаҕас эмээхсинниин саар ыаҕаска сүрэхтэри, ытарҕалары, үрүҥ көмүс иһиттэри симэн, Таалаҕа сиргэ көмпүттэр. Үөһэ ыйыллыбыт ыстатыйаларга сурулларынан, 1964 с. Киэскэ Корякин хас да буолан, лөккөбүөй массыынанан олорбут өтөҕүн түөлбэтигэр кэлэн, кистээбит көмүстэрин көрдөөбүт да, булбатах. Арай биллэринэн, 1969 с. сайын Таалаттан М.И. Дьячковская тууйаска толору кутуллубут үрүҥ көмүс манньыаты булан ылбыт. Ону оройуоҥҥа тыллаабытыгар хас да киһи кэлэн, суоһурҕанан, ыххайан, доппуруостуу түһэн баран, кылааты илдьэ барбыттар. Аны 1975 с. сайын Таалаҕа археологтар кэлэн, Никифор баай уҥуоҕун хаһан хостообуттар. Бэйэтэ тыыннааҕар хастарбыт, үс миэтэрэ дириҥнээх иинигэр куортуга суох, бэйэтэ-бэйэтинэн хара сукуна сонноох сытара үһү. Ити хас эмэ көлүөнэ баай Корякиннар муспут сүүнэ баайдарыттан билигин М.Е. Тимофеев аатынан Бэрдьигэстээх кыраайы үөрэтэр музейыгар үрүҥ көмүс ньуоска уонна ойуулаах ньаалбаан иһит эрэ хаалан сылдьаллар. Иннокентий Корякин үтүө аата 2000 с. ыраастаммыта.
Корякиннар бэйэлэрэ ааттарын ааттатар оҕоломмотохтор, ол да гыннар, икки оҕону иитэн улаатыннарбыттар. Онон, Лиза кыыс барахсан сырдык аата улуу поэт маҥнайгы тапталын быһыытынан дьон өйүгэр-санаатыгар хатанан хааллын диэн, сүрүн тиэмэбитигэр киириэхпит иннинэ анаан-минээн ахтан аастыбыт.
Валентина Семенова